Кэпсээ
Войти Регистрация

Ырыа кустуга

Главная / Кэпсээн арааһа / Ырыа кустуга

K
Дьылҕа
01.06.2023 14:20
Бүгүн Иинэ олус эрдэ уһугунна. Түннүгүнэн күн көмүс сардаҥата уһугун диирдии хоһун иһин сырдатта. Таһырдьа хатыҥ сэбирдэҕэ тэлибириирэ көстөр. Иинэ хараҕын эмиэ симнэ. Күн тэбиэһирбит оҕолуу мэниктээн сирэйин сымнаҕас-сымнаҕастык таарыйан ааһар кэриэтэ. Иинэ күн-дьыл хаара эбиллэн истэҕин аайы оҕо сааһын саныыра эбиллэн иһэргэ дылы. …Ыам ыйын тымныы тыаллаах күннэрэ. Бу күннэр Иинэ өйүгэр-санаатыгар сүппэттии хатанан хаалбыттар. Ардыгар күнүһүн эмиэ да сылаас илгийэргэ дылы, киэһэрэн истэҕин аайы туох эрэ тымныы, киһи санаатын үрэйиэх олус да куһаҕан сонун сатыылаан иһэргэ дылы буолар! Иинэ баара-суоҕа уон түөрт саастааҕар нуорума килиэбэ тоҕо эрэ кэлбэт буолан, үөрэҕин быраҕан бу дьиэлээн иһэр, “сэрии” диэн суостаах тыл эн ханна да сырыттаргын булан, эмиэ ытарчалыы хам ылар күүстээх эбит. Иинэ аралдьыйа сатаан аҕатын, кииринньэҥ ийэтин, балтын Изаны саныыр. Аҕата барахсан туох эрэ буолаахтаатаҕа. Ол да иһин киниэхэ тиксэр аҕыйах кыраам килиэбэ кэлбэт буоллаҕа… Дьиэтигэр эрэ тиийдэр… Күнүс бадарааннаах суолу оймообутуттан атаҕын таҥаһа туох кэлиэй? Этэрбэһин сыыһа мэлийдэ…. Эбиитин аччык… Бэйэтин кыанар курдук этэ да, оҕо сылайаахтаата…. Суолтан кыратык тэйэн ураҕас маһы булан тайахтанна, өссө хаар ууллубут сириттэн отонноон сиэбитэ буолла уонна суолугар киирэн оргууй хааман иҥнэҥнии турда. Сотору-сотору тулатын көрүнэр. Саас барыта тыллыахтаах, саас киһи санаатын сырдыкка салайыахтаах дииллэрин истэрэ да, арай Иинэ тула эргиччи чуҥкунуур чуумпу курдук. Бэл, кэпсэтиэн иһин, биир да тыынар тыыннааҕы көрбөтө-истибэтэ, дьөрү көтөр кынаттаах биллэн ааспата…Халлаан сыыйа хараҥаран барда, иннигэр биир да буруо унаарара көстүбэт…. Кыыс утуктаан барда. Арай чугас соҕус оттоох күрүө турарын көрөөт, Иинэ үөрүүтүттэн эрчимирэ түстэ да, санаатыгар онно олус түргэнник хааман тиийдэ. Дьэ, итиэннэ утуйардыы оностон барда, атаҕын отунан саба сатаата, олус сылайан хараҕа симиллэн барда. Арай түүлүгэр аҕатын кыыһырбыт сирэйин көрдө. Кини хаһан да кыыһырбат этэ ээ. Иинэ хомойон уоһун толлотто, өсөһөн төбөтүн үөһэ хантатар. Аҕата: “Өссө манна утуйа сытаары гынныҥ дуо? Тур, хааман ис диибин! Балтыгар тиий! Тур, тур диибин ээ!” — дии-дии тугун кымньыыта эбитэ буолла, салгыҥҥа кымньыытынан далбаатанар. Кыыс хараҕын арыйа биэрдэ, күн син ырааппыт быһыылаах. Илиитэ-атаҕа тип-титирэс, сүрэҕэ бу тахсыахтыы биллигирээбит, өлөхсүйэр. Сибиэһэй салгынынан өрө тыына охсор санаалаах Иинэ тураары гыммыта, атаҕа көһүйбүт дуу, тоҥмут дуу, турар кыаҕа суох. Инчэҕэй этэрбэһэ хам ылбыт курдук. Оо, бу маны билэн аҕам туруораахтаабыт эбит дии санаан кыыс олус да уйадыйда. Атаҕын оргууй токута сатаата. «Хаамыахпын наада, хаамыахпын наада! Туруохха! Туруохха!» —аҕам кымньыытынан куһуйар тыаһа бу салгыҥҥа иһиллибэт да буолан дии санаатын кытта тэҥинэн байааттаҥнаан син турда. Ээ, били тайаҕа хайа үөдэҥҥэ барда? Аны ону ылаары төҥкөйөн иһэн тобуктуу түстэ. Икки тобуга уот аһыйда, хараҕа ирим-дьирим буолла, мэйиитэ эргийдэ. Сыппахтыы түстэ, сотору-сотору уһуутуур, онтон уунан-уунан тайаҕын ылла. Эмиэ тураары үнүөхтээтэ, тобуга төһө да хам ыллар тайаҕын тирээбиллэнэн нэһиилэ тураахтаата. Ол тухары балтын саныыр. Иза? Аҕата Изаҕа тиий диэбитэ ээ. Иинэ эмиэ хараҕа ууланна, сырдык таммахтар иэдэһин устун чөмчүүк таас кэриэтэ сүүрдүлэр. Арай аптаах буолуум, бу аһыы таммахтар миэхэ көмүс үктэл буолан тиийиэхтээх сирбэр тиэртиннэр! Остуоруйа буолбатах, сэрии хаҕыс тыала сапсынар тыынын утары байааттаҥнаан кэмин иннинэ улааппыт кыысчаан айаннаан иһээхтээтэ…. … Дьиэтигэр чугаһаан иһэн көрдөҕүнэ, арай киниэхэ утары Иза сүүрэн кэллэ, ырбыт, дьүдьэх сирэйигэр тэтэркэй им кэлиэ дуо? Кубархай иэдэһигэр хас биирдии тымыра ааҕа көстөргө дылы, сирэйин уҥуоҕа тахсан хаалбыт, арай харахтара эрэ үөрэн иһэн сыыйа өһөн барда: – Эдьиий … эн тоҕо нэһиилэ хаамаҕын? – Сатыы хааман атаҕым ыарыйда. Аҕабыт, тоойуом? Иза төбөтүн төҥкөттө, ытаан сыҥырҕаан санна ибигирээн барда. Дьиэҕэ иккиэн ити курдук ытаспытынан киирдилэр. Кииринньэҥ ийэлэрэ харахтарын уутун сотто, Иинэ этэрбэһин уһултарда, ылан куурда уурда. Төһө да саҥата суох остуолу тардыбытын иһин, бу эдэрчи дьахтар кинилэргэ тоҥуй сыһыанын кини куолаһыттан, туттарыттан-хаптарыттан эдьиийдии-балыстыы кыргыттар эттэринэн-хааннарынан билэ олороохтоотулар. – Мин эһигини аһатар-иитэр кыаҕым суох. Ынаххытыттан биири илдьэ баран бэйэҕит олорон көрүҥ. Уон түөрт саастаах кыыс улахан киһи буоллаҕыҥ. Үөрэх даа? Тугун эмиэ үөрэҕэй билигин? Сэрии кэмигэр өссө үөрэҕи толкуйдуур дуу, балтын кимиэхэ көрдөрөөрү? Аҕам унуоҕар даа? Онно тахсар да соло суох. Барыта хараллыбыта, сытар сиригэр сытыа буоллаҕа. Ону көрөн тугу туһанаары?! Барымаҥ-кэлимэҥ! … Ити биир түүн устатыгр Иинэ эмискэ улаата түспүтэ. Олоҕу олох атын хараҕынан көрөр киһи буолан турбута. Түүн Иза барахсан: “Аҕабын атаарыыга миигин илдьибэтэхтэрэ, аҕабыт уҥуоҕа ханан баарын мин эмиэ билбэппин. Аҕам өлөрүгэр наар эн ааккын ааттаабыт үһү”, — диэн сибигинэйэ-сибигинэйэ ытамньыйбыта. Сарсыарда Иинэ сылбырхай ууну иһэ олорон: – Аны бу дьиэҕэ тутулларбыт туох да суох эбит, онон ол этэр ынаххын аҕал. Иза таҥаһын эмиэ, биһиги атын дьиэҕэ барабыт, – диэн тимир-тамыр кытаанах куолаһынан саҥарбытыттан бэйэтэ да соһуйда. Кииринньэҥ ийэлэрэ биир суорҕаны, биир сыттыгы суулаан биэрдэ: –Утанаттан көһөргүтүгэр хатаабыт ампааргыт таҥастаах ини. Кыргыттар саҥата суох ханна баралларын билбэккэ хааман истилэр. Иза симик баҕайы куолаһынан: –Эдьиий, Утанатааҕы ампаарбытыгар туох да суох уһу. Аҕабыт эн таҥаскын ыла барбыта уонна туга да суох кэлбитэ. Күлүүс хатааһыннаах үһү уонна туох да суох үһү… Иинэ олус соһуйда. Ампаары бүтэһигин бэйэтэ хатаабыта эбээт. Оттон күлүүс тылын ким, ханна, хаһан ылбытын өйдөөбөт. Онтон ити саҥа ийэлэрин дьиэтигэр аҕалла ини. Наһаа элбэх дьахтар аймах тэҥҥэ сылдьыбыттара. Оо, ол аата арыйан барытын ылан баран, күлүүс тылын оннугар аҕалан уурбуттар. Аҕалара кураанахха бара сылдьыбыт эбит. Ол аата уорбуттар! – Суох, Иза, биһиги Утанаҕа аны барбаппыт! Арай иннигэр ыҥыыр аттаах хамыһаар кэлэн тохтоон атыттан түстэ, ыйыталаста. Кыргыттар одоҥ-додоҥ кэпсээннэрин иһиттэ. Кыра кыыс ханна да ыраах хаамыа суох, улахан кыыс төһө да өһөс харахтаах курдугун иһин олус илистибит көрүҥнээх, атаҕа ыалдьара өтө көстөр. Аара ханна эрэ охтон хаалыыһыктар. Оо, кырыыстаах сэрии төһөлөөх оҕоттон оҕо сааһын былдьаатыҥ, олоҕун огдолуттуҥ? Аттаах киһи Изаны төбөтүттэн имэрийэ-имэрийэ: -– Эдьиийиҥ тылын иһит. Сотору сэрии бүтүө, эдьиийгэр көмөлөс. Онтон эн, Иинэ, Ороһокооннор дьиэлэригэр икки эмээхсин олорор, онно тиийиҥ. Мин этиэҕим. Уонна күн сарсыҥҥыттан холкуоска көлөһүн күнүн аахсан үлэлиэҥ. Балтыгын бэйэҕиттэн араарыма. Бу олус да истиҥник этиллибит тыллар Иинэ сүрэҕин сымнатта, санныттан олус улахан сүгэһэр түспүт кэриэтэ буолла. Күөх халлаан олус да ыраас, тырым күн олус да чаҕылхай! Иинэ муннун анныгар киҥинэйэн ыллыы иһэрин бэйэтэ да билбэтэ, атаҕын да ыарыыта ааспыт курдук! Үүкэй сыһыыта олус да тупсан көһүннэ! Ырыа уонна ыарыы бу күнтэн ыла Иинэ олоҕун арахсыспат аргыһынан буолбутун оччолорго ким билиэ-сэрэйиэ этэй? Арай бэрэссэдээтэл олоҕу ырыҥалыы көрөр болҕомтолоох хараҕа, тугу барытын сэрэйэр билгэһит сүрэҕэ тугу эрэ биттэммитэ буолуо ээ… Оҕо саас түөһүттэн эмискэ үөрүү матыыба сыыйыллан киэҥ сыһыыны тилийэ устан, үөһэ күөх халлааҥҥа тахсан эйэлээх халлаан кустугун кытта холбоһон олох биир дьоһун ыллыгын торумнаатаҕа…Ол да иһин буоллаҕа, Иинэ хараҕар күн уота мэлдьи кустук араас суһумун киниэхэ бэлэхтиир курдук, ону кытта тэҥинэн киҥинэйэн ыллаан барбытын бэйэтэ да билбэккэ хаалар буолбута! …Түннүк нөҥүө тэлибириир сэбирдэх ырыа матыыбын кэриэтэ суугунуур тыаһынан дьоҕуһуоллатан, Иинэ хараҕыттан олохтон дьолломмут минньигэс харах уута оҕуруолуу оргууй сыыйыллан түстэ! Сэгэлдьийэ Чээлэй