Кэпсээ
Войти Регистрация

Сириксэн

Главная / Кэпсээн арааһа / Сириксэн

K
27.08.2020 12:38
Аатым Петя. Петр Николаевич буолбутум хас да сыл буолла. Тоҕо диэтэргит, сааһым номнуо отутум уонна син ботуччу хамнастаах тэрилтэҕэ отдел начаалынньыгабын. Төрөппүттэрим көмөлөрүнэн да буоллар, туспа кыбартыыралаахпын, былырыын өссө «судзуки» массыына ылыммытым. Онон син олоҕу кытары тэҥҥэ хардыылаан иһэр курдукпун. Эбэм этэринии: «Пиэтиҥкэ, эйиэхэ байы-байыта баар, арай ойоҕуҥ эрэ суох!» Ити баҕас кырылаан турар кырдьык: баччааҥҥа диэри кэргэн ыла иликпин. Бастаан утаа билистэххэ, киһи долгуйуох, кыргыттар, тырыбынаһан түһэн, бары да наһаа үчүгэйдэр. Ол эрээри сыыйа-баайа туохтара эрэ тиийбэт курдук буолан иһэр. Аһара сириксэммин. Аҕам этэринэн, сириксэн буолуу – бэйэтэ диагноз, ол эбэтэр ыарыы үһү. Баҕар, буолуо. Ол эрээри мин ардыгар саныыбын ээ: мин манныкпар, ол эбэтэр сириксэммэр, бэйэм буолбакка, аҕам быһаччы буруйдаах. Тоҕо диэтэргит, кини – дьахтарымсаҕынан аар-саарга аатырбыт киһи. Айуу-айа, сэниэтэ да бэрт ээ, уон эр киһи сырыытын мин аҕам соҕотоҕун тулуйда быһыылаах. Аҕыйах сыллаахха диэри сүүрэкэлиирэ (ким билиэ баарай, оҕонньор, баҕар, билигин даҕаны “уоскуйа” илигэ буолуо!) Киһини өйдүөхпүттэн ийэлээх аҕам эрэ айдааннара. Хайдах арахсыбакка, баччааҥҥа диэри кэлбиттэрин сатаан санаабаппын. Арааһа, мин кинилэр олохторун көрөн сөп буолбуппун: биир да кыыска кыайан тохтообоппун, куруутун туох эрэ миигин тохтотор. Холобура: НИНА Олус да кырасаабысса буолбатар, син киһи сирбэт дьүһүннээх: уһун хатыҥыр уонна ачыкылаах. Киниэхэ саамай сыаннайа диэн – төбөтө. «Не голова, а дом Советов» дииллэринии, барыны билэр, барытыгар сөптөөх сыана биэрэр, тыла-өһө да мааны. Толкуйдаан көрдөххө, Нина курдук сытыы өйдөөх кыыс тарбахха баттанар. Дьэ, тоҕо Нина атын эр дьонтон миигин талан ылбытын баччааҥҥа диэри өйүм хоппот: ханныгын да иһин, көннөрү уол буоллаҕым. Бред Пит курдук красавчик буолбатахпын, мөлүйүөннээх дохуотум суох, хаһан эмэ бырабыыталыстыба чилиэнэ буоларым саарбах. Онно тардыспаппын даҕаны: бу курдук аргыый наллаан сылдьарым быдан ордук. Көҥүл утуйабын, көҥүл көмпүүтэргэ оонньуубун; тэлэбиисэр көрөбүн, быһата, сөбүнэн сүрэҕэ суох ыччаппын. Оттон Нина, миэхэ холоотоххо, олус түргэн, өйдөөх уонна эппиэтинэстээх. Болокунуотугар күн аайы, оннооҕор өрөбүлгэ, тугу гыныахтааҕын пууннарынан сурунар. Ситистэ – туора сотор, оттон кыайан ситиспэтэх дьыалатын кыһыл паастанан аннынан тардар, ол аата сарсыҥҥыга көһөрөр. Оннооҕор биһиги сибидээнньэбитин кытары бэлиэтиирэ. «Встреча с Петюнчиком» диэн. Мин дьон кумааҕыларын көрөр үгэһим суох эрээри, биирдэ, соһуччу түбэһэммин, соһуйуохпун соһуйбутум. «Ити Петюнчик диэн кимий?» – диэбитим. Онуоха Нина мин диэки унаарыччы көрөөт, күлэн ылбыта: «Ким буолуой? Эн, – онтон эмискэ, – Күнүүлээтиҥ дуо?» – диэбитэ. «Эс, ама, хайаан?» – ол баҕас кырдьыга. Нинаны күнүүлүүр туһунан санаа биирдэ да миигин аалбатаҕа. Нина... Кини биир тохтобула суох айаннаан иһэр пуойаһы санатара. Бастаан утаа мин да сэргэхсийиэхчэ, дьүһүнү-бодону тардыныахча буолбутум. Испэр киэн туттарым: өскөтүн атастарым дьүөгэлэрэ эбэтэр кэргэттэрэ дьиэ иһинээҕи мучумаанынан
муҥурданар эбит буоллахтарына, пахай, мин Нинам санаата, толкуйа быдан ырааҕа, таһымнааҕа. Холобура, атаһым Сашка кэргэнэ Донцоваттан, Марининаттан ураты кими да билбэт эбит буоллаҕына, Нина ааҕар эйгэтэ: Борхес, Маркес, Кафка уо. д. а. Дэвид Линч диэн кинорежиссер аатын аан бастаан киниттэн истибитим. «Человек-слон» диэн киинэтин көрөн баран, тугу да өйдөөбөтөҕүм, оттон Нина ол киинэҕэ туох эрэ «философия» була сатаабыта. Атаһым Сашка биирдэ табахтыы туран: «Айка, ити интеллектуалкаҕын бырах!» – диэбитэ. Мин онно өһүргэнэн, Сашканы саайа сыспытым. «Мин олохпор орооһон көр эрэ!» – диэбитим. Чэ, чуут Нина “илимигэр” киирэ сыспытым. Хата, ону соһуччу түгэн быыһаабыта. Биирдэ, уоттаах таптал кэнниттэн, Нина ачыкыта суох буолан, хайдах эрэ уота-күөһэ аччаабыт хараҕынан мин диэки көрө-көрө: «Петя, эн юридическайга үөрэххэ киириэххин?!» – диэбитэ. Мин бастаан утаа өйдөөбөтөҕүм: «Тугу гынаары?». «Хайдах тугу гынаары? Киһи сайдыахтаах, иннин диэки хаамыахтаах буоллаҕа дии? Хаһааҥҥа диэри ити тэрилтэҕэ үлэлээри гынаҕын? Никакого роста! Эйигин оннооҕор улууска командировкаҕа ыыппаттар!» – диэбитэ. Тууй-сиэ, мин онно букатын куһаҕан буола сыспытым. Ити кэнниттэн кини халыҥ болокунуотугар «Встреча с Петюнчиком» диэн суруйбата ини. Хаста да эрийбитигэр, сүгүн-саҕын кэпсэппэтэҕим, онон өйдөөх кыыс өйдөөтөҕө: миигин “файлыттан” бырахпыта. Үчүгэйэ бэрт дии: кини эппитинэн олоруохтаах үһүбүн! Бу сайын Нинаны сапыраапкаҕа көрсүбүтүм: хомурдуос курдук кыракый массыыналаммыт. Биллэн турар, ып-ыраас, кып-кылабачыгас. Мин «привет!» диэтэҕим дии, төһөтүн да иһин, урукку дьүөгэм буоллаҕа. Онуоха кини мин диэки тыбыс-тымныытык көрөөт «здрасьте» диэн, нэһиилэ дорооболоспута буолбута уонна хаасса диэки ааһа турбута. Айуу-чэ! Атаһым Сашка арахсыбыппытын истээт: «Да-а, однако ж, недолго ваша пластинка играла!» – диэбитэ. ЛЕНА Лена эдэркээн уонна, Нинаҕа холоотоххо, акаарычаан. Мин биири сатаан санаабаппын, туох кыһалҕаттан бу кыыс прикладной математикаҕа киирбитин уонна, буолаары буолан, хайдах бэһис кууруска тиийбитин. Төһө да кинини математикаҕа тургуппатарбын, онто да суох Лена сырдык баттахтаах (кырааскаламмыт) төбөтүгэр алгоритм, синус, косинус буолбакка, о-олох атын санаа ытылларын тута сэрэйбитим. Ол эрээри Лена биир уһулуччу куоһурдаах: кини кырасаабысса, дьиҥнээх «айыы-куошка»! Холобур, бастаан билсэрбитигэр, утары олорбутугар, мин тылбыттан матан, кинини эрэ одуулуу олорбутум! Аҥаардас ыас хара лааҕынан сотуллубут тыҥырахтара миигин долгуппуттара. Бириэмэлээх киһи, ити эрэ тыҥырахтары, ити эрэ илиини көрө олоруо эбит. Аны санныгар түспүт баттаҕын көннөрүммүтүгэр, кулгааҕар анньыллыбыт элбээх-элбэх кыра ытарҕалара күлүмүрдүү түспүттэрэ. Аны хааһыгар пирсиннээх, икки быыкаайык таас уота сытыытыттан сэрэйдэххэ, сыччах бирилийээн. Кыысчаан кып-кылапачыгас обугуйкаан уостарын арыйбытыгар, тэбис-тэҥ тиистэрэ кылбаһа түспүттэрэ. Оттон харахтара-а... күндү таастар. Ол эрээри буспут моонньоҕон курдук хара харах миигин тонолуччу көрбүтүгэр, кыысчаан, хата, бэйэбин ырыта олорорун сэрэйбитим. Кэлин тугу баҕарарын билбитим: дипломнай үлэтигэр көмөлөһүннэрээри. Мин бастаан утаа (бу акаары!) сөбүлэспитим: математикаҕа хаһан да ыарырҕаппат этим. – Лена, туох сонуннааххыный?
– диэн ыйыппытым. – Да, так себе. Надоело все! – кыыс салгыы, бэйэтиттэн бэйэтэ собуоттана-собуоттана хайдах курдук преподтара сордуулларын, кини этэринэн, «гноби» гыналларын туһунан этэн-тыынан барбыта. Мин истэ сатаан баран тохтоппутум: Лена арылхай сибэккини буолбакка, хаппыт сэбирдэҕи санатыахча этэ. – Лена, үөрэххин бүтэрэриҥ чугаһаата, тулуй, – диэбитим уоскутардыы. Лена, кириэһилэттэн ойон тураат, миэхэ кэлэн «лах» гына олорбута. Айык-ка, кыыс эмэһэтин уҥуоҕа ыарыылаахтык саайбыта. – Хаһан барыта бүтэ-эр... – эдэр оҕо диэтэххэ, ыарахан да куттаах, санаабар, күн сырдыга тута хоспуттан куоппукка, ону тэҥэ хараҥа сабардаабыкка дылы буолбута. – Үлэҕин көрдөөн эрэҕин дуо? – таах олоруохтааҕар ыйыппытым. – Суох. Дьонум тугу эмэ булаа инилэр. Только үлэлиэхпин олох баҕарбаппын... Ама, учууталлыам дуо? – Оччоҕуна? – Кэргэн тахсыам! – кыыс мин диэки, бэл имнэнэн ылбыта. Дуоннаах кэпсэтии тахсыа суоҕун өйдөөммүн, саҥата суох кыыһы одуулаабытым: ол дьарык быдан умсугутуулааҕа. Ол эрээри ити олорон эмискэ «дьик» гыммытым: оҕо сылдьан, эдьиийим пластмасс куукулалаах этэ, Наташа диэн. Ол Наташа куукула уһун кыламан быыһыгар саспыт хараҕа оруобуна Лена хараҕын санаппыта. – Лена, хараҕыҥ... наһаа да хара, – саҥарбыппын бэйэм да билбэккэ хаалбытым. – Хайа, баччааҥҥа диэри сэрэйбэккэ сылдьаҕын дуо? Мин линза кэтэбин ээ, – диэт, кыыс хараҕын тиэрэ тутаат, түргэн-түргэнник чыпчылыҥнаан ылбытыгар, ытыһыгар туох эрэ түспүтэ. Дьиҥнээх хараҕа кугас эбит. Кыыс араас өҥнөөх харахтаах олорорун көрөн, хата күлэн тоҕо бара сыспытым. Нэһиилэ туттуммутум. «Хайа, хайдаҕый?» – диэбиттии, Лена мин диэки кылап-халап көрөн ылбыта. Онтон, били «ньамаҕын» төттөрү хараҕар «симпитигэр» барыта эмиэ орун-оннугар буола түспүтэ. – Петечка-а.., – диэт, кыыс төбөтүн санныбар уурбута. Кини баттаҕа моонньубун кычыгылаппыта. – Тугуй? – Преподавателим иккис главаны хаттаан суруй диэтэ. Көмөлөһүөҥ? Итини истээт, куһаҕан буола сыспытым. Онто да суох, хаста-хаста киниэхэ садаачатын суоттаабытым буолуой? Ээ, айака, ол кэриэтэ «Драконҥа» баран көрүлээбит ордук ини! Ол эрээри кыыс таас хараҕа мин диэки тонолуччу көрбүтүгэр (оо, ити харах буолбатах, тыыннаах эккэ батары киирэр штопор диэхпин баҕарабын ити туһунан!), кини дьиэбэр буолбакка, киниэхэ ыалдьыттыы олорорум курдук, мух-мах барбытым. Нэһиилэ тыын ылан «суох» диэбитим. – Тоҕо-о? – Лена сакалаатын былдьаппыт оҕолуу ньааҕыныы түспүтэ. – Бириэмэм кэмчи... – Господи! – кыыс, сөбүлээбэтэҕин биллэрэн, тыбыыра түспүтэ. Сарсыардааҥҥы туман курдук чуумпу (эмиэ!) хоспор халыйбыта. Мин ойон туран тэлэбиисэри, араадьыйаны барытын холботолуохпун санаталаабытым да, хантан ол табыллыай? Олоппос салҕааһына буолан, харыс да сири халбарыйбакка олорбутум. Эрэй диэтэҕиҥ! Эмискэ кылабачыгас уостар арылла биэрбиттэрэ, ону тэҥэ мин үөйбэтэх-ахтыбатах саҥабын истибитим (ол эрээри бу кыыстан тугу баҕарар күүтүөххэ сөп!): – Петя, миигин кэргэн ыл! Хайдаҕый, а?! Быһаҕа суох киһини муҥнуур дии! Иккис төгүлбүн ол күн «суох»
диэтэҕим! Эмискэ сахсырҕа сыыгынааһына иһиллибитэ. Дьикти, хайдах тымныыга тиллибитэ буолла? Ол эрээри ити түгэҥҥэ мэник сахсырҕа тыаһа чуумпуну аймаабыта миигин быыһаабыта. – Лена, мин төрөппүттэрим сотору кэлиэхтээхтэр ээ, – ити аата «пока» диэтэҕим. Кыыс соччо баҕарбатахтыы, нэһиилэ оронон турбута. Кини тахсан бараатын кытары, мин түннүккэ чугаһаабытым. Бэрт сотору хараҕым далыгар Лена көстүбүтэ, төһө да көбүс-көнөтүк туттан хаамтар, саннын олоруута уруккутунааҕар атына: туох эрэ санаа баттыырга дылыта. Сотору Лена дьон быыһыгар симэлийэн хаалбыта... Даана Сард.
kyym.ru сайтан