Кэпсээ
Войти Регистрация

Саһархай соната

Главная / Кэпсээн арааһа / Саһархай соната

K
19.05.2023 13:11
   Сүрэх тиҥиргэччи тэбиэлиир, хааным чабырҕайбар тахсан ыгыллар. Долгуйабын, тугу да кыайан таба туппаппын, барыта мүччү-хаччы, иһинэн-таһынан. Кэбис, кинини санаамыым, бэйэбин эрэйдээмиим. Төбөм ытыллар, харааччы иирээри кыраттан тутуллар. Кини! Түүл дуу, илэ дуу? Чахчы, чахчы эбээт. Күн бэҕэһээҥҥэ диэри күдьүс күннэртэн тиһиллэ, устан испит уу-нуһараҥ олохпун биирдэ холоруктуу тоҕо сөрөөн, мин хараҥа дьиэбэр тапталым ымыыта, сүрэҕим хайа эрэ муннугар саһан сыппыт, умна сатаабыт сырдык санаам иэйиитэ илэ киирэн кэллэ! Кэллэ сүрэҕим хаҕыламмыт бааһын хастыы тардан, ытата-ыллата.        Күн бэҕэһээ курдук этэ эбээт, эдэр саас күннүү күлэн мичилийэн, биһигинниин аргыстаһан сылдьара. Эн биһи бэйэ-бэйэбитигэр курдаттыы тардыһар-тартарар эрээри, бииргэ буолбат дьылҕабыт таайдаҕа. Эн киин куоракка дьиэлээх-уоттаах, эппиэттээх үлэлээх, киэҥ эйгэҕэ хотунан-соҕуруунан эргийэ сылдьан алҕас киирэн таҕыстаҕыҥ, миэхэ – ыраах улуус түгэх тыатыгар бүкпүт, атын дьахталлартан туох да уратыта суох олохтоох тыа учууталыгар.    Уларыйбатаххын, арай арыый баараҕадыйбыккын, оттомнооххун, эйэҕэскин. Күн-дьыл хаһыҥа эйигин хаарыйбат эбит. Эчи, хаарыаны. Оттон мин... Мин уларыйдаҕым, күн-дьыл хаара-самыыра мин дьарамай санныбар ыар таһаҕас буолан түстэҕэ, ыас хара баттахпар хаарынан кыыдамныы оонньоотоҕо, ааспат-арахпат бэлиэ буолан сэбэрэбэр сурулуннаҕа. «Өйбөр урукку бэйэҕин оҥорон көрөрүм, оттон эн уларыйбыккын... тупсубуккун», — диигин. Сымыйа-аа! Миигин аһыннаҕыҥ, ону өйдүүбүн. Биһиги суолбут үйэ-саас хайдыһан арахсыбытыгар аҥаардас мин буруйдаахпын. Мин эрэ, ол сымыйа идеаллары өрө тутан, кэскилим иһин турууласпакка, олорон биэрэн дьолум чыычааҕын үргүппүтүм. Ол хата, эн дьолуҥ эбит. Кэпсииргинэн, үчүгэйкээн кэргэннээххин, хас да оҕолооххун. *  *  *    Хайдах этэй ол күһүн? Үгүһү умуннум, ол эрээри аан бастаан көрсүбүт ол дьоллоох көмүс күһүммүт хас биирдии күнүн умнубат эбиппин. Күн онно күүскэ да тыгара, сырдыгын өлгөмнүк да кутара. Ырыа этэ барыта. Үөрэххэ саҥа киирбит оҕолору Аммаҕа үлэҕэ ыыппыттара. Биһиги биир сайылыкка түбэспиппит. Эн үүт тиэйэр массыынаҕа үлэлиириҥ, мин ынах ыырым.      Сарсыарда уум быыһынан ынаҕым синньин эр-биир тардыалыы олорон, биир эмиийин тардаары эмискэ соһуйа түһэбин – кыбыс-кытаанах. Хаһыытыы түһэбин. Эн ынах кэнниттэн күлэ-күлэ тахсан кэлэҕин, көстүбэккэ туран тарбаххын тутан биэрбит эбиккин. Мин мөҕүттэбин, салгыы ыыбын. Тугу барытын умнан, ыы-ыы күөх нуһараҥҥа күөгэлдьийэн иһэн эмиэ кытаанаҕы харбыыбын. Эмиэ эн! Наһаа да тиэхэлээҕиҥ, ол иһин үгүстүк кынчарыллар быһыылааҕыҥ. Ол саҕана биһигини туох эрэ эриэккэстэн-эриэккэс ыҥырар-угуйар курдуга, иннибитигэр дьиктиттэн-дьикти кэрэ күүтэр курдуга. Дьэрэкээн дьэргэлгэн буолан дьирибинэһэллэрэ биһиги дьолбутун кэрэһэлии тулабытыгар көмүс өҥнөөх көстүүмү кэппит маанымсык хатыҥнар, истиҥ иэйии сибикитин сэрэйбит килбик кыыстыы илибирэһэр тэтиҥнэр, сиккиэр тыалтан көтөҕөнү көтүтэ ыһар дьоһумсуйбут көнө тииттэр. Мин туҥуй дууһабар истиҥ иэйии онтон ыла уйа туттубута.    Сулус тохтор хараҥа киэһэтигэр кутаа тула мустарбыт. Эн гитара доҕуһуоллаах эдэр саас, соҕотох туруйа туһунан ырыаларгын тыыммакка да олорон истэрим, ити таптал ырыаларын эн миэхэ эрэ аныаххар күүскэ да баҕара саныырым. Күнүскү сынньалаҥ кэмигэр бостуук уолаттар матасыыкылларын уларсан кыргыттары хатааһылатарыҥ. Оттон мин биирдэ эмэ олордохпуна, ол малбыт сир ортотугар «хаппырыыһыран» турара. Оо, оччоҕо билиҥҥи өйүм буоллун! Суох ээ, суох. Акаары этим, сөпкө этэҕин: «Төбөҕөр тыал күүлэйдиирэ», — диэн. Биһиги, кыргыттар, бары да кэриэтэ улаатымсык буола сатыырбыт. Санаабытыгар, биһиги эрэ өйдөөх, дьукку дьоллоох курдукпут. Кууруспут аҕыйах уолаттарын ырытан ыла-ыла “ыкка тамныырбыт”. Ол иһигэр эйигин эмиэ, өссө арааһа, бастаан мин саҕалыыр быһыылааҕым. Кыра да ордук-хоһу хамнаныыны дьүүллүүр-сууттуур дьаллык баара. Ол этиҥ дуораана эн үрдүгүнэн элбэхтик сааллан аастаҕа. Мин тэйитиэх-тэйитиэх курдук, өрө биэрэн сүрдээх быһыылааҕым. Оттон испэр, испэр мин атын этим. Эйигин күүтэрим куруутун, туох эрэ үйэлээҕи, боччумнааҕы этиэххин кэтэһэрим. Уонна сааһы күүтэрим. Саас кууруһунан Чочур Мырааҥҥа тахсар үгэстээх этибит. Оччоҕо эн миигин, миигин эрэ илиибиттэн сиэтэриҥ уонна иккиэн дабайарбыт. Эн мөлтөхпүттэн күлэриҥ. Бастакынан, куруук бастакынан тахсарбыт. Уонна атыттары күүтэн өр турарбыт. Мутукча лабаатын имэрийэ туран испэр саныырым: «Аата, оҕолор кэлиэхтэригэр диэри, ол диэки хаамсан кэлиэххэ диэбэт да буолан». Ол саныырым эрэ, оттон таһым – чымырыын таас турдаҕа, «гордай» кыыс. Өйдүүбүн, биирдэ өтөххө киирэн кэпсэппиппит. Эн тугу эрэ быһаара сатыырыҥ, мин өчөһөн өрөлөһөрүм. Онно туох да тахсыбатаҕа. Аудиторияҕа паартабыт сэргэ турара. Баҕарбытым буоллар. Эн биэс сыл мин илиим уунан тиийэр эрэ сиригэр баарыҥ. Эн ыйытардыы одуулаһарыҥ мин кэтэхпин. Мин эн кэтэххин эрэйэрдии көрөрүм. Чугас этэ ээ, санаабыт.    Уруокка лап-лабырҕас эппиэттиир буолан, үөрэхпэр «үчүгэйим», онон наһаа киэн туттарым, үрдүктүк сананарым. Оттон физкультураҕа самнан түһэрим. Хайыһар, үрдүгү, устаны ойуу диэн тыллар кулгаахпар иһилиннэхтэринэ, төбөм чуҥкунуур, сөрүөччү тартарарым, куһаҕан буоларым. Сүүрэн иһэн суол ортотуттан туора ойорум, «иккини» ыллаҕым ол. Эн миигин үөрэтэ сатыырыҥ, аһынарыҥ быһыыта. Мин кыаммаппыттан кыбыстан өссө түгэх түһэрим. Ол нэдиэлэҕэ иккитэ буолар «сааппын-сууппун» атын күҥҥэ иэстэһэн тэйэрим. Ол эрээри эн истиҥ санааҕыттан түөспэр туох эрэ сылыыс-сылаас кутуллара. Мин күүппүтүм, өр күүппүтүм эн быһаарыылаах хардыыгын. Эйиэхэ тугу да биллэрбэккэ, ымыттыбакка, мунньахтарга мөҕөрбүн кубулуппакка. Кыһыйарым, абарарым, салҕыбытым.    Эн мин ис санаабын билбэтэҕиҥ, таайбатаҕыҥ. Баҕар, баҕар, барыта мин өйбөр эрэ баара буолаарай, санаам оҥорон көрүүтэ эбитэ дуу, барыта. Билбэтим. Эн: «Миигин кыргыттар таптаабаттар этэ, онон элбэх кыыстанным, оҕолорум таптаатыннар», — диигин. Билбэккин, мин эйигин билиҥҥэ диэри истиҥник саныырбын.    Бүтэһик кууруска күһүн кэргэн тахсыбытым, дьону үтүктэн, кинилэртэн хаалымаары, дьоммун үөрдээри, эбэбэр хос сиэн оҕо төбөтүн сыллатаары. Өйдүүбүн, сыбаайбабар тыаҕа тахсан иһэн, оройуон киинин маҕаһыыныттан үрүҥ дьураалаах саһархай куопта ылбытым. Өссө бантиктаах этэ, моонньугар. Вокзалга кыргыттарга көрдөрөн илибирэтии-салыбыратыы быыһыгар эн эппитиҥ: «Миэхэ кэргэн тахсыбытыҥ буоллар, мантан ордугу ылыам этэ», — диэн. Онтон ордук тылынан эн сыһыаҥҥын биллэрбэтэҕиҥ. Оо, онно хомойбуппуон. Ол бантиктаах куоптаны кэппэтэҕим, хайдах эрэ мин тугу эрэ ситэ күүппэтэҕим, быһаҕас дьолум бэлиэтэ курдук буолбута, балтыбар бэлэхтээбитим. Үлэһит буолан баран куоракка, алҕаска, бииргэ үөрэммит кыыспын көрсүбүтүм. Эппитэ: «Кини эйигин сөбүлүүр этэ, бэлиэтии көрөрбүт». Оо, оттон оччотооҕуга тоҕо эппэтэххитий, харахпын арыйбатаххытый? Мин аҥаардас тартарбыт курдук саныырым ээ. Чэ, ол эрээри ити да сымыйам. Сэрэйэр этим, билэр этим, эн миигин истиҥник саныыргын. *  *  *    Бэҕэһээ киирэн кэлбиккэр билбэтим ээ. Эйигин булан кэлиэ диэн түһээн да баттаппатаҕым. Соһуйдум, ааҕа олорор сурунаалбын төлө туттум. Сүүрэн тиийдим, кууһуохпун баҕардым. Ол эрээри кыбыһынным, «сэбиэскэйим» кэм да миигин кыаһыылаата. Чэйдии олорон, күлэ-оонньуу мөҕөрбүтүн-дьүүллүүрбүтүн санаттыҥ, кэрэ кэмнэр көрүдьүөс түгэннэрин ахтыһан ыллыбыт. Эйиэхэ атыны, адьас эн билбэккин этиэхпин баҕаартым. Ол тыллар уоспуттан төлөрүйэн түһээри хаайбыттара. Арай түүн сыттыкпын бүрүнэн сытан, ол тыллары эйиэхэ анаан сааһылаан элбэҕи да эппитим, утуйар кыахпыттан тахсан барыны эргитэн көрбүтүм, эн хас тылгын өйбөр тилиннэрэ, ахтылҕаннаах дьүһүнүҥ хас биирдии хамсааһынын ааҕан таайа сатыы.    Саһарбыт хаартыскалар тарбаҕым быыһынан саккыраан саһархай сэбирдэхтии муостаҕа ыһыллаллар. Күһүн кэллэ, эмиэ күһүн. Хас күһүн ахсын мин эмиэ хагдарыйа хатабын, кэхтэбин, элэйэбин. Тулабын, саҥаттан саҥа дьирбиини, ооҕуй илиминэн сөрүү күһүн кэллэ. Бэҕэһээ доҕор киһиҥ бу эргэрбит эрээри олус күндү хаартыскаларбын, бу кумааҕыга тоҥмут мичээрдэри, үөрүү истиҥ күлүмэ, эдэр саас ыраас ырата иҥмит туоһуларын көрө олорон бэлиэтээн аһарда: «Эһиги уопсай хаартыскаларга наар сэргэстэһэ түһэр эбиккит ээ». Онно, онно эрэ кыл түгэнэ эн хараххар курутуйуу курус кыыма саҕыллан ааста. Кырдьык, курдары тардыһар сүрэхпит оннук түгэҥҥэ бэйэбит да билбэппитинэн кэккэлэһиннэрэ тиксиһиннэртиир быһыылааҕа. Ол эрээри олохпут атыннык салалыннаҕа, ити аҕыйах түгэҥҥэ курдук сарын-сарынтан өйөһөн олохпутун бииргэ моҥооботубут.    Күнүһүн  убаабыт баттахпын эдэр кыыс оҕолуу санныбар түһэрэн түннүгү манаатым. Баҕар... Таһырдьа саһархай сэбирдэҕи ытыһа тыал сирилиир, тула чуҥкуйууну, курус санааны ыһа ардах таммалыыр. Ити мин дууһам ытыыр, эйигин сайыһан ахта-аймана.    Бэйэм эмиэ самыырбын, хараҕым уута алаадьы буһарар итии хобордоохпор сырдьыгыныы ыһыллар арыыга тохтор. Эн кэлбэтиҥ... Аһыы алаадьы, саһархай алаадьы амтанын бэйэм эрэ амсайар буоллаҕым.    Эн тахсан бардыҥ мин дьиэбиттэн, эмиэ тугу да сэрэйбэккэ, билбэккэ, таайбакка. Эмиэ кистээтим эйигиттэн истиҥ иэйиибин, дьоллоох дьоһун ыал ийэтин оруолун оонньуу.    Хааллым эйигинэ суох санньыар күннэрбин салгыы ыыта, самнархай олохпун самыы сатыы. Курус санаа кулута буолан, күдьүс күннэр күлүктэригэр саһа, боруҥуй киэһэлэр барыктарын барыы.    Тулабар саһархай сэбирдэх, үрдүбэр болоорхой былыт. Саатар, «арай», «баҕар», «эмискэ» диэн тылларынан бэйэбин саататар кыаҕым эмиэ суох.    Бэҕэһээ «көрсүөххэ диэри» дэһээт, эрчимнээх, күүстээх илиигэр чарчыйан эрэр тириилээх тарбахтарым төбөтүн туттарар түгэммэр бүтэһик төгүлүн харахтарбыт харсыстылар. Тиһэх мүнүүтэлэргэ эрэйэ, эрэйдэнэ, ыт оҕотунуу эккэлии эн хараххар бэйэм мөссүөммүн, саатар, күһүҥҥү тумаҥҥа муммут болоорхой күлүкпүн булаары көрдөөтүм. Суохпун. Эн хараххар – миигинниин буолбатах, мин хаһан да көрбөтөх дьахтарбынаан дьоллоох олохтон дуоһуйуу, астыныы налыйбыт урсуна.    «Көрсүөххэ диэри!..» «Хаһан, хаһан?» диэн тыллар үүйэ-хаайа туталлар. Ол эрээри эйигин аны көрүмүүм. Эн да суолгун умун, хаһан эрэ эмиэ алҕаска миэхэ тиэрдиэх омоох суолуҥ оннун эрбэһин от бүөлүү үүннүн, кэлимэ, дууһабын аймаама, уйан куппун долгутума. Көрсүмүөххэ диэри, күндү киһим!   ДЬЭРИС.
kyym.ru сайтан