Кэпсээ
Войти Регистрация

Дьыбаан дьылҕата

Главная / Кэпсээн арааһа / Дьыбаан дьылҕата

K
10.09.2020 14:50
Биир хайа эрэ улуус муҥур уһугар урааҥхай омук уутуйан олохсуйбут дэриэбинэтэ баара... Ол сир илин сиһигэр силлиэттэн саспыт оччугуй өтөххө сыбаалка сытара. Сыбаалка сыыһа сылы быһа сыта сатаан, сааскы сыыраска сытыйбыта, тура сатаан уот куйааска кунуһурбута. Ол курдук сииктии симэлийэн «баайа-дуола» бараныан, бөҕө-саҕа сахсайыан дьон обургу бу котокуну сылын аайы уолан бараммат гына толорон иһэрэ. Инньэ гынан бу сарыысса саспат саарыстыбата, хоруол хоммот ордуута баһыллар быйаҥа быстыбакка, сыр-мыр бөхтөөх-сахтаах сыбаалка аатыран сыппыта. Биир сааскы сылаас күн чуумпу өтөҕү уйгуурдан тыраахтар өрө бирилээн кэлбитэ. Иһиттэн тахсыбыт икки киһи бырысыапка тиэллибит дьыбааҥҥа маарынныыры сыһан-соһон ыадаҥнатан сиргэ түһэрбиттэрэ. Ол эрэйдээх харыстабыла суох хаҕыс быраҕыыттан аа-дьуо иҥиэттэн кээспитэ иччитэх өтөххө дуорааннанан иһиллибитэ. Кэрэни эрэ кэрэхсииргэ, бэрди эрэ биэбэйдииргэ бэһирбит икки атах ол онтон уйадыйбыт-уйарҕаабыт быһыыта биллибэтэҕэ. Кэлбиттэрин курдук тиэтэллик көлөлөрүгэр олоро охсоот, сус гынан хаалбыттара. Хаалларбыт маллара ол курдук сыбаалка хабайар хаба ортотугар хараастыбыттыы олорон хаалбыта. Анараа ханна эрэ баар астык олоххо олоҕун моҥообут муҥнаах туһата ааһан, субата суйданан көрүөхтэн сүөргү көнньүнэн өлбүт көтөх сүөһүнү санатара. Ол эрээри хаххалаах сиртэн кэлбит, манна баар мааныта суох маллартан арыый сэнэхтэрэ буолан, син сүүйүүлээх соҕустук көстөрө. Хаһан баҕарар олох обургу охтубукка тыйыс буолааччы. Ол сиэринэн айылҕа барахсан өр күүттэрбэккэ сөҥүү бөҕөнү түһэрбитэ, тыал бөҕөнү ыһыктыбыта. Дьылҕата быһаарыллыбыт дьыбаан эрэйдээх бу курдук курус олоҕуттан маҥнай ытамньыйбыттыы ынчыктаабыта, онтон кыһыйбыттыы кыычыгыраабыта. Салгыы самыыр куппут дьэҥкир таммахтарын тэбиирдии илгистэн ылбыта, күөмэйин чөллөрүттэрдии быылынан тыбыырбыта. Ол кэннэ маннык диэн сахалыы саҥалаах, киһилии кэпсээннээх буолбута: – Аа-аайбыан, ыый-ыыйбыан! Маҥай аллаахтар мааным барыта баранан бүтүүтэ, кэрэм барыта кэхтэн сүтүүтэ былаҕайга бырахтылаа-ар, сыбаалкаҕа сытыардылаа-ар! Ычча-аа, ычча! Сир ийэ киэҥ иэнэ, өндөл халлаан аһаҕас анна тымныы да буолар эбит, оҕолоор! Эдэрим буоллар ньии! Тулуктаһан, тулуйан, туруулаһан көрүөм этэ. Ону баара, тырыттыбыт этим-сииним аһаҕас сиигинэн самыыр уута хото сүүрдэ, өксүөн уута өтөн киирдэ... Саҥарарга анамматах атын айылгылаах ынчык-хончук ырыатын ыһыктарбар күһэйдэ. Икки атах дьикти, ураты кэпсэтэр талаана, омолуйар оҥоһуута миэхэ эмиэ тылынна. Онон истэҕиэт-истибэккиэт, түөрт атах, иэҕиллэр икки бас олорбут олоҕум кэпсээнин. Сиик сии илигинэ, сыырас ылыан иннинэ кыаҕым баарынан сэһэргиим... Мин бу Орто дойдуга оройбунан түспэтэҕим. Хара маҥнайгыттан оройо суох оҥоһуллубутум, босхо бастааҕы сытыаран сынньатар аналлаах айыллыбытым. Соҕуруу сиргэ таҥыллан маа бэйэлээх мааны дьыбаан малааһынныыр ыалга бэлэх буолан кэлбитим. Кэлбит сылбар эдэр, оҕо дьон олбохторо буоламмын, дьиэ саамай көстүүлээх сиригэр киэбирэн ахан турбутум. Быыл диэҥҥэ баттаппатаҕым, муоль диэҥҥэ муокастаппатаҕым. Хаһаайкам барахсан харайара, ыраастыыра, сороҕор сууйан да ылара. Кэм-кэрдии ааһан испитэ. Тас дьүһүнүм син килэйбитэ, олох сыралҕаныгар буспута-хаппыта. Инньэ гынан маҥнай утаа утуйар хоско утаарыллыбытым. Дьэ
манна этэ ээ, олох умайар кутаата. Уйан-хатан оҥоһуу быһаарыллар уйата. Икки атах симэлийбэккэ ситэринэн иһэригэр бэриллибит дьикти иэйиитэ иннинэн сирэйдээххэ бу хоско иэтэн кэлэрин, дьэ билбитим. Имэҥ диэн ааттанар абытайдаах айымньыны айан-тутан таһаарбыт ахан эбит ээ, Айыы Таҥара барахсан! Онон Орто дойдуга оройунан түһүөхтээх оҕо барахсан оҥоһуллар утаатыгар олбох буолан кыттыспыт үтүөлээхпин эбээт мин! Үгүс түүҥҥэ дьону кытта тэҥҥэ иҥиэттибитим, хаалсыбакка хачайдаммытым. Таптаһыы омунун будулуйар долгунугар тэбис-тэҥҥэ умсубутум. Ол туоһутунан сыры-сыллата сырыһыннаран үс оҥой-соҥой көрбүт оҕо төрөөбүтэ. Дьиэбит иһэ оҕо саҥатынан туола түспүтэ. Оҕо баар буолтун утаа түүҥҥү олохпут чуумпура быһыытыйбыта. Кулуннуу өрө мөхсөр көхтөөх кэммит кэмчитийбитэ. Этим-сииним улугуран, көһүйэн, урукку дьыалатын умнуохча буолбута. Ону баара, бу дьонум орон диэн иэҕиллибэт систээх саҥа тээбирини ылбыттара. Саалаҕа турарга сатамньыта суох, кыттыһан сытарга кыра соҕус буолаахтааммын, атын сиргэ утаарыллыбытым, кыра соҕус харчыга атын ыалга атаарыллыбытым. Саҥа хаһаайыннарым, эдэр ыал, урукку олохпун уһугуннаран хат эргиппиттэрэ. Түүнү-күнүһү билиммэт уохтаах тапталлара улугурбут эппин-сииммин уоттааҕар абытайдык салаабыта. Ол дохсун хамсаныыттан ис тутулбуттан куруһуунам ойон тахсыбыта. Тас дьүһүммүттэн субам кытта соролообута. Ону кытта тыаһым-ууһум даҕаны араастаан кыычыгыраабыта. Ол тыаска доҕуһуоллатан үгүс түүн ааспыта. Ол эрээри туох барыта кэхтэр, уостар, баранар. Ол курдук хаһаайыным обургу дьиэҕэ ким да суоҕуна дьахталлары аҕалтыыр бэрт хобдох дьарыктаммыта. Ол дьыалаҕа кыттыгас курдукпуттан кыбыстан да хайыамый? Тапталы таҥнарыы өр кистэммэтэҕэ. Сотору кэминэн ыал дьонум ыксалаһа түһээт, этиһэн барар буолтара. Этиһии ухханыгар мин кытта сынньыллан ыларым. Ол курдук сатаспакка сылдьан дьонум икки аҥыы айаннаабыттара. Мин дьиэлээх хаһаайын өлүү баайа буолан, оннубар олорон хаалбытым. Дьэ, бу күнтэн ыла үгүс киһиэхэ олбох буолбутум. Итирик да дьон тиэрэ лаһыйан, утуйан турбуттара. Бүгүҥҥү күн тугу уунарын хоннорон туруорар дьылҕаланан хаалбытым. Хаһаайыным аҕалтыыр араас хабарыыттаах хаппырыыс түөтэлэрин тулуйарга тиийбитим. Тиһэҕэр киһим син өйүн туппута, ойох ылан атын сиргэ көспүтэ. Кини оннугар аҕам дьон көһөн кээлтэрэ. Эмэн дьон этиһэ-этиһэ эйэлэһэр кыдьыктара суоҕа. Ороннооҕу олохторо да умуллубут курдуга. Хам-түм хаһаана сылдьыбыттарын таһааран тыас-уус буолаллара. Онтулара даҕаны үгүс сыранан буолара. Кыах бараммытын, эт-сиин элэйбитин биллэрэн уҥуох-иҥиэх тыаһыыра. Ону кытары кырдьаҕас дьыбаан кыычыгыраан ыларым. Сөптөөхтөр көрсүһэн, дэммитин билинэн үрүттэри-аннылары олус үчүгэйдик утуйан турарбыт. Сыл-хонук сыыйыллан, күн-түүн баранан, кэм-кэрдии ааһан испитэ. Эмэн саастаах дьонум кыл түгэнэ бүдүгүрэ охсубуттара. Ону кытта орон оонньуута олох да уурайбыта. Кэккэлэһэ сытары абааһы көрөр кэм тиийэн кэлбитэ. Улаҕа сытааччы кырдьаҕас турарын уустугурдар буолбута. Инньэ гынан орон булан ол онно көспүтэ. Соҕотох эмээхсин сытар дьыбаана чэпчээбиттии өрө тыыммытым. Дьэ, бу курдук олохпун моҥуурбуттан сэмээр үөрэ санаабытым. Онтум баара, былырыын дьонум эрэйдээхтэр утуу-субуу таҥаралаан хаалтара. Ол кэннэ дьыбардаах дьыллар турбуттара. Тоҥ
хаһаа дьиэҕэ токуччу тоҥоммун син сылы туораабытым. Саас кэлиитэ биир үтүө күн кэлииккэ аана аһыллар тыаһын истибитим. Сэргэхпин киллэрэн чуҥнаан иһиллээбитим. Күүлэ иһигэр атах тэбэнэр тыас иһиллибитэ. Чахчы, дьон кэлбит этэ мин дьиэбэр. Үөрэммин, эккириэхпин дьыбаан буолан туттуммутум. Хоммут быылбын сахсынан дьүһүн тупсарыммытым. Ол кэннэ киирэн кэлбиттэрэ кэтэһиилээх мааны ыалдьыттарым. Киирээт да, оһоҕу оттон тигинэппиттэрэ. Ону кытта бэрт сылаас сүүрээн эппинэн-хааммынан сүүрбүтэ. Аҕыйах күн иһигэр олох күөстүү оргуйбута. Ол быыһыгар сылаастан сылаанньыйа ирбит кэтит иэммэр биир киһи утуйан кытта турбута. Ол онтон астынан урукку олохпор төннөөрү үөрэ ахан турбутум... Биир сарсыарда тэлгэһэ аттыгар тыраахтар тирилээн кэлэн тохтообута. Дьонум сүүрэн тахсан сээкэй бөҕөнү таһан киирэн баартара. Туох буоларын кэтээри хос аана сэгэйбитин туһанан оргууй кылап гынан көрбүтүм. Дьэ, киллэрэн иһэллэр эбит ээ! Омуна суох түөрт киһи кыайбат аарыма дьыбаанын! Килэйэн-халайан, үллэн-баллан тирии бүрүөһүннээх, бэрт да дьүһүннээх барахсаны! Оччолооҕу көрөн санньыйа-сабыста түспүтүм, сэрэнэн соҕус өҥөнөн көрүммүтүм... Дьэ дьыл-хонук ылыахтааҕын ылбыт эбит этэ...Эт-сиин бараммыт, дьүһүн-бодо буорайбыт. Силигин ситэрэн куруһууналарым таска ойон тахсыбыттар... Ити курдук саҥата суох санааргыы турдахпына, тыас таһаарбакка ытыы сыттахпына, били, хонон турбут киһим хоско көтөн түспүтэ. Сэрэммэккэ туора-маары туур-таар соһуспута... кыайбатаҕа. Ама даа мин буолтум иһин, биир хачаайы киһи уйар эмэх мала буолбатах буоллаҕым. Киһим кими эрэ ыҥыран хаһыытаан ылбыта. Ыҥырыллыбыт киһи өр-өтөр буолбакка хоско киирбитэ. Инньэ гынан иккиэн көмөлөөн көтөҕөн ылбыттара. Киппэ мас дьардьамалаах бэйэбин ыйааһыммын кыайбакка нэһиилэ ыадаҥнатан саалаҕа таһаарбыттара. Ол кэннэ мин оннубар, били, аарыма дьыбааны киллэрэн олордон кэбиспиттэрэ. Оттон мин саалаҕа тахсыбыппын итэҕэйбэккэ үөрэн ньыкыллан турбутум. Биир дьыбаан дьылҕата быһаарыллар дьыла кэлбитин сэрэйэн билбитим. Сэмээр испэр саалаҕа хаалар киччэм санаам иитиэхтиирэ. Ол да буоллар остуоруйа олоҕо кэлбэтэҕэ, эдэр кэмнээҕи олоҕум хат төннүбэтэҕэ. Дьонум да харахтара балай буолбатах этэ. Ньүдьүрээбит, тырыттыбыт дьыбааны, били аарыматтан ордорон хайаан маанылыахтарай, көстүүлээх сиргэ ууруохтарай. Икки өттүбүттэн өрө көтөҕөн тыраахтар бырысыабыгар бырахпыттара. Ханна эрэ, харахтаан көрбөтөх сирбэр, түҥкүр-таҥкыр айанната турбуттара. Ол эрээри бу маннык халлаан анныгар харыһылтата, хаххата суох быраҕан кэбиһиэхтэрэ дии санаабатаҕым... Ол аата, олоҕум бүттэҕэ... Туһалыырбын аастаҕым... Чэ, хайыахпыный, биир дьыбаан олоҕун олордум, айыллыбыт аналбын толордум ини. Бу Орто дойду олоҕор айыы киһитэ айыллар имэҥнээх дьыалатыгар кыттыстым ини... Ити курдук эргэ дьыбаан эрэйдээх самыыр анныгар ньахчаллан туран киһилии кэпсээбитэ, сахалыы саҥарбыта ой дуораана буолан сатараабакка, кыраман ыраахха тарҕаммакка, тыаһа-сыма суох өтөх иһигэр уйгуураат, ардах астарын кытта уостан хаалбыта. М.ИВАНОВА.
kyym.ru сайтан