Кэпсээ
Войти Регистрация

Табык

Главная / Кэпсээн арааһа / Табык

K
01.06.2023 12:43
   Биһиги эргин кырдьаҕастар кэпсииллэринэн, Улуу ойууттар ханнык эмэ аҕа ууһун баһылыгар табыгы иҥэрэллэрэ үһү. Оччоҕуна ол аймах барыта табыктанар. Кинилэр өлөөрү-алдьанаары гыннахтарына кыһын, сайын диэбэккэ тыастаах-уустаах силлиэлээх, холоруктаах табык түһэрэ дииллэр.      Табыгы оскуолаҕа киирэ илик сылдьан эт кулгаахпынан истэн турардаахпын. Оччолорго Сыырдаах диэн кыракый алааска кыстык угун саҕа кыракый балаҕаҥҥа үс дьукаах буолан кыстаан олорорбут. Ол балаҕаны аҕыйах сыллааҕыта хотонтон араарбыттара, урут ыкса турара.    Олунньу ый биир чуумпу күнэ этэ. Эбэм хотонугар букунаһа сылдьыбыта, дьукаах оҕонньорбут кунаны көлүйэн эбэ түгэҕэр баар өтөҕүттэн от тиэйэ барбыта. Биһиги төрдүскэ үөрэнэр Кэтиилиин көмүлүөк оһох холумтанын аттыгар хабылык оҥосто турдахпытына сүрдээх улаханнык хатараанньа тыаһа өрө хабылла түстэ. Биһиги уһана олорор маспытын, быһахпытын төлө тутаат хаҥас ороҥҥо баар буолбуппутун бэйэбит да билбэккэ хааллыбыт. Сүрэхпит айахпытыгар тахсыбыт, уҥуохпут халыр босхо барбыт. Онтон арыый өйдөнөн баран көрбүппүт: уот иннигэр баар кирээккэҕэ бурдук хатарар хатараанньалар бэрт бэйэлээхтик тураллар...    Бэйи, ити айылаах туох тыаһаата диэн дьиэбитин эргиччи көрдүбүт да, барыта орун-оннугар. Олус бэркиһээтибит, эбии куттанныбыт. Сотору эбэбит “хайа, оҕолор, туох тыаһын иһиттигит?” диэбитинэн хотонуттан киирдэ. Биһиги кэпсээн биэрдибит.    Эбэм эмиэ олус куттаммыт, бэл, сирэйдиин-харахтыын уларыйбыт. Кини хотонуттан тахсан иһэн тус илин диэкиттэн хаары туманынан өрүкүтэн тыастаах-уустаах сүдү холорук ытыллан кэлбититтэн куотан кыл-мүлчү хотонун иһигэр түһэн биэрбит. Киирэрин кытта балаҕан уонна хотон икки ардыларынан айаннаан хатараанньаны таһыйан эрэр курдук тыастаах улуу холорук арҕаа диэки түһэ турбут.    Күнүс чэйдээри олордохпутуна Кээтии аҕата Тиитэп хотон тас үлэтин үлэлээн, ойбонун алларан баран киирдэ. Кини ойбон аллара турдаҕына илин булгунньах диэкиттэн бурдук сирин ортотунан биһиги балаҕаммытын туһаайбытынан дүҥүр тыаһыгар маарынныыр тыастаах, ортотугар сыарҕалаах от саҕа харалаах силлиэлээх холорук тоҕо солоон ааспыт. Туох айылаах буолаары гыннаҕай диэн сэрэхэдийии буолла.    Кыһыҥҥы кылгас күн киирэ оҕуста. Борук-сорук буолуута от тиэйэ барбыт оҕонньорбут кырыа бөҕө буолан тэмтээкэйдээн киирэн остуолтан тайана түстэ... Бөлүөстүбүт тылынан “сүөһүлэрбин, оппун...” диэн иһэн бэрт эрэйинэн оронун булла. Дьоммут көмөлөөн сыгынньахтаабыттара. Оҕонньор онтон ыла саҥарбатаҕа, аһаабатаҕа. Нэдиэлэ курдук үлүгүнэйэ-үлүгүнэйэ таһырдьа тахсаары харбыалаһа сытан өлбүтэ. Туга ыалдьыбытын билбэтэхпит. От тиэйэ барарыгар туос чэгиэн оҕонньор ити курдук буолбутун уҥуоҕун туппуппут кэннэ Тиитэп “оҕонньорбут табыктаах эбит, илэ кэлэн сиэн бардылар” диэн быһаарбыта.   Егор Федоров “Хара бэкир” кинигэтиттэн.     Үөрдүүн туста сыспыт      Сунтаар I Бордоҥун киһитэ Күүстээх Хоруонап – Григорий Громов ыллар саһаан үрдүктээх, торулуур тоҥ нуучча көрүҥнээх буолан баран сахалар ортолоругар төрөөн-үөскээн уу саха этэ. Киэҥ сирдэринэн тэлэһийэ сылдьан элбэх дьону-сэргэни кытта алтыспыт, үгүһү-элбэҕи көрбүт, истибит, араас түбэлтэлэргэ түбэһитэлээбит буолан кэпсэлэ-ипсэлэ да элбэҕэ.      Мин өрдөөҕүтэ кини биир кэпсээнин истэн турардаахпын. «Тайҕаттан тахса сылдьар кэмим. Таҥас-сап мааны, үп-харчы да баар. Биирдэ үс хонугу быһа хаартылаан, арыгылаан баран дьиэлээн истэхпинэ туора суолунан буоспалаах хара сирэйдээх төрөл саха айаннатан киирэн, атын мин аппын кытта сэргэстэһиннэрэ хаамтарбытынан барда. Кэпсэтэн, аатын ыйыппыппар «Көстөкүүн диэммин» диэтэ. Кини: «Эйигин Тайҕаҕа көмүөл мууһун курдук аҥаардастыы тоҕо ааҥнаан сырытта дииллэр. Бу ыһыахха тустан көргүн көрдөрөҕүн дуо?», — диэтэ.    Аҕыйах хонугунан Хаҥалас Арыылааҕар ыһыах буолуохтаах, онно тустар санаалаах сылдьабын эрээри, туох эрэ имнэммитин курдук «суох» диэтим. Көстөкүүн: «Тустар диэн тугу эппиттэрэй, тустубат эбиккин дии! Мин эйигин кытта ыһыахха көрсөр санаалаах этим! Чэ, туох буолуой, манна да холоһон көрөбүт дуо?», — диэтэ. Мин сөбүлэһэн аппыттан түһэн, мааныга кэтэр таҥаспын харыстаан сыгынньахтанан бардым. Көстөкүүн сыгынньахтаммата. Суол кытыытыгар охтубут маска олорон, биир хамсаҕа табах уурунан, кэриһэн тартыбыт уонна айаммытын салҕаатыбыт. Тайҕаҕа барыам иннинэ иччитэх турарын көрөр өтөхпөр кэлбиппит, ат-атыыр бөҕө баайыллан турар. «Хаартыһыттар баар буоллахтара», — диэн Көстөкүүнү кытта дьиэҕэ киирдим. Тура сылдьар киһи суох, арай, муостаҕа элбэх киһи, көппөх курдук утуйа сытар. Көстөкүүн хаҥас диэки баран кимниин эрэ кэпсэтэр, тахсыбат. Күүппэлээн баран таһырдьа таҕыстым, төбөм ыарыыта сүрдээх, хараҕым ирим-дьирим барбыт, сүрэҕим өлөхсүйэр, сымарынан туран аппын нэһиилэ миинэн, дьиэм диэки салайдым. Уһун түүнү быһа дьиэбэр тиийиэхчэ-тиийбэккэ өтөххө төннөн кэлэ турдум. Үсүһүн күн ойуур быыһынан кылайа тахсан эрдэҕинэ кэллим. Өтөх өтөҕүнэн эркинэ кубарыччы кууран, түннүктэрэ хараара оҥойон тураллар, күрүөҕэ баайыллан турбут ат-атыыр, күрүө да мэлигирдэр. Кэлин санаатахха, абааһы аймаҕын абылаҥа өйбүн-санаабын бакаайылаан, түүнү быһа биир өтөх таһыгар мэскэйдэнэ сылдьыбыт эбиппин.    Ыһыах буолуон иннинэ удаҕамсыйар ыалым эмээхсин: «Нохоо, бу ыһыахха тустума, суорума соруктаах киһи оҥкучаҕа аһаҕас сытар», — диэбитэ. Мин— сахалыы иитиилээх сибиэркэмсэх киһи — тустубатаҕым. Тустубут дьонтон биир бөҕөс сахалыы ыалдьан аҕыйах хонон хаалбыта. Көстөкүүнү ыһыахха көрбөтөҕүм, ол иһин сирэйин-хараҕын, таҥаһын-сабын ойуулаан туоһулаһан билбитим, мин Тайҕаҕа сырыттахпына өлбүт Күүстээх Көстөкүүн диэн киһи эбит. Кини мин тыыммын быһарга анаммыт буолан, холоһон көрөргө тыл киллэрэ сылдьыбыт эрээри, сыгынньахтаннахпына «кимим-тугум биллэн хаалыа» диэн буолумматах эбит».   Б.Махсыынап, Сунтаар улууһа, Кутана сэл.   Кэһии көрдөөбүтэ          Бу кэпсээни мин аллар атаһым кэпсээбитэ.    90-с сыллардаахха кинилэр биир күһүн Ойуун күөлэ диэн хаһан эрэ былыр ойуун олорбут сиригэр үс буолан бултуу барарга быһаарыммыттар. Ойуун күөлэ диэн Маалыкайтан уонтан тахса биэрэстэ ыраах, улахан күөллээх, күөлүгэр сэттэлээххэ тутар эмис, минньигэс соболоох, бултаах-алтаах сир.    Мин атаһым атынан барар буолбут. «Баран иһэн, таарыйа, тайах эҥин көрүөм, баҕар биир эмэ куһу ытыам», — диэбит. Икки табаарыһа сыарҕаларыгар таһаҕас тиэйэн, өрүскэ сылдьар мотуордаах тыыларын ылыах буолан, «Беларусь» тыраахтарынан барар буолбуттар.    Барыахтарын иннинэ, ыһык көрдөөһүнэ буолар, сир аһатарга буокката суох сатаммат. Ол саҕана буокканы сэбиэт бэрэссэдээтэлэ суруйан биэрдэҕинэ эрэ маҕаһыын биэрэр көҥүллээх. Маҕаһыыҥҥа буокка суот-учуот, алдьаммыт бытыылкалары кытары, аак суруйан туттараллар. Буокканы бырааһынньыктарга, сыбаайбаларга эрэ көҥүллээн биэрэр кэмнэрэ. Ол саҕана сэбиэт бэрэссэдээтэлэ урут биһиэхэ математика учууталынан үлэлээн, сөбүлэтэн аҕай сылдьыбыт учууталбыт Меркурий Михайлович этэ. Онтон-мантан көрдүү сатаан баран, доҕорум сэбиэккэ тиийэр. Кини оскуолаҕа үөрэнэ сылдьан математикаҕа айылҕаттан уһулуччу талааннаах буолан, Меркурий Михайлович сөбүлүүр, убаастыыр аҕай уола этэ. Онон буокканы элбэхтик көрдөһүннэрбэккэ суруйтаран ылбыта.    Биир буокканы баралларыгар, дьоннорун кытта атаарыыга иһэллэр. Икки бытыылкаларын атынан барыыга алдьанан хаалыа, мэһэйдиэ диэн таҥаска дэлби суулаан баран уолаттарыгар эппэккэ эрэ тыраахтар бырысыабыгар таҥас быыһыгар кистии уган кэбиһэр. Дьонун кытта тэҥҥэ тиийээри биир хонук эрдэлээн, атынан сири-уоту, булду-алды көрөн, аара сиргэ хонон, сарсыныгар Ойуун күөлүгэр сөп соҕустук тиийэр. Тиийбитэ дьоно хайыы-үйэ кэлэн таһаҕастарын ырытан-тэнитэн, күөстэрин буһаран, аһаан-сиэн холуочук сылдьаллар. Киһим: «Таҥаспын хаһан булбуттар, сатана дьоно, аһы ас курдук аһаабаттар», — диэн кыыһыра саныыр. «Эһэкээҥҥэ, сири-уоту аһата аҕалбыт аспытын иһэн кэбиспиккит, саатар, киһини да кэтэспэккит», — диэбит. Онуоха уолаттара: «Биирин истибит, иккиһин эмиэ иһэн кэбиһиэххэ, эйигин кэтэһэ сылдьабыт», — дииллэр. Киһилэрэ буоккаларын иһэрдибэт. Дьоно киэһэни быһа көрдүүллэр. Киэһэ утуйуу буолар, уолаттар сыттыктарыгар төбөлөрүн уураат, утуйан хаалаллар.    Мин доҕорум суорҕанын саптан утуйбакка сытар. Арай, суорҕанын сэгэтэн оһох диэки көрбүтэ: умайа турар оһох сырдыгар уһун, маҥан баттахтаах, сырдык таҥастаах, тайах мастаах кырдьаҕас оҕонньор олорор. Кырдьаҕас кини диэки көрөн баран «бэрис» диэбиттии ытыһын тоһуйа уунар. Доҕорум куттанан суорҕанын быыһынан көрбүтэ, кырдьаҕаһа син биир олорор. Онуоха суорҕанын саптан баран эркин диэки эргийэр. Биллэн турар, куттанан сүрэҕэ битигирии тэбэр. Ити курдук чочумча сыппахтаан баран эргиллэн суорҕанын арыйан көрбүтэ – кырдьаҕаһа суох.    Сарсыарда киһим ыстанан тураат утуйа сытар уолаттарын уһугуннартыыр, остуолга ыҥырталаан ылар, хаалбыт буоккатын булан аҕалан остуолга туруорар, куруускаларга тэбис-тэҥ гына кутуталыыр. Уолаттар өйдөөбөттөр. «Хайа, бу киһи хайдах буоллуҥ? Сирэйиҥ-хараҕыҥ турбут аҕай. Үспүт эрэ дии, тоҕо бу түөрт иһиккэ куттуҥ?», — диэн ыйыталаһаллар. «Буокка иһэн баран эһэкээҥҥитигэр бэрсибэтэххит. Бу төрдүс курууска киниэхэ, бу дойду хаһаайыныгар, эһэкээммитигэр», — диир. «Эһэкээҥҥэ кыратык кут. Киниэхэ арыылаах килиэп да сөп буолуо», — дэспиттэригэр доҕорум иһиттиэм-истибэтиэм диэбэт, ойон туран куруускалаах аһын оһоххо кутар. Оһохторо үөрэн сырылыы түһэр. Тимир оһох саҥарбат эрэ, махтаммыт курдук буолар. Үүтээн иһэ сырдыы түһэр. Доҕотторо тугу да өйдөбөттөр, иһиттэрин охсуһуннаран баран иһэллэр уонна утуйан хаалаллар.    Сарсыныгар булт саҕаланар. Мин атаһым дэлби бултуур, кини ханна да дурда оҥордун, кус кэлэр да кэлэр. Балыкка илим үттэҕинэ, балык бөҕө быыһа суох тутар, тайах киниэхэ эрэ туран биэрэр. Ханна эмэ кыратык хаамта да баай хара тыа маанылааҕа улар тосхойор.    Бииргэ кэлбит уолаттара күөх далайга да, хара тыаҕа да таһыччы малыйаллар, имириир тыыннаах, тылбыйар кынаттаах, көмүс хатырыктаах ирээтин көрбөттөр. Икки нэдиэлэни быһа тугу да бултаабакка, дьөрү, сааларын да тыаһаппакка дойдулууллар.    Ханнык баҕарар булчут, балыксыт, отонньут, масчыт ойуурга, айылҕаҕа таҕыстаҕына өбүгэлэрбит хас эмэ сүүһүнэн сыллары быһа тутуһан кэлбит ытык сиэрдэрин тутуһуохтаах, бэйэ бодотун тардынан сылдьыахтаах.   Николай Васильев. Тарҕат:
kyym.ru сайтан