Кэпсээ
Войти Регистрация

Сиэркилэ сэһэнэ

Главная / Кэпсээн арааһа / Сиэркилэ сэһэнэ

K
24.09.2020 15:55
Сайыҥҥы буһурук күннэр. Маннык куйааска күн уотугар сыраллан түөрт этээстээх уопсай дьиэ “абытайбын даа” диэбиттии, түннүктэрэ килэйэн күн уотугар күлүмүрдүүллэр. Бу дьиэ төрдүс этээһигэр түөрт хоһу түмэр уһун синньигэс көрүдүөрдээх  хомунаалка иһийэн,  соҥуоран тураахтыыр. Уопсай куукуна истиэнэтин обуойа лаппа саһарбытыттан, онон-манан тырытта быһыытыйбытыттан сылыктаатахха, олохтоохтор дьиэ ис барааныгар кыһаммат буолбуттара ырааппыт бадахтаах. Суунарга-тараанарга икки душ баар эбит да, биирдэһин аана ыга хатанан, остуол сирэйин саҕа сэрэтэр суругу тилэри иилинэн тураахтыыр.  Ґлэ чааһа бүтэ илик буолан, дьиэлээхтэр баар сибикилэрэ биллибэт. Көрүдүөргэ ылы-чып... Арай аана аһаҕас эрээри ыксары сабыллыбыт душ хоһуттан бэркэ кыһыйбыт-абарбыт, мэктиэтигэр, ытамньыйбыт симик куолас иһиллэр: Бачча үтүө күн хайалара дьиэҕэ тууйуллан-тулуйан олордоҕой? Бай, киһи саҥарар диэбитим — атын күтүр! Душ дьоҕус истиэнэтин бүтүннүү киэптээбит, биир муннуга эмтэрийэн, ньаҕара курдук киртийбит сиэркилэ эрэйдээх сахалыы саҥаран, урааҥхайдыы омолуйан эрэр эбит. Бэркэ кыйыттыбыт куоластаах. Мэктиэтигэр, дьигиһийэн ылар, ол аайы эмтэрийбит муннуга туллан түһүөх айылаах илибириир. Уу чуумпуну аймаан сиэркилэ эрэйдээх тугу кэпсиир эбитий:  – Аа, абытайбын даа, аанай-туонай, оҕолоор! Тугум соругар тутуллубут дууһуй, доҕор... Бордууһуна сыыһа баҕалаах. Көрдөххө  оҥойон турарга дылы да, дьөспөччү көрөөхтөөн... Били урааҥхай буолуохсут эмиэ ааны ыга саппыт муҥа буоллаҕа. Эмиэ паарынан бүрүллэн, туман-имэн быыһынан көрөн турдаҕым. Өссө да эрдэ быһыылаах, ким да кэлэн абырыыра биллибэт... Эмискэ, бүтэн биэрбэт суланыыттан сылайдаҕа буолуо, аллараа муоста хараҥа муннугуттан кэһиэхтээх куолас кээҕиниир. Онтубут баара, түүтэ үрэллибит күкээркэй кууруссаны санатар илбирийбит соттор муҥнаах имиллэн-хомуллан эппиэттэһэ сытаахтыыр эбит. Соттор: Оо, дьэ, эмиэ саҕаланна! Эйигиннээҕэр бэрдэ суох балаһыанньалаахпын да, син тулуйан сытаахтыыбын ээ, оттон. Эн өссө син ону-маны арааһы көрөн, хараххын сымнатан эрдэҕиҥ. Мин буоллаҕына сиргэ быраҕыллыахпыттан аллараттан кыҥастаһан туох да үөтэлээҕи барыҥнаппаппын. Сатахха, бу туох баҕайыта үрдүбэр кэлэн түстэ, оҕолоор! Үөдэни-ии, көтө тур! – диэт, сахсынан илгистибитигэр, арбайбыт эт аалааччы мачаалка эрэйдээх ыраах эһиллэн хаалаахтаата. Ол да гыннар, саатар “ыых” диэн сөбүлээбэтэҕин биллэрэн саҥа аллайара иһиллибэтэ. Сиэркилэ: Көмүскэ тэҥнээҕи көрөбүн, хаарыаннааҕы харахтыыбын диэбэккэ турабын. Дьэ, эҥинэ бэйэлээхтэр киирэн, суунан чомполонон тахсаллар ээ. Ол аайы саатар-кыбыстар суох.  Уун-утары турбутунан, били бэртэрин көрүнэллэр. Сорох-сорохторго, кыахтааҕым буоллар, харахпын быһа симиэм эбитэ буолуо. Барыларын ааҕа билбэппин. Арааһа, аан дойду дьоно бука бары кэлэн суунан бараллар быһыылаах. Ырыган диэн, хаһата халыйбыт диэн... Эҥинэ бэйэлээхтэр элбэхтэ-эр, быһыы-таһаа да араас... Ол быыһыгар харах хайгыыра да баар! Били уһун дьулугур уҥуохтаах, ыраас, кэрэ сэбэрэлээх кыыс киирэн суунарын өрүү кэтэһэбин. Дьэ, бу — самыы, дьэ, бу — түөс, быһыы-таһаа... хм, эрбэхтээҕим буоллар эрбэхпин көрдөрүө эбиппин. Хаарыаннаахпын харахтаабатаҕым ыраатта...  Өссө биир баар, кыра да уҥуохтаах буоллар киппэ быһыылаах, иҥиир-ситии буолбут Ньургун диэн уол
оҕо кылааннааҕа. Субу иннибэр быччыҥын быыппаһыннаран, араастаан хамсанан молооруҥнаан, күҥҥэ көрдөрбөт күндү тэрилин хончоҥнотон бардаҕына, хайгыы көрөн хаһыытаан ылыахпын саныыбын. Кэрэ сэбэрэлээх, мааны таһаалаах барахсаттар күнү да быһа көрүннүннэр. Маа бэйэлээх мара быһыылаахтар көрүннэхтэринэ да тупсан кэлбэттэрэ эрэбил. Көрүнэллэр эбээт, ити эн хаһаайыныҥ буолуохсут эҥин курдуктар... Онуоха илбирийбит соттор: Бээрэ, ол бүрэ буолла да көрүнүө суохтаах диэн үһүө? Син киһи тэҥэ буолалларын, симэнэллэрин, хараҕы халтарытар гына тупса түһэр баҕаларын, ама, баалаары гыннаҥый. Оттон эн да эмтэрийдэргин, ойо бардаргын син сиэркилэбин дии тураахтыыгын быһыылаах дии... Мин да “тирээпкэ” диэтэллэр, өһүргэниэх кэриҥнээхпин. Сиэркилэ: Чэ ээх, ситэри сэһэргиим, тугу көрбүппүн-истибиппин... Эн эрэйдээххэ, муннук иччитэ буолан түүнүгүрбүт бэйэлээххэ, мин буолбатахпына ким күннээҕи устар олох эгэлгэ кэрэтин сэһэргиэй. Хаһаайыныҥ баар ээ, килэрийэн-халарыйан... Килэрийиэр диэри киртийдэҕинэ биирдэ суунар үгэстээх барахсан. Киһи сиргэниэх, суумматаҕа-тараамматаҕа ыраатан, мин иннибэр мэтэйиэҕинэн-мэтэйэн, түһэҕэр диэри халыйбыт хаһатын өрө тардына-тардына, били “чоронооҕун” көрүнэ сатаахтыыр. Онтуката муҥнаах, халыҥ хаһа ыйааһыныгар баттатан, уйатыттан ситэри быкпакка олорор куттас тииҥ төбөтүн санатар, хокуоска курдук быытыкаайык, мин көмөтө суох бэйэтигэр көстүбэт буолбут. Дьэ, хаһаайыныҥ бу аайы санаатын түһэрбэккэ тымныы-итии ууну булкуйан, аат эрэ харата сууннаҕа буолар. Били, эйигин миинээччи арбайбыт эт аалааччыны, хантан эрэ бөхтөн-сахтан ороон ылан, туур-таар аалымахтаан баран, ол сордооҕу сайҕаабакка да эрэ туора быраҕар. Эт аалааччы эрэйдээх хас эмэ үйэтээҕи кирэ-хоҕо ыһылла-ыһылла муннукка баран “палк” гына түһэр.  Соттор: Чэ, чэ, олус хотума. Мин киһибиттэн ураты эҥинэ бэйэлээх сараасалар киирэн сууналлар буолбат дуо? Били, бэҕэһээ холоҥсонон тунуйбут сиэнчэр дьахтар хонтойбут муруннаах көссүүтүн кытта киирэн тахсыбытын өйдөөрүүй. Сиэркилэ: Пахайбы-ыын, били баҕайыны этэҕин дуо? Ити дьахтар сырыы аайы атын-атын эр дьоннуун суунарын сөбүлүүр. Орон диэн баар, онно төһө баҕарар уохтара харыар диэри таптастыннар ээ. Соттор: Оттон сиэнчэр дьахтарбыт оҕолордоох эбээт. Син киһи эрэ буоллар кини эмиэ кыбыстаахтыыра буолуо, хоһугар оҕолоро утуйа сытар буоллахтара. Ол иһин манна бүччүм сири булан эрдэхтэрэ. Сиэркилэ: Манна халтараана да бэрт. Дьиикэйдэр, мин сирэйбэр күлүктэрин көрүнэ-көрүнэ ордук собуоттанан “дьыалайдаһаллар” быһыылаах. Үнүр, түүн үөһүн саҕана, итирик туруктаах ханнык эрэ урдуһу аҕалбыта. Ол урдус имэҥэр-дьалыҥар киирэн туран, халтарыйан, ыйааһынын уйуттубакка тиэрэ барда да, туохтан эмэ тутуһан өрүһүнээри, кыбыс-кытаанах тимир сутуругунан үөһээ муннукпун эмтэри саайан кэбистэ. Айа, да айа! Чэ, ол да буоллар, мин бэйэлээх иннибэр үтүө да барахсаттар киирэн тахсааччылар. Үһүс хоско олорор саас ортолоох Маарыйа — бастайааннай килийиэн. Кини суунуон иннинэ дууһун ыраастыыр, сууйар-тарыыр, куба маҥан маарылатынан сирэйбин кылбаарыччы сотон ааһар. Маарыйа суоҕа буоллар, ыалбыт кэбин кэтэн, душ аатыттан ааһан, былыр үйэҕэ ыбылы тоһоҕолонон, сабыллан турбуппут ыраатыах этэ. Маарыйа барахсан туттунуута түргэн-тарҕан. Сууна охсон, атыттар
курдук буолуо дуо, ааны аһан, салгылатан ааһар үгэстээх. Биирдэ эмэ, өрөбүлгэ уһуннук суунар. Душ иһигэр минньигэс от-мас сыттаах сириэстибэ сыта тарҕанар. Маарыйа уолан хаалбыт түөһүн мөтөтөн көрө-көрө, кыыс оҕо эрдэҕинээҕитин санаан буоллаҕа, өрө тыынаахтыыр. Кини, төһө да саас ыллар, билигин даҕаны ньучубуо көрүҥнээх. Соттор: Уу, мин, били эдэр кыыс курдук хаһаайкалааҕым буоллар! Сиэркилэ: Били эдэр кыыс уһун суһуоҕун тараана-тараана, дьулугур быһыытын аргыый имиллэҥнэтэн суунан бардаҕына, мин бэйэлээх саҥатыкпар түспүт курдук сананабын. Эрэйдээх-буруйдаах олоҕум өссө да уонча сыл уһаатар ханнык дии саныыбын. Ол гынан баран, төһө да мааны бэйэлээх дьүһүннэннэр, хам-хаадьаа, биирдэ эмэ суунар идэлээх быһыылаах. Соттор: Эс, хас хоммут сирин аайы суунара буолуо. Эдэр кыыс кэлэрэ-барара кэмнээх буолуо дуо? Хата, биһиэхэ, сиргэммэккэ киирэн суунарыгар баһыыба диэххин! Сиэркилэ: Этимэ даҕаны. Эргэрэн истэх аайы килийиэннэрбит кэмчитийэн, сиргэнээччи элбээн иһэр. Оттон, били устудьуон уолбут Ньургун ханна дьөлө түстэҕэй? Суумматаҕа ыраатта. Арааһа, куортамнаһан бүтэн, ыраах улууска каникулугар бардаҕа. Күһүн кэлэрэ буоллар. Ньургун уол быыппастыбыт быччыҥнарын көрдөхпүнэ, “оо, дьэ, тоҕо бу аан ийэ дойдуга кыыс оҕо буолан кынталдьыйан кэлбэтэхпиний?” – диэн кэмсинэбин. Таҥара маһыгар тиксэрбэр, сыгынньах дьону уоран көрөрү ураты дьол дии санаабытым, душ сиэркилэтин дууһатын алҕатан ылбытым баара!!! Сити курдук итийэн-кутуйан сэһэн-сэппэн ыраатан эрдэҕинэ, эмискэ көрүдүөр аанын аһан хаачыгыратар тыас иһилиннэ. Ону кытта саҥаран чаҕаара турбут сиэркилэ барахсан ньам барда. Киирбит атах тыаһа түгэх хоско лиһигирээн тиийэн тиһэх хос аанын аһан хаачыгыратта. Сол курдук түргэнник төннөн кэлэн душ аанын тыастаахтык тэлэйэ баттаата да, били, соттор хаһаайына быһыылаах: ыры-ынаҕар, бээгэй соҕус киһи киирэн кэллэ.  Мэктиэтигэр, хаампытыттан аҕылаан бөтүөхтээбит эр киһи аанын да хатаммакка ньылбы сыгынньахтанан, сиэркилэ иннигэр мээтэллэн турда. Тугу эрэ көрдөөбүттүү тулатын олоотоото, онтон сүтүгүн булбуттуу, сиргэ сытар эт аалааччыны харбаан ылла да, кыраанын холбоон суунан булумахтанна. Начаас ыккардыгар бүтэ охсон, инчэҕэй атаҕын соттубакка да эрэ, сотторугар сулбу атыллаата. Илбирийбит соттору салыбыратан-илибирэтэн этин соттон дуомнаата. Эт аалааччытын үөһэ чоройбут оскуома баарыгар, бэркэ кыһаллыбыттыы кыҥастаһа-кыҥастаһа ыйаатаҕа буолла. Ол кэннэ “куурдум” диэтэ быһыылаах, кирдээх таҥаһын сиртэн ылан тэбээбэккэ да эрэ тиирэ кэтэн кэбистэ. Эргиллэ биэрээт, сиэркилэ эмтэркэй  муннуга илибириэр диэри аанын күүскэ сабан тахсан барда. Аан сабыллыбыт күүһүттэн истиэнэ кытта доргуйда. Ону кытта ыйанан тэйгэйбит эт аалааччы сиргэ сытар соттору көрдө-көрбүтүнэн миинэ түстэ. Тула уу чуумпу, им-ньим... Сибилигин аҕай айдааран-куйдааран кэпсии турбут сиэркилэ эрэйдээх паарынан бүрүллэн иһийэн тураахтаата. Иһийэн истибитин сэһэргээтэ Эт Аалааччы.
kyym.ru сайтан