Кэпсээ
Войти Регистрация

Үөрэнээччи учууталын таптыан сөп дуо?

Главная / Кэпсээн арааһа / Үөрэнээччи учууталын таптыан сөп дуо?

K
20.08.2020 16:15
Дьикти саас Оскуолаҕа үөрэнэ сылдьан, мин учууталбын таптаабытым. Мин билигин, 40-ча сыл ааспытын да кэннэ, оччолорго буолбут дьикти түбэлтэни, килбик ыраас тапталы олус күндүтүк ахта саныыбын. Билигин эр киһи учуутал аҕыйаата дииллэр. Кырдьык, оскуолаҕа эр киһи аҕыйах. Баар да буоллаҕына, кыргыттар болҕомтолорун тардар кыахтаах дьон эбитэ дуу? Боппуруос. ...Мин түҥ тыа оскуолатыгар үөрэммитим. Кини биһиэхэ 5-с дуу, 6-с дуу кылааска үөрэтэ кэлбитэ. Арааһа, оччолорго 30-35 саастааҕа эбитэ буолуо. Бөдөҥ-садаҥ, үрдүк уҥуохтаах, ыраас сырдык сэбэрэлээх, өйдөөх харахтаах киһи кылааска киирэн кэлбитэ. Тула хайдах эрэ барыта сэргэхсийэ, уларыйа түспүтэ. Кини биһиги оскуолабытыгар кэлбитэ даҕаны туһунан устуоруйалааҕа. Атын оскуолаттан үөрэх сыла номнуо саҕаланан эрдэҕинэ көһөн кэлбит этэ. Сурах хоту иһиттэххэ, ол оскуола дириэктэрин кытта тыл-тылга киирсибэккэ, чэ, быһата, сатаспакка дуу, хайдах эрэ. Мин дьонум кэпсээннэриттэн өйдөөтөххө, кини бэйэтэ тус санаалаах, туруору соҕус быһыылаах-майгылаах, илэ-сала түһэрин сөбүлээбэт киһи этэ. Оттон мин аҕам хайгыыр, убаастыыр киһитэ миэхэ эмиэ харыс үрдүү түһэрэ. Мин олох кырабыттан классическай литэрэтиирэни сөбүлээн, тартаран ааҕар «романтическай» дууһалаах кыыс этим. Өссө 4-с кылааска үөрэнэ сылдьан, Мопассаны ааҕа сытарбын көрөн, аҕам табаарыһа киһи соһуйбутун өйдүүбүн. «Хайа, бу оҕо бачча кыратыттан Мопассаны ааҕар дуу?» диэбиттээх. Сөҕөн, баҕар, сүөргүлээн да буолуо. Нуучча классикатыттан саҕалаан, Франция, Англия биллиилээх суруйааччыларын арамааннарын түүн дьоммуттан кистээн ааҕа-ааҕа хараҕым уутун сотторум. Онон мин сүрэҕим, дууһам онно ойууланар дьикти тапталы күүтэрэ, туох эрэ ураты түгэн буолуон түүйэрэ. Мин ол арамааннарга ойууланар дьоруойдар уобарастарын оҥорон көрөрүм, бэйэбэр эмиэ сүрүн оруолу аныырым... Биллэн турар, ол дьоруой хайаатар даҕаны уһулуччу киһи буолуохтааҕа. Оттон мин бииргэ үөрэнэр үөлээннээхтэрим хайаан ол ирдэбилгэ эппиэттэһиэхтэрэй? Арагаайка тута-тута сүүрсэр, оччолорго «туруупканан» эйигин “ытыалыыр”, “иккигэ” үөрэнэн мөҕүллэр уолаттар диэхтээн? Онон кинилэртэн быдан атын таһымҥа турар эр бэрдэ киһини – бэйэм учууталбын — таллаҕым. Ол эрэн, көрдө-көрөөт таптаабытым диир, арааһа, сыыһа буолуо. Бастаан өйдөөбөт этим. Туохтан саҕаланна этэй? Үөрэтэр уруогар кини элбэх эспэримиэни, уопуту туруоран көрдөрөрө, саҥаны-сонуну кэпсиирэ, оҕо болҕомтотун тардара. Мин, дьиҥинэн, гуманитарий этим эрээри, кини туһуттан бу уруогунан үлүһүйүүм саҕаламмыта. Мин элбэҕи билэ-көрө сатыыр буолбутум, бырагырааманы таһынан эбии хасыһан үөрэтэрим, кини ыытар эбии куруһуогар сылдьарым. Сыччах кини хайҕабылын ылар, кинини үөрдэр туһуттан. Көр, учуутал ким эбитэ оннук улахан суолталаах, сөбүлээбэт биридимиэккэ кини туһуттан даҕаны үөрэниэххэ сөп эбит! Кэнникинэн кини миигин «син биир билэр» дии санаан буоллаҕа, соччо ыйыппат буолбута. Онтон биирдэ оскуола Саҥа дьыллааҕы бырааһынньыгар кини сиэркилэ үлтүркэйдэриттэн эргийэ турар улахан саары оҥорон, саала үөһэ ыйаабытын өйдүүбүн... Хайдах курдук үчүгэй этэй, ол Саҥа дьыллааҕы үөрүүлээх киэһэ! Хайдах курдук дьоллоохтук санаммыппыный, ол саар эргийэриттэн түһэр хаар кыырпахтара эргийэ көтөллөрүн көрө-көрө!
Мин санаабар, кини сатаабата диэн суоҕа. Кини тугу гынарын барытын хайгыы көрөрүм, сэргии саныырым. Барыта дьикти үчүгэй курдук көстөрө. Ол да тухары «арааһа, мин кинини таптыыбын ээ» диэн өйбөр оҕустарбат этим... Көннөрү, учууталбын маннык ылынабын дии саныырым. Арай, сарсыарда аайы оскуолаҕа бырааһынньыкка барар курдук, сүүрүүнэн элэстэнэн барарым – «бүгүн кинини көрсөбүн» диэн дьоллонон, кинини истэрбиттэн үөрэн. Кини миэхэ барыларыттан өйдөөх, барыларыттан кырасыабай, уһулуччу киһи этэ. Билигин кэргэннээх эр киһини таптаабыт дьахталлар ол киһилэрин ойоҕор туох эрэ дьиэги көрдүү сатыыллар. Оттон мин санаабар, киниэнэ барыта уһулуччу үчүгэй эрэ буолуохтааҕа – онон кини кэргэнэ, оҕолоро миэхэ эмиэ оннук этилэр. Мин онтон өссө эбии үөрэрим, дьоллонорум. Сыыйа ити ааспат-арахпат «ыарыыга» ылларбыппын дьүөгэм билэн, миигин уоскута, сороҕор буойа да сатаабыта. Ол эрээри, этэргэ дылы, «сүрэх ону ылыммат» этэ. Оскуола көрүдүөрүгэр эбэтэр бөһүөлэк уулуссатыгар кини иһэрин көрүстэхпинэ, оонньуута суох, тылбыттан матарым, долгуйан, сүрэҕим түөспүттэн тахсаары гынара. Килбигийэн, сири-буору кымыстыырым. Ол эрээри кини хантан билиэй, кини үөрэнээччитэ, ханнык эрэ кыра-хара, бүрэ кыыс сүрэҕэр хайдахтаах курдук уот умайарын? Уонна билбитэ да буоллар, хайыа этэй? ...Ол кэмтэн ыла сыл-хонук биллибэккэ сындыыстанан ааста. Оҕолуу ыраас тапталым умнулла быһыытыйда. Ол эрээри ол оскуолатааҕы тапталбын оҕолуу таптал диэххэ сөп дуо? Тоҕо диэтэххэ, оскуола 12-13 саастаах оҕото эрээрибин, букатын, били, классиктар арамааннарыгар ойууламмыт дьахталлар иэйиилэрин билбит эбиппин... Кэскилээнэ, Таатта. Өссө төгүл таптал туһунан Үөрэнээччилэр учууталларын үгүстүк таптыыллар. Оттон учууталлар үөрэнээччилэрин таптыыллара сэдэх. Манна учуутал аймах биир бигэ бириинсиптээх – оскуоланы, үөрэтэр киини, көҥүл таптал миэстэтигэр кубулутар сатаммат. Ол да буоллар таптал кутаата күөдьүйбүтүн, хайаан бобо тутуоххунуй, тууйуоххунуй? Маннык түбэлтэҕэ учуутал тугу гыныахтааҕый, хайдах буолуохтааҕый? Учуутал үөрэнээччитин таптыыра баар көстүү эрээри, урут кистэнэр, мээнэ көрүнньүккэ таһаарыллыбат, кэпсэл оҥостуллубат даҕаны этэ. Манныкка биир үксүн уопута суох, эдэр учууталлар түбэһэллэр. Кинилэр олоххо уопута да суохтарыттан, учуутал идэтин дириҥник билбэттэриттэн, өссө оҕо ураты уйулҕатын өйдөөбөттөрүттэн даҕаны онно түбэһэллэрэ өйдөнөр. Сорох эдэр учууталлар кинилэри таптаан кэбиспит үөрэнээччилэрин кытта салгыы хайдах-туох сыһыаны олохтуохтарын билбэттэр. Юлия, эдэр учуутал: — Үчүгэй оҕо элбэх. Мин барыларын кытта тапсабын, уопсай тылы булабын. Ол эрээри былырыыҥҥыттан ыла уопсай маассаттан биир уол биллэр буолбута. Миэхэ эрийэн төлөпүөннүүрэ, кэпсэтэр этибит, сонуннарын кэпсиирэ, санаатын үллэстэрэ. Мин киниэхэ ону-маны сүбэлээн-амалаан биэрэрим. Ол эрээри биирдэ өйдөөбүтүм, кини миэхэ сыһыана доҕордуу буолбакка, таптыыр кыыһыгар курдук эбит. Онтон уолум эйигин таптыыбын диэн билиннэ... Манныкка тиийиэ суохтаах этэ даҕаны, мин хайыыр да кыаҕым суоҕа. Кэлин, мин бэйэм кинини таптаан кэбиспитим. Биһиги оскуолабытыгар биир итинник түбэлтэ баара. Үөрэнээччи физкультура учуутала кыыһы таптаабыта. Уол оскуоланы бүтэрээтин кытта, кинилэр ыал буолбуттара. Холбоспуттара биэс сыл
буолла, икки оҕолоохтор. Атын соҕус түбэлтэни Станислав, география учуутала, кэпсиир: — Соторутааҕыттан мин аттыбыттан Яна диэн үөрэнээччим ончу арахпат буолла. Дьыалам хайдаҕын туоһулаһар, ону-маны интэриэһиргиир, хайдах-туох сынньаммыппын ыйыталаһар. Бастаан утаа эдэр учууталы кытта кэпсэтэрин-сэлэһэрин сөбүлүүр диэн, көнөтүнэн боростуойдук саныырым. Онтон арай кини саппыыската миигин букатын соһутан өлөрө сыста. Яна онно миигин хайдах курдук таптыырын билиммит! Билигин мин хайдах-туох буолуохпун билбэппин. Аны туран, «суох, сатаммат» диэтэхпинэ, тугу эрэ гыныа, бэйэтигэр да тиийиниэ диэн куттанабын. Тугу гыныахпын билигин өйүм хоппот, кырдьыгынан эттэххэ. Щербаковтар дьиэ кэргэттэрэ хайдах холбоспутуй? Учуутал уонна үөрэнээччи кыыс дьылҕаларын холбообуттарын, өссө дьоллоох ыал буолбуттарын туһунан элбэх холобуртан көрөбүт. Холобур, Щербаковтар дьиэ кэргэттэрэ. Борис Натанович, физика учуутала, былыр сэрии эрэ кэннинэ оскуолаҕа үлэҕэ анаммыт. Түөһүгэр элбэх мэтээллээх-уордьаннаах, байыаннай таҥастаах эписиэр уолу дэриэбинэ да кыргыттара, оскуолатын да үөрэнээччилэрэ – бары сөбүлүү көрөллөрө. Ол иһигэр кини кэргэнэ буолуохтаах үөрэнээччитэ кыысчаан. Ол эрээри “Борис Натанович кытаанах уонна тулуурдаах этэ” диир кэргэнэ. «Хаһан да үөрэхтэн атыҥҥа аралдьыйбат, бэйэтигэр ыкса чугаһаппат этэ. Мэлдьи бэһиэлэй, оҕо болҕомтотун тутар учуутал, ураты киһи. Биһиги бары кинини кытта олус сөбүлээн, отой арахпат этибит», — диэн ахтар. Кэлин, дьэ биирдэ өйдөөбүттэр, бу — көрдө-көрөөт таптал буоларын. Эписиэр уол таптыыр кыыһа — кини үөрэнээччитэ оскуоланы бүтэрэрин тулуурдаахтык күүппүт. Үөрэҕи бүтэрэр баал кэнниттэн миэхэ кэргэн таҕыс диэн көрдөспүт. Уон сыл буолан баран, кини бу оскуолаҕа дириэктэр буолбут, оттон кэргэнэ – киниэхэ лабарааннаабыт. Онтон ыла алта уон сыл ааспыт. Үөрэнээччитэ учууталын таптаабыт буоллаҕына... Маннык түбэлтэҕэ, учуутал өйдүөхтээх: Улаатан эрэр оҕо уйулҕата чараас, кэбирэх буолан, кинини мөҕөн-этэн, дьон истэригэр сэмэлээн, улахан охсууну оҥоруохха сөп. Онон кинини кытта кэпсэтэргэ, киниэхэ сүбэлииргэ, олус сэрэх буолуохха наада. Кини эһиэхэ тапталын туһунан бар дьон истиитигэр, билиитигэр-көрүүтүгэр таһаарар, ону күлүү гынар сатаммат! Биир өттүнэн, оҕо учууталга таптала көҕүлүүр, күүс биэрэр, көмөлөһөр, сүрдээх үчүгэй педагогическай ньыма. Ол да гыннар итини туох эрэ «атын» сыһыаҥҥа эрэннэрэн эбэтэр үөрэнээччи туйгун сыанаҕа үөрэнэрин күөртээн сыһыаннаһар сыыһа. Кэлин кини эйиэхэ майгынныыр гынан баран, уон сыл балыс киһини хайаан да көрсүө диэн санааны иҥэриэххэ наада. Ол эрээри өскөтүн учуутал уонна үөрэнээччи икки ардыгар маннык сыһыан саҕаламмыт буоллаҕына, учуутал бу оскуолаттан уурайара ордук. Тоҕо диэтэххэ, маннык сыһыан оскуола тас да, ис да өттүгэр сатаммат, көҥүллэммэт. Холуобунай дьыалаҕа да эриллии ыраахтан буолбат. Балаһаны бэлэмнээтэ Роман Ш.
kyym.ru сайтан