Кэпсээ
Войти
Регистрация
Моойто
Главная
/
Кэпсээн арааһа
/ Моойто
K
kyym.ru сайтан
Дьылҕа
01.06.2023 12:45
Уһун ыйдары тухары уорааннаах тымныынан суоһаабыт кыһыммыт тымныыта уҕарыйан, сир ийэ уһуктан, айылҕа барахсан кырыатын, хаарын илгистэр. Күн уотун суоһуттан ууллан, өр кэмҥэ сыа хаарынан көрө сыппыт тэлгэһэ, уулусса чаллыгырыыр чалбаҕынан, бырыы-бадараанынан туолбут. Айгыр-силик айылҕа сааһын уһуктан, хаарын тэбэнэн, симэҕин кэтээри сириэдийэ тыллар эбит буоллаҕына, сэлиэнньэ иһэ саһа сыппыт бөҕө хаар анныттан тахсан, ирэн, киһи эрэ аҕынньыта төллүөх сытынан-сымарынан тунуйар. Икки атах кэлэр-барар, хаамар ыыра кыараан, кураанах, инчэҕэйи тумнар сири көрдүүр эрэйигэр түбэһэр. Ол курдук биир дэриэбинэ атыттартан итэҕэһэ суох сааскылыы «киэргэнэн» турар. Уулусса уҥуоргу өттүгэр, хайа ыал эбитэ буолла, балбаах бөҕөнү өрөһөлүү уурбута ууллан, аттынааҕы чалбахха араҕас «үрүйэ» буолан тохтор. Салгыы айаннаан истэххэ биир сиҥнэйиэхчэ буолбут олбуордаах дьиэ аттыгар, саһаан турбут быһыылаах, сирэ бүтүннүү хатырыгынан, мас көөбүлүнэн туолан, бэйэтэ туһунан хатыламмат хартыына буола «киэркэйэ» сытар. Сорох ыал бөхтөрүн-сыыстарын сахсынан, уһаайба хомуйан мучумааннаналлар. Дөрүн-дөрүн бөх уматыллыбыт буруотун сыта киһи муннугар биллэн ааһар. Ол курдук оннун булан эрэр дэриэбинэ устун хааман истэххэ, күлүк сиргэ сытан, онон-манан ситэ ирбэтэх хаар лөглөйөн сытара көстөр. Маннык сылааска кыһын буолан ааспытын тиһэх туоһута мин баарбын диэбиттии тымныы салгынынан аҥыйар. Маҥан хаар кэннигэр туох эрэ харааран көстөр. Бай, бу тугуй? Ыт дуу? Оо, Моойто дии! Икки илин атаҕын кумуччу туттан, төбөтүн санньыччы ууран, хараҕын хаһан да уһуктубаттыы симэн сытаахтыыр. Кэтэҕин маҥан кырымахтаах түүтүгэр хаан оҕуолаабыта харааран көстөр. Эрэйдээҕи-и, ким эйигин бу курдук кэбилээтэҕэй? * * * Моойто хаһан эрэ биир үчүгэй бэйэлээх ыал тапталлаах ыта этэ. Өтөрдөөҕүтэ этэ дии — кини саҥардыы хараҕын көрөн, ийэтин эмиийин былдьаһан бырааттарын-балыстарын кытта кыра уйаларын дуомугар булкуллаллара. Онтон бырааттара-балыстара эр-биир ханна эрэ сүтэн, ийэтинээн иккиэ эрэ хаалбыттара. Кини кэлин да өйдүүрэ – ол кэмнээҕи ийэтэ барахсан санньыйбыт, өрүү уулаах, уота-күөһэ бараммыт харахтарын... Оттон биир күн аны ийэтэ сүтэн хаалбыта. Ол түүн ыт оҕото иччилэрин аймаан, сүгүн утуппатаҕа. Санаатыгар ийэтин ыҥыран көрөрө. Кэлин сыыйа-баайа ити иэдээнин умна быһыытыйбыта. Ол оннугар кинини кытта өрүү бииргэ оонньуур, аһатар, харайар Ньургун диэн уолга аһара диэн убаммыта. Күнү күннээн тэҥ саастаах дьоннуу сүүрэн-көтөн, оонньоон тахсаллара. Аҕыйах кэминэн ити да уурайбыта. Моойто улааппыта, Ньургун да сонуна ааспыта. Моойто бэйэтин курдук ыттары кытта доҕордоспута. Саҥа доҕотторун кытта сайыны билбэккэ оонньоон-көрүлээн аһарбыта. Сотору кэминэн тиит мас көмнөҕүн түһэрэн, бэлиэр, күһүн тиийэн кэлбитэ. Курас тыаллаах, ардыгар хаһыҥныыр түүннэргэ Моойто сылаас, хахха уйатыгар саһара. Бу – хаһааҥҥыта эрэ сибиинньэ сайыҥҥы уйата этэ. Ону улахан уонна кыра иччитэ көмөлөөн аһаҕас сирин бүөлээн, киниэхэ анаан кыра тэллэхтээн бэртээхэй хахха оҥорбуттара. Сарсыарда аайы намыын куоластаах иччитэ хайаан да Моойто анал иһитигэр сылаас аһылык кутан баран биирдэ үлэтигэр барара. Ол билигин суох. Барыта күндү түүл курдук ааһан хаалбыт. Моойто билигин соҕотох. Иччитэхсийэн хаалбыт дьиэ аанын дөрүн-дөрүн туохха эрэ эрэммиттии өрө мыҥаахтыыр. Санаатыгар аан сибилигин аhылланн, намыын саҥалаах иччитэ кинини ыҥырыах курдук. Ол иһин даҕаны иччитэхсийбит тоҥ дьиэни хаалларан барбат. Манаатаҕа буолан, ааһар дьону үрэн моргуйар. Онон дьиэ хайдах эрэ ыал олорор дуу диэх курдук. Кыһыҥҥы дьыбардаах түүннэри, хам аччык нэк буолбут тэллэҕэр сытан атаарар. Сорох түүн аччыга тулуппакка, тииһэ ыпсыбат буолуор диэри ыга тоҥмут ыт тугу эмэ көрдөөтөҕө буолан сэлиэнньэни кэрийэр. Бэйи, хайдах маннык буолан хаалла этэй? Иччилэрэ ааспыт күһүн ханна эрэ тиэтэйбиттии кэлэр-барар сүпсүлгэнигэр түспүттэрэ. Онтон биир сарсыарда наһаа улахан тыастаах массыына кинилэр дьиэлэрин таһыгар баар буолбут этэ. Иччилэрэ тугу эрэ тас да тас буолаллара. Моойто ол улахан массыынаны абааһы көрөн үр да үр буолан иччититтэн кытта дьарыллыбыта. Онтон эмиэ улахан тыас тыаһаабыта уонна дьоно бары ханна эрэ сус гынан хаалбыттара. Моойто эрэйдээх сайыспыттыы массыына көстүбэт буолуор диэри одуулуу хаалбыта. Иччилэрэ кинини быраҕан букатын көһөн барбыттарын сэрэйэн эрдэҕэ. Ол күнтэн саҕалаан Моойто олоҕо тосту уларыйбыта. Ким да кинини аһаппат, ким да кинини чээн диэн төбөтүттэн имэрийбэт буолбута. Кырыа кыһын тымныы тыына ыктар ыган испитэ... Моойто бүгүн эмиэ тулуйбакка, уйатыттан тахсан хас сүүстэ сылдьыбыт суолунан иннин хоту сүүрэн истэ. Хам аччыгыттан иһэ хапсыйан, сиһигэр сыстан хаалбыт курдук. Бу диэки икки өстөөх ыттара бааллар. Тоҕо эрэ кинини олох сөбүлээбэттэр. Ааһан истэҕинэ тута сатаан сордууллар, ый-хай бөҕөнү түһэрэллэр. Сэрэнэн-сэрбэнэн иһиэххэ, кинилэри кытта хадьырыйсар күүс-сэниэ суох диэн санаа бу да сырыыга өйүттэн тахсыбат. Бу курдук кутталлаах сирин син этэҥҥэ туораата. Ол күөх күүлэлээх дьиэҕэ тиийдэр син тугунан эмэ үссэнэ түһээ ини. Эмиэ кураанах буолан тоһуйар дуу. Ол дьиэҕэ биир соҕотох эмээхсин олорорун Моойто бэркэ диэн билэр. Эмээхсин тоҕо эрэ кинини хам-түм аһатаахтыыр. Соҕотох киһи аһын тобоҕо диэн төһө бэйэлээх үһү. Ол да буоллар бу үтүө санаалаах кырдьаҕас баар буолан, Моойто син тулуктаһан сырыттаҕа. Онтукайа да кэлин көстүбэт буолбут. Баара эбитэ буоллар күүлэтин иннигэр тахсан ыҥыра турар буолуо этэ. Бэҕэһээ эмиэ суоҕа. Эмээхсин тоҕо эрэ кинини олох атын аатынан: «Тыҥыйах, Тыҥыйах» диэн ааттыыр. Моойто онно үөрэнэн да барда. Ыт эрэйдээх күөх күүлэ таһыгар тиийэн ону-маны сытырҕаатаҕа буолла. Хомойуох иһин, килиэп хоруоскатын сыыһын да булбата. Онтон күүлэ аана, били, кини иччилэрин дьиэтин курдук тимир күлүүһүнэн олуурдааҕын көрөн санньыйбыттыы кыҥнайан чочумча турда. Оттон, хаһан да хайаахтыай, тиэргэнтэн тахсан салгыы бара турда. Бээрэ, бу диэки, били, доҕоро ыт баара ээ. Сороҕор иччилэрэ биэрбит астарын сиэбэтэх буолааччы. Инньэ дии санаат, Моойто үрдүк олбуордаах ыал тэлгэһэтигэр обургу соҕус хайаҕаһы булан киирдэ. Доҕоро кинини билэн эккэлээн илин-кэлин түстэ. Балай да буолан баран дьиэттэн биир суон киһи миискэҕэ бэрт минньигэс сыттаах, мэктиэтигэр тымныы салгыҥҥа буруолаабытынан сылдьар аһы тутан таҕыста. Моойто оччолооҕу көрөн баран, доҕорун кытта саппай уопсан миискэҕэ чугаһаата. Анарааҥҥыта маҥнай көрсүбүт эйэтэ сүтэ охсон, ырдьыгынаан тииһин килэттэ. Ону көрөн, били, суон киһи туох эрэ ыйааһыннааҕынан Моойтону быраҕан кыыратта. Моойто эрэйдээх сыыһа-халты аһаран олбуор таһын былдьаста. Тохтоон халлааны одуулаата. Былыта суох халлааҥҥа сулустар үөрбүттүү тыгаллар. Моойто өр да өр олорон улуйуон баҕарда. Ол эрэн тохтоотоҕуна олорбутунан тоҥууһу, дьыбара ордук сытыырхайбыт курдук. Ити курдук салбыҥнаан биир уһаайбаҕа киирдэ. Кыбыыга саҥа алдьатыллыбыт кэбиһиилээх от турарыгар ыттан тоҥмот курдук оҥостон утуйан хаалла. Сарсыарда билбэт киһитин «чоттуур» хаһыытыттан уһукта биэрдэ. Моойто ыксаан куотан эрдэҕинэ анарааҥҥыта от тардар тордуоҕунан түбэһиэх бырахпыта Моойто атаҕар кэлэн өтөрү түстэ. Бүтэҥи ыарыыттан часкыйа түһээт, хараҕа уу-хаар баспыт ыт барахсан ыйылыы-ыйылыы, куотар аатыгар түһээхтээтэ. Моойто холун этэ дириҥник бааһыран, өр кэмҥэ ыарыыланан сыппыта. Бааһырбыт күнүгэр хаана чоккураабытынан нэһиилэ харыстанар сирин – сибиинньэтин уйатын булбута. Ол күнтэн төһө күнү ыйылаан, улуйан аһарбытын өйдөөбөт. Аһаабатаҕа ырааттаҕа... Төбөтүн нэһиилэ өндөтөн Моойто доҕолоҥнуу-доҕолоҥнуу уулуссаҕа таҕыста. Ас көрдөөн тиҥсирийэ-тиҥсирийэ, аа-дьуо суол кытыытын кэрийэр. Ити курдук күнү быһа хааман, син ону-маны булан үссэннэҕэ буолан киэһэлик «дьиэлээн» испитэ. Аччыктыыр, тоҥор муҥун көрбүт ыт сиһин, ойоҕоһун уҥуоҕа адыгыраан көстөрө, арҕаһын түүтэ адаарыйан хаалаахтаабыта хаһааҥҥыта эрэ ыал маанылаах ыта буола сылдьыбытын таһы-быһа мэлдьэһэрэ. Ааспат-арахпат ыарыытын тулуйа сатыыр ыт барахсан өйдөөх, санньыйбыт харахтара тоҕо миигин маннык кэбилээтигит даа диэбиттии тула көрөллөрө. Эмискэ хантан да баар буолбута биллибэккэ, иннигэр уот сандаарыс гыммыта. Моойто хараҕа саатан, тугу да көрбөтөҕө. Оттон туох эрэ тыас бирилээн кэлбитэ. Ыт туора эһиллибитэ, өлөр саҥаны кытта тэҥҥэ ыас хараҥа халыйбыта... Массыына иһиттэн итирик туруктаах киһи тахсан куттаммыттыы көлөтүн тула сүүрэкэлээбитэ. Арыгы дьаарыттан төһө да хараҕа дьиримнээтэр, киһи эрэ буоллар тэйиччи ыт сытарын быһааран көрбүтэ уонна чэпчээбиттии өрө тыыммыта. Ол кэнниттэн холку бэйэлээхтик массыынатыгар ыттан, суол диэки салайаат, туох да буолбатаҕыныы, салгыы айанныы турбута. Тула уу-чуумпу бүрүүкээбитэ. Дэриэбинэ иһэ биир аньыыта суох олох быстыбытын билбэккэ да хаалбыта. Халлаантан хоп-хойуу кырса түүтүнүү мап-маҥан хаар кыыдамнаабыта. Айылҕа барахсан бэйэтин оҕотун аһыйан ытыыр курдуга. Сир ийэ Моойто барахсаны маҥан түү суорҕанынан тоҥуо диэбиттии бүрүйэ сабара... Марфа Иванова. Тарҕат:
kyym.ru сайтан
➤
➤
kyym.ru сайтан