📪 Аата суох кэпсээн
Главная / Кэпсээн арааһа / 📪 Аата суох кэпсээн
01.06.2023 11:36
Таптал мурааныгар.
( Охранник кэпсээнэ)
Тымныйаммын, ыалдьан, куорат биир балыыһатыгар киирэн эмтэнэ сытабын. Палатабытыгар бакаа иккиэбит.
Биирбалааталааҕым 50 - лаах, Бүлүү эҥэриттэн кэлэн, куоракка олохсуйбута уонча сыл буолбут, Баһылай диэн, кэпсээннээх-ипсээннээх киһи.
Кэлиэҕиттэн куорат араас тэрилтэлэригэр харабыллыыр ЧОП-тарга үлэлээбит, билигин да үлэлии сылдьар эбит.
Ити, ЧОП диэн тугу этэҕиний диэбиппэр: "частное охранное предприятие" диэн, киһим быһааран биэрдэ.
Дьэ, кырдьык, охранник эрэ дэлэйбит дойдутабыт.
Чоптары таһынан ведомственнай, вневедомственнай, кэлин нац- дуу рос- дуу гвардия иҥин, чэ элбэх.
Биир хаһыакка ааҕан турардаахпын, Россияҕа охранник ахсаана армияҕа сулууспалааччылардааҕар элбэх диэни.
Ол кырдьык буолуо.
Холобур бу биһиги кыра куораппытыгар хас да уонунан Чоптарга тыһыынчаннан охранник үлэлиир дииллэр.
Онно атын охрана тэрилтэлэрин эбэн кэбиһиҥ. Хас биирдии кыра куораттарга тыһыынчаннан охранник баар буоллаҕына, улахан куораттарга төһөлүү тыһыынча охранник үлэлиирэ буолуой?
Дойдубут оннук буоллаҕа.
Чэ, ити хааллын.
Биһиги балыыһа хааһытын аһыы сытар, туос иллэҥ дьоннор тугу гыныахпытый, ол-бу туһунан ыаһахтаһабыт.
Баһылайым кэпсээниттэн, кэрэхсэюиллээхтэр диэбиппиттэн, кини аатыттан кэпсиим дуу.
Киһим кэпсиир:
- Бу куоракка, Хатыҥ Үрэх үрдүнэн Сопка любви, чэ быһатын, Таптал мыраана диэн баарын истэриҥ дуу?
Ол онно, мыраан эниэтиттэн иһирдьэ, сүүсчэ миэтэрэ ойуурунан киирдэххэ Трубобаза диэн баара. Сыыһа өйдөөмө, Турбаза буолбатах Трубобаза диэн, туристар буолбакка, турбалар базалара.
"Сахатранснефтегаз" диэн тэрилтэ тыһыынчаннан ахсааннаах, араас диаметрдаах газ турбаларын кыстаан турар базалара баара. Сүүс да сүүс миэтэрэ курдук иэннээх сири ойуурун солооннор, араас тимирдэрин-туһахтарын, техникаларын, турбаны эрийэр тыһыынчаннан лиэтэлэрин рулонун, буочукуларын, умайар, туох эрэ убаҕастаах сүүһүнэн канистраларын кыстаан тураллара.
Дьэ, мин ол базаҕа, "Соболь" диэн ЧОП -ка үлэлиир кэммэр, икки сыл охраналаабытым.
Кэлин ол база эстибитэ.
Экологтар туруорсубуттара дуу, хайдаҕа дуу. Кэлин биирдэ сылдьыбытым, тимирдэрин-туһахтарын барытын атын сиргэ илдьэ барбыттар этэ.
Көннөрү ырааһыйа эрэ буолан турара.
Онтон бу хас да сыл буолан баран быйыл сайын сылдьыбытым бэрдьигэстэр үүнэннэр, киһи, урут база баар буола сылдьыбыта буолуо диэҕи итэҕэйиэ суох буолбут этэ.Хоп- хойуу бэрдьигэс бөҕө өрө үтэн тахсыбыт этэ.
-Хайа, тоҕойум, бу хантан кэллиҥ?
Тугу гына сылдьаҕын?Таҥаһыҥ тоҕо халтаҥай? - диэн ыйытыы үөһэ ыйытыы буоллубут.
Кыыспыт:
- Б-бээһээ к-киэһэ, п-подругабыныын массыыналаах уо-уолаттары кытта к-кэл-биппит. М-мунан хаалбыппын - диэн, тииһэ ыпсыбат.
- Ол хайдах муннуҥ, оттон ол уолаттарыҥ, дьүөгэҥ ханналарый?- диибин.
- Б-баран хаалбыттар б-быһыылаах...
Көрдүү сатаатым да булб-б-батым .
-Оок-сиэ, хайдах буолбут оҕоҕунуй? Ол хайдах быраҕан баран, баран хаалалларый? Дэлби тоҥмуккун дии, бу оһох аттыгар кэлэн олор, итин- диэн баран, "Бультериан" диэн тимир оһохпут таһыгар олоппос уурабын.
Кыыспыт оһох аттыгар кэлэн олордо, аһыннаран хараҕын уута таммалыыр.
-Хас буолан кэлбиккитий, хайа диэки тохтообуккутуй?
Хайдах муннуҥ? Аатыҥ ким диэний? - диэн ыйытабын.
Онуоха кыыспыт ытамньыйа- ытамньыйа кэпсээтэ:
- Бэҕэһээ киэһэ массыынаннан икки уолу кытта кэлбиппит. Биирдэрэ подругам билэр уола этэ. Хатааһылыы барыахха диэбитин сөбүлэспитим. Иккиэн биир хоско олоробут. Студенткаларбыт, первэй курстарбыт... Мантан чугас соҕус кэлэн, уолаттар костёр оттубуттара. Шашлык буһарбыттара. Скатерть тэлгээн аһаабыппыт. Уолаттар шампаннаах уонна водкалаах этилэр.
Миигин ис диэбиттэрин испэтэҕим. Кыратык шампан эрэ испитим.
Уолаттар холуочуйбуттара. Онтон, подругам уолун кытта ойуурга күүлэйдии барбыттара.
Биир уола хаалан, миэхэ бааһан барбыта. Улаханнык холуочуйбут этэ."Таптыыбын да таптыыбын" - дии-дии, миигин кууһа, ууруу сатаабыта.
Мин тураммын киниттэн куотан, костёртан тэйиччи барбытым. Ону, сырсан кэлэн, тутан ылбыта. Курткабын сулбу тардан ылан сиргэ бырахпыта. Ол үрдүгэр охторон түһэрэн, атын таҥастарбын устан барбыта. Былааччыйабын уста сатаан, хас да тимэхпин туурута тыыппыта... Тохтоо, ыыт диэн ааттаһарбын да, хаһыытырбын да олох истибэт.
Илиибинэн-атахпынан киирсэммин, нэһииччэ мүччү туттаран, ойон туран, ойуурга куоппутум.
Кэннибиттэн сырсыбыта да, итирик буолан буолуо, сиппэтэҕэ.
Сүүрэн-сүүрэн баран, мунан хаалбытым.
Түүнү быһа кинилэри көрдүү сатаатым да булбатым ...- хараҕыттан уу-хаар баһа-баһа, кыыспыт итинник кэпсээннээх буолла.
-Оо, дьэ, хайдах маннык сылдьаҕын, билбэт уолаттаргар тоҕо мэнээк олорсубуккунуй. Ол дьонуҥ баччаҕа диэри сылдьыбаттар, бардахтара дии. Дьоҥҥор иҥин звоннуоххун.
- Телефонум курткам сиэбигэр хаалбыт...
- Дьэ билигин хайдах бараҕын? Куоракка туох дьоннооххун?
Төлөпүөннэрин нүөмэрин билэҕин дуо?
Онуоха, куоракка эдьиийэ ыал буолан олорорун, олор дьиэтээҕи телефоннарын нүөмэрин эттэ.
Оччолорго сотовай төлөппүөн саҥа кэлэн эрэр кэмэ этэ.
Хата, эдэр киһиэхэ Ганяҕа баар этэ.
Дьонугар эрийдибит. Өөр баҕайы, хаста да эрийтэрэн, син телефоннарын ыллылар.
-Дорооболоруҥ!Кыыскыт Ньургуйаана манна , мыраан үрдүгэр муна сылдьар. Бу биһиэхэ, охранаҕа киирэн олорор - диибин.
Эдьииийэ: " Ол хайдах онно баар буолан хаалла? Тугу гына сылдьарый? Хайдаҕый? "-диэн, соһуйуу-өмүрүү, долгуйуу бөҕөтө буолла. Ханна баарбытын, хайдах айаннаан тиийиллэрин ыйыталаста. Төлөпүөнү кыыска биэр диэтэ.
Биэрдим.Кэпсэттилэр. Кыыс быһаара сатыыр, ытыыр иҥин, эдьиийэ мөҕөр быһыылаах.
Чаас курдугунан тиийэн кэллилэр. Биһиги барытын быһааран биэрдибит.
Күтүөт киһи итэҕэйбэт курдук сирэйбитин, харахпытын көрөттүүр.
Эдьиийэ хата махтанна.
Кыыстарын мөҕө-мөҕө, тахсан, массыыналарыгар олорон, куорат диэки сырылата турдулар.
-Дьэ, биирдэ итинник быһылаан буолан турардаах- диэн, киһим кэпсээнин түмүктүүр.
Абаҕаа.