Кэпсээ
Войти Регистрация

Күлүккэ да күнүүлээччи этэ.....

Главная / Кэпсээн арааһа / Күлүккэ да күнүүлээччи этэ.....

K
Дьылҕа
01.06.2023 01:59
Биир орто саастаах дьүөгэ дьахтар кэлэн олоҕум хайдах эрэ табыллыбат буолла, эрбиттэн арахсаары гынным, бииргэ олорорбуттан куттанар буоллум диэн кэпсээнин саҕалаата. Ону, тоҕо иннэ диирин сурастым, баҕар сыыһа саныырыҥ, алҕас арахсаары гынарыҥ буолуо диэн уоскутан көрдүм даҕаны сөбүлэспэт санаата хараҕар көстөрүн көрдүм уонна чэ, тугун-хайдаҕын кэпсээ диэтим. Бу курдук, кини олоҕор буолбут дьиктилээх түгэннэри кэпсээтэ.... Эрбин кытта эдэр сааспытыгар таптаһан ыал буолбуппут. Ол гынан баран күнүүлүүр майгылааҕа наар биһиги олохпутугар мэһэй буолбута, кэлин онто улаатан, аһыы утахха ылларан бу отойун да арахсар суолга киирдим. Бастаан утаа аахайбат этим, таптыыра оччо буолан итинник диир, итинник сыһыаннаһара буолуо дии саныырым. Онтум баара итинник куһаҕан майгы ааспат, сүппэт эбит. Тоҕо хойутаатыҥ, ханна сырыттыҥ, кимниин кэпсэттиҥ, кимнээхтиин бараҕыт, онно ханнык дьээдьэлэр баалларый эҥин диэн тыллары өрүү истэрим. Дьүөгэлэрбэр барарым-кэлэрим аҕыйаан, кэлин отойун да сылдьыбат буолбутум. Эриҥ күлүккэ да күнүүлүүр диэннэр табаарыс дьонум сылдьыбат да буолбуттара. Кэлин арыгы иһэр кэмнэригэр хаста да кураанахха күнүүлээбитэ буолан илиитин көтөхпүтэ. Ол иһин маннык салҕанар буоллаҕына бииргэ олорорбут кутталлаах диэн икки оҕобун кыбыммытынан түүн ортото дьоммор куоппутум. Дьоммор туох буолбутун эппэтэҕим ди иһин сэрэйбит буолуохтаахтар, туох да диэн ыйыппатахтара. Хас да хонон баран эрим төлөпүөнүнэн ааттаһан, хаһан да итинник быһыыланыа суох буолан көрдьөһөн, бырастыы гыннаран кэлэн ылан барбыта. Ити кэнниттэн сыһыана син ама курдук буолбута, ол гынан баран аһыы утаҕы батыһан иһэрэ элбээбитэ, дьиэтигэр хойутуура, хоно да кэлбэтэ кэлиҥҥинэн элбээн испитэ. Бу санаан көрдөхпүнэ кини наһаа эголаах, санаабытын ыһыктыбат, туппутун ыыппат, хом санаа хоннорор, өһөс майгылаах, мин эрэ эппитим сөп диирэ баһыйара үгүс буолар эбит. Кини дьоно урут олорбут чааһынай дьиэҕэ олорорбут. Кэлин ол бу айдаан тахсыах курдук буоллаҕына эрдэтинэ оҕолорбун илдьэ дьоммор барарым элбээбитэ. Ити курдук төһө эрэ кэм ааспыта, киһим сыһыана көммүтэ көстүбэт, онтон наһаа санаарҕааччыбын, ама бу курдук олохпун моҥуубун дуо диэн курус санаа кууһааччы. Үлэбэр сирдэрбэт үлэһит буолан өйөөннөөр, хата чэпчэтиилээх ипотека ыламмын биир хостоох дьиэ ылан дьолломмуппут. Ол дьиэни ылан баран ипотекатын төлүүр кэмҥэ диэн арендаҕа биэрбиппит. Олохпутугар син саҥа саҕахтар арыллан, таас дьиэлэнэн эҥин инникигэ эрэл үөскээбитэ. Ол гынан баран киһим иһэрэ өссө күүһүрбүтэ, улаханнык тартаран иһэр буолбута, нэдиэлэни нэдиэлэнэн тохтообокко. Оннук кэмнэргэ биһиги оҕолорбун кытта дьоммор баран олорооччубут. Арай оннук нэдиэлэ кэриҥэ запойун кэнниттэн кэлэн дьиэбин хомуйа сылдьан хайдах эрэ наһаа ыарахан санаа хам баттаабыта, төбөм ыалдьан, мэйиим эригийэн охтон түспүтүм. Арай ол сыттахпына биир хаан билик буолбут киһи дьиэҕэ киирэн кэлбитэ уонна эн оҕонньоруҥ миигин өлөрбүтэ диэн хаһыытаабыта уонна хабарҕалыы сатаабыта. Онно ыксаан тыыным хаайтаран өрүтэ мөхсөммүн өйдөнөн кэлбитим. Уонна соһуйбутум ахан. Бу айылаах туох буолла, ама дуу дии санаабытым, дэлби куттаммытым. Итэҕэйбэтэҕим, көннөрү хайдах эрэ буоллум быһылаах диэн бэйэбин уоскутуммутум. Онтон кэлин түүлбэр эмиэ ити киһи көстөн ааһар буолбута. Ону ыксаан эрбиттэн ыйытабын, маннык түүлү түһүүбүн, биир киһи киирэн итинник диир, ол аата тугуй диэн. Ону киһим туох да диэн саҥарбат, баттаппытыҥ буолуо, ол иһин ону маны буолары буолбаты, сымыйаны көрөҕүн диэбитэ. Кэлин уубун хаммат буолан доруобуйабар оҕустаран иммунитетым мөлтөөн сыыстаран балыыһаҕа киирэн өр эмтэммитим. Ол кэмҥэ эрим эмиэ арыгылаан оҕолор дьоммутугар олорбуттара. Балыыһаҕа сыттахпына эрим, ити дьиэҕэ сатаан утуйбаккаҕын ыарыйдыҥ, онон таас дьиэҕэ көһүөххэ, үчүгэй дьиэҕэ саҥалыы олоруохпут эҥин диэн сөбүлэһиннэрэн, кэлин таас дьиэбитигэр көспүппүт. Мас дьиэбитин арендаҕа биэрбиппит. Ол курдук син балачча кэм ааспыта, олохпун эмиэ син уларыйбыт, тупсубут курдук буолбута. Саҥа дьиэҕэ киирэн син утуйар, сынньанар буолан доруобуйам оннугар түспүтэ. Ол гынан баран арыт ардыгар баттатан уһу ктааччыбын. Мас дьиэбитигэр арендалаан олорор дьоннор сотору кэминэн тоҕо эрэ арендалаан бүттүбүт, атын сиргэ көһөбүт диэн дьиэттэн тахсар буолбуттара, уһаабыта 3-4 эрэ ый олороллор. Ану дьиэни арендалыыртан соло буолбат буоллубут. Кэлин олорбут дьоннортон бэккиһээммин ыйыталаһаспыппар сатаан утуйбат буолан хаалабыт, баттатабыт, түүлбүтүгэр сирэйэ-хараҕа хааннаах киһи киирэн миигин манна өлөрбүттэрэ диэн хаһыытыыр, оҕолор эмиэ куттаналлар диэбиттэрэ. Оннук бэйэлээҕи хас да киһиттэн истэн бараммын мин түүлбэр эмиэ итинник көстөөччү диэн урут көрбүт түүлүм туох эрэ оруннаах, туох эрэ буолбут эбит диэн ордук куттанным. Ону эрбиттэн эмиэ ыйыталаспытым да, туох диэбэтэҕэ, көннөрү ол аата куһаҕан сиргэ турара буолуо диэбитэ. Кэлин ити мас дьиэни атыылыахха, иэспитин төлөһүөххэ уонна хаалбыт харчыны эргитиэххэ диэн идеялаабыта. Ону, эрим баҕар арыгытын быраҕыа, көнүө дии санаан сөбүлэһэн атыылыырга быһаарыммыппыт. Ол курдук биллэрии биэрэн дьиэбитин атыылаһар дьоннорго көрдөрөөрү дьиэҕэ хаста да бара сылдьыбыппыт. Дьоннор ылыах буолуох курдук сананаллар да аккаастанан испиттэрэ. Ол иһин эрим сыанатын түһэриэххэ эҥин диэбитэ. Ол курдук быһаарынан чэпчэтэн атыылаары сананныбыт. Арай биир саастаах дьон дьиэни көрүөх буолбуттарыгар бэйэм көрдөрө тиийдим. Кэлбит саастаах дьон дьиэни көрдүлэр, иһиттэн-таһыттан хаартыскаҕа түһэрдилэр, оҕолорбутугар көрдөрүөхпүт эҥин диэтилэр. Кэлин биллэриэхпит диэн баран бардылар. Киэһэлик ол кэлэ сылдьыбыт дьахтар эрийдэ уонна кэпсэтии баар, сарсын көрсүөххэ наада, бэйэҥ соҕотоҕун кэлээр диэтэ. Ону мин дьиэни ылаары гыналлар, сыанатын өссө түһэрсээри гыналлар дуу, эҥин дии санаатым. Сарсыныгар болдьоспут сирбитигэр тиийдим, арай көрбүтүм ол дьон бааллар уонна биир атын дьахтар баар. Олорон кэпсэттибит. Дьиэни ылыах буолбут дьахтар бу кэлсибит дьахтарын билиһиннэрдэ, бу ураты айылҕалаах киһи, Тоня диэн дьиэтэ уонна дьиэни тас өттүттэн түһэрбит хаартысканы көр диэн биэрдэ. Мин ону ылан көрдүм даҕаны тугу да булан көрбөтүм. Ону үчүгэйдмк көр дьиир. Өссө көрдүм даҕаны эмиэ тугу да булан көрбөтүм. Ол, Тоня диэн дьахтар хаартысканы улаатыннаран баран дьиэ муннугун дьиэкки көр диэн тарбаҕынан ыйда. Арай өйдөөн көрбүтүм киһи күлүгэ көстөр курдук, онтон сыныйан көрбүтүм били түүлбэр киирэ сылдьыбыт киһи сирэйэ көстөр эбит. Ону мин аай, диэн баран хаартысканы мүлчү тутан кэбистим, куйахам күүрдэ, көхсүм тымныйда, санаабар мэйээим эргийэр курдук гынна, төбөбүн тутуннум. Дьонум соһуйан хааллылар. Билэр киһиҥ дуо диэн ыйыттылар. Ону, суох, билбэппин, только түүлбэр көстөөччү диэтим. Били айылҕалаах дьахтар холку куолаһынан кэпсээтэ. Бу, билсэр дьонум ити дьиэн ылаары хаартыскаҕа түһэрбиттэр уонна миигин билэрдии ыйыппыттара бу дьиэн ылыахха сөп дуо, хайдах диэний диэн. Ону көрбүтүм бу киһи туһунан, дьиэлээх дьоннор, ол аата эһиги тускутунан информация кэлбитэ, ону кэпсээбитим. Ол иһин кинилэр бу дьиэни ылбаппыт диэн аккаастаннылар, ол гынан баран эйигин сэрэтээри бу көрүстүбүт диир. Ити көстөр киһини дьиэлээх хаһаайын уонна хас да киһи бииргэ арыгылаан баран кырбаан өлөрбүттэр. Оҕонньоруҥ кинини эйиэхэ күнүүлээбит, ол иһин айдаарсыбыттар, дьаһайбыттар уонна кистээн харайбыттар ити ............... Бу тыллар төһө оруннааҕын, оҕонньоруҥ күнүүһүтүн, эйиэхэ илиитин көтөҕөрүн, арыгыны иһэрин бэйэҥ илэ билэҕин. Мантан иннэ өссө ыарахан быһылаан тахсыан сөбүн өтө көрөн-билэн бу сэрэтэбин. Туох баҕар буолуон сөп. Ити өлбүт киһи дууһата сир халлаан икки ардыгар хаалбыт уонна эһигини буулаабыт, олоххутун уйгуурдубут. Киниэхэ эмиэ түүлүгэр киирэр буолуохтаах, ол иһин киһиҥ күүскэ иһэр буолбут уонна кэлин бу дьиэни арендалыырга, онтон атыылыырга санаммыт.... Подругам кэпсээнин истэн баран бэйэм да куттанным. Хайдах маннык айылаах күнүүһүт уонна күнүүлээн киһи тыыныгар турбут киһини кытта салгыы олоруохха сөбүй диэн салла санаатым. Уонна дьүөгэбин кытта салгыы кэпсэттибит...... *********** Бу олоххо дьиҥ буолбут түгэнтэн кылгатыллан, кыратык уларытан сурулунна. Куһаҕан кэмэлдьи туохха тириэрдиэн сөбүн эрдэтинэ сөпкө өйдөөн көннөрүнэр ордук. Дьолгутун харыстааҥ, олоххутун алдьатымаҥ.