Кэпсээ
Войти Регистрация

Көстүбэт эрдэр

Главная / Кэпсээн арааһа / Көстүбэт эрдэр

K
25.05.2023 14:09
– Былыр оҕо эрдэхпинэ кырдьаҕастар: «Түүҥҥү эрдээх дьахтар эбит, онтукатыттан оҕоломмут үһү», – диэн сибигинэһэллэрин истэр буоларым. Оннук дьахтар туох аанньаны төрөтүөй, бүтэй хаалаах баҕайыны түһэртиир дэһэллэрэ. Сордоохторуҥ, көр, үгэс курдук эмискэччи таарымталанан, ыалдьан хаалааччылар, мэнэрийэн илгистэ түһээччилэр.          Сороҕор, төбөлөрүгэр оҕустаран, иирэн-бутуллан да ылааччылар, быһа кымньыылаппыттыы атахтарын да тэҥнээччилэр.  «Халлаан киһитэ, хара сылгылаах уол илэ бэйэбинэн эйигин кэргэн ылаары кэллим!» – диэн үөтүтээччилэр. Мин Таала күөлгэ Аана диэн дьүөгэлээҕим.  Кыттыгас хотонноох этибит. Биир күн ынахпытын ыы сырыттахпытына, хаҥас түннүгүнэн хара күлүк барыгылдьыйан көһүннэ. Дьиктиргээтим да буоллар, саҥарбатым. Дьиэтигэр киирээт, доҕорум имэҥирэн туран мэнэрийэн илгиһиннэ. Онтон ыла күлүкпүт күн аайы көстөр буолла. Биирдэ:    – Ити түннүкпүт үрдүгүн үрдүк да, киһи күлүгэ ааһарга дылы гынна дии, тугуй ити? – диэн ыйыппыппар, Аанам дьиксиммиттии сирэйбин одуулаамахтаан ылла уонна:    – Ээ, ити түүҥҥү тойонум миигин кэтээн көрө сылдьар, – диэтэ.    Дьиэтигэр киирээт, эмиэ ыһыллан турда.    – Бастакы оҕобун бэйэм ылабын! – дэттэрдэ. Уол оҕо төрөөбүтэ даҕаны аҕыйах ыйдааҕар өлөөхтөөбүтэ. Биһиги, Элгэс улууһун төрүт олохтоох дьоно, түүҥҥүлэр түһэ сылдьыбыт хас да түбэлтэлэрин билэбит. Огдооболорго да, кэргэннээхтэргэ да, кыргыттарга да уйаламмыт буолааччылар.  Итини миэхэ элбэх көлүөнэлээх халыҥ аймах ытык кырдьаҕаһа аҕыс уон тоҕус саастаах Анна Васильевна Корякина кэпсээбитэ. Ону олус дьиктиргии, эмиэ да дьиксинэ истэн баран, чахчытын билээри биир киэһэ киирэн:    – Кырдьаҕас киһи буоллаҕыҥ, бу туһунан тугу кэпсиэҥ этэй? – диэтим.    – Түүҥҥү киһилэнэ сылдьыбыт бу – мин, эн иннигэр илэ бэйэбинэн олоробун. Онон ити туһунан кэпсиэхпин сөп, – дии-дии Майыартан төрүттээх Малаанньыйа Ньукуулуна сытар оронугар олоро биэрэр.    – Дьэ, эрэ!– диибин.    – Түүҥҥү эрим буолуохсут миэхэ сүүрбэ саастаах кыыс сырыттахпына, кэргэннэнэн оҕоломмут эдьиийбиттэн көһөн кэлбитэ. Ийэм-аҕам, бииргэ төрөөбүттэрим бары сахалыы ыарытыйар дьон буолан, итини билэ-көрө сылдьан элбэх ойууттары, удаҕаттары кыырдаран көтүттэрэ сатаабыттара да, миигин аллараа дойдуттан төрүттээх-уустаах «Сидьиҥ Босхоҥ уолунабын» дэнэр көстүбэт буулаабыт буолан, кыайтарбатаҕа. Ол иһин, ол түөлбэ ытык дьоно сүбэлээн, мин сир уларыйан, сотору Абыйга кэлэн олохсуйбутум. Көр, онтукам:    – Биһиги даҕаны араастаах буолабыт, – диэн кэпсиирэ. – Үөһээ халлаантан, орто дойдуттан, алларааттан ситимнээх-силистээх, бука бары бэйэ-бэйэбитигэр майгыннаспат күтүөттэрбит, – диирэ. Мин аллараа дойду ааттааҕа Сидьиҥ Босхоҥ уолунабын! – диэн хас санаатаҕын ахсын кэпсэнэрэ. – Үөһээ халлаантан уонна орто дойдуттан кэлбиттэр миигиннээҕэр ыраас, чэнчис буоллаллар даҕаны, өһүргэстэрэ сүрдээх, кыратык да саҥарыллары сөбүлээбэккэ дьабыннарыгар төннөн хаалар баҕайылар! – диэн сэмэлиирэ.    Көстүбэтим күлүк курдук күлүгүлдьүйэн кэлэрэ. Сирэйин-хараҕын көрдөхпүнэ, олус сөбүлүүрүм, ис сүрэхпиттэн күүскэ таптыырым. Кыыс буоллаҕым. Онон эр киһини кытта сытыахпын баҕарарым кэмнээх буолуо дуо? Ол да буоллар, төһө да көрдөспүтүм-ааттаспытым иһин, бэйэтэ да ньылбы сыгынньахтанан баран, тииһин хабырына-хабырына, туох баар ычатын барытын ууран туран соруннар даҕаны, таба тайаммакка сордуура. Өйбүттэн тахсыахпар диэри баҕаран, көҕүтүһэн көрөрүм эрээри, туга кэлиэй, курааннахха сордонорум. Мэнэрийэр буолбутум. Мэнэрийдим да хараҕым сырдыы түһэрэ. Төһө өр, хас сыл эрэйдэниэхпиний, сүүрбэ биир саастаахпар ыйытар киһи түбэһэн, үөрүүнэн сөбүлэһэн, кэргэн тахсыбытым. Бастакы оҕом кыыс этэ. Ону уонча хоннороот, хаһыытаппытынан хоойбуттан быһа тутан, тыынын соҕотохто күрэппитэ. Оҕобун былдьаһа сырыттахпына, уҥа илиим тириитин үс тарбаҕынан батары биэрэн, ойо тардан ылбыта. Онтуката бэрт эрэйинэн, тоҕус сорунан оспута.    Дьиҥнээх эрбин олус сөбүлүүрүм. Уһуу бардаҕына тэһийбэтим, эргилиннэҕинэ үөрэ көрсөрүм, ас үтүөтүн, таҥас ырааһын барытын бэлэмниирим. Оттон утуйуу буолла да, били баҕайым тимир тириибин кэтэрдэн, киһибин өлөрөөрү ыксатан үүрэн кэбиһэрим. Сыттыгым анныгар кыыннаах быһахтаах буоларым. Кэлин дьон сүбэлээн, Талахтаахха олорон, аатырбыт Көстөкүүн ойууну ыҥыран аһаҕастык охсуһуннартаан көрбүппүт даҕаны кыайан үтэйиллибэтэҕэ.    – Эйигин булбут мин төрүттэрбиттэн буолбатах эбит, атын дьайыҥтан силистээх-мутуктаах буулаабыт. Онон айыы ойууттарыгар кыайтарыа суох! – диэн түмүктээбитэ.    Аллараа дойдуттан күөрэйбити айыы ойууна даҕаны кыайбат эбит этэ. Кэлин төбөбөр оҕустаран, иирэ сылдьыбытым. Улахан Күөлгэ буор дьиэҕэ олорорбут. Ол олорон Чылыгыр Дьөгүөр диэн дүҥүрүн-таҥаһын устубута өр буолбут эрээри, аллараа дойдуттан кэлэн буулаабыты көтүтэр ойуун баарын истэн, ыҥыран аҕаллыбыт. Дүҥүр, таҥас көрдөһөн булбатыбыт. Онон оҕонньор этиитинэн биир айаны илиитигэр туттардыбыт. Тыа саҕатыгар эмэх буолбут чөҥөчөк баарын булан, мин ырбаахыларбыттан биирдэстэрин ылан саба бырахта, эмэхтэн кыыс оҕо уонна сылгы эмэгэтин оҥорон баран: Орто дойдуга Оҕо буолан төрөөбүт Уон сэттэлээх кыыһы Толук биэрэн, Туомнаан баран Тойук туойан Тосхойон эрэбин. Аллараа дойдуттан кэлбити Атаарар гына Адаҕыйдаҕым буоллун, Сир түгэҕиттэн көппүтү Симэлитэр гына Ситэн эттэҕим буоллун! Маны ылан баран Бахтайан хаал! Кэлбэт дьайыҥҥар Кэбэлийэ тур! – диэн саҕалаата даҕаны анарааҥҥыта саба саҥаран, этиһии-охсуһуу бөҕөтө: Түөкүн ойуун Түөкүннүүрүҥ буолуо, Албын ойуун Албынныырыҥ буолуо... Барбаппын да барбаппын, Төннүбэппин да төннүбэппин! – диэн кэлиилии кэбэ турар.    Кырдьаҕаспыт илистиэр диэри туойан баран, таһырдьа тахсан илиитинэн чарапчыланан көрө-көрө саҥарда. Онтон дьиэҕэ көтөн түстэ даҕаны, били баҕайыны ороҥҥо кыһайан тутан ылаары өрө холоруктана түстэ. Сүрдээх уһуннук мөҕүстэ эрээри, сидьиҥиҥ, син иннин биэрбэтэ. Кыыран бүтэн, оҕонньорбут уоскуйан баран:    – Оҥорууҥ кытаанах оҕо сылдьар эбиккин! Сэттис эрэ мутукка дылы үтэттэрдэ. Тохсус кэрдиискэ кыайан тириэрдибэккэ, куота көтөн хаалла. Онон сырыыта-айана сылбаҕырыа да буоллар, салгына син-биир биллэ сылдьыаҕа! – диэтэ. Ол эппитэ кырдьык эбит. Били баҕайым, дьэ араҕыста, кини даҕаны кырдьар эбит буоллаҕа диэн саныы сылдьыбытым, бөлүүн эмиэ кэлэн барда.    – Иккис оҕонньорум өлбүтэ түөрт сыл буолла. Ол инниттэн даҕаны уонча сыл устата айыыга киирбэтэхпит, ахтыы бөҕөтүн аҕынным, суохтуу бөҕөтүн суохтаатым, дьэ эрэ, аны туохпут харысхалай, бааргынан-суоххунан хамсан, уоскут-дуоһут! – диэн, көрдөһүү бөҕөтүн көрдөстүм эрээри, кураанаҕынан көөчүктэнэн баран, туһалаабакка дьүгэлийдэ. Күлүгүлдьүйэн, таҥаһын ылан тахсарын күнүс курдук көрө сытабын. Таҕыста да бэйэм бэйэбинэн, кырдьаҕаїым кырдьаҕаспынан, кур бэйэм кубулуйбакка киһи быһыытын ылынан олордоҕум бу! Ити гынан баран, былыргылар этиилэринэн таба тайаммата үчүгэй үһү. Таба тайанна да – өлөҕүн! Онон биир эмэ сыл тыыннаах олорорум буолуо, бука.    – Дьэ, муода эбит, доҕоор!    – Өссө онтукам күнүүлэһэн турааччы!    – Бээ-бээ?!    – Киһилэнэҕин-баҕастанаҕын, баҕайы! – дии-дии, таҥна охсоот, элэс гынан хаалааччы. Инньэ гынна да, бэрт сотору дьиҥнээх эрим сиртэн эргиллээччи... Сороҕор: «Кырыйдым, сааһырдым, эдэр дьахталларга көһөн көрүүй!» – диэн көрдөһөөччүбүн. Оччоҕо:    – Эйигинэ суох мин хайдах сатаныахпыный? – диирэ. Хаһан да буолунааччыта суох этэ... Көстүбэт күтүөт туһунан ыйыппытыҥ иһин, соруйан, билэн хааллыннар диэн кэпсээтим. Хата, көхсүм арыый кэҥээбит курдук буолла...   Карл Новиков-Быйаман, Абый. Тарҕат:
kyym.ru сайтан