Кэпсээ
Войти
Регистрация
Кыргыылаах сүүрүк
Главная
/
Кэпсээн арааһа
/ Кыргыылаах сүүрүк
K
kyym.ru сайтан
Дьылҕа
01.06.2023 12:38
Сылайбат сындааһыннаах, быстыбат тыыннаах, сыыдам сырыылаах саха аттара ырааҕы чугаһаталлара, ыараханы чэпчэтэллэрэ, тоҥуу хаары тыыраллара, хас эмэ көс усталаах сыырдары, толооннору усталаан таһаҕас таһаллара. Таһаҕас таһа сылдьан, ото суох сиргэ охтон хаалбакка, хаары хаһан аһыыллара, наада буоллаҕына, тайах дуу, куобах дуу курдук талаҕынан аһыыллара, туундараҕа тиийдэхтэринэ, таба курдук лабыкта сиилллэрэ. Сылгы үүтэ, кымыһа үчүгэй эмтээҕин, этэ, иһэ, хаана күндү ас буоларын туһунан этэ да барыллыбат. * * * Кыргыылаах сүүрүк Ньурба улууһун 1 Бордоҥ нэһилиэгэр Күҥкүйгэ Петр Платонов диэн сэниэ ыал сылгытыгар төрөөбүт. Кыргыылаах кыратыгар куһаҕан дьүһүннээх, кыра уҥуохтаах, күөх буулуур өҥнөөх, инники атахтара кэлиҥҥилэринээҕэр олох намыһах, сылгыттан ураты сылгы эбит. Петр Платонов Бочуочуна уола КиргиэлэйДьалыы диэн быстар дьадаҥы киһиэхэ хаартылаан сүүйтэрэн баран, сэнээн, куһаҕан убаһатын сыҥалыыр: «Ити далга хааллан турар биирдээх убаһалаахпын, ылар буоллаххына ону ыл, ылбат буоллаххына ылыма»,— диир. Дьалыы убаһаны көрөн баран олох мыынар: «Туох абааһы курдук дьүһүннээх убаһаный, саатар кутуйах курдук кырата да бэрт эбит»,— диэтэр да, хайыай, ыллаҕа дии. Дьалыы убаһатын олорор сиригэр, Улгуктаҕа аҕалар (Улгукта диэн 1 Бордоҥнор тойукка киирбит саамай улахан сыһыылара). Икки сааһыгар тыйа бэйэтин баанар курдук гынар. Хааллан турар түөртээх далын ойон тахсан, Улгукта сыһыытын күн аайы иккитэ түргэн аҕайдык сүүрэн эргийэр. Ол эргийэн баран, төттөрү бүтэйигэр ойон киирэр эбит. Ону Дьалыы саҥарбакка эрэ көрөр эбит. Àта үс сааһын туолуута, саас Бордоҥ нэһилиэктэрин кэтэһиилээх куйуурдара буолар. Саха дьонугар сааскы куйуур, күһүҥҥү муҥха ыһыах курдук кэтэһиилээх бырааһынньык буолар. Турартурбат барыта эрдэттэн бэлэмнэнэн, аттарын баайан, үчүгэй аһылыгынан аһатан, ким кыахтаах аллаах атынан киирэллэрэ. Сорох оҕуһунан киирэрэ. Ол дьыл бордоҥнор Мохулу диэн улуу күөллэригэр мусталлар, билэрбилбэт дьон көрсүн кэпсэтииипсэтии, ойбон алларан куоталаһыы буолар. Дьалыы баарсуох соноҕоһун сыарҕаҕа көлүйэн Мохулуга киирэр. Бу куйуурга ойбон алларыытыгар Махатыыр Àана (тустуук Юрий Àндреев эбэтэ) баар бөҕөстөрү барыларын кыайталаан дьону сөхтөрөр. Куйуур бүтэн төннүү буолар. Дьалыы соноҕоһун аадьуо айаннатан испит. Кэлбит дьон ааттаах аттарынан Дьалыыны күлүү гынагына ситэн ааспыттар. Степан аҕабыыт сиэллээх боруодатынан аҕыйахта үктэнэн барбыт, Попов кинээс аатырбыт сүүрүк атынан эмиэ ситэн ааспыт. Дьалыы кыһыйан атын маһынан охсуолуур: «Сүүрэр кэмҥэ нэһиилэ сыыллан иһэҕин, наадата суохха далы үрдүнэн ойоруҥ сүрдээҕэ». Àта, дьэ, онно барар. Куоппут аттары тоҥуу хаарынан турар мастыы сититэлээн ааһар. Àара ханна да кыайтарбакка, чэйдэппэккэ дьиэтигэр быһа тиийэр (Улгуктаттан Мохулуга диэри 35 биэрэстэ). Бу кэнниттэн Степан аҕабыыт, Попов кинээс Дьалыыттан соноҕоһун ыарахан сыанаҕа көрдүүллэр, маннык сылгыны сүүрдэн, номоххо киллэрэн бордоҥнору аатырдыахха дииллэр. Дьалыы кыккыраччы батынар. Ити сыл сайыныгар ураты соноҕос Мэҥэдьэк нэһилиэгин тойукка киирбит биир киэҥ алааһыгар сэттэ ааттаах аты кытта сырсан бастыыр. Ол иһигэр Мэҥэдьэк кинээһин Боччоһо аатырбыт сүүрүгүн. Кинээс кыыһырбыт, Дьалыыны: «Эн баҕас эмиэ аттааххынбаҕастааххын»,— диэбит, эбиитин кырбаабыт. Дьалыы утарсыбытын иһин, кинээс хас да хонукка сибииккэҕэ олордубут. Сибииккэттэн тахсан баран Дьалыы «бу ат киһини онноманна тиэрдииһи» диэн, ол дьыл Бордоҥҥо саҥа кинээс буолбут Василий Платонов баайга хас да сыл байтаһырбыт биэҕэ, ат тый эптэрэн атастаһан кэбиһэр. Нөҥүө сылыгар Мэҥэдьэк баайа Уйбаан Семенов аатырбыт Бөкөөт диэн атын кыайар. Ол сүүрүү кэнниттэн Василий Платонов атын 1 Бордоҥ кинээһигэр Петр Мартыновка бэрт сүдү сыанаҕа атыылыыр. Àт Петр Мартыновка кэлэн баран өссө тупсар. Биэс саастааҕар түөрт атахтааҕы, төгүрүк туйахтааҕы иннигэр түһэрбэтэх Сүлэ нэһилиэгин Дьөгүөссэ Хаара сүүрүгүн сэттэ биэрэстэҕэ сүүрэн куотар. Àҕыс саастааҕар Петр Мартынов «үчүгэй ат гын, ырааҕынан сылдьан сүүрт» диэн Степан Габышев аҕабыыкка атыылыыр. Àҕабыыт атыылаһан баран атын нууччалыы сэлиир уонна Кыргыылаах сүүрүк диэн ааттыыр. Бэйэтин сылгыһыт уолун Чэркэй уола Дарыбыан диэн кыра уҥуохтаах бэркэ кыанар киһини ат сүүрдээччи оҥостор. Кыргыылаах сүүрүк өссө тупсар, Марха өрүс эҥээр киниэхэ чугасаһар ат суох буолар. Ити сайын Ньурба татаардара Назаровтар боруода аттарын Барылаам Сүүрүгү кыайар. Назаровтар аппыт баайыыта табыллыбатах диэн күһүн иккиһин ыҥыран Куочай эбэтин эргитэ сүүрдэллэр. Онно Кыргыылаах таһыбыһа ырааҕынан куотан кэлэр. Бу күһүҥҥү сүүрүүгэ Назаровтар Кыргыылааҕы утары олус улаханнык уксаннар эстэллэр. Ол кэнниттэн, бэл, аҕалара төбөтүнэн ыалдьыбыт диэн сурах тарҕанар. Эһиилигэр Кыргыылаах Хочо улууһугар баран, Саанньа атыыһыт (Зедгенидзев) аатырбыт Кыһытыай сүүрүгүн, Николай Àлексеев Ньылаах сүүрүгүн, Николай Тимофеев Бокотоох сүүрүгүн барыларын кыайталаабыт. Саанньа атыыһыт кыыһыранкыһыйан, улахан сыанаҕа Томскай күбүөрүнэттэн орловскай боруода аты аҕалар. Саанньа атыыһыт Степан аҕабыыкка: «Саас хаардаахха аппын илдьэ Ньурбаҕа тиийиэм, бордоҥнор Кыргыылааххытын илдьэ киирээриҥ»,— диэн илдьит ыытар. Күүтүүлээх кэмнэрэ тиийэн кэлэр. Сүүрдүбүт сирдэрэ Куоҥхар диэн үрэх төрдүттэн Куочай илин баһыгар диэри. Ол сүүрдүбүт сирдэрин устата быалаах икки көс. Онно да Кыргыылаах лаппа кыайар. Нөҥүө сайыныгар Кыргыылааҕы Сунтаарга илдьэллэр. Бу сүүрүүгэ Бүлүүнэн, Сунтаарынан аатыран сүүрэ сылдьар, улахан баҕайы уҥуохтаах (арааһа, туох эрэ боруода буолуо) Ньылаа сүүрүгү кытта сүүрдэргэ холоноллор. Кыргыылаах Сунтаардар Ньылааларын аҥаарынан эрэ эбит. Ньылаалара хапхара өҥнөөх, ураанньыктаах, өрө хонтойон турара кыраһыабайа сүр үһү. Бордоҥнор Кыргыылаахтара кыра уҥуохтаах, күөх буулуур өҥнөөх, кэлин атаҕа инникититтэн төһө эмэ үрдүк, кэлин өттө барыта буут, чубукуга маарынныыр ат – төбөтүн сиргэ анньан турарын көрөн, Сунтаар олохтоохторо «улуу бордоҥнор бу дьүһүннээх аттарын Ньылааны кытта сүүрдүөхпүт диэн аҕала да турбуттара баар» диэн мыыммыттар. Сунтаардар ойуун кыырдыбыттар, Степан аҕабыыт «абааһытааҕар таҥара күүстээх» диэн баран Кыргыылааҕар үс төгүл кириэс охсор уонна сибэтиэй уунан ыһаыһа үстэ эргитэн мэлииппэ ааҕар, буруолатар. Сүүрүү иннинэ Сунтаарга олорор Бордоҥтон төрүттээх киһи кэлэн Степан аҕабыыты сэрэтэр: «Сүүрдэн иһэн, Кыргыылаах чугаһыах буоллаҕына, Ньылаа сүүрдээччитэ мохуорка таһааран Кыргыылаахха сирэйигэр ыһыахтаах. Онон өйдөөн, тыал хайдах үрэрин көрөн иһээр. Биэтэк чугаһыгар оҕус хаспыт улахан омуһаҕа баар, ситээри гыннаххына, аккын онно ыктарыахтаахтар, сэрэнээр». Сүүрүүгэ киирии буолар. Сунтаардар Ньылаалара төбөтүн хонточчу туттан, өрө холоруктана сылдьарын көрөн Ньурба дьоно куттана, салла санаабыттар. Кыргыылаахтара биэтэккэ аадьуо сиэтиллэн иһэн үс төгүл бүдүрүйэн ылбыт (Кыргыылаах илин өттө кэлин өттүнээҕэр намыһах буолан, хаамарыгар мэлдьи бүдүрүйэр эбит). Сунтаардар ону көрөн: «Саатар сүүрүөн иннинэ бүдүрүйэ сырыттаҕай»,— диэн туох баардарын үсбииргэ уксуу бөҕөтүн уксубуттар. Сүүрүү иннинэ Степан аҕабыыт сүүрдээччитигэр: «Àтыҥ кыахтаах буоллаҕына, бүтэһик эргииргэ кымньыыгын туора уобан баран ааһаар»,— диир. Сүүрүү саҕаланар, Ньылаа бастакыттан инникилиир. Эргиир аайы Кыргыылаах куоттаран иһэр. Ньылаа сүүрдээччитэ эргиир аайы дьон чугаһыгар кэллэҕинэ Кыргыылаах диэки ыйаыйа хокуоска көрдөрө испит. Бүтэһик эргииргэ Кыргыылаах сүүрдээччитэ Дарыбыан, атын кымньыытын айаҕар туора уобан ааспыт. Ону көрөн Бордоҥ, Мэҥэдьэк, Малдьаҕар дьоно туох баардарын барытын тура хаалан туран уксубуттар. Сунтаардар эмиэ бүтэһик ынахтарыгар, сылгыларыгар тиийэ уксаллар. «Àма да буолтун иһин, бу дьон тоҕо акаарыларай! Кыргыылаахтара бачча ыраах куоттаран истэҕинэ туохтарыгар итэҕэйэллэрий? Àҕабыыт ата буолан, таҥараҕа итэҕэйэллэрэ буолуо»,— дэһии бөҕө буолбуттар. Бүтэһик эргииргэ Кыргыылаах дьэ эбэр. Ньылааны ситэн кэлэр. Биэтэккэ чугаһаан иһэн сэргэстэһэ түһэллэр. Дарыбыан биэтэк таһынааҕы омуһаҕы олох умнан кэбиһэр. Ньылаа сүүрдээччитэ наһаа ыксыыр, Кыргыылааҕы омуһах диэки ыктарар. Кыргыылаах омуһахха кэлэн баран кулгааҕын ньылаччы туттаат, өссө хаптайарга дылы гынаат, омуһаҕы үрдүнэн кыырайан ааһар. Омуһаҕы ааһаат Дарыбыан атын дьоҥҥо көрдөрөөрү, соруйар, тиҥилэхтиир. Дьэ, онно ата кулгааҕын өссө ньылатаат, атаҕын кулгааҕар диэри быраҕаттаан, дьон көрдөҕүнэ атаҕа сиргэ тиийбэккэ, көтөн иһэр курдук субуллар. Дарыбыан кэлин: «Омуһаҕы көтөрүгэр дүлүҥ үрдүгэр олорон иһэр курдугум. Онно эрэ тиҥилэхтээбитим, хайдах сүүрэрин дьоҥҥо көрдөрөөрү уонна бэйэм даҕаны дьиҥнээхтик сүүрэрин билээри»,— диэн кэпсиирэ үһү. Сүүрүү кэнниттэн дьон ол омуһаҕы баран көрбүттэрэ: тоҕус атар хаамыы уһуннаах эбит. Сунтаардар дьэ сөхпүттэр: «Кырдьык даҕаны, аатырыан аатырбыт көтөр кынаттаах Дьөһөгөй оҕотун билбэккэ, сэнээн, ыал ыалынан эһиннэ, баайбытындуолбутун тамты сүүйтэрдибит»,— диэн ытаабыттарсоҥообуттар. Сүүйтэриилэрин аттар сүүрбүт сыһыыларын толору ынаҕысылгыны үүрэн аҕалан биэрбиттэр. Эбии элбэх харчыкөмүс хамсаабыт. Кыргыылаах сүүрдээччитигэр манньатын аҕыс ыанар ынаҕы биэрбиттэрин, ол түүн хаартылаан, барытын сүүйтэрэн кэбиспит. Кэлин: «Сүөһү сыстыбат киһитигэр сыстыбат буолар эбит»,— диэн кэпсиир үһү. Сунтаардааҕы сүүрүү кэнниттэн Степан аҕабыыттан Петр МартыновЛөкөй кинээс көрдөһөн, үчүгэйдик маанылаан илдьэ сылдьыах, көрүөхистиэх буолан, атын төттөрү ылар. Ити кэнниттэн 25 сааһыгар диэри Кыргыылаах сүүрүк Бүлүү умнаһыгар биир да аты иннигэр түһэрбэт. Дьон Кыргыылаах сүүрэригэр аккаастанан, аттарын сүүрдэ да сатаабат буолаллар. 26 сааһыттан 28гар диэри Бүлүүгэ илдьэн, атын дьонунан сирэйдэнэн, атын аат биэрэн, сүүрдэн байаллар аҕай. Кэлин Кыргыылааҕа биллибитин кэннэ, дойдутугар төттөрү аҕалаллар. Бас билээччитэ Лөкөй Бодойбоҕо таһаҕас таһара үһү. Àтын илдьэн хаста да атыылыы сатаабыт, ону Бүлүүнү харбаан туораан, эһэҕэбөрөҕө сиэппэккэ, дойдутугар эргиллэн кэлэ турар эбит. Бүтэһик барыытыгар Остуолба төрдүгэр (билигин Ньурба гастрономун таһыгар) сыарҕалаах таһаҕастаах туран, кини сыарҕатыгар бааллан турар уонча сыарҕалаах аты соспутунан, сыарҕата алдьаныар дылы икки атаҕар туран тыбыыратыбыыра быатын быһа түспүт. Ону көрөн дьон: «Àты атыылыы илдьимэ. Бачча элбэх үтүөнү оҥорбут, үс нэһилиэк дьонун байыппыт, эн үпкүнхарчыгын хаҥаппыт сылгыны бэйэтэ өлүөр диэри күндүлээн баран, өллөҕүнэ үгэс быһыытынан араҥастыахха баар этэ»,— диэн көрдөһө, сүбэлии сатаабыттар. Дьон сүбэтин истибэккэ Лөкөй кинээс Бодойбоҕо илдьэн атын атыылыыр. Кэлин оруобуна ол Остуолбаҕа кэлгийэн туран Лөкөй кинээһи кыһыллар ытан өлөрбүттэрэ диэн кэпсээччилэр. Саха ата барахсан арыт киһитээҕэр өйдөөх, тугу барытын сэрэйэр. Кыргыылаах барахсан дойдутуттан барарын уонна эргиллэн кэлбэтин билэн төһө эрэ хомойдо, кинини ат гынан байбыт дьону туох эрэ дии санаата буолла... Н.Васильев-Соччо, Маалыкай. Тарҕат:
kyym.ru сайтан
➤
➤
kyym.ru сайтан