Кэпсээ
Войти
Регистрация
Оччугуй Өтөх таайыллыбатах таабырына
Главная
/
Кэпсээн арааһа
/ Оччугуй Өтөх таайыллыбатах таабырына
K
kyym.ru сайтан
Күлүк
19.05.2023 13:12
Биирдэ звено биригэдьиирэ айаҕа аһыллан, биһиэхэ дьикти түбэлтэни кэпсээн турар. Эргэ ампаарга утуйаары сылдьан истэргэ дьулаан соҕус этэ. Онтон тугу өйдөөбүппүн, хайдах баарынан билиһиннэриим. «Самаан сайын бүтэн, айылҕа барахсан уһун улук уутугар оҥостордуу от-мас хагдарыйан күөх солко симэҕин ыһыктар күһүҥҥү тымныы салгыннаах, сиппэрэҥ күннэр тураллар. Саха киһитэ тоҕус ыйдаах уһун кыстыкка күөх быйаҥы сомсон сайын устата, омуннаабакка эттэххэ, утуйары да умнан туран үлэлиир. Ол сиэринэн дьон үксэ оттоон бүтэн дьиэлэрин, хотоннорун кыстыкка бэлэмниир, сайын устата булбут хаһаастарын харайар түбүгэр түспүттэрэ. Арай биһиги ыал саҥардыы оттоон ортолоон эрэрбит. Оттуур сирбит илиинэн оттуохха диэтэххэ, ортоһуор үлэлээх отчут тоҕус көлөһүнүн тоҕор тараҕай таас сирэ этэ. Онно эбии уу отун, арыыны эмиэ оттуурбут. Ол биһиэхэ, икки улахан, икки оҕоттон турар отчуттарга сайын устата кыайтарбатах үлэ балаҕан ыйын саҥатыгар саҥа үмүрүйэн эрэрэ. Бүтэһик оппутун сарсын кэбиһээри отуубут аттыгар балаакка туруоран хонордуу оҥостобут. Күһүҥҥү түүн «ала кулуну төрөппөт» курдук, балааккабыт анныгар хаппыт оту симэбит. Ийэбит киэһээҥҥи аспытын бэлэмнээн букунайар. Бүгүн, сарсын ынахпытын ыалбыт дьахтар ыырыгар үлэһэн, ийэбит хоно хаалар буолбутуттан убайым биһикки олус үөрэн сылдьабыт. Аҕабыт арыы сиргэ кэчигирэспит бугуллары көрүтэлиир, санааҕа ылларбыттыы чочумча саҥата суох олорор. Онтон ийэбэр туһаайан: «Оппут кыра буолсу дуу, биһиэхэ, кырата орто от таҕыстар, хайдах эмэ гынан күөх от быгыар диэри тиийиэ этибит», — диир. Ийэм: «Чахчы, бугулларбыт кыралара бэрт ээ. Сииктээх соҕус оту бугулунан туран куурдун диэн, наһаа кыра гыммыппыт». Ити икки ардыгар хочулуоктаах чэйбит оргуйан мас остуолбут тула олорон киэһээ аһылыкпытын аһаан барабыт. Дьоммут санааҕа баттаппыт санньыар дьүһүннэриттэн сүр баттатан убайым биһикки эмиэ аат эрэ харата аһаабыта буолабыт. Онтон эмискэ убайым, кыраҕы харах муҥутаан: «Көрүҥ! Көрүҥ, алаас саҕатын диэкиттэн маҥан аттаах киһи иһэр», — диэн чаҕаарар. Дьонум баччаҕа, киһи бары оттоон бүппүтүн кэннэ, киммит аттана-аттана айаннаабыт үһү диэн, син көх-нэм буолан таайа сатыы олордулар. Чугаһаабытын кэннэ көрбүппүт, биһиги сирбитин кытта сэргэстэһэ сытар Оччугуй Өтөххө оттуур Хадаар Хабырыыс диэн оҕонньор буолан биэрдэ. Кини быйыл аанньа үүммэтэх улахан алааһын сэтиэнэхтээх сирин өртөөн иһэрин кэпсээтэ: «Дьэ, быйыл от үүнүүтэ мөлтөх, доҕор, нэһиилэ кыстыыр эрэ оппун булуннум», — диэн аҕабар кэпсиир. Аҕам: «Хайа, оттон Бөтүрүөп таҥара аҕай иннинэ сылдьарбар Оччугуй Өтөҕүҥ ото киһи сатаан хаампат гына үүнэн тыалга долгулдьуйа сытара дии», — диэн, чахчы соһуйбутун биллэрдэ. Хабырыыс оҕонньор саҥата суох төбөтүн быһа илгиһиннэ уонна оргууй сибигинэйэр быһыынан: «Дьэ, сатамматым, ааспыт сыл күһүнүгэр, өйдүүгүн дуо, били, ампаар дьиэни уонна хотон дуу, балаҕан дуу дьардьаматын көтүттэрбиппин. Ол оннугар үлэһиттэрбин олордорбор успууска туттарбытым. Онтум сүгүннээбэтэ. Отчуттарбын үгүөрүлэрин түүннэри үүртэлиир, дьахтар куолаһа кыланан түлүк ууларын аймыыр... быһата, туох эрэ буулаата. Онтон тэһииркээн хаарыан сирим таах хаалла. Хонуга суох кэлэ-бара оттуоҕу күнүһүн да сүгүн сыппакка ол дьахтар мэнэрийэрэ биир кэм энэлийэн олорор үһү. Инньэ гынан отчуттарым сэттээх сиргэ дуостал оттообоппут диэн айдааран турдулар. Дьону наймылаһан оттото сылдьар киһи уоскуталыы сатаатым да... Биир үлэһитим, били, Соппуруон уола Оппуонньа ойо тэбинэ сылдьар киһи, биир үтүө күн үрүҥүнэн көрө-көрө тартаран, дьону куттуоҕуттан сирбин хааллар-хааллын диэн быраҕан турабын», — диэн кэпсээннээх киһи буолла. «Оо, чахчы сатамматах дьыала эбит, — аҕам сэҥээрэр. – Оччоҕо ол сириҥ таах сыттаҕа дии». «Сытымына, быйыл хойутуу дьон үлэтэ үмүрүйбүтүн кэннэ успуускабын көтүттэрэн, сирбин алҕаан көрдөһөрүм дуу. Таах даҕаны эһиил оттуурга лаҥхата, сэтиэнэҕэ...» — оҕонньор тугу эрэ толкуйдуурдуу ах барда. Оттон аҕам ийэм диэки көрөн ылла: «Оччоҕо, арай маннык гыныахха. Мин ити сиргин быйыл оттоон ылыым. Отум олох кырыымчыга кыһайар ээ. Ампаары көтүрүүгэ кыттыгаһа суоҕу муокастаабат ини. Быйыл оттоммотоҕуна, кырдьык, хаарыан сир эһиил сэтиэнэҕинэн көрө сытыа», — аҕам эҕэ-дьэҕэ буолар. Оҕонньор аҕам этиититтэн үөрэн өттүгүн охсунна: «Саатар эрэ оттоо, кырдьык, кыттыгаһа суохха кыһаллыбат күтүр ини, оттон», — диэн баран барардыы олоҕуттан турда. Ити курдук быһаарсан илии тутустулар. Ийэм соччо сөбүлээбэтэр да кыс ортото ото суох хаалар кыһалҕатыттан туорайдаспата. Сарсыныгар оппутун кэбиһэн баран, сатыы Оччугуй Өтөххө хотуурданан-таймаланан убайым биһикки аҕабытын батыһан барыстыбыт. Ийэм ааһар дьону кытта дьиэлээтэ. Биһиги чаас холобурдаах хааман, били өтөххө тиийэн кэллибит. Кырдьык, өтөх кырыы соҕус өттүгэр сабыс-саҥа тутуллубут успууска баарын көрдүбүт. Онно киирэ сатаабакка от охсуллан испит сиригэр тиийдибит. Аҕам: «Бүгүн-сарсын Түмэппий (убайым) биһикки ити ойуур саҕатын кытта бэттиэмэлээх өттүттэн оҕустахпытына, сүүсчэ бугул кэлииһи. Ото хойуута бэрт эбит. Кыахтаах буолан баран барытын оттоон ылбыт киһи баар ини. Уйбаанчык, эн биһиги кэннибититтэн сэрэнэн оту тарҕатан биэр, түргэнник сараҕыйыа», — диэн үлэбитин быһаарда. Күһүҥҥү оту өр хатарар наадата суоҕун учуоттаан, өйүүн мунньуу буолуоҕун былааннаан үлэҕэ түһүннүбүт. Абааһыбыт, хата, биллибэтэ. Киэһэлик күн саҕахха кыыһан көстөр буолбутугар өтөх хайдах эрэ боруоран, киһи кутун-сүрүн баттыахтыы соҥуоран турда. Аҕабыт, биһигини отууга бара туруҥ диэн баран, бэйэтэ, били, айдааннаах успууска диэки оттуур тэрилбитин кистии барда. Убайым биһикки өтөҕү быһа охсон ааһар былыргы айаан суолун омоонунан мэниктээн ыла-ыла бэйэбит алааспыт диэки хаама турдубут. Өр-өтөр буолбата, аҕабыт сүүрэр-хаамар былаастаах биһигини ситэ баттаата. Тугу да саҥарбакка мэниктии испит бэдиктэри оҥкумалбытыттан хаба тардаат, иннибит диэки дьугдьуруталаата. Өтөхтөн балачча тэйбэхтээт аҕабыт син уоскуйа быһыытыйан, хаамыытын бытаарта. Кэлин отуубутугар тиийэн баран туох буолбутун отур-ботур кэпсээтэ. Арай аҕам, били, успууска күүлэтигэр (кыракый күүлэ дуомнааҕа) хотуурдарын, атырдьахтарын кистии уураары табыгастаах сири көрдөөн муннугу хасыһа турдаҕына, дьиэ иһигэр киһи сөтөллүбүт уонна киһи куйахата күүрүөх ынырык ыар ынчык иһиллибит. Аҕам бастаан утаа дьиэҕэ ким баар буоллаҕай, кэлбитин хайдах өйдөөн көрбөтөх бэйэкэбиний диэн муодаргыы санаабыт. Онтон Хабырыыс оҕонньор кэпсээнин санаан этэ тымныйбыт, куйахата күүрбүт. Ол эрээри тута куоппатах. Киирбит сыалын ситиһэн тэрилин сып-сап кистээбит. Сүрэҕэ биир кэм тилигирээн олороро үһү. Куттаммыт санаатыгар аны бүтэҥи баҕайытык, ханна эрэ дьахтар кыламмыт. Аҕам, дьэ ыксаабыт. Тахсар аан диэки атыллаан эрдэҕинэ успууска аана «халыр» гыммыт. Онтон күүстээх тыалга буоларыныы мас халҕан тэлэллэ түспүт. Аан аһыллыбытыгар дьиэ ис бараана боруоран көстүбүт. Арай ол хараҥа быыһыгар муннуктан икки оҥойбут харах аҕабын тобулу одуулаан олороро үһү. Онтон ыла аҕам туох буолбутун өйдөөбөт. Биирдэ өйдөөтөҕүнэ кулгааҕар тыал куһуурар, бэйэтэ буоллаҕына көлөһүнэ сарт түспүт, күһүҥҥү тымныы салгыҥҥа тоҥон дьагдьайбыт эбит. Кэннин диэкиттэн сүр энэлгэннээх, ытыыр икки ыйылыыр икки ардынан, ис хоһооно биллибэт дьахтар мэнэрийэрэ иһиллэргэ дылы үһү. Биһиги ол киэһэ түргэн үлүгэрдик хомунан дэриэбинэҕэ киирбиппит. Ити түбэлтэ кэнниттэн аҕам дьону көмөлөһүннэрэн ити өтөх отун, успуусканы таһынан сылдьан күнүһүн эрэ үлэлээн син биир оттообута. Инньэ гынан ити кыһын сүөһүбүтүн этэҥҥэ сыл таһаарбыппыт. Оттон Хабырыыс оҕонньор, эппитин курдук, кыстык хаар түһүөн иннинэ өтөҕүн алҕаан, успуускатын көтүттэрэн көрдөспүт-ааттаспыт сураҕын истибиппит. Ол кэнниттэн ким да Оччугуй Өтөх абааһытын көрбүтүн, истибитин туһунан кэпсээбитэ иһиллибэт этэ. Ампаары көтүрбүт дьон туох да буолбатахтара. Арай Соппуруон уола Оппуонньа Хадаар Хабырыыска аны ат да манньаҕа оттоһуо суох буолан тылын биэрбит сурахтааҕа. Хабырыыс оҕонньор хойутун-хойут 80 сааһын куоһаран баран, атаҕар сүүрэ сылдьан таҥаралаабыта. Ити өтөххө туох абааһыта дьону сордообутун дьон кэпсээниттэн, оччотооҕуга орой мэник оҕо буолан долоҕойбор туппатахпын. Арай олох улаатан баран аҕабыттан ыйыппыппар: «Сураҕа, оҕонньоттор кэпсээбиттэринэн, былыыр-былыр ити өтөххө кыракый ампаар дьиэҕэ биир саас аайы өйүнэн бырахтарар дьахтар оҕото-уруута суох чороҥ соҕотох олорбута үһү. Кини ыалдьыбыт сураҕын иһиттэллэр эрэ чугас алаас ыаллара ылы-чып бараллара, оҕо-дьахтар дьиэттэн быкпата үһү. Ол курдук дьону аймаан олорон, биир күһүн халлааннаан көппүтэ, сирдээн тимирбитэ биллибэккэ сүтэн хаалбыт. Ким да сүтүк гынан көрдөөбөтөх. Ол сордоох, баҕар, өйүн тута сылдьар кэмигэр хайа-мэлдьи эрэйдэнэ сылдьыай, бэйэтин дьаһаммыта буолуо диэн оччолорго оҕонньоттор таайа сатаабыттара», — диэн аҕам хобдох кэпсээни кэпсээбитэ. Оччотугар ол муҥнаах киһилии хараллыбакка, үөр буолан, ампаарын алдьаппыттарын сөбүлээбэккэ, дьону куттаан бэйэтин биллэрбитэ буолаахтыа,» – диэн баран, Уйбаан Уоһукабыс кэпсээнэ түмүктэммитин биллэрэн, улаїҕа диэки хайыһан кэбиспитэ. Сотору буолаат, мунна хаһыҥыраабытынан барбыта. Оттон биһиги истээччилэр өр утуйан быстыбакка эрэйдэннэхпит үһү. Муся Иванова.
kyym.ru сайтан
➤
➤
kyym.ru сайтан