Кэпсээ
Войти Регистрация

Сугунньуттар

Главная / Кэпсээн арааһа / Сугунньуттар

K
kyym.ru сайтан Дьылҕа
25.05.2023 14:19
   Сырылатан түһэн, куйаас да куйаас! От ыйын ортото сир аһа буһан, ойуур иһэ – тобус-толору дьон. Онно-манна биэдэрэлэрин туппут дьахталлар бэйэлэрэ эрэ билэр «хаһаас сирдэригэр», аны биһигини ким эрэ батыһыа диэбиттии, тэтимнээхтик, ыксаан-бохсоон хаамсаллар. Сыл аайы баччаларга айылҕа «босхо биэрэр» быйаҥын сомсоору, ханна ким төһөнү булбутун, ким ханна кистэлэҥ сирдээҕин туһунан хоп-сип сэлиэнньэ иһин толорор. Дьахтар аймах сугуннуу диэн ааттаан, күнү-күннээн баай хара тыаны кэтэр буолла.        Балбаара бүгүн эмиэ сарсыарда эрдэ туран, ынахтарын ыы охсоот, сэттэлээх кыһыл биэдэрэтин сууйан-сотон, күннээҕи аһыыр өйүөтүн бэлэмнэнэ сырытта. Бүгүн ыала дьахтар кучуйан, ыраата соҕус сугуннуу бараары оҥостор. Сураҕа, куораттан балта аах кэлбиттэр. Олор сир астыы барыах диэн хаайан, ойууру кэрийэрин сөбүлээбэт эдьиийдэрин эмэһэтин хоҥнорон, дьэ илдьэ баран эрдэхтэрэ. Оттон Балбаара туһунан кэпсиир эбит буоллахха, сир аһыгар сүрдээх туруу киһи. Хаартыһыт хаартынан харахтанар, сааһыт булт саҕана “суор хараҕын сиир” эбит буоллаҕына, Балбаара сир аһа ситэр, буһар кэмигэр туруох-олоруох сирин булбат. Кыһыны супту айака-дьойоко бөҕөнөн үлэтин икки ардыгар нэһиилэ хаамар  бэйэтэ, сайынын ойуур иһигэр киирдэҕинэ, сүүрэн хааларыттан ардыгар бэйэтэ да соһуйар. Тилэҕэ эрэ билэн эрдэҕэ, төһө элэйиэр диэри  хаампытын, эрэһиинэ саппыкы иһигэр буһан-хатан сордоммутун. Тилэҕэ киһи курдук өйдөөҕө, эбиитин саҥалааҕа буоллар, бука, ханна да барбаппын диэн дьирээлэһэн көрөрө чахчы.    Балбаара төлөпүөнэ тырылаан тоҕо барбытыгар соһуйан ходьох гынна, санаатын ситимэ быстан хаалла. Туруупкатын ылбытыгар, ол-бу дорообото-дыраастыйа суох, ыала дьахтар ньаамырҕас куолаһа «бэлэм олор, билигин барыахпыт» диэтэ. Хата, Сибиэтэ (ыала дьахтар) уола матасыыкылынан аарааҥҥа диэри быраҕан биэриэх буолбут. Хаһыалара эбитэ буолла? Ити соччо билбэт дьонун кытта Балбаара бэйэтин «аармыйата» бүгүн сынньанар, сороҕо оттуу барар буолан булсубута. Олор да кинини сири билэринэн, мунааҕа суоҕунан   матасыыкылга кыбытан эрдэхтэрэ. Балбаара хомунан бүтэн, биэдэрэтин кыбынан, үрүсээгин тэскэччи сүгэн ыалыгар тахсан истэҕинэ, оҕонньоро гараас иһиттэн өҥөйөн: «Хайа, мүгүн эмиэ мараҕын дуо? Му дьахтар, сылайбатыҥ-элэйбэтиҥ тоҕо сүрэй, мүгүн маҕас сынньаныаххын, сарсын-өйүүн халлаан үчүгэйдик турдар, мунньуу буолуо этэ. Күн аайы хара тыаны кэтэргиттэн атыны билбэккин»,—диэн, үгэһинэн, мээмигирии турда.  Онуоха Балбаара өһүргэнэн өттүгүнэн оонньоото: «Барыанньаны соҕотох мин эрэ мэтийэрбэр дылы! Хайа, ким этэй: «Эмээххиэн, майыанньаҕыттан кут эрэ, минньигэс сиэмэтэх ыраатта»,—дии-дии онньоҥнуур? Оттон бу үйэҕэ диэри от мунньуутуттан сылайдым диэн куотуммуппун өйдөөбөппүн».    Салгыы да элбэҕи этиэх-тыыныах киһини оҕонньоро: «Мүт, мүт эрэ. Майыанньаны сиэмэппин диэтим дуо? Оттон ити эйигин харыстаамычча этэмин. Сир аһын  оттон оҕолор да хомуйуохтара этэ муоллаҕа. Хайа диэки маран эрэҕит, хата, ону кэпсээ». Үрэҕи туораан, ыраата баралларын истэн оҕонньоро: «Тыый, ол чугас эргин марытын хомуйан кээстигит дуо? Ол марабыт диир сиргитигэр тыатааҕы маар диэбэттэр дуо?» Балбаара оҕонньоругар, чахчы кыйаханыах кэриҥнэннэ. Бүгүҥҥү ааттаах күҥҥэ кини барарыттан, дьэ, иҥнэн турда дии. «Ол эмиэ киммит инньэ диир?! Бука, эмиэ Микиитэҥ кэпсээн эрдэҕэ... Баар да буоллаҕына, били «ырҕайа сытыйбыты»,  миигин эрэ сиирэ буолуо. Бүтүн нэһилиэк дьахтарыттан ордорон!»,— диэт,  олбуор аанын тыастаахтык сабан ыалыгар хаамта.    Уоллара бэрт түргэнник үрэххэ диэри быраҕаттаата. Сатыы хаампыттара буоллар, бу туораларынан барбыт куорат дьахталларын кытта күнү-күннээн хайбаҥнаһыахтара хаалбыт. Балбаара, сарсыардаттан настарыанньата алдьаммыт киһи, аргыстарын кытта хаарыйталыы санаата.    Үрэҕи дьара соҕус сиринэн кэһэн туораатылар. Инчэҕэй кумахха дьэрэкээн саппыкы уллуҥун суола буолунай. Элбэх киһи бу диэки тиэстэр бадахтаах. Балбаара хаамарын быыһыгар  аргыстарын сыныйан көрүтэлиир. Дьахталлартан биирдэрэ арыый саастаах, киниттэн эрэ балыс соҕус дуу, оттон биирэ олох эдэр, Балбаара кыыһын эт саастыыта. Сотору-сотору сынньанан күн ортото биирдэ тиийэрбит буолуо диэбитэ, хата,  кимнээҕэр да сыыдам дьон буолан биэрдилэр. Сугун, били, Харытыана эмээхсин этэрин курдук, нуучча хараҕыныы көҕөччү көрөн, син тэһитэ-тэһитэ көстүтэлиир. Ол аата, чугаһаан эрдэхтэрэ. Сибиэтэ, саҥаран баран кэлээр диэбит киһилэрэ, тугу эрэ тохтообокко кэпсиир да кэпсиир. Аргыстара сэҥээрдэҕэ буолан, дөрүн-дөрүн истэрин түгэҕэр  «ыых» дииллэрэ иһиллэр. Син барбахтыы түһэн баран, сугун син баар диэбит сирдэригэр тохтоотулар. Сирдэрин аһатан, бэйэлэрэ да чэйдээн, мэһэмээннэрин туппутунан хомуйан бардылар. Балбаара урут даҕаны мэһэмээннэммэт киһи, үөрүйэх илиитинэн киһи хараҕа таптыы көрүөх, күп-күөх буола буспут сугуннары биэдэрэтигэр кута олордо. Ити да буоллар үөрэнэн бардахха, сугун элбэҕин элбэх да хордьоҥо бэрт, киһи начаас сылайыыһы, онон Балбаара бөдөҥүн көрдөөн аа-дьуо сыҕарыйдар-сыҕарыйан, дьонуттан тэйдэр-тэйэн истэ. Ол курдук хаамыталаан баҕатын хоту бөп-бөдөҥ сугуннарга кэтиллэ биэрэр. Дьонун ыҥыраары хаһыытаан көрдө да, хоруй мэлигир. Дьэ, сылдьыаххыт эбээт. Сэттэлээх биэдэрэтэ үөрбүт курдук туоллар-туолан, Балбаара сүргэтэ олус көтөҕүлүннэ, бэл, хоонньугар киирэр кымырдаҕастарга да кыһаллыбат буолла. Ол курдук начаас икки ардыгар биэдэрэтэ ыы-быччары туолла. Сугун угуттан хараҕын, дьэ арааран тулатын көрүммүтэ, барыта талаҕынан бүрүллүбүт, биир да бөдөҥ маһа суох сиргэ кэлэн турар эбит. Хайысхатын булаары тула өттүн көрүннэ. Суох, ити ыркый быыһынан хаампытын өйдөөбөт, оччоҕо, арааһа, бу өттүнэн кэлбит буолуохтаах.  Күнү көрөөрү чолох гыммыта, күнэ олох да былыт быыһыгар киирбит быһыылаах, тоҕо эрэ көстүбэт. Ээ, чэ баара да буоллар Балбаара илинин-арҕаатын күнүнэн көрөн быһааран билэр киһи диэтэҕиҥ дуу. Таайан көрөр дьоҕурунан сирдэтинэр идэлээх. Син баччааҥҥа диэри хааман кэлбит суолун  баҕас сүтэрбэт этэ. Онон сөптөөх суолум диэбит сирин хоту хааман биэтэҥнии турда. Арай талахтара бүппэт да бүппэт. Киһи муннаҕына тэтимэ киирэр дииллэринии, бэйэтэ да билбэтинэн, биэдэрэтин туппутунан сүүрэр-хаамар былаастаах, оту-маһы барчалыы истэ. Дөрүн-дөрүн тохтуу биэрэн дьонун хаһыытаан көрөр да, мэлигир. Төһө өр оннук хаампыта буолла, күн киэһэрэн, хантан баар буолбута биллибэт хара былыт сабырыйан, тула боруҥуйан барда. Талахтаах сир баранан аны  бүтүннүү ычыкын ойуур саҕаланан, ол быыһынан кыбыллан эрэй бөҕөтүн көрдө. Хайа, ол ойуур быыһынан ыраас сир баар дуу. Сирэйин хайыта тардар мас лабааларын хаһыйа-хаһыйа маар диэҕи маар буолбатах, от үрэххэ эмиэ майгыннаабат, дулҕалаах сиргэ тахсан кэллэ. Ол туран уҥуор турар үөттэр диэки көрбүтэ, арай киһиэхэ майгынныыр туох эрэ харааран баран, ханна эрэ мэлис гынан хаалла. Балбаара итэҕэйбэккэ кыҥастаһа сатыы турдаҕына, киһитэ эмиэ туран кэллэ. Чахчы, киһи эбит! Ол икки илиитин бэринэр киһилии сараччы туттубут, саллаҕар төбөлөөх. Дьиибэтин, тоҕо эрэ сотору-сотору чохчойон ылар. Бэйэбэр дылы сылайаахтаабыт дуу дии санаата да Балбаара, аны куотан хаалыа диэбиттии, киһитин диэки муҥ кыраайынан түһүнэн кэбистэ. Ол  иһэн хаста да дулҕаттан иҥнэн биэдэрэтин тоҕо түһэ сыста. Арай үөттэргэ чугаһаан баран көрбүтэ — киһитэ көстүбэт. Тууй-сиэ, охтон оонньуу сылдьан хайа диэки баартын көрбөккө хаалбыт буолбаат! Итинник муҥатыйан иһэн, арыый да тэйиччи үөт мас күлүгүн диэки туох эрэ хамсыырыгар хараҕа хатанна. Көрбүтэ, доҕоор, атын күтүр! Аар тайҕа муҥутуур баһылыга илэ бэйэтинэн уун-утары көрөн турар эбит! Балбаара, били өмүрэн эр дьон тэриллэрин араас үөдэҥҥэ быһыта-хайыта ыыталаан субурутар бэйэтэ, кутталыттан саҥата иһиттэн да тахсыбат буолан, биир сиргэ хам хараҕаланан хаалла. Эһэтэ кини диэки сөбүлээбэтэх уоттаах хараҕынан көрөр, суоһурҕанан ырдьыгынаан ылар. Балбаара адьырҕа аһылыга буолаары иэдээҥҥэ бэйэтинэн сүүрэн кэлбититтэн кыһыйан-абаран да хайаахтыай!? Хайалара да бастаан хамсыан саллыбыттыы, бэйэ-бэйэлэрин манаһан ол курдук балай эмэ кэм турдулар. Балбаара, ол быыһыгар эһэ дьахтар сыгынньах түөһүн көрдөҕүнэ, аймаҕырҕаан тыыппат үһү диэн, дьон кэпсээнин өйдүү биэрдэ. Сэрэниин-сэрэнэн биэдэрэтин сиргэ ууран, аргыый аҕай илиитин тимэҕин диэки илдьэн эрдэҕинэ, эһэтэ икки атаҕар тураат, мордьойбуттуу тутунна. Балбаара кутталыттан букатын салыбырас буолла. Кыһайбыт курдук, сарсыарда хос-хос кэппит таҥаһын хаһан сыбыдахтанан бүтүөр диэри эһэтэ кинини бүтүннүү сиирин ааһан, биэдэрэлээх сугунун кытта былдьыыһы. «Ээ чэ, сыбыдахтанан да диэн, былыр үйэҕэ холбуйан хаалбыт түөһүм, сылгы хартатыныы халбайбыт хаһам да аарыма кырдьаҕас ардьай тииһиттэн абырыа буоллаҕай» да диэтэр, ырбаахытын арынан муҥнанна. Эһэтэ онуоха маа бэйэлээҕи көрдөрдүҥ ээ диэн, соччо-бачча манньыйбата, сөбүлээбэт киэбинэн ырдьыгыныырын тохтоппото. Ол да буоллар кэлэйбиттии туттан хара тыатын диэки мойбордуу турда. Бука, соччото суох амтаннаах харамайгын ээ, ол кэриэтэ сугуннаан, кымырдаҕастаан аһыам диэтэҕэ. Дьахтар ону эрэ кэтэспит бэйэтэ, кэлбит сирин диэки төттөрү бэдьэһийдэ. Ол курдук хас да маары, аҥалаҕы ааста. Сорох-сорох маар хатыланар курдук. Сылайбыта-элэйбитэ сүр. Лах гына олоро түстэ. Сатахха,  түүнүн оҥоойу, кумаар үксүүр да буолар эбит. Ытыралларын ааһан кулгааҕар, муннугар кытта туоллулар. Балбаара хараҕар буруолуу сылдьар үүттээх итии чэй көстөн ааста. Эчи хаарыаны,  чэй иһэ-иһэ, оһох уотун сыралҕаныгар угуттата олорбут киһи баар ини. Эмискэ аргыстарын санаан кэллэ. Төһө эрэ көрдөөн сордоннулар. Бэйэлэрэ  суолларын булан тиийбиттэрэ дуу, эмиэ кини курдук муна сылдьаллара дуу? Иэдээн! Ол эрээри өр-өтөр олорбото, халтаһата улам-улам ыараан, сабыллан барда, устунан утуйан хаалла. Арай, иһиттэҕинэ, ханна эрэ ырыых-ыраах бэркэ билэр, истиҥ куолаһа: «Малбаараа-аа, Малбаара-аа» — диэн ыҥырарга дылы. Дьахтар ходьох гына олоро түстэ. Салгыы иһиллии сатаата да — саҥа суох. «Дьоҕойон түһээтим дуу, кумаар дыыгыныыр дуу» — диэн эрдэҕинэ эмиэ ханна эрэ, бу сырыыга баҕас чуолкайдык: «Малбаараа-аа, Малбаараа-аа» – диэн хаһыы иһилиннэ. Балбаара барахсан онуоха: «Баарбыа-а-аан, баарбын» — дии-дии, хаһыы хоту бэдьээлээтэ. Ол кэмҥэ  оҕонньорун куолаһыттан күндү туох баар үһүө! Хата, кулгааҕа сыыспатах. Субу иннигэр  оҕонньоро барахсан ыртайыаҕынан- ыртайан, илиитин даллаппытынан субу такыһыйан иһэр эбит. Ыаллара Уйбаан уонна хас да билбэт дьоно тохтообут сирдэриттэн тэйбэккэ кэтэһэн тураллар. Омуннаан эттэххэ, отут сыл устата уохтаахтык уураһыахтааҕар буолуох, куустуспатахтара ырааппыт оҕонньордоох эмээхсин ыгыта куустуһа түстүлэр. Оҕонньор: «Малбаараа, куттаатыҥ даҕаны» — диэн сипсийэр.    Уоскуйа быһыытыйаат, Балбаара буруйдаах киһи быһыытынан: «Сүтэ оонньооммун, оппут хаа...» диэн эрдэҕинэ оҕонньор: «От муоллар хааллыын, хааллын... Малбаара-а-а. Эн эрэ этэҥҥэ буол». – диэн соһутта.      Ити түбэлтэ кэнниттэн Балбаара хаһан да сир астыы барыа суох буолан, кырдьык-хордьук балачча кэмҥэ дьиэтигэр, отугар эрэ сылдьыспыта. Оттон биир үтүө күн отон кытарчы буспут сураҕын истээт, хара тыа диэки тилэҕэ хараара турбут сураҕа эрэ иһиллибитэ. Хайыаҥый, сир аһын хомуйуу эмиэ биир туспа кыдьык буоллаҕа эбээт!   Марфа Иванова. Тарҕат:
kyym.ru сайтан