Кэпсээ
Войти Регистрация

Быыппай Уйбаан соро-муҥа

Главная / Кэпсээн арааһа / Быыппай Уйбаан соро-муҥа

K
kyym.ru сайтан Дьылҕа
19.05.2023 13:14
   Бу — олоххо дьиҥ баар түбэлтэ. Маннык дьылҕалаах соҕотох буолбатах. Үлэни-хамнаһы кыайар-хотор чэгиэн кэмнэригэр биһиэхэ үгүс үтүөнү оҥорон ааспыт туруу үлэһит, сахалыы сэмэй майгылаах дьоммут билиҥҥи тэтимнээх, туспа сиэрдээх-майгылаах аныгы олоххо наадата суох бороҥ дьоҥҥо кубулуйдулар.      Көтөр кынаттаах көтөргө, киһи дьолго ананан айыллар эрээри, Дьылҕа Хаан араастык ирээттиир: кими эрэ эрэйдиир, кими эрэ сиэри таһынан хадаҕалыыр эбээт... Ол да буоллар, балык уу дириҥин былдьаһарыныы, киһи тиһэҕэр тиийэ күн үтүөтүн батыһа сатаахтыыр.    Кинини киһи барыта Быыппай Уйбаанынан билэр, киинэ түспүт сиригэр Дүпсүҥҥэ олорор. Мас сааһыныы көнө барахсан үйэтин тухары холкуос, онтон сопхуос үлэтигэр миккиллэн баччаҕа тиийэн кэллэ. Сааһын тухары сүөһү иитиитигэр сылдьан үлэ ыараханын, аһыытын-ньулуунун билбэхэлээбит кырдьаҕас. Кырыйдар даҕаны, от тэрилин дьаһайан, хотуурдарын сытыылаан, таптайан, астарын астаан, кыра да буоллар, добуочча наадалаах үлэни толорон кэллэҕэ. Кимиэхэ да куһаҕан үлэһит дэппэтэҕэ, сүрэҕэ суох аатырбатаҕа. Үлэһитэ суоҕар сэбиэскэй кэмҥэ «запорожец» массыына пуондатыгар тиксиэ, удаарынньык, сэссийэлиистии куоталаһыы кыайыылааҕа ааттаныа дуо?! Хайа, аны биир кэмҥэ сүөһү уотан, өрөспүүбүлүкэҕэ иккис миэстэ буола сылдьыбыттааҕа дии. Дьэ, ол саҕана, кырдьык, чиэс-бочуот мааныта этэ. Маны таһынан Уйбаан бэртээхэй тимир ууһа, оһохчут. Дэриэбинэтигэр үгүс ыал кини туруорбут оһоҕунан унаар буруо таһаарынан олорор. Бу төһөлөөх киэн туттууну, дьол сылааһын үөскэтэрэ буолуой? Ол курдук, ханна үлэ көстөрүнэн үлэлээн-хамсаан, олоҕун бүүс-бүтүннүү дьонун-сэргэтин туһугар анаан, үйэтин моҥоон эрэр. *  *  *    Быыппай бу күн сиригэр кэлбит аналынан кэргэн ылан, икки оҕоҕо «аҕаа» дэттэрэр дьолу билбитэ. Кыыһа Амма Болугуругар кийиит буолан олорор. Оттон уола эрэйдээх ыарыһах, ийэтинээн биир ыарыылаахтар. Атаҕынан кыайан дугуммат, кыаммат, иккис курууппалаах инбэлиит.    Уйбааннаах син ыал сиэринэн «бур-бур» буруо таһааран этэҥҥэ олоруохтарын эмээхсинэ өлөөхтөөбүтэ. «Ыал - ийэтинэн» диэн маны этэн эрдэхтэрэ. Дьиэ кэргэн туллар тутааҕа буолар киһилэрэ суох буолуоҕуттан кинилэрдиин эрэй эҥээрдэспитэ, кыһалҕа аргыстаспыта, олохторо биллэ-көстө уустугурбута. «Лабаалаах маска чыычаах уйаланар, үчүгэй ыалга ыалдьыт сылдьар, ол хайа эрэ дьоллоохтору этэллэр» диэн Уйбаан билигин саныыр.    Кинилэргэ тоҕо эрэ айыы санаалаах дьон сылдьыбат буолбута. Бэйэлэринэн олорор кыаммат муҥнаахтарга арай арыгыга харчы умналааччы, түптээх үлэтэ суох, туохха барытыгар кыттыһа сатыыр дьон сыбыытаабыта. Устунан баларыҥ мустан арыгылыыр дьиэ, “туочука” оҥостубуттара. Сааһыгар кими да утары көрбөтөх оҕонньор төһө да сөбүлээбэтэр, мордьойон, үүрэн таһаарар кыаҕа дуостал суоҕа. Онтон эрдийэн, сыыйа бу дьиэ боруогун хаһан да атыллаабатах дьон охсуллан ааһар буолбуттара. Дьон мустарыгар, ордууланарыгар, баҕар, дьиэтэ бөһүөлэк килбэйэр киинигэр турара улахан оруоллааҕа эбитэ буолуо... Ити курдук Быыппайдаах олохторо эрдиитэ суох тыы кэриэтэ түҥкэл-таҥхал уста турбута.    Тыа дьонун олоҕун укулаата кэлин олус уларыйда. Урукку сэбиэт былааһа умнулунна. Билигин аныгы бөһүөлэккэ былааһы ким тутан олороруй? Маныаха: «Дьаһалта, дьокутааттар», - диэн хоруйдаан, хата, күлүүгэ барыаҥ. Киһи барыта билэр дьиҥнээх былаас «анараа» дойдуга сытан кэлбит «өҥнөөхтөр» илиилэригэр баарын. Холобур, Уйбааннаах дэриэбинэлэригэр биэнсийэ бэриллэр күнүгэр бу “өҥнөөхтөрүҥ” маҕаһыын ааныгар олорон кырдьаҕастан-кыамматтан харчыларын сыыһын ыга үктээн ылаллар. Быыппайга ол бэйэлээҕэ хаһан кэлэрин барытын ааҕа-суоттуу сытан хаайыылаах «убайдар» кэлэн, «тыынын иһиллээри” куттаан, күүстэринэн «ирээттэһэллэр». Оҕонньор быстыа дуу, ойдуо дуу, күн сырдыга баҕалаах – биэрэригэр тиийээхтиир.    Кыаммат-түгэммэт дьон хайыа баарай, оннук тулуйан олороохтоотохторо дии. Муҥнаахтар салалтаҕа үҥсэр эҥин туһунан ончу санаабаттар. Оттон былаастар даҕаны кыра дэриэбинэҕэ барыны син истэ-билэ сылдьан, тоҕо эрэ маны уодьуганныыр, тохтотор, арыычча олорор оҕонньордоох уолга дурда-хахха буолар туһунан өйдөрүгэр оҕустарбатахтар. Оттон манна олорор аймахтара, Быыппай үлэни-хамнаһы кыайар кэмигэр бэркэ наадыйар бэйэлэрэ, билигин кый ырааҕынан сылдьаллар. “Ойуурдаах куобах охтубат, дьонноох киһи тутайбат” диэн өс номоҕо баар. Уйбааннаах араҥаччылыыр чугас дьонноохторо эбитэ буоллар, букатын атын хартыына тахсыа эбитэ буолуо. Ол суох.   *  *  *    Биирдэ, эмиэ биэнсийэ кэлэр күнүгэр, оҕонньордоох ааннарын тоҥсуйан лигийбиттэр. Дьиэлээхтэр өс киирбэх тиийэн: «Кимҥиний?»  — диэн ыйытааччы буолан чуут сонно иэдэйэ сыспыттар. “Өҥнөөхтөр” бас-көс киһилэрэ илэ бэйэтинэн кэлэн ыадаллан турар эбит. Оҕонньор туох сыаллаах-соруктаах киһи кэлбитин сэрэйэн, бу сырыыга аанын аспатах. Кэлиэхсит онтон иҥниэх бэйэлээх буолуо дуо – түннүгү алдьатан, дьиэ иһигэр бу баар буола түспүт. «Харчыгытын аҕалыҥ! Биэрбэтэххитинэ, өлөртөөн кэбиһиэм!» — диэн сааныылаах буолбут, быһаҕын таһааран халабачыҥнаппыт. Оҕонньор бу киһийдэҕи ырааҕынан аймаҕа буолан, кини иҥин-дьаҥын бэркэ билэр. Туох да үтүөнү эрэйэр сатаммат, аанньанан арахсар санаата суох киһиттэн сэрэнэн эргэ саатын ылбыт. «Чугаһыы сорунума!» — диэн сэрэппит. Муора уута тобугунан, халлаан хабарҕатынан буолбут урдус, оҕонньор эрэйдээҕи сэнээн, маатыралаан субурутаат, быһаҕын туппутунан утары хаампыт. Эстибэтэҕэ ырааппыт саа “кэмим, дьэ кэллэ” диэбиттии, ньиргийэ түспүт...    Сурах куобахтааҕар суһал. Быыппай Уйбаан киһи тыыныгар турбутун туһунан сурах кыра дэриэбинэни, бүтүн улууһу тилийэ сүүрэн, араллаан бөҕө буолар. Милииссийэлэр кэлэннэр, оҕонньору тутан улуус киинигэр илдьэ киирэллэр. Хата, арыы үрдүгэр уу дагдайбат, кырдьык үрдүгэр сымыйа ыттыбат. Сиэрдээх силиэстийэ түмүгэр өлүөхсүт хаһаайын дьиэтигэр-уотугар киирэн быһаҕынан өлөрөөрү сааммыта, Уйбаан бэйэтин, уолун тыынын көмүскэнээри ыппыта толору дакаастаммыта. Онон Быыппай кырдьар сааһыгар хаайыы иччитэ буолартан быыһанан, этэҥҥэ дьиэтигэр төннүбүтэ. Хата,  хараҥа санаалаахтартан быыһанныбыт диэн дьон-сэргэ үөрүүтэ улаатар, Быыппай бэйэтэ Манчаары курдук буола түһэр.    Ол эрээри, төһөтүн да иһин, күн сиригэр айаары-тутаары, үөрүүнү үксэтээри диэн төрөөбүт киһини өлөрдөҕө. Киһи тыыныгар туран баран, дьоллоохпун дэниэ дуо, соро-муҥа түүннэри-күнүстэри аалбыта, сулуйбута. Оҕонньор кыайан утуйбат да буолан хаалар, куоракка киирэн, анал балыыһаҕа сытан, эмтэнэнэн,  дьэ үөһэ тыынар.    Быыппай кырыйдым, кыаммат буоллум диэн, сүөһүтүн-аһын тиэнэн, уолунаан соҕотох кыыстааҕар айанныыр. Кыыстаах күтүөтүгэр уонтан тахса сүөһүнү ууран биэрбит кырдьаҕас, баҕар, манна сынньалаҥ, нус-хас олоҕу билээхтиэм диэбитэ да... Кыл саҕаттан салҕанар кыһалҕалаах олохтоох кыыһа кини эрэйин чэпчэппэтэҕэ. Быыппай уолунаан аны арыгыһыт күтүөт атаҕастабылын билбиттэрэ. Бэл, сиир килиэптэрин сыыһын кытта кистиир кэмэлдьилээх күтүөт аччыктатан өлөртүү сыспыта. Ол итириитэ, итирэ-итирэ кырбааһына-атаҕастааһына, суланыыта, айдаана-куйдаана. Оҕонньор манна олордохпуна, кыыһым олоҕун ордук огдолутууһубун уонна уолбун киһи гыныыһыктара суох  диэн уолунаан сыккырыыр тыыннара эрэ ордон дойдуларыгар төннөөхтөөбүттэрэ. *  *  *    «Муҥнаахтан муҥ арахпат» диэн маны этэн эрдэхтэрэ. Дьиэтэ-уота түннүгэ-үөлэһэ урусхалланан тоһуйбута. Дойдум, сирим-уотум диэн кэлбит дьону биир дойдулаахтара даҕаны ороһуйа көрсүбэтэхтэрэ. Куолуларынан, арыгыһыттар, бэйдиэ сылдьар дьон ордууланар сир оҥостубуттара. Аны бокуонньук дьоно кэлэн түннүгүн тоҕута сынньаллар, харчыларыгар суудайаллар. Биирдэ Уйбааны били хаһан эрэ өлөрбүт киһитин чугас аймаҕа, иэстэстэҕэ аатыран уонна харчытын былдьаары,  быһаҕынан буукка анньан бааһырдыбыта. Бу барыта – дэриэбинэ олохтоохторун хараҕын далыгар. Үҥсүү суох – дьыала суох.    Быыппай, саатар уолум эрэйин чэпчэтиэм диэн, улуустааҕы инбэлииттэр дьиэлэригэр киллэрээри көрдөспүтүн миэстэ суох диэн ааныттан аккаастаабыттар. Оҕонньор бэйэтэ да кырдьаҕастар-кыамматтар дьиэлэригэр киирбитэ буоллар, кырдьар сааһыгар син сынньалаҥнык олоруо этэ. Муҥ саатар, атаҕастабыл араҕара буоллар...    «Күн киһитэ көмүскэс, айыы киһитэ аһыныгас» диэн дириҥ ис хоһоонноох этии баар ээ... Сахалар омуктан эрэ биир туспалаахпыт дэһэбит. Ол аата, бары уруулуу-аймахтыы үһүбүт. Бэйэ-бэйэбитигэр көмөлө-сүһүөх тустаахпыт диэн ыра санаалаах буолбаппыат?! Саха аччыктаабыты аһатар, тоҥмуту ириэрэр айылгыта сүтэн, симэлийэн эрдэҕэ дуу? Бэл, саха дэриэбинэлэригэр маннык быһыы-майгы, бэйэ-бэйэҕэ тоҥ сыһыан олохсуйбут буоллаҕына?    Ким көрүө-истиэ баарай?! Уйбаан кырдьаҕас билигин истэрэ да, саҥарара да мөлтөөн сылдьар. «Күн сиригэр биирдэ кэлэр олохпор үлэ бөҕөтүн үлэлээн баран, кырдьар-бохтор сааспар маннык эрэ олоххо олоруом дии санаабатаҕым,—диэхтиир кырдьаҕас — Саатар, аҕа киһи сиэринэн, ыарыһах уолбар эрэйэ суох олоҕу хааччыйан бу сиртэн бардарбын», — диэн, ис-иһиттэн эҥсэн, мунчааран ыһыктыбыт саҥата эмиэ ыыспатын түөрт эркинигэр эрэ охсуллан хаалыах бэйэтэ дуу? *  *  *    Эрэдээксийэттэн:    Уйбаан оҕонньор дьылҕатын төрөөбүт-үөскээбит Бороҕон улууһа уонна Дүпсүн нэһилиэгэ болҕомтоҕо ылыахтара уонна сааһын тухары дьон-сэргэ туһугар үлэлээбит кырдьаҕаска уонна кини инбэлиит уолугар туох эмэ чэпчэтиини, көмөнү оҥоруохтара диэн эрэнэ саныыбыт.   Нина ГЕРАСИМОВА
kyym.ru сайтан