ТОБУК
Главная / Кэпсээн арааһа / ТОБУК
01.06.2023 01:43
Уйаара-кэйээрэ биллибэт киэҥ халлаан далайын тухары хара баһаам сулустар тырымнаан, ордук сырдаан, чугаһаан көстөргө дылы буолан дьиримнии аҕай тураллар. Бу халлаан анныгар төрүүр-үөскүүр хамныыр харамайдар бэйэлэрэ араҥаччылыыр анал сулустаах буолан олох олорон, суол хаалларан ааһаллар. Тырымныы-дьиримнии турар халлааҥҥа эмискэ сындыыс сулус чаҕылыйа умайаат субурус гынан сууллан түстэ. Сити түспүт сулустуу ким эрэ кылгас, ол эрээри чаҕылхай олохтонноҕо, ким эрэ ол ыраах өлбөөдүйэр сулустуу биллибэт-көстүбэт бир кэлимсэ сүүрээн дьылҕаланнаҕа. Оттон сорохтор чаҕылхай улахан сулустуу биллэр-көстөр олохтонон-дьаһахтанан ааһаллар.
Ол курдук, бу сулустаах халлаан анныгар ананан кэлбит ыйаахтаах, сибилигин аҕай Ийэ сылаас иһиттэн утуу-субуу сир үрдүгэр түһэн кэлбит, бэйэлэрин биллэрэн ыйылаһан-ньаҕырҕаһан эрэр алта саҥа төрөөбүт ыт оҕолоро ийэлэрин сылаас синньин көрдөөн булумахтаһаллар. Ийэ ыт барыларын биир-биир кичэйэн салаталаан ылаттыыр уонна тоҕо эрэ уоскуйан сытынан хаалбакка, ыксаабыт көрүҥнээх ойон туран ынчыктаан эрэрдии ыйылыы-ыйылыы эргичиҥниир, биир сиргэ тэпсэҥэлээн ылар. Балачча ити курдук муҥнанна, онтон кэмниэ-кэнэҕэс түүрүллэн ыгыллаатын кытта сэттис иринньэх, тииҥтэн да бүрэ көрүҥнээх оҕо тахсан кэллэ. Бу ыт оҕото инники төрөөбүт эдьиийдэриттэн-убайдарыттан, төһө да атыыр буоллар, олох кыра, ол иһин ийэ сылаас хоонньуттан кырыыга үтүрүллэ сытар.
Ийэ оҕолорун барытын биир тэҥник сөбүлээтэр да, хайаан да биир ордук көрөр оҕолоох буолар эбит. Бу сэттис бүтэһик төрөөбүт оҕотун, эрэйдээхтик кэлбит буолан эбитэ дуу, кырата бэрдиттэн аһынан эбитэ дуу, ордук кичэйэн өр баҕайы төкүнүтэ сылдьан хос-хос сымнаҕастык салаан ылар уонна чугаһата тардан эмиийин булларан биэрэ сатыыр. Ити курдук биир сулустаах түүн Охоноос оҕонньордооххо сэттэ дууһа – "баай" эбиллэ түстэ.
Сарсыарда буолуута Охоноос туран оһоҕун оттон баран таһырдьа киирэ-тахса сылдьан иһиттэҕинэ, арай туох эрэ ньаҕыргыыр саҥа баарын истэргэ дылы гынна. Чаһы өссө да эрдэ. Онон дьиэлээхтэрин аймаан тыаһыы-ууһуу сылдьымаары, чэй оргута ууран баран хос сытынан кэбистэ. Сытан эрэ табахтаата. Санаата ньаҕырҕас саҥаҕа иҥнэн ылла.
"Ээй, өстүбэс даҕаны! Аны ытым төрөөбүтэ буолаарай?" диэн санаа көтөн киирдэ. "Арба да бу күннэргэ төрүөхтээх этэ дии. Бээрэ, тахсан көрбүт киһи" диэн Охоноос санаата тулуппакка таҥнан таһырдьа таҕыста. Иһиллээн турда. Кыбыы от диэки "саҥа" баарын чахчы иһиттэ. Баран кэбиһиилээх оту көрбүтэ – Кыыстарата оту төрдүнэн дьөлө хаһан киирэн уйа хастыбыт. Балачча сыралаһан хасыһан ыт оҕолорун хостотолоон таһаарда. Сонун уста биэрэн сиргэ тэлгэтэ бырахта да, барыларын суулуу кууһан ылла. Ийэлэрин, Кыыстараны, батыһыннарбытынан бары дьиэҕэ көһөн күккүрээн киирдилэр. Муннукка ол-бу таҥас сыыһын булан тэлгэттэ уонна онно сытыартаан кэбистэ.
Оһоххо уурбут чэйэ оргуйбутун ылан бардарда уонна атаҕын тыылыы тэбинэн олорон хойуу, итии чэйи сыпсырыйан иһэ-иһэ, соһуччу баар буолбут "баайдарын" сирийэн көрүтэлээтэ. Онтон оскуолаҕа барар оҕолорун уһугуннартаан туруортаата. Кыра уол Саша ааттатан бэрт эрэйинэн турар бэйэтэ, ыт оҕолоро баар сурахтарын истээт, бу сырыыга улгумнук ойон турда. Ситэ таҥнымына ыт оҕолоро баар муннуктарыгар сэрбэнэн тиийдэ да, биир-биир тутан-хабан, үлбүрүйэн барда. Сотору дьиэлээхтэр бары да туран көрүү-истии буолла. Ол түмүгэр биэс атыыр, икки тыһы ыт оҕото баара билиннэ. Ийэлэрин батан үүт-үкчү киис курдук өҥнөөхтөр.