Кэпсээ
Войти Регистрация

Хаартыска

Главная / Кэпсээн арааһа / Хаартыска

K
04.09.2020 12:52
«Үүнэр көлүөнэ хомуньууһумҥа олорор чиэстэниэҕэ, ол аата эһиги эмиэ» дииллэрэ учууталларбыт. Олох-дьаһах, уруккуга холоотоххо, чахчы сайдыбытын, тупсубутун бэйэбит да хороччу улаатан эрэр оҕолор онто да суох өйдүүрбүт. Иккис кылааска үөрэнэр кэммитигэр бөһүөлэккэ элэктэриичэстибэ диэн суох этэ: ыал үксэ – чүмэчинэн, арыый кыахтаах өттө кыраһыын лаампатынан сырдатынан олороро. Ол иһин төрөппүттэрбит «халлаан сырдык эрдэҕинэ уруоккутун ааҕыҥ» диэн сүгүн оонньоппот да этилэр. Ол эрээри ойбоҥҥо киирии, мас хайытыыта-кыстааһына, уһаакка муус киллэрии эбэтэр баалынайга хаар баһыы эмиэ сырдыкка оҥоһуллар буолан, уруокпутун син биир чүмэчи уотугар ааҕарбыт. Үһүскэ сырыттахпытына бөһүөлэк уһугар диисэл ыстаансыйатын туппуттара уонна начаас ыккардыгар элэктэриичэстибэ уота сандаарбыта. Сотору соҕуһунан кипэтиинньигинэн чаай оргутар буолбуппут. Бары да абыраммыппыт: аны оһох оттон хаһан чаай оргуйарын кэтэспэккин, саһааныҥ да кэмчилэнэр. Дьэ, дьиҥнээх сырдык олох саҕаламмыта. Бөһүөлэккэ хаартыскаҕа түһэрэр дьон элбээбитэ. Урут, инньэ өрөбөлүүссүйэ иннинэ, Уркуускайдааҕы учуутал сэминээрийэтигэр үөрэммит Ньукулай Ньукулаайабыс уонна субу-субу хаана баран өлөөрү куттуур Борокуоппай эрэ аппарааттаах этилэр. Дьэ, кинилэр диэтэх дьон, туох эрэ хараҥа сабыыны бүрүнэ-бүрүнэ, үс атахха турар тэриллэринэн, омуннаан эттэххэ, хамса табах быстыҥа кыҥаан-кылахтаһан, улаханнык эрэйдээн, бэйэлэрэ да эр сэнэхтэрэ эстэн туран хаартыскаҕа түһэрэллэрэ. Ый курдугунан ол түһэрбиттэрин тиксэрдэхтэринэ, биир туспа бырааһынньык буолара. Хаартыска «куһаҕан илиигэ» киирэн илдьирийэ, сүтэ илигинэ бэрт түргэнник араама оҥорторон элбэх хаартысканы кытта эркиҥҥэ ыйыы охсоллоро. Ньукулай Ньукулаайабыс «Эдэр ботуогурап» диэн, нэдиэлэҕэ биирдэ ыытар куруһуоктааҕар үрдүкү кылаастартан элбэх уол сылдьара. Үйэ сайдыбычча, табаар маҕаһыыныгар «Любитель», «Смена», «Зоркий», о.д.а. ааттаах фотоаппарааттар баар буолбуттара. Үрдүкү кылаас уолаттара саҥа үйэ тиэхиньикэтин – абыраллаах аппарааты биэчэргэ, кэнсиэргэ мэлдьи илдьэ кэлэллэрэ, онон кыргыттар далбардарыгар сылдьаллара. Хаартысканан ордук интэринээт оҕолоро дьарыктаналлара. Биһигини кытта биир кылааска үөрэнэр, кыратыттан интэринээт киһитэ «Дьэҥкир Таас» диэн хос ааттаах уолбут (дьиҥнээх аата Томтосов Саша) аппараат хаатын санныгар иилинэн сырыттаҕына, кыргыттар төрүт арахпаттара: түһэр да түһэр диэн хаайаллара. Ол аайы киһибит сэҥээрбэтэх киэбинэн үрдүлэринэн күп-күөҕүнэн көрүтэлиирэ, «соло-билэ суох, бэйи, киһини мэһэйдээмэҥ» диэн хомотолуура. * * * Биир күн уолбут күлүм аллайбытынан кэллэ. Биһигини, сэттис кылаас үс-түөрт обургу уолун, сэмээр ойуччу ыҥырталаата уонна кинигэтин быыһыттан биир хаартысканы таһаарда. Мин эргим-ургум тут – букатын өйдөөбөтүм. Уолаттарым да миигиттэн орпотулар быһыылаах. Онуоха «Дьэҥкир Таас», чахчы кыайбыт-хоппут киһи курдук «өйдөөбөккүт тугун сүрэй, көрүҥ эрэ – бу» диэтэ. Дьэ, онуоха соһуйуу-өмүрүү бөҕө буоллубут – тыҥыаҕынан тыҥаабыт, мэктиэтигэр, өрө кэдэрийэн тахсыбыкка дылы «тэрил» чынайан аҕай турар эбит! «Тыый, хайаларын киэнэй?» диэн ыйытааччы буолбуппутугар «Дьэҥкир Таас» сутуругун көрдөрөн тохтотто. Бу кэмҥэ тэйиччи соҕус паартаҕа кэпсэтэ олорор кыргыттар ах бардылар. Бука, биһиги обургулар соһуттахпыт буолуо. Уһун бэрэмиэнэ – аһыыр кэм. Чугас дьиэлээх оҕолор 30 мүнүүтэ иһигэр
аа-дьуо аһаан кэлэллэр. Биһиги, төһө да чугас олордорбут, бу сырыыга уолбутун кытта интэринээккэ барыстыбыт. Арыылаах килиэби, хара чаайы баҕас төһө баҕарар үссэнэҕин. Тиийбиппит, көрүдүөр хараҥа муннугар Аркаадьый диэн онуска үөрэнэр уол алтыс кылаас Мочуокатын ыга кууһан туран сыллаан-уураан ырааппыт, оттон кыыһа буоллаҕына таалан хаалан, сыстыаҕынан сыстан баран турар. Дьэ, сүрдээх уол! Кыра кылаас кыыһын таптаабыта буолан, бэйэтин тэҥнээх кыргыттарыгар хаһан эрэ наада буолуо диэн, эрчиллэрин дьүһүнэ быһыылаах. Саҥардыы тэрэйэн эрэр түөстээх, мотохоно курдук Мочуока биэчэргэ биһигиттэн тэйиэс туттара ол эбит – онус кылааска үөрэнэр хабалыардаах буолан. Аргыый аҕай үктэнэн уолаттар хосторугар киирбиппитигэр «Дьэҥкир Таас» хаартыска бэчээттиир тэриллэрин сэмээр ыйан көрдөрдө: чып кистэлэҥҥэ тутуллар оһуобай тиэхиньикэлэрэ быһыылаах. Уруок саҥардыы саҕаланан эрдэҕинэ уолбут саҥата өрө чоргуйа түстэ: – Суумкабын хайалара хаппайдаата? Ким да эппиэттээбэтэ. Чочумча буолан баран, били, тэйиччи паартаҕа олорор кыргыттар бүк түһэн олорон тугу эрэ уоран көрөллөр, күлсэн сыһыгыраһаллар. Уруок бүппүтүгэр «Дьэҥкир Таас» кыргыттарга чуо хааман тиийэн «хаартыскабын эрэй эрдэтинэ аҕалыҥ» диэбитигэр, бэлиэр элбии охсубут кыргыттар күлсэн тоҕо бардылар: – Холоон ини. Ама, эйиэнэ итиччэ үһүө? – диэн саайдылар. Итиччэни истэн баран, уолбут кыбдьырына түстэ да кинигэни кыбынан турар Сибиэтэҕэ ыстанаары дугдуҥнаата. Кыргыттар хаартысканы үчүгэйинэн биэриэх быһыылара көстүбэт: сирэйдэрэ-харахтара да турбута сүрдээх. Аанньанан биэриэхтэрэ суоҕун көрөн, бүтэйдии саллан турдахпытына Сибиэтэ, кинигэтин кыбыммытынан куотабын диэн, ааҥҥа Наталья Ивановнаҕа, саабыспытыгар, кэтиллэ түстэ. Өлүү болдьохтоох, кинигэтин быыһыттан, били хаартыска муостаҕа кэлэн түспэт дуо?! Бары да ах барбыппыт. «Дьэҥкир Таас» тугу санаабытын билбэппин, оттон биир бэйэм бу амырыын дьыалаҕа кыттыһан хаалбыппыттан улаханнык куттаммытым. Саабыспыт Наталья Ивановна, эр киһи диэҥҥэ чугаһаан көрбөтөх сааһыран эрэр дьахтар, улаханнык кыыһырбыта уонна бу дьыала силистэнэн-мутуктанан «оҕо өйүн-санаатын сутуйа илигинэ» иннин-кэннин быһаарыах буолбута. Ол эрээри сытыы тыллаахтар обургулар эппиттэрэ бөһүөлэги тилийэ көппүтэ «баччааҥҥа диэри эрэ суох сылдьыбыт дьахтар улахан «тэриллээх» киһи хайалара буоларын туоһулаһан утуйарын да умнубут үһү» диэн. Онон бу түбэлтэ силиэстийэтэ тохтообута, хаартыска «дьоруойа» эмиэ сол курдук биллибэтэҕэ. Хата, ол оннугар «отут сэнтимиэтирдээхтэр оскуолалара» диэн омуннаах аат иҥмитэ. Элбэх киһи «ол хаарыаннаах хаартысканы көрбөтөҕүм баар» диэн, улаханнык хомойбут быһыылааҕа.
kyym.ru сайтан