Кэпсээ
Войти
Регистрация
Дьоллоох түгэн
Главная
/
Кэпсээн арааһа
/ Дьоллоох түгэн
K
kyym.ru сайтан
Имэҥ
18.09.2020 13:37
Дьахтар бырааһынньыга – кулун тутар 8 күнэ — субу кэллэ. Үөрэх кыһатын биир сүрүн үлэһитэ Балантыын Былтааһап былаана киэҥ. Билигин урукку буолбатах: бырааһынньыгы баҕас сокуоннайдык бэлиэтиир буолан тураллар. Бу да сырыыга, бырабыыталыстыба дьаһала тахсан, үс күн сынньаналлар. Онон уопсай дьиэ кыараҕас хоһугар тугу гына сытыай, ол тухары?! Өрүс уҥуор тахсыахтаах! Бырааһынньыктыы. Билигин кини – сулумах, киһи сааһыран эрэр диэбэт эрдьигэнэ. Хата, кэргэнин кытта арахсыаҕыттан, ыар сүгэһэри илгэн кэбиспит курдук, сырыыта ордук киирбиккэ дылы. Аатырдар «Чароиттарыгар» сөп буола-буола сылдьар. Манна бэйэтин курдук кыһалҕалаах дьону кытта алтыһан, түүҥҥү соҕотохсуйуу, мунчаарыы диэни син умна түһэр. Ол эрээри наар биир көстүү, сыныйан көрдөххө, мэлдьи кэриэтэ сол дьону кытта мэскэйдэнии хал гынан эрэр. Аны ханна барыай?! Биирдэ Арчы дьиэтигэр оһуокайдыы тиийбитэ («аҥаардас дьон онно булсаллар үһү» диэн истибиттээх) – үксэ тыаттан кэлэн олохсуйбут оҕонньор-эмээхсин. Түөс-маас буола быһыытыйбыт дьон, дьэ түгэн тосхойбучча, кимтэн кииннээҕин, хантан хааннааҕын ыйытан ыаспыйалаһан, сөбүн көрдөрбүттэрэ. Ол иһин ити аадырыс туора сотуллубута. Эмискэ өйдөөбүтэ, хайыы-үйэ 40-нун лаппа ааспыт, баттаҕа онон-манан кэрэмэстийбит эбит. Тоҕо баҕас түргэнэй, күн-дьыл элэҥниирэ! Били, өрүс уҥуор бырааһынньыкка кэлээр диэбит Ньургуһуна Балантыын учуонай буолбут сылыгар бакылтыакка саҥардыы үлэлээн эрэрэ. Биһиги киһибит ол саҕана бэйэтиттэн биир харыс үрдүк уҥуохтаах кырасаабысса кэргэннээх сылдьара. Онон бииргэ үлэлиир преподаватель кыргыттарыгар болҕомтотун соччо уурбат этэ. Арай Эльвирата хаппырыыстаан тиэрэ хайыыланнаҕына, кэбиниэтигэр иһийэн олорон тулатын көрүнэрэ. Оччоҕо Саргы Сэргиэйэбэ, Ньургуһун Уйбаныаба курдук номоҕон дьүһүннээх кыргыттар адьас туспатыйан, кистэнэ сылдьар кэрэлэрэ арыллан кэлэргэ дылыта. Тэрилтэ бырааһынньыгар саппаҕырбыт санаата сайҕаныар диэри үҥкүү-битии бөҕөтүн түһэрэн, ыллаан-туойан, этэ-тириитэ тэнийэн, дэлби астынан уорастыйбыт дьиэтигэр киирэрэ. Илдьэ кэлбит хаарыан үтүө санаата таһырдьа хаалара... * * * Биирдэ тэрилтэнэн Тимофей Сметанин «Ньургуһун уонна Лоокуут» испэктээкилин туруорар буоллулар. Режиссер үөрэхтээх Ньургуһун ким ханнык оруолга оонньуохтааҕын мас-таас курдук дьаһайда, кими да «чыып-чаап» дэппэтэ. Сэрбэкэни дэкээни солбуйааччы Доруйуон Бачаахап оонньуур буолла. Оруобуна барсар! Бардама, уоҕа-кылына киирдэҕинэ, феодальнай тутул саҕанааҕы кинээстэн туох да атына суох. Ньургуһуну режиссер бэйэтэ оонньуур буолбут. Кырдьыга да, бакылтыакка киниттэн атын ким да оонньуо суох. Хааман наскылдьыйара, буспут моонньоҕон курдук хап-харанан көрөн ылара хайа да муус сүрэхтээх урааҥхайы уулларыыһы. Оттон Мөлчөһү ким оонньуой?! Балантыын долгуйан, сүрэҕэ битиргээн кэлбитэ. Хаарыаны... Суох, кинини чугаһаппатылар. Маҥнай лабараан Өлөксөөндүрү оонньотуох курдук гыммыттара да, Ньургуһун «кыыс курдук наһаа нарын, оттон Мөлчөс сытыы-хотуу уол буолуохтаах» диэн сирбитэ. Онтон биир санаанан дэкээн Килимиэн Килимиэнэбис оонньууһу диэн түмүккэ кэлбиттэрэ. Кырдьык, көстөр дьүһүннүүн, быһыылыын-таһаалыын, бэл, майгылыын сөп түбэһэр диэн буолла. Урут өрөспүүбүлүкэҕэ хапсаҕайдаһа, мас тардыһа сылдьыбыт дэкээни билбэт киһи сэнээн быстарыан сөп. Күөх оту тосту үктүө суох холку дьүһүннээх Килимиэн Килимиэнэбис
мас тардыһан бакылтыатыгар кими да тулуппат. Бэл, икки миэтэрэ үрдүктээх, эрдии салбаҕын курдук ытыстаах, өрүкүйбүт куударалаах Көстөкүүн Ыстапаанабыстан аа-дьуо маһын ньылбы тардан ылар. Онон дьиҥнээх Мөлчөс бу сылдьар – дэкээн Килимиэн Килимиэнэбис. Балантыын хаарыан оруолу былдьатан, абаккатыгар, бэйэтинэн тылланан көрбүтүн сэҥээрбэтилэр. Режиссер Ньургуһун, дьэ өйдөммүт курдук, «эн Мардьааһайы оонньуоҥ, оруобуна сөп түбэһэҕин» диэн, букатын да «маат» ыыппыта. «Ыксаатаҕына, кэлэҕэйдээн төлүтэ биэртэлииринэн, сирэйэ да малаҕарынан үүт-үкчү Мардьааһай Мардьааһайынан» диэн, табаарыстара уокка арыыны кутан биэрбиттэрэ. Испэктээги үрдүктүк сыаналаабыттара, оонньообут дьон лауреат аатын ылбыттара. Ити итинэн ааспыта. Ол эрээри Балантыын Ньургуһуҥҥа улам ылларан испитэ. Кыыс даҕаны ону билбэтэ кэлээхтиэ дуо, төһөтүн да иһин, куһаҕана суох режиссер буоллаҕа дии. Сыһыаннара хайдах сайдан барыан билбит суох, арай бу түбэлтэ тахсыбатаҕа буоллар. * * * Балантыын кураатар буолан, араас үлэни бары толороро: субуотунньугу көтүппэтэ, «доруобуйаны тупсарар» сүүрүүгэ мэлдьи инники, устудьуоннарын уопсай дьиэтигэр кыраапыгынан дьуһуурунайдыыра. Оттон Ньургуһун иитэр үлэҕэ дэкээн көмөлөһөөччүтэ буолан, бакылтыат тэрээһинин олоччу кини ыытара. Биирдэ сүүрбэччэ устудьуону Балантыын дойдутугар илтилэр. Бакылтыаты бырапагаандалыахтаахтар, үрдүкү кылаас үөрэнээччилэригэр идэни хайдах талар туһунан сүбэ-ама биэриэхтээхтэр, эбиитин кэнсиэр көрдөрүөхтээхтэр. Маҥнай барыта олус бэркэ саҕаламмыта. Оскуолаҕа үөрэнээччилэр бакылтыат туһунан итийэн-кутуйан ыйыталаспыттара, оҕо үксэ да эстрада ырыаһыта, үҥкүү ансаамбылын чилиэнэ буолуон баҕарара. Кулуупка кэнсиэрдэрин билиэтин 50 солкуобай гыммыттара. Айаммыт ороскуотун сабыаҕа диэн суоттаммыттара. Дьиҥэр, устудьуон аймах талаан бөҕө буоллаҕа. Артыыстар аны гастроллаабаттар. Онон кырдьаҕас өттө босхо кэриэтэ кэнсиэргэ үөрэ-көтө кэлбитэ. Арай эдэр өттө босхо киирээри, араас бары буолбута, бэл, күүһүнэн киирэ сатаабыта, куруубайдаһыы кытта баара. Хата, Балантыын бу дойду киһитэ буолан, маннааҕы уолаттар киниттэн син толлор этилэр. Аны туран, кэнсиэр кэнниттэн үҥкүү тэрийбиттэригэр биир туспа араллаан. Олохтоох уолаттар үҥкүүлүү сылдьар устудьуоннары үтүрүйтэлээн, хас да уолу охсон, таҥас уларытта сылдьар кыргыттарга киирэ сатаан күн-хаан кыараҕаһа манна буолбута. Балантыын арыгы сыттаах уолаттары силэйтэлээн хоско киирбитэ, биир холуочук уол тэмтээкэйдии-тэмтээкэйдии сыгынньах аҥаардаах кыргыттарга дьулуруйа сатыыр. Хата, ону ыга кыыһыран аҥаардас путбуолкалаах колгуокканан эрэ турарын умнубут Ньургуһун үүрэ сатыы сылдьар эбит. Кыыс хоппуруоҥҥа ыга туттарбыт дьылыгырас атаҕа, томтоҕор түөһэ кими баҕарар абылыан сөбө. Ньургуһуну көрө-көрө итирик уол өссө эбии ньалҕараҥнаабыта, эҥин араастык мунньараҥнаабыта. Балантыын уолу начаас ыккардыгар тэлээрдэн таһаарбытыгар, биирдэрэ өссө охсуһаары сабыахайдаммыта. Итинэн эрэ бүппэтэҕэ. Саатар, тыа сирэ буолан, туалеттара кулууптан лаппа тэйиччи этэ. Балантыын саалаҕа «уолаттарбын тыыппаталлар ханнык» диэн көрө-истэ сырыттаҕына таһырдьаттан икки устудьуон кыыс сарыласпытынан киирдилэр. Бөрүкүтэ суох дьыала тахсыбыта өтө көстөр этэ. Балантыын биир-биэс тыла суох таһырдьа ойбута. Хас да уол кулууп муннугар кими эрэ сосуһан эрэллэрэ. Онно сүүрэн быыппастан тиийэн биир уолу түҥнэри охсон түһэрбитэ, иккис уол «хайалара кэлэн мэһэй-таһай
буолла?» диэбиттии туттан эрдэҕинэ, үөс-батааска биэрбэккэ сыҥаахха саайбыта. Үһүс уол куотан адаҥхалаан иһэн оҕуруот сиэрдийэтэ чоройон турарыгар сирэйинэн кэтиллэн, хаһыытаабытынан тиэрэ таһылла түспүтэ. Били соһуспут киһилэрэ Ньургуһун эбит! Балантыын ыксаабыт, тыын быһаҕаһынан тыыммыт кыыһы ыга кууспута. Ньургуһун уолугун тимэҕэ туллубут, хоппуруон колгуокката тобугун үрдүнэн хайа тардыллыбыт этэ. Түргэнник хомуна охсон оптуобустарыгар олороот куораттаабыттара. Ньургуһун Балантыыҥҥа сыстыаҕынан сыстан олорбута... Ити түбэлтэ былырыын буолбута. * * * Балантыын сарсыардалык өрүс уҥуор айаннаата. Кэбиинэҕэ суоппары аахтахха үһүөлэр. Иномарка биир кэм күөгэҥнээн олорор, намыын муусукаҕа бигэтэн, олорсон иһээччилэр нуктаан бардылар. Балантыын ыараабыт халтаһатын нэһииччэ сэгэтэн көрдөҕүнэ сэрэтэр бэлиэлэр кылахачыһан эрэллэрэ да – им-ньим буола түстэ. Бу тугуй?! Тааҥҥа батыллыбыттар дуу? 40 кыраадыстаах тымныыга, ама, бачыыҥканан ууга үктэниэхтэрэ дуо? Онтон өйдөөн көрбүттэрэ – массыыналара турбутунан тимирэн эрэр эбит! Кэбиинэ икки аанын аһааттарын кытта тыбыс-тымныы кутулла түстэ, дьон хаһыытаспытынан таһырдьаны былдьастылар. Суоппар уол чараас кууркалаах буолан, ким-хайа иннинэ муус модьоҕотугар тарбачыһан таҕыста. Иккис уол килэгир мууһунан кыайан тахсыбакка, хаардаах сиринэн хачыыппардаһан быыһанна. Балантыын уһун дүбүлүөҥкэлээх буолан, онто аллара тарда сытар, онон сүүрбэччэ миэтэрэни ыттыы харбаан эмиэ хаардаах сиргэ кэлбитин, хата били уол ньылбы тардан таһаарда. Саҥарар кыах суох – күөмэйигэр туох эрэ туора турбут. Дьонун көрбүтэ, сүүрэн ырааппыттар. Хайыа баарай, муус кыаһаан буоллар да, суол устун сүүрэн хаҕынайда. Утары биир да массыына кэлбэт, арай сүүсчэкэ миэтэрэ ойоҕолуу иккис суол баар эбит, дьэ, онон ааһаллар аҕай. Били икки уола тоҥуу хаары оймоон ол суолга тахсыыларыгар биир «Уазик» тохтоото. Балантыын «быыһанным, миигин күүтэллэр» диэн үөрбүтэ баара, куорат диэки куугуната турдулар, тохтуур аат диэн мэлигир! Абатыгар, хараҕыттан уу-хаар баста. Ньургуһуна баар дэриэбинэтин диэки кыаһаҥалыы турда. Хата, хантан истибиттэрэ буолла – МЧС-тар массыыналара иһиирдэн кэллэ. Ип-ибигирэс буола тоҥмут Балантыыны, били хараара сытар чардаатыгар аҕаллылар. «Массыынаҕа хаһыа этигитий, кистээбэккэ эт» диэн ынньаҕалаттылар, онтон өрүс уҥуор куһуурда турдулар. Ыстааптарыгар аҕалбыттара, прапорщик дьахтар дьуһуурунайдыы олорор. Балантыыны эмиэ доппуруостаан бардылар. Ол ыккардыгар хосторун иһэ бүтүннүү уу буолла: Балантыын таҥастары-майырдары ньылбы сытыйан олордоҕо. Бу дьон ууга түспүт киһиэхэ төрүт кыһамматтарыттан абаран, биһиги киһибит тугу эрэ саҥара сатаата да, киһи иилэн ыларын тугу да эппэтэ – тоҥмута бэрт. Хата, прапорщик дьахтар бу дьиэҕэ олорор эбит. Бары көмөлөөн онно таһаардылар уонна таҥаһын ньылбырыта тыыппытынан бардылар. Дьахтар халадьыынньыгыттан буокка быһаҕаһа баарын таһааран ыстакааҥҥа кутан биэрбитин Балантыын биир тыынынан түһэрдэ. Бэйэтин дьыбааҥҥа сытыаран эрэн эргитэ сылдьан буокканан сото-сото илбийдилэр. Итиччэ илбийии кэнниттэн ууга түспүт мап-маҥан эттээх киһи арыый ама буолла. Эр киһи күҥҥэ аҕыйахтык көрдөрөр добуруо тэрилэ тууллас гына кытаатан барбытын көрөн, дьахтар имэ тэтэрэ кыыста, чабырҕайа кэйиэлээтэ, илиитэ
салҕалас буолла. Били, «кыра мас мутуга улахан буолар» диэбиттэригэр дылы, бу лаппычах киһи, кини эриттэн баҕас, чахчы астык тэриллээх эбит диэн санаа охсулунна. Итинтэн прапорщик букатын даҕаны дуҥ-даҥ сырытта. Оттон Балантыын этэ-сиинэ итийэн, арыгыта төбөтүгэр тахсан, устунан нухарыйталыах курдук буолла. Бу сытан өйдөнөн кэлбитэ, хайа эрэ киһи дьыбаантан соһон түһэрэн баран, сыҥаахха биэртэлээн эрэр эбит. Эмискэччи хараҕыттан уот чаҕылларга дылы гынна... Кэлин билбитэ, прапорщик дьахтар эрэ оруобуна сити кэмҥэ командировкаттан кэлбит. Ол киһи көрдөҕүнэ – дьыбааныгар сыгынньах эр киһи сытар! Хата, күнүүлээн сонно өлөрбөтөҕөр баһыыба. Кэмниэ кэнэҕэс туох буолбутун быһаарсан баран, күнүүһүт эрдьигэн Балантыыны Ньургуһун дьиэтигэр илдьэн биэрбитэ. * * * Бүтүннүү ибис-инчэҕэй таҥастаах, эбиитин уҥа хараҕа «күөх ачыкы» буолбут Балантыыны көрүөххэ түктэри этэ. Хата, Ньургуһун дьиэтигэр соҕотох олорор буолан, биһиги киһибит бу Дьахтар күнүгэр бэйэтинэн бэртээхэй бадаарак буолбута. Таҥас хаһан кууруо – остуоруйа. Хата, таптаһар дьон ханна да барбакка, сылаас суорҕан иһигэр сүрэхтэрин сипсиэринэн эрэ сирдэтиэхтэрэ. Өр кэмҥэ көөнньүбүт уохтаах тапталлара холбостоҕуна, туох ааттаах тулуйуой?! Сир үрдүгэр баар дьол биир кэрэ көстүүтэ бу буолбакка туох буолуой?! БУТУКАЙ.
kyym.ru сайтан
➤
➤
kyym.ru сайтан