Мин эһигини барыгытын таптыыбын…
Главная / Кэпсээн арааһа / Мин эһигини барыгытын таптыыбын…
02.06.2023 10:53
Саҥа Дьылбыт барахсан кэтэһиннэрэн-манаһыннаран, дьэ, балай эмэ, син чугаһаата. Күн ахсын араас күлүмүрдэс киэргэллэр “мин эйигиттэн ортум ээ“ дэһиспиттии бииртэн-биир маҕаһыыннар, битириинэлэр тупсан, чаҕыл уотунан мичиҥниир уоттара элбээтэр элбээн истилэр. Ону кытта тэҥҥэ алтыһан, дьон аалыҥнаһыыта, массыыналар үөмэхтэһэ сүүрэллэрэ эмиэ күн-түүн эбилиннэр эбиллэн истэ. Болуоссакка дьэрэкээн өҥүнэн имнэнэ чыпчыҥныыр, кустук араас өҥө харыйа киэмсийэ, “барыгытын мин эрэ үөрдүөм” диэбиттии лаглайан турара, эриэккэс үчүгэйдик көһүннэ.
Изольда Ивановна, куорат киин балыыһатын хирургическай отделениетын сэбиэдиссэйэ, приемнай покойга кырбанан, ыарахан туруктаах киирбит биир буомуһу көрө олордо. Таҥас–сап буорайаахтаабыат, сыт-сымар да «мааны». Сордооҕу күүскэ да кырбаан кэбилээбиттэр - хараҕын быһа симэ сылдьан, ынчыктаан тиҥиргэтэр эрэйдээҕи, тутан-хабан көрдө. Көхсүн чинчийэрдии тутан иһэн, дьахтар “дьик” гына түстэ, эмискэ сүрэҕин харбана оҕуста, хата хаһыытаабатаҕар иһигэр махтана санаата: арай буомустарын көхсүн хабайар хаба ортотугар сүрэҕи майгынныыр хара улахан мэҥигэр сып-сырдык улаҕаккаан бэйэккэлээх быт сылдьар эбит. Изольда Ивановна олус түргэнник ойон турда, наһаа долгуйбут уонна эмиэ да олус көрдөспүт куолаһынан: «Түргэнник ваннаҕа, үчүгэйдик сууннарыҥ... сууннун, көмөлөһүҥ, баһаалыста» - диэт кабинетын диэкки, ким эрэ кинини эккирэппитинии дуу, кимтэн эрэ куотардыы дуу тоһугурайа турда. Икки санитаркалар үп-үрүҥ перчатка кэтэ-кэтэ «арааһа олус да сиргэннэ, хотуолаары ыксаата быһыылаах» дэстилэр. Суох, Изольда кини бытыттан да, кириттэн да, сытыттан сиргэммэтэ. Кабинетыгар киирээт: «Кини, кини, чахчы мин Игорим эрэйдээх дии, кини эрэ итинник мэҥнээх буолуохтаах. Кини, кини эрэ... Сэгэрбиин, күммүүн. Ол умнуллубат Саҥа Дьылтан ыла бу аан маҥнай көрдөҕүм, көмүһүм оҕотун даа, көмүспүүн»,-дии–дии сүрэҕин хам тутта-тутта, бииргэм төттөрү таары хаам да хаам буола сырытта.
Хата үлэ чааһа бүтэн, халаатын уста охсон, таҥнан, таһырдьаны былдьаста. Бэйэлээх бэйэтин миҥэтин-«Хаммерын» эрийэ тутан, оҕолоро сылдьар детсаадтарын диэки эрийэ тутан кэбистэ. Ол баран иһэн санаата эрэ барыта кини буолла…
Иза кинилиин, Игордыын тыаҕа “соседтыы” олорбуттара. Онон олох кыраларыттан бииргэ оонньоон-көрүлээн улааппыттара. Игорь кинини мэлдьи көмүскэһэ, харыстыы сылдьааччы, атын хайа да кыыска итинник сыһыаннаспат этэ, хайдах эрэ иккиэн убайдаах балыс курдук санаһаллара.
Биирдэ Оппуонньуска диэн орой мэник уол Изаны баттаҕыттан тардан ытаппытыгар, Игорь дьэ, кинини үчүгэй аҕайдык кэһэппитэ ээ.
Оскуолаҕа биир кылааска үөрэммиттэрэ. Игорь үөрэҕэр туйгун буолааччы, онтон Иза орто эрэ этэ. Контрольнайдарга, эксээмэннэргэ барытыгар көмөлөһөн, уруоктарын бииргэ ааҕан, Иза кэлин син үөрэҕэ тупсубута.
Кыра кылааска мотоҕоно курдук буолан баран, олус сытыы-хотуу Игорь уолчаан мэлдьи: «Мин улааттахпына пограничник буолуоҕум, дойдубутугар биир эмэ өстөөҕү буолуохтааҕар, күүдээҕи да киллэриэм суоҕа» диир буолара. Онто ханна баарый, күүдээхтээҕэр буолуохтар сундулуһан эрдэхтэрэ, онтон кини туохха да, кимҥэ да наадыйбакка ити кэбилэнэ сыттаҕа...
“Оо, сэгэрим сыыһа, мин муҥхабар дьэ киирдэҕиҥ, мин эйигин уонна ханна да ыыппаппын, хайаан да быыһыам сэгэртэй бээлээхпин, чыычаахпын» - дьахтар улам-улам чарааһаан, уйа–хайа суох ытаан, санна бииркэм дьигиҥнээн барда…
Кинилэр оскуолаларын бүтэрэн, Игорь байыаннай үөрэххэ, Иза быраас киэнигэр киирбиттэрэ. Эмиэ биллэн турар Игорь Изаҕа көмөлөһүү бөҕөтө буолбута, арааһа кинитэ суох киириэ суоҕа эбитэ буолуо. Үөрэх-билии үлүскэнэ, үөрүү-көтүү, дьол сыдьаайдаах устудьуон олоҕо саҕаламмыта. Игорь маҥнайгыттан туйгуннук үөрэнэн барбыта, биллэн турар оҕо сааһын доҕоругар Изаҕа уруккутун курдук наһаа кыһаллара, туох кыалларынан барытынан көмөлөһөрө, мэлдьи харыстыыра. Күн ахсын көрсөн, кэпсэтэн-ипсэтэн дойдуларын, дьоннорун ахтылҕанын мүлүрүтүһэллэрэ.
Туораттан көрдөххө иккиэн, улуу худуоһунньук кыһанан-мүһэнэн уруһуйдаабыт хартыынатыттан субу аҕай түспүт курдук, эдэр эрчиминэн күлүмүрдээн олус күүскэ таптаһар пааралар курдуктара. Кыыс хап-хара буспут бөдөҥ моонньоҕон харахтара, мыылай маҥан сирэйэ, нап-нарын уостара, уһун, хойуу баттаҕа, сип-синньигэс, иирэ талахтыы имигэс таһаата,уһун дьылыгырас атахтара, бэйэтигэр олус барсардык таҥнара-симэнэрэ, көтө-дайа чэпчэкитик хааман дугунара барыта көрүөххэ олус да кэрэтэ. Онтон уол былыргы олоҥхоҕо ойууланар саха бухатыырын санатара: үрдүк уҥуоҕа, дараҕар санна, чох хара харахтара, кытаанах сэҥийэлээх күн уотугар килэриччи сиэппит киһилии кып-кылабачыгас тириилээх номоҕон сирэйэ... Суох, ол гынан баран мантыкаларбыт төһө да мэлдьи сиэттиһэ сырытталлар, оннооҕор дьүрү биирдэ уураһан да көрө иликтэрэ. Хайдах эрэ бэйэ-бэйэлэрин курустаал таас тэҥэ санаһан, олус харыстаһаллара, харахха тута быраҕыллара...
Элбэҕи, туох эрэ уратыны, урут хаһан да буола илиги эрэннэрэ кэтэһиннэрбит Саҥа Дьыл киэһэтэ Сэргэлээх уопсайыгар үктэммитэ. Изалаах Игорь бу сырыыга үгэстэринэн сиэттиспитинэн бииргэ сылдьыбыттара. Олус үчүгэйдик үөрэн-көтөн, оонньуу бөҕөтүгэр кыттан, биир да үҥкүүнү көтүппэккэ үҥкүүлээн баран, чаһы стрелката 12 чааска чугаһаабытыгар хосторугар баран иһэн, Игорь сүрдээх истиҥник: «Иза, мин уолаттарым суохтар, иккиэн мин хоспор Саҥа Дьылы көрсөбүт дуо?»- диэбитигэр, кыыс сүрэҕэ тугу эрэ биттэммиттии сүр күүскэ мөҕүл гынан ылбыта...
Игордаах хосторо син кэҥэс эбит этэ, түннүк аттыгар турар остуолга олус тупсаҕайдык киэргэммит лаглайбыт харыйа араас уоттарынан күлүмүрдүү көрсүбүтэ. Иккиэн наһаа үчүгэйдик, истиҥник утарыта көрсөн туран, чаһы уон иккитэ охсорун устата, араас истиҥ баҕа санаалары бэйэ бэйэлэригэр эппиттэрэ аҕай. Онтон Игорь харыйа кэннигэр уулаах иһиккэ кичэйэн уурбут кып-кыһыл роза сибэккитин сэрэнэн ылан, Изаҕа ууммута: «Мин эйигин олус, олус күүскэ таптыыбын уонна үйэлээх сааспар эйигин эрэ, өссө төгүл этэбин, соҕотох эйигин эрэ таптыам» диэбитэ. Иза аһара долгуйан, нэһиилэ «мин эмиэ» эрэ диэбитэ. Ибигириир ип-итии уостарынан даҕайсан, оргууй сэрэниин-сэрэнэн уураспыттара. Онтон иккиэн килбигийэ-килбигийэ, бэйэ-бэйэлэрин көрсүстэхтэрин аайы, сирэйдэрэ чоххо баттаммыттыы тэтэрэ кыыһа-кыыһа, таҥастарын устан, иккиэн төрөөн баран аан маҥнайгыларын эр киһи уонна дьахтар сыһыаннаһыыларыгар киирбиттэрэ…
Кыыс уол көхсүгэр баар сүрэххэ майгынныыр обургу хара мэҥи имэрийэн ылбыта уонна дьээбэрэн: «сүрэҕиҥ аһара долгуйан, көхсүгэр куоппут дии» - дии-дии күлбүтэ. Таас курдук кытаанах, хас хамнаатаҕын аайы арааһынайдаан бүгүллэҥниир уол модун былчыҥнарын сөҕө-махтайа өр да өр имэрийэ, таптыы сыппыта…
Саргылаах Саҥа дьыл эдэр дьоҥҥо туох дьылҕаны уунан турарын ким да билбэтэ...
Сарсыардатыгар олус дьоллоох дьон үөрүү, эдэр саас эрчиминэн ыһыахтанан уһуктубуттара. Игорь күнүс аһыыр астарын ыла, маҕаһыыҥҥа барбыта. Уол маҕаһыынтан тахсан, оптуобус тохтобулугар кэлбитэ, үс мааны бэйэлээх холуочук уолаттар тураллара. Кинилэр, туох да буруйа суох уолу хайа түбэһиэх, охсон-тэбэн киирэн бартара. Игорь хайыыр да кыаҕа суох буолан, көмүскэнэн, сутуругун суулуу туттан баран кинини саайан эрэр уолу, бэрт түргэнник тутуу былдьаһан, сүүһүн хабайар хаба ортотугар охсубута, өлүү түбэлтэлээх, оруобуна аспаал суолга төбөтүнэн түһэн, биирдэ «налыс» гынан хаалбыта. Уоба оптуобус хорус гына түспүтэ. Ону кытта сотору буолаат да милиция массыыната уот-күөс бөҕөтө буолан, ыйылаан-дьуйулаан, тигинээн-таҕынаан элээрдэн тиийэн кэлэ охсубута. Игорь, милиция массыынатыгар үтэн-анньан киллэрэн истэхтэринэ, тапталлааҕар - Изатыгар ылбыт кып-кыһыл розаларын уонна кыра маҥан хоруопкалаах туордун массыына ыарахан көлөһөтө үнтү үктээн турарын көрөн баран биирдэ, тугу гыммытын, дьэ өйдөөбүтэ...
Улахан үлэһит ыал баар суох соҕотох уолларын улаханнык эчэтэн, элбэх уруута-тарыыта суох, аҥардас эбэлээх Игоры сэттэ сылга уурбуттара уонна соҕуруу утаарбыттара. Хайыаххыный, оччолорго суут-сокуон да кытаанаҕа. Тапталлаахтар барахсаттар төһөлөөх ытаабыттара-соҥообуттара, ахтыспыттара–суохтаспыттара буолуой? Төһөлөөх ыарахан санаа иккиэннэрин хам баттаабыта буолуой? Бука икки күүскэ таптаспыт, саҥардыы олох биир саамай кэрэ, минньигэс түгэнин эттэринэн – хааннарынан билбит икки эдэркээн сүрэхтэр төһөлөөх моһолу-эрэйи көрсүбүттэрэ, ол ыары барытын сүрэхтэригэр-быардарыгар сөҥөрдүбүттэрэ буолуой?! Иза өр кэмҥэ дөйбүт курдук сылдьан баран, аны аттыгар баар суох көмө-имэ буолар саамай чугас киһитэ, дурдата-хаххата өтөрүнэн кини аттыгар буолбатын дьэ өйдөөн, үөрэҕэр түһүммүтэ: сарсыарда түөртэн, биэстэн туран уруогун ааҕара, онон дьарыга соҕотох үөрэх эрэ буолбута.
Олус диэн ахтыһар, суохтаһар эдэркээн дьон маҥнай утаа сурук бөҕөтүнэн бэйэ-бэйэлэрин көмпүттэрэ. Онтон төрдүс сылыгар этэ - Игорь «миэхэ аны суруйума, миигин балыйан өссө сэттэ сылы эптилэр, бэйэҥ олоххун оҥоһун» диэн ис хоһоонноох, олус аймалҕаннаах тиһэх суругун кэннэ, күн бүгүнүгэр дылы биир да суругу тапталлааҕар суруйбатаҕа. Төһөлөөх суруйуон баҕарда этэй да, бэйэтин олох бүппүт киһинэн ааҕынан, Изаҕа суруйар суругар кириэс туруорбута. Иза «сэгэрим сыыһа, эмиэ миэхэ кыһаллан, ыал гына сатаан эрдэҕин, мин син биир эйигин эрэ таптыыбын, син биир, син биир эйиэнэ эрэ буолуом» дии-дии көрдөһө-ааттаһа, ытыы-соҥуу суруйа сатаабыта да, хайаан мэлдьи кураанахха дуксуйуой, сотору төрүт да сибээстэрэ быстыбыта…
Изольда дьиэ кэргэнигэр үһүөйэх эрэ этилэр. Эдьиийэ Зонида Амыарыкаҕа стажировкалана барбыта уонна сөбүлээн олох да олохсуйа хаалбыта. Эһиилигэр ийэтин ыҥыран ылбыта. Изольда олоҕор табыллыбатаҕын иһин, сир уларыттын, уоскуйдун, устунан ол уолу олох да умуннун дии санаан, ийэлээх эдьиийэ бэйэлэригэр ыҥыра сатаан кэбиспиттэрэ да, кыыс иннинэн да, кэннинэн да буолумматаҕа. Хайыай? Барахсан дууһатын түгэҕэр саныыр, кимиэхэ да быктарбат ымыы санаатын иитиэхтиирэ: «Игорим кэллэҕинэ бииргэ буолуо этибит» диэн.
Сыл-хонук көтө-мөҥөн, балысханнык иннин диэки хардыылыыра. Кыыс үөрэҕин кыһыл дьуппулуомунан бүтэрэн, куорат балыыһатыгар хирурунан анаммыта. Эдэр, кыраһыабай бэйэлээххэ иҥээҥнээччи олус элбэҕэ да, кини кимии да чугаһаппата. Биирдэ Москубаҕа Аан дойдутааҕы эмчиттэр симпозиумнарыгар барбытыгар, биир биллиилээх улахан учуонай, эдэрчи нуучча уола олус сөбүлээн, көрсүһэ сатаабытын, эмиэ киэр аспыта. Дэлэҕэ даҕаны кини этиэ дуо: «Ваша Изольда Ивановна, действительно, принцесса изо льда». Дьэ ол курдук, Иза барахсан Игорин туһуттан Амыарыкаттан да, Москубаттан да, араас саха чулуу уола хааннарыттан барыларыттан аккаастанан, аҥардас олус түбүктээх үлэтинэн эрэ аралдьытынан уонна Игорин хаһан эмит, баҕар олох хойут, төрүт бүдүгүрэ кырдьан да баран буоллун, көрсөр эрэл санаа кыымынан саатаан, олорбута...
Биирдэ Игорын сүр күүскэ ахтан-санаан, ытаан-соҥоон эрэйдэнэн утуйбут түүнүгэр, оччолорго Игорь олорбута уонтан тахсыбыт сыла этэ, Иза иччилээх түүлү түһээбитэ. Арай маҥан баттахтаах, маҥан таҥаһы эриммит Индия оҕонньоро киниэхэ олус үчүгэйдик, эриэккэстик чочуйан оҥоһуллубут, биилэрэ кылабачыйа сылдьар сып-сытыы икки быһаҕы биэрбитэ уонна кини балаһыанньатын бэркэ билэр киһилии «Уоскуй!» диэн биир эрэ тылы эппитин, кыыс умнубаттык өйүгэр хатаабыта.
Ол түүл кэнниттэн, «принсесса изо льда» мууһа-хаара дьэ ирэн-хорон, күлэрэ-үөрэрэ элбээн киирэн барбыта. Иза чугас дьүөгэтэ Жанна ону тута бэлиэтии көрөн, кинини театрга илдьэ барбыта. Сценаҕа үҥкүүһүт солист уол Сэргэлээх уопсайыгар Саҥа Дьыл түүн үҥкүү-битии, үөрүү-көтүү, көтөҕүллүү аҕай буолбут Игори олус да күүскэ санаппыта. Таптал туһунан олус иэйэн-куойан үҥкүүлээбитигэр, Иза хаста да күүскэ көхсүн этиппэхтээбитэ, умайа кыыспыт иэдэһин сойута илиитинэн туппахтаа да туппахтаа буолбута. Үҥкүүһүт уол оруобуна Игорь былчыҥнарыгар майгынныыр былчыҥнарын устун көлөһүнэ сүүрэрэ, бу сыллар усталарыгар сүүрбүт Изольда хараҕын уутун санаппыта.
Кэнсиэр кэнниттэн нусхал-нуоҕал ностальжи киэһэтэ үүммүтэ. Үҥкүүһүппүт аата эмиэ, киһи сөҕүөх, Игорь диэн этэ. Иза кинилиин ол биир соҕотох түүн эрэ бииргэ буолбута, хайдах эрэ хантан эрэ олуус олус ыраахтан, олуус олус ахтыбыт тапталлааҕа Игорега илэ бэйэтинэн, чахчы-бааччы күлэн-үөрэн кэлэн барбытын курдук санаабыта уонна бу уһун сыллар усталарыгар олус туоххаһыйбыт дууһата олуһуун-олуһун дьиктитик уоскуйан ылбыта...
Бу соҕотох биир эрэ түүн кэнниттэн Изольда Ивановна төһөлөөх эрэйи-муҥу көрбүтүн, бэйэтэ эрэ билэн эрдэҕэ. Хайдах тапталлааҕын таҥнарбытын, кини иннигэр ыар буруйу оҥорбутун санаата да, иэдэһин устун тохтоло суох хараҕын уута сүүрэрэ. Баччалаах элбэх уу ханна хорҕойо сылдьара буолуой диэн, Иза киһи хараҕын уута олус да дэлэйин сөхпүтэ. Кини бэйэтин бэйэтэ умнан, олох атын киһи курдук буолан хаалбытын олуһун диэн дьиктиргээбитэ. Иирэ талах курдук имигэс буолан хаалбытыттан бэйэтиттэн бэйэтэ соһуйбута да, кэлэйбитэ да. Санаа-оноо бөҕөтө буолан токуллан баран хас да хонукка, турар да кыаҕа суох сыппыта. Тулата барыта лүҥкүрэн, боруоран хаалбыт курдуга... Ол эрэн Иза биири олус үчүгэйдик өйдөөбүтэ – киһи бу сиргэ төрүүр ыйааҕа-чааһа тиийэн-тиксэн кэлбит буоллаҕына, ону хайа да бэйэлээх модун күүс тохтотор кыаҕа суоҕун, Айылҕа барахсан, Айыыһыт Хотун улуу күүһүгэр – кини биэрэр бэлэҕин туора анньар, утарылаһар күүс бу сир үрдүгэр кимиэхэ да суоҕун билбитэ...
Күһүөрү Изольда иччилээх түүлүн илдьиттэрэ - икки үчүгэйкээн уолаттар күн сирин этэҥҥэ көрбүттэрэ. Барыта сонун, дьикти олох саҕаламмыта. Уолаттара барахсаттар Уруйдаах Айхал ийэлэрин харыстыыр курдук ураты “успокойнайдарынан”, ытанньаҕа суохтарынан абыраабыттара… уонна били түүлүгэр дьоһун кырдьаҕас «Уоскуй!» диэбитинии, кырдьык даҕаны дьиҥнээх уоскулаҥы аҕалбыттара. Ийэ диэн бу сир үрдүгэр саамай бочуоттаах үрдүк ааты сүгэн, уолаттарын ымманыйа таптаан, кинилэринэн саатаан, тураҥхарбыт, туоххаһыйбыт дууһата сылаанньыйа сымнаан, чэпчээн, Изольда өссө тупсан, өссө кэрэтийэн чахчы да саха мааны далбар хотуна буолбута…
Бүгүн Изольда үлэтигэр олус ыксаан, үөрүүнэн ойутта. Сиэккилэтин иннигэр хаһааҥҥытааҕар да өр оҥостубутун, төһө да үп-үрүҥ халаат мэһэйдээтэр, хаһааҥҥытааҕар да мааны таҥаһын кэппитин билбэккэ да хаалбытын, иһигэр бэйэтэ улаханнык сөҕө санаан ылла. Ол дьоллоох Саҥа дьыл түүнүн кэннэ биирдэ да харахтыы илик тапталлааҕын, дьэ бүгүн саҥа үчүгэйдик өйдөөн-дьүүллээн көрөөрү долгуйан, сүрэҕэ, уолугунан тахсыахтыы, мөхсө иһэр. Туох эрэ олус күндүтэ сүтэн баран, эмискэ көстөн кэлэн, туох да аһара өрөгөйдөөх үрдүк үөрүү кэлбитин курдук дьикти турукка киирэ сылдьарын Изольда билбитэ...
Тиийээт да, хара ачыкы уонна сырдык халлаан күөҕэ өҥнөөх мааска кэтэн тиэтэл бөҕөнөн, тапталлааҕын көрө палаатаҕа барда. Киирээт да, хараҕа киниэхэ хатанна. Суунан-тараанан Игорь Игоринэн буолбут, баттаҕа, олоҕун өксүөнүн кэрэһэлээн, эрдэ маҥхайбыта олуонатык көстүбүтэ. Арай харахтара… оо, тапталлааҕын мэлдьи күлэ сылдьар харахтара ханна да суохтара, ол оннугар кинини олуус-олус курус да курус харахтар одуулаабыттарыгар, Изольда чуут ытыы сыста. Харахтара тобус толору уунан туолбуттарын, уостарын күүскэ да күүскэ хам ытырбытын биллэрбэтэхтэригэр, кыыс хара ачыкытыгар уонна мааскатыгар иһигэрулаханнык махтана санаан ылла. Уол бырааһа кинини олус кыһаллан-мүһэллэн көрбүтүн-истибитин уонна уҥа илиитин аата суох тарбаҕын тоҕо эрэ чинчийэрдии, өр да өр туппахтаабытын дьиктиргии санаабыта…
Долгутуулаах, күүтүүлээх Саҥа Дьылбыт үүнэр күнэ, дьэ үүннэ эбээт! Изольда Ивановна бүгүн өссө эрдэ Игорга анаан өр сыымайдаан, кээмэйдээн атыыласпыт барыта фирменнай таҥастарын, массыынатын кэннинээҕи олбоҕор тиэнэн илдьэ иһэр. Таҥастары күнүс Игорга палататыгар санитаркаларынан илтэрдэ уонна «реабилитационнай центрдар ыыттылар, киэһэ эйигин бырааһыҥ Ивановна ол центрга илдьиэҕэ» дэттэрдэ...
Тугу да сэрэйбэтэх Игоры, киэһэ Иза массыынатыгар олордон, дьиэтигэр илдьэ кэллэ. Дьиэҕэ киирээт сыгынньахтаммытыгар, хара ачыкыта, мааската суох Изаны көрөөт да Игорь тута биллэ: хараҕа эмискэ уратытык кэҥии түстэ, онтон аа-дьуо мэрбэйэ-мэрбэйэ, оргууй аҕай сэниэтэ эстибит киһилии тобуктуу кэлэн түстэ уонна Изаны синньигэс биилиттэн ыксары да ыксары кууһан, икки хараҕын быһа симэн олорон, кимтэн эрэ олуһун атаҕастаммыт кыракый уолчаан тапталлаах ийэтигэр кэлэн, тугу эрэ үҥсэ-үҥсэ ытыырын курдук, олус дириҥник эҥсэн ыла-ыла, уйа–хайа суох уһуннук, саҥа таһааран ытаата. Иза хараҕын уута Игорь хаар маҥан баттаҕын имэрийбит нарын тарбахтарын быыһынан сүүрдэ... Хайдах эрэ Игорга барыта соһуччута бэрт буолан уонна олус өр кэмҥэ сүтэрсэн, кэмчиэрийбиккэ дылы буоланнар, улахан кэпсэтии кыайан тахсыбата. Ол ыккардыгар Иза оҕолорун ылыахтаах чааһа кэлэн, «детсадка бардым, билигин кэлиэм» диэт таһырдьа ойдо.
Игорь наһаа кыбыһынна, килэйбит-халайбыт, барыта уурбут-туппут курдук олус ыраас куорат үс хостоох таас квартиратыгар бэйэтин наһаа сэнэнэ сананна. Бу уу чуумпу нуурал олоҕу уйгуурдуон, өр көрбөтөх саамай таптыыр, күндү киһитигэр боҕуу буолуон баҕарбата, онон мантан бэрт түргэнник тэскилииргэ сананан, таһырдьаны былдьаста. Сиэбин туттан көрбүтэ, арай харчылаах эбит. Аан маҥнай мэлдьи иҥээҥниир, үүрүллэр пивной баарын саныы оҕуста да, онно тэбиннэ.
Игорь манна таҥас –сап буолан киирдэҕинэ, көрө-көрө кынчарыйар, мырдыҥнаһар хотуттар, олус сыаналаах, мааны таҥастаах, олус ис киирбэх сэбэрэлээх хаһан да көрбөтөх киһилэрэ киирэн кэлбитигэр, бары олуһун кыбыста, сэргии-сэҥээрэ, ымсыыра көрдүлэр-иһиттилэр уонна олус үчүгэйдик сыһыаннастылар. Харчытын хостообутун көрөннөр, сыаналаах күндү арыгыны кута охсон биэрдилэр. Игорь толору арыгылаах бакаалы илиитигэр ылан баран, уҥуох уҥуоҕа барыта, бүүс-бүтүннүүтэ халыр босхо баран хаалла. Арыгытын күлүгэр үөрбүт да үөрбүт тапталлаах Изатын харахтара илэ бааччы көстөн кэлэргэ дылы гыммыттарыгар «Суо-оох!»- диэн киһи куйахата күүрүөхтүү олус улаханнык кыланна да, биир да омурду испэккэ эрэ, маҕыйа түһэн баран, таас иһити ойуулаах-бичиктээх кафель муостаҕа үнтү бырахта. Элбэх дьон баара бары Игорь диэкки хайыһан суугунаһа, күйгүөрэ түстүлэр. Уол тыына хаайтарбыт киһилии далбаатанан, таһырдьа ойдо…
Иза дьиэтигэр үөрэн-көтөн, оҕолорун кытта күө-дьаа кэпсэтэ-кэпсэтэ, ыксал-тиэтэл бөҕөнөн төннүбүтэ. Киһитэ суоҕун көрөөт да, тута олус ыксаабыт көрүҥнэнээт, дьиэтин биир гына түргэн үлүгэрдик тилийэ сүүрдэ,били үөрбүтэ-көппүтэ киһи сымыйанан эппитинии, эмискэ ханныы да суох буола түстэ. Ах баран, саҥарар кыаҕыттан матан, таҥалайдыы оһуор ойуулаах истиэнэтигэр хаста да сүүһүнэн охсуоланаат, кириэһилэтигэр лах гына олоро түстэ. Чочумча олорбохтоон баран, хараҕын быһа симпитигэр, икки иэдэһинэн бөдөҥ таммахтар куоталаспыттыы тохтоло суох, сүүрбүтүнэн бардылар. Кыатана сатаахтаата да, киниэхэ бэринэр кыаҕыттан хайы сах тахсыбыт, сүр күүстээх ытабыл эмискэ баҕайы төлө барда...
Уолаттара котокулар, куттанан аххан, икки өттүттэн имэрийэ туралларын дьэ өйдөөн-төйдөөн көрөн, оҕолоро барахсаттары аһынан, туттунарыгар, тулуйарыгар эрэ тиийээхтээтэ... Чочумча сүрэҕин имэрин да имэрин буолла. Хараҕын быһа симэн, тиҥиргэччи тэбиэлээбит чабырҕайын туттан, олоро түстэ.
Үһүөн астарын таһан, Саҥа Дьыллааҕы сандалыларын тардыбыта буоллулар. Чаһы уон иккини охсоро аҕыйах мүнүүтэ хаалла. Уу чуумпуну эмискэ баҕайы аймаан, аан звонога уруккутунааҕар адьас уратытык кылыгырыы ыллаата. Бары соһуйан, ходьох гына түстүлэр. Иза хайдах ааҥҥа тиийбитин билбэккэ да хаалла, кимин да ыйыппакка аанын тэлэйэ баттаата уонна сүр хатаннык часкыйа түстэ да, таһырдьаттан киирбит роза сибэкки уонна туорт тутуурдаах киһи моонньугар чэпчэкитик өрө ыстанан икки илиитинэн хам кууһа түһээт, үрүт-үрдүгэр сыллаабытынан-уураабытынан барда. Хап-хара, сип-сибилигин кырааскаламмыт баттахха Иза нарын тарбахтара үҥкүүлээтилэр.
Дьиэ иһэ соҕотохто үөрүүнэн-көтүүнэн, күлүүнэн-салыынан тобус-толору туола түстэ. Ол ыккардыгар чаһыылара саҥа, сонун олохтоох Дьыл үүнэн эрэрин биллэрэн, охсон барбытыгар өйдөнөн, сүүрүүнэн остуолларыгар кэлэн тула олорбуттарыгар, Игорь Изольдаҕа кып-кыһыл розалары уунна уонна олус истиҥник: «Мин эһигини барыгытын таптыыбын!» диэтэ. Иза түргэн үлүгэрдик хоһугар элэстэнэн киирэн, кып-кыһыл кыракый баархат коробконы элэгэлдьитэн таһааран, арыйа баттаата уонна күлүмүрдээбит икки кыһыл көмүс көлөөскөлөрү таһаарда. Тиэтэйэ-саарайа ибигирэс тарбахтарынан, уол уҥа илиитин аата суох тарбаҕар кэтэрдибитэ оруобуна буолтугар, үөрэн, мэктиэтигэр үөһэ ойуоккалаан ылла. Атын көлөөскөнү уол оргууй ылан, кыыс тарбаҕар кэтэрдэн иһэн, «тарбахпын ол иһин мэлдьи тутан, кээмэйбин ылбыт эбит ээ» дии санаан олуус олус үөрдэ уонна кыыс тарбаҕар эрчимнээхтик кэтэрдээтин кытта, Саргылаах Саҥа Дьыл барахсан үүннэ…
Үөрэ-көтө, баай–талым астаах остуолтан астынан турууларыгар, кырачааннара утуйдулар. Игорь уолаттары оргууй көтөҕөн хоско киллэртээн, муннун анныгар бэйэтэ эрэ билэр тылларынан саҥаран таптыы-таптыы оронноругар эр биир сытыартаата.
Маны барытын аан дьайыгар сыҥааҕын өйөөн турбут Иза олус уйадыйан, хараҕын уута сүүрэригэр кыһаммакка, көрө турда. Игорь утуйан буккуруу сытар үчүгэйкээн уолаттары көрө-көрө Изаҕа сибигинэйэн эттэ: “Тапталлааҕыам, эйигин туохха да буруйдаабаппын. Икки киһи кэлэр ыйааҕын тардыыта күүстээх, барыны барытын баһыйдаҕа дии. Ол күнү мүччү туппатаххыттан олус үөрэбин. Хата, айыыһыт бэлэҕин туора аспатаххар улахан махтал буоллун, эйиэхэ, тапталлааҕым. Мин ол кэмҥэ эн аттыгар суоҕум бэйэм сорум уонна буруйум буоллаҕа”. Игорь ис сүрэҕиттэн эппит итии сылаас үтүө тылларыгар уйдаран, Изольда сып-сырдык халлаан өҥө мааны былааччатын тимэхтэрин төлөрүтэ-төлөрүтэ, уоттаах кэрэ мичээри бэлэхтээн, уолга утары оргууй хардыылаата...
Күлүмүрдүүр дьуолка аттыгар кибис-киэҥ ороҥҥо уонтан тахса сыл устата сүтэрсэн баран, биир да күн тохтообокко ахтыспыт-суохтаспыт икки күүскэ да күүскэ таптаспыт сүрэхтэр көрсүбүт, өр да өр күүппүт дьоллоох үтүө түүннэрэ саба халыйан, үөһээҥҥи Үрдүк Айыылар кинилэрдиин тэбис-тэҥҥэ үөрэн-көтөн, араҥаччылыы, арчылыы, алгыы турбуттара…
Саҥа Дьыллааҕы уһун өрөбүлгэ олус дуоһуйа сынньанан, бэйэ-бэйэлэригэр өссө ордук чугасыһан, үлэҕэ тахсар кэм чугаһаабытыгар, Игорь иһигэр “кутуйах хааман” барбыта: «Ханна үлэлиибин? Тугу гынабын? Үлэҕэ ылыахтара дуо?» диэн бииртэн биир моһуоктаах санаа үүйэ-хаайа тутар буолта. «Оо, биир эмэ тэрилтэ үлэҕэ ылара буоллар, бугуһуйбут киһи сиэринэн, үлэлиэм да үлэлиэм этэ ээ» – дии санаата.
Кини били сириттэн кэлээт да, үлэ көрдөһөн көрбүтэ да, маҥнай син сонургаан баран, докумуонун көрөөт, уостан хаалаллара. Онон били салаасканан сыыртан түһэрдии, аллараа сырылаатар сырылаан иһэн, сэгэрин, бу сиргэ төрөөн баран биирдэ уонна үйэлээх сааһын устата соҕотох кинини эрэ билбит, таптаабыт саамай күндүттэн күндү киһитин - тапталлааҕын Изатын көрүстэ, онон хайаан да киһилии олоххо төннөр биир бигэ кытаанах быһаарыныыны ылыммыта. Үнүр баарга арыгылаах ыстакааны сиргэ үлтү быраҕарыгар, туох баар сатамматах, ыарахан олоҕо барыта ол курустаал таас иһити кытта тэбис-тэҥҥэ, хаһан да силимнэспэттии, үлтүрүйбүтүнэн ааҕа сылдьар. Онон аны Игорь үчүгэй эрэ олоххо олоруо.
Санаарҕыыр санаатын тапталлааҕа Иза өтө таайан, Игорь таһырдьа оҕолорун оонньото таҕыста да, төлөппүөн үрдүгэр түһэн, билсэр ханаалларыгар эрийэн, үлэ көрдүүр түбүгэр түһэр. Хата бу сырыыга улахан тутуу тэрилтэтэ сөбүлэһэн «ылабыт, хайаан да кэллин» диэннэр, Изольда атаҕа сири билбэт буолла…
Дьиҥэр кини Игорь хаһан тахсарын суоттаан билэ сылдьыбыта. Босхолонуохтаах кэмигэр ол куоракка тиийэн, тапталлааҕа көҥүлгэ тахсарыгар аттыгар баар буолуон, күүскэ да күүскэ кууһан, уураан ылан, дойдутугар, дьиэтигэр-уотугар хайдах илдьэ кэлэрин туһунан хаста хаста өйүгэр оҥорон көрдө этэй? Ону баара кини билбэтэҕэ, Игорь икки сыл эрдэ босхоломмутун…
Игорь бүгүн киһи буолан төрөөн баран, аан маҥнай үлэтиттэн тэрилтэтин оптуобуһунан дьиэтигэр айаннаан иһэр. Хараҕа бүтүннүү үөрүүнэн туолан, дьиэтин аанын эрчимнээхтик тэлэйэ баттаан, аанын боруогун чиҥник атыллаан, киирэн кэллэ. Бары төрдүөн үөрүү-көтүү, өр буолан баран кэлбит олус ахтыспыт дьоннуу ыбылыта куустуһан, сыллаһыы-уураһыы бөҕөтө буоллулар. Мип-минньигэс, толору астаах остуол тула олорон, күннээҕи үлэни-хамнаһы күө-дьаа кэпсэттилэр. Игорь араас омук дьоно улэлиир улахан коллективын тута сөбүлээбитин, ким да кинини кырыы хараҕынан кыратык да көрөн аһарбатаҕын, “уураппакка этэҥҥэ үлэлэтэллэр ини” диэн билигин да саарбахтыыр санаалааҕын барытын сиһилии кэпсээбитигэр, Изольда тапталлааҕын аһынан, сүрэҕэ аһыс гына нүөлүйэн ылла…
Биир ый ааһа охсон, Игорь бүгүн олоҕор аан маҥнайгы хамнаһын илиитигэр ботуччу тутан туран, уйадыйан, хараҕыттан уу-хаар баста. Үлэ чааһа уруккутунааҕар арыый эрдэ түмүктэнэн, сүүрүү-көтүү, күлүү-салыы элбээтэ.
Никодим диэн соччо-бачча сүрэҕэ-бэлэһэ суох, мэлдьитин ыарахан өттүн Игорга сэлээнниирин сөбүлүүр түөрт уончалаах киһи, уолга кэлэн: «Хайа, маҥнайгы хамнаһы хайаан да сууйуллар куолута, оччоҕуна эрэ үлэҕэр табыллан үлэлиигин», - диэн кып-кыараҕас харахтара Игорь харчытын диэкки иҥсэлээхтик көрдүлэр. Игорь иһигэр сөбүлүү санаабата да, куолутугар эрэ диэбиттии маҕаһыынтан икки коньяк, сокууска атыылаһан киллэрэн, дьонун күндүлээтэ. Бэйэтэ аны хаһан да испэппин диэбит тылын толорон, чугаһаабата. Никодим: «Ис доҕор, ис, ити аайы туох буолуоххунуй?» - диэн ыххайа, сыҥалыы сатаата да, биирэ ымыттыбата. Бары баһыыбалаат, ситиһиини, үчүгэйи баҕараат, дьиэлээтилэр.
Игорь дьиэтигэр кэлэн иһэн, маҕаһыыҥҥа сылдьан Изатыгар кып-кыһыл розалартан букет, бородуукта арааһын атыыласта. Дьиэҕэ киирээт, сиэбиттэн харчытын ордугун барытын хостоон, кэргэнигэр уунна. Наһаа ыарахан сүгэһэри түһэрбиттии чэпчээн, Изатын кууһан ылла: «Мин уонна эһигини бэйэм иитиэм, эн сынньана да түһүөҥ этэ» диэтэ. Иза онуоха олус үөрэн: «Кырдьык биир үлэбиттэн уурайан, арыый да сынньалаҥнык, холкутук сылдьыам, бачча иитэр-аһатар, көрөр-истэр кэргэннэнэн баран доҕор», - диэбитигэр, Игорь олуһун астынна уонна бэйэтин чахчы бааччы атаҕар чиҥник турбут киһилии сананна.
Күн – дьыл илим хотоҕоһунуу этэҥҥэ субуллан олордо. Уолаттар кыралаан тумуулаабыттарын аахсыбатахха, туох да кыһалҕата суох дьоллоох, нус бараан олох уһунна.
Игорь олус үлэһитин, өссө салайар дьоҕурдааҕын таба көрөн, биригээдэлэригэр биригэдьииринэн анаатылар. Хамнаһа да ботуччу үрдээтэ, үлэтэ да үксээтэ. Сарсыарда олус эрдэ кэлэн барытын дьаһайан-дьапсайан, аны күнүс үрдүкү тэрилтэлэринэн сылдьан туруорсар, саҥарар-иҥэрэр буолла. Киэһэ саамай бутэһигинэн үлэттэн барааччы эмиэ кини. Үлэһиттэрэ бары кини туох диирин кэтэһэр, наһаа убаастыыр киһилэрэ буолла. Арай мэлдьи арыгынан сыҥалыыр, Никодим ахсарбат.
Сотору мунньах буолуохтаах. Инники былааннар, билиҥҥи үлэ туолуута, олох-дьаһах боппуруостара. Үөһээҥҥи салалталарыттан саастаах нуучча киһитэ Викентий Всеволодович кэлэн, мунньахтара саҕаланна.
Бу оҕонньор Игордаах биригээдэлэригэр сотору-сотору сылдьар. Игорь аан маҥнайгы үлэтин күн эмиэ кэлэ сылдьыбыта. Онно оҕонньор кинини хайдах эрэ аһара одууласпыта, сонурҕаабыта хараҕар көстөр этэ. Хас кэллэҕин аайы илии тутуһан дорооболоһор уонна син биир атыттардааҕар Игори хайдах эрэ аһара манаһар курдугун, уол мэлдьитин дьиктиргии, дьиксинэ саныыр. Ол эрэн сымнаҕастык, мэлдьи сүбэлээн сыһыаннаһарын иһин, уол арыый да уоскуйбута.
Мунньахтара эриэ-дэхси баран истэ. Викентий Всеволодович Игорь бэркэ салайарын, үлэ көрдөрүүтэ кини салайыаҕыттан лаппа тупсубутун туһунан тоһоҕолоон бэлиэтээтэ уонна бүтэһигэр киниэхэ махтанан, өссө үчүгэйдик үлэлииригэр ситиһиини баҕарда. Остуолга аттыгар олорбут Игорь олус үөрэн, хараҕа чаҕылыйан олордо.
Онтон эмискэ Никодим тыл көрдөөн туран кэллэ. Ону-маны этэн иһэн: «Тоҕо биһигини хаайыылаах, буомус салайыахтааҕый? Биһиги тугуй? Хаайыылаахтарбыт дуу? Буомустарбыт дуу?» диэн саайда. Игорь биографиятын үксүлэрэ билбэттэр эбит, бары сүрдээҕин чуумпура, дьиктиргии тутуннулар. «Бүттэ. Барыта бүттэ. Син биир маннык буолуохтаах этэ», - диэн Игорь муҥнаах били үөрбүтэ-көппүтэ ханна да суох буола тустэ, арай күүскэ көхсүн этиттэ, хараҕын симириктээн ылла. Хайыыр да кыаҕа суох буолан, ойон турда, тулуйарыттан ааһан түргэн үлүгэрдик ааны аһан, тахсан барда. «Олор, Никодим Иванович, биһигиттэн ол дойдуга барбат курдук ким да страховкаламмыт суох. Олус кыраһыабайа суохтук быһыыланныҥ!» - оҕонньор аһара кыыһыран, Никодим диэкки олус кытаанахтык, кынчарыйан ыла-ыла чиҥ-чаҥ саҥарда...
Игорь санаата олус түһэн, оптуобус тохтобулугар кэлэн олордо. Хараҕа ирим-дьирим, сүрэҕэ бип-битигирэс. «Итиэннэ үлэлээн бүттэҕим. Бары туоратыахтара, сатаан үлэлэтиэхтэрэ да биллибэт. Мин туох буруйбар?! Хаһан эрэ, саманнык оптуобус тохтобулугар туох да буруйа суох киһини тыыппатахтара буоллун ньии, саманнык эрэйи эҥэрбинэн тэлиэм этэ дуо? Саманнык ыыстана, атаҕастана, кинилэртэн туох да атына суох эрээри, өссө сорох сорохторун баһыйарым ырылыччы көстөн турар эрээри, мэлдьитин дьонтон эрэ барытыттан итэҕэс курдук санана сылдьыам этэ дуо? Туох иһин?! Тоҕо?!» Туох баар кыһыытын-абатын, хомолтотун аһаран, таска таһаарардыы сананан, киоск диэкки атыллаата. Араас моһуоннаах пиибэ ымсыырда угуйда...
Эмискэ баҕайы төлөппүөнэ тырылыы түстэ. Игорь аат эрэ харата ылан көрбүтэ, Викентий Всеволодович эбит: «Сынок, Игорь, не обижайтесь, завтра приходите на работу. Очень прошу, сына», диэбитигэр Игорь, аҕа таптала диэн тугун билиэхтээҕэр, күн сирин көрүөҕүттэн, кини абааһы көруутугэр киирбит эрэйдээх, уйадыйан, олус чарааһаан баран, кыанна: «Да, приду», диэбитин, кулгааҕа эрэ истэн хаалла.
Игорь төрөппүттэрин көрбөтөҕө диэххэ сөп. Эдэркээн, олус кэрэ-мааны дьон ыал буолан, олус дьоллоохтук, бэйэ-бэйэлэрин күүскэ таптаһан ыал буолан олордохторуна, маҥнайгылара Игорь төрүүр. Ийэтэ барахсан кинини оҕолоноору, бэйэтэ быыһамматаҕа. Аҕата кэргэнин олус күүскэ аһыйан, өйүттэн тахсыбыт курдуга. Быыкаа Игори хаста да сутуругун туттан охсон истэҕинэ, эбэтэ быыһаабыт үһү. Бу дойдуга тулуйа сатаан баран, аҕата бэйэтин дойдутугар барбытын айыытынан, ууга тааһы бырахпыттыы, күн бүгүнүгэр дылы биллибэт.
«Уолчааныам» диир тыл Игорь кулгааҕар олус да минньигэстик, сылаастык, дириҥ иэйиилээхтик иһилиннэ. Бу сиргэ киһи буолан төрөөн, баччаҕа тиийэн-тиксэн кэлэн баран, аан бастакытын истибит тыла, Игори өйүн-санаатын, дууһатын олус да улаханнык долгутта! Уол хараҕа ууланан кэллэ. «Аҕаа, мин, төннүөм үлэбэр уонна өссө үчүгэйдик үлэлиэм, андаҕайабын!» - диэн Игорь уоһун иһигэр ботугураата уонна пиибэтин киоскатыттан эрчимнээхтик, хаһан да чугаһаабаттыы сананан, туора хаамта. Бу сырыыга баҕас оптуобуһун тохтобула сылаас хараҕынан көрөн, чахчы да түөрэҥнии сыспыт олоҕун быыһаан абыраата.
Дьиэтигэр бу түбэлтэни быктарбакка сананан, киирэн кэллэ. Тапталлааҕа Изольда сып-сылаас түөһүнэн сыстан, уоһуттан уураан көрүстэ: «Мин киэһэ эйиэхэ кэпсиирдээхпин», - диэт, туох эрэ дьикти сонуну кистиирдии туттан, хараҕынан имнэнэн ылла, минньигэстик да минньигэстик мичээрдээтэ. «Һуу, хата сэрэйбэтэ дии», - диэн уол үөһэ тыынан ылаахтаата.
Киэһэ утуйаары сытан, Изольда тапталлааҕын күүскэ да күүскэ кууһа, кууһа, олус элбэхтэ уураата-сыллаата уонна мичээрдии-мичээрдии эттэ: «Биһиги сотору оҕолонуохпут!». Игорь турара эбитэ буоллар, тиэрэ кэлэн түһүө эбит, ону хата, сытар буолан быыһанна. «Кырдьык дуо? Эн кырдьык этэҕин дуо? Оо, чыычаахпын даҕаны-ыы!» диэн олус, олус үөрэн, Изатын үрүт үөһэ уураа да уураа, сыллаа да сыллаа буолла. Бүтүн ис бараанын толорон, үөрүү үлүскэннээх күүһэ тобус-толору кутулунна... Бу күнтэн ыла уол кэргэнигэр өссө истиҥник сыһыаннаһан, олус харыстаан, илиитин үрдүгэр илдьэ сырытта.
Үөрүү-көтүү сыдьаайдаах, дьоллоох уу нуһараҥ олохторо доллоһуйа уһунна. Оҕонньору бары убаастыыр буоланнар эбитэ дуу, Игорь да барахсан туох куһаҕан кэмэлдьитинэн кинилэри ханньаардыа баарай, уол үлэһиттэрин кытта сыһыана өссө тупсан, өссө табыллан, өрө көтөҕүллэн этэҥҥэ үлэлии-хамныы сырытта… Никодимы атын биригээдэҕэ көһөрбүттэр этэ.
Игорь бүгүн үлэтигэр барбата. Изольдата төрүүр дьиэҕэ киирэн, үлэтиттэн көҥүллэтэн, аны дьиэһит буолла. Уолаттарын тэрилтэлэригэр илтэ, кэлэн дьиэтин-уотун хомунна. Киэһэлик сотовойа тыаһаабытыгар, Иза үөрбүт аҕай куолаһынан: «Кыыс! Кыыстаммыппытынан, тапталлааҕым!» диэбитигэр, Игорь олус үөрэн тылыттан матан баран, дьэ өй булан:
-Махтанабын, көмүһүм! Эйигин эмиэ эҕэрдэлиибин, кыысчааннаммыппытынан!- диэтэ. Үөрбүт аҕай Игорь иһигэр «Кыыс, кыыс! Эчи үчүгэйи-иин!» - дии саныы турда.
Изольда кылбардык быыһанан, үөһэ тыынан, харахтан сыыһы ылбыттыы чэпчээн, кыыһын кууһа сытта. Сотору кинини төрөппүт эдэркээн акушерка Наталья Ивановна киирэн кэллэ уонна эйэҕэстик мичээрдээт эттэ: «Кыыһыҥ наһаа кэрэ буолсу, «Кэрэ Куо» диэн сүрэхтииргэр сүбэлиэм этэ. Биһигини оскуолаҕа сахалыы тыыҥҥа үөрэппиттэрэ:киһи тус олоҕор кини аата улаханнык дьайар диэн. Итинник ааттаммыт киһи дьүһүнэ эрэ буолбакка, майгыта-сигилитэ, тулалыыр эйгэтэ, дьоно-сэргэтэ барыта кэрэ буолуох тустаахтар. Мин сахалыы ааты олус диэн ордоробун уонна бу мин бастакы төрөппүт оҕом» - диэт, хайдах эрэ киэн туттубуттуу тутунна. Изольда өссө төгүл махтанна уонна: «Олус үчүгэй ааты эттиҥ, ол эрэн миэхэ дьиэбэр үс бухатыырдаахпын, кинилэри кытта сүбэлэстэхпинэ сатанар» - диэтэ.
Үс бухатыырдар үс хонон баран, ийэлэрин, кыыстарын, балтыларын ыла, улахан икки букеттаах, үрүҥ халааттаах аанньалларга анаан ис сүрэхтэн кичэллээхтик оҥоһуллубут сэмэй бэлэхтэрин кууспутунан, төрүүр дьиэҕэ кутулла түстүлэр. Игорь тапталлааҕар кып-кыһыл розаларын туттарда: «Эҕэрдэ уонна махтал! Мин эһигини барыгытын таптыыбын!» диэн сипсийдэ.
Үөрэ-көтө дьиэлэригэр кэллилэр. Уруйдаах Айхал кыһыл оҕо диэни көрбөтөх дьон, дьиктиргээн, тула көтө сырыттылар. Онуоха Игорь дьээбэлэнэн: «мин эмиэ эһиги курдук, төрөөн баран, бачча сааспар дылы уу кыһыл оҕону хаһан да көрө да, сыллыы да иликпин ээ» диэтэ. Игорь ити кырдьыга этэ. Киэһэ бырааһынньыктыы олорон, кырачааннарыгар, кыысчааннарыгар Кэрэ Куо диэн үрдүк ааты үөрүүлээх быһыыга – майгыга иҥэрдилэр.
Кырачаан киһилэрэ күнтэн күн эбиллэн, улааттар улаатан, дьоннорун барыларын албыннаан, куттарын туттар тутан истэ. Кини хас биирдии кыракый ситиһиитэ, дьиэ кэргэн барытын улахан үөрүүтэ-көтүүтэ буолар буолла. Дайа олорор, этиргэн, мап-маҥан дьүһүннээх, мэлдьитин күлэ сылдьар харахтаах кырачаан Кэрэ Куону көрбүт эрэ барыта, «аҕатын уу иһинээҕи күлүгэ» диир буоллулар. Ол аайы Игорь олус, олус дьоллонор.
Дьиэлэрин биир хоһун спортивнай саала оҥорон, араас инбэнтээри атыылаһан, бары дьарыктанар буоллулар. Аҕалара уолаттарын дьиҥнээх эр киһи, бэйэтин көмүскэнэр, кыанар гына иитэргэ сананан, уолаттарын киэһэ аайы эрчийэр. Уолаттара икки хааппыла уу курдук тэбис тэҥ бэдиктэри, олус таптаан туран үөрэтэр-такайар. Байыаннай буолар баҕа санаата туолбатаҕын, баҕар, «уолаттарым байыаннай буолан туруохтара» диэн иһигэр баҕара саныыр идэлэннэ уонна «онно анаан-минээн дьарыктыам» диэн бүөрэмньи кистэлэҥ баҕа санааланна.
Уолаттар сотору оскуолаҕа киирэннэр, бары дьиэнэн оскуолаҕа баран, Билии бырааһынньыгар сырыттылар. Аны Изольда докторскай диссертациятын суруйар түбүгэр түстэ. Игорь тутуу инженерин үөрэҕэр киэһээҥҥи үөрэххэ киирдэ. Онон кыракый кыыстарыттан ураты, бары үөрэх дьоно буолан хааллылар. Арыт күн бары бибилиотекаҕа күннэрин атаараллар.
Викентий Всеволодович Игори үлэ араас мындырыгар аҕалыы үөрэтэр-такайар, наһаа истиҥник сыһыаннаһар уонна мэлдьи «уолчааным» диэн олус истиҥник ыҥырар. Биирдэ иккиэн эрэ балыктыы бардылар. Сүрдээх үчүгэйдик, олус табыллан сырыттылар. Балык бөҕөтүн илимнэриттэн ыллылар. Хочулуокка балык буһаран, астына-бастына балык миинэ иһэ олорон, оҕонньор: «Игорь, мин эйигин уолум диирбин, утарбат инигин?» диэтэ. Онуоха Игорь айбыт аҕатын туһунан уонна туох баар олоҕун бүүс бүтүннүүтүн кырдьыгынан кэпсээн биэрдэ. Оҕонньор хараҕа ууланан кэллэ, ойон туран Игори кууһан туран, иэдэһиттэн уураа да уураа буолла. Онтон олорбохтуу түһэн баран, олус дириҥник үөһэ тыынна уонна маннык диэн кэпсээтэ: «Мин эмиэ эн курдук Игорь диэн ааттаах соҕотох уоллаах этим, баара буоллар эйигинниин эт саастыы буолуо этэ. Уон тоҕус саастааҕар сөтүөлүү сылдьан, кыра оҕолору ууттан быыһыы сылдьан, бэйэтэ былдьаммыта. Онтон ыла киниэхэ майгынныыр уолаттары көрдүүрүм да, булбакка эрэйдэммитим. Эйигин көрөөт да, тута көрдөөбүппүн буллум дии санаабытым. Тоҕо диэтэххэ, эн киниэхэ тугуҥ эрэ олус диэн майгынныыра. Онтукам, эн майгыҥ, туттарыҥ-хаптарыҥ, ыраас баҕайы харахтаргынан көрөрүҥ-истэриҥ наһаа да майгынныыр эбит этэ. Онон испэр эйигин «уолум» диэн ааттаабытым уонна дьоммор сонно тута эн тускунан кэпсээбитим. Бу бүгүн эйигин сыллааммын, дууһам олус да чэпчээтэ, сылаанньыйда, махтал, уолчааныам», диэбитигэр иккиэн да уйадыйан, харахтара ууланан, куустуһан өр олордулар… Викентий Всеволодович өссө кыыстаах эбит, онто немец уолугар кэргэн тахсан Германияҕа олохсуйбута ырааппыт эбит. «Оннун булан, үчүгэйдик олорор» диэтэ. Киэһэлик аҕалаах уол үөрэн-көтөн дьиэлээтилэр.
Итинтэн ыла Викентий Всеволодович Игордаахха чаастатык сылдьар, сүбэ-ама биэрэр, туохтарыгар барытыгар кыһаллар дьиҥнээх аҕалара буолан хаалла…
Изольда докторскай диссертациятын ситиһиилээхтик көмүскээн, Игорь үрдүк үөрэҕин үчүгэйдик үөрэнэн дипломун ылан, аҕыйах истиҥ доҕордорун-атастарын түмэн биэчэр оҥордулар. Үөрүү-көтүү, оонньуу-күлүү, үҥкүү-битии оргуйан олордо. Киэһэ ыалдьыттары атаарыы буолтугар, Викентий Всеволодович бадаарагын таһынан, көстүүмүн ис сиэбин хасыһан, туох эрэ кыра суулааҕы, Игори ыҥыран туттаран кэбистэ. Дьиэ иһинээҕилэри барыларын сыллаата-уураата, уолаттарга ордук эйэргээн ылла уонна ааны эрчимнээхтик аһан, тахсан барда. Киэһэ оҕонньор тугу биэрбит эбитий диэн, чараас маҥан лиискэ сууламмыты арыйан аахпыттара, Игорь толору аата суруллубут сүүс тыһыынча харчылаах уурунуу киниискэ буолан соһутта. Игорь күөмэйигэр туох эрэ кытаанах бүөлүү түстэ: «Оо, аҕаа, аҕам барахсан, баһыыба!» - диэхтээтэ.
Игорь үлэтигэр үрдүктэн үрдүккэ дабайдар дабайан истэ. Аны быйыл элбэх киһи турбутуттан, киһи сөҕүөх, саамай элбэх куолаһы ылан Игорь куорат Дууматын депутатынан талылынна. Онон үлэтэ-хамнаһа, сүүрэрэ-көтөрө, туруорсара, этэрэ-тыынара олус элбээн, бииргэм тула эргичийэн олордо.
Аҕата ыарытыйабын диэн үлэтиттэн уурайан, Москубатыгар көһөн барбытын, дьиэнэн уйаҕастык атаарбыттара. Сибээстэрин хаһан да быспакка, сотору-сотору кэпсэтэллэр.
Уолаттар оскуолаларын бүтэрэллэрэ бу кэллэ, онтон Кэрэ Куо гимназия туйгун үөрэнээччитэ.
Игорь бүгүн депутааттар сессияларыгар мунньахтаан, сынньалаҥҥа көрүдүөргэ тахсыбыта, сотовойа тырылаата. Ылан көрбүтэ - аҕата эрийэр эбит. Игорь кулгааҕын даҕайбыта, Викентий Всеволодович кэргэнэ Людмила Андреевна аймаммыт куолаһынан саҥарда: «Игорь, Викентию Всеволодовичу плохо, без сознания» диэбитин истээт, Игорь: «Вечером, вылечу» диэбитин кулгааҕа эрэ истэн хаалла. Сарсыҥҥы сессияҕа тыл этэргэ суруттарбытын санаан ылла. «Буоллун», диэт чаһытын көрбүтэ, үс ааһан эрэр эбит. Секретарга барытын быһааран этэн баран, түргэнник элэстэнэн таһырдьа тахсан, массыынатын эрийэ тутан, дьиэтин диэкки түһүнэн кэбистэ. «Оо, аҕаа, аҕаа, тулуй, тулуй. Мин сотору тиийиэм» диир санаа биир кэм ытыллан олордо. Дьиэтигэр тиийэн Изольдаҕа кэпсээбитигэр, анарааҥҥыта уу хаар баһан туран: «Мин эмиэ барсабын, Игорь» диэтэ.
Оҕолоругар доҕор гына Жанналарын аҕыйах хонукка көһөрөн аҕалаат, Игордаах авиапортка ойуттулар. Оруобуна успейдаан, сөмөлүөккэ оннуларын булунан, уку-суку олордулар… Төбөлөрүн холбоон, санаарҕаан аҕай, нуктаабыта буола олордохторуна, сөмөлүөт сири билэн, дьигис гыммытыгар, уһуктан чэмэлис буола түстүлэр.
Ыйыллыбыт аадырыһынан тиийэн аан звоногун баттаабыттарыгар, санаарҕаабыт көрүҥнээх Людмила Андреевна ааны арыйаат, Игорга саба түстэ. Эмээхсин кэннэ кыыстара кэргэнинээн бааллара, эйэҕэстик дорооболостулар. Игорь түргэнник таҥаһын устаат, үргүлдьү оҕонньор хоһун ыйбыттарыгар, ааны оргууй аһан, иһирдьэ киирдэ.
Оо, бу сытаахтыыр эбээт саха боростуой уолун бэйэтин төрөппүт уолун курдук туох баар сүрэҕинэн-быарынан, ис дууһатынан олус күүскэ таптаабыт улуу нуучча оҕонньоро барахсан.
Оҕонньор тугу да аһаабатаҕа, саҥарбатаҕа үс хоммутун, арай биирдэ эмит «Игорь» диэбитин, эмээхсинэ сибигинэйэн кэпсии турда. Игорь оҕонньорго чугаһаан кэлэн, чочумча көрөн турбахтаан баран, төҥкөйөн сүүһүттэн сыллаан ылла, оргууй илиититтэн тутта уонна «Аҕаа, мин кэллим» диэтэ. Төрүт да ымыттыбакка сыппыт оҕонньор, хайдах эрэ хараҕын омооно хамсыырга дылы гынна, онтон, киһи сөҕүөх, хараҕын көрөн кэллэ. Өр соҕус Игори одуулаата, онтон нэһиилэ: «Сыночек, Игорь»- диэн, бэрт барбах иһиллэр гына саҥарда уонна кыратык мичээрдээн ылаахтаата. Хараҕын уута ыгыллан тахсан, аллара халыйда. Игорьдаах Изольда эмиэ харахтарын уутун кыамматылар. Уол аҕатын илиитин тутан турбута, эмискэ налыс гынан хаалла. Оҕонньор барахсан таптыыр, күндү киһитин кэтэһэ да сытаахтаабыт эбит, уолун көрөн, билэн, санаата туолан, бу орто дойдутуттан букатыннаахтык аттаннаҕа. «Быраһаай, аҕаа, быдан дьылларга» дии-дии Игорь саҥа таһааран син өр ытаата. Изольда да бокуойа суох сүүрэр хараҕын уутун, буолунай ыытан кэбистэ…
Үс хонуктаах арааһынай сүүрүүлээх-көтүүлээх түбүккэ-садьыкка барытыгар Игорь баһылаан-көһүлээн сырытта. Дьиэттэн таһаарарга Игорь бастакынан көтөхсөн, айылҕата анаабыт аҕата барахсаны ийэ буорун булларда…
Нөҥүө күнүгэр Игордаах Изольда бараары оҥостубуттарын көрөн, эмээхсиннээх кыыс истиҥ баҕайытык мичээрдээбитинэн кэлэн, Игорга туох эрэ кумаахыны туттаран кэбистилэр. Тугу да сэрэйбэтэх Игорь ылан, көннөрү ааҕан элэгэлдьитэн иһэн, туох эрэ ис хоһоонноох эбит диэн, сыныйан аахпыта, оҕонньор, Игорь аҕата, Викентий Всеволодович Гусев киниэхэ, тапталлаах соҕотох уолугар Кэрэмээһэп Игорь Ивановичка, Москуба куорат килбэйэр киинигэр турар түөрт хостоох баараҕай иэннээх кыбартыыратын аныырын туһунан бары силигэ-силбэтэ толору сиппит кэриэс-хомуруос суруга эбит.
Игорь наһаа соһуйан: «Нет, вы что, нам не надо, ничего нам не нужно» диэмэхтээтэ да, эмээхсиннээх кыыс үөс батааска биэрбэтилэр. «Братик мой, это мне ничего ненужно. Слово отца для меня всегда было законом. И я с удовольствием выполняю его самое последнее желание. Отныне этот дом со всем богатством принадлежит полностью вам. Теперь мы родные» - диэт иккиэннэрин иэдэстэриттэн уураан ылаттаата, өр соҕус төрдүөн куустуһан саҥата суох туран ыллылар. Онтон сарсын Германиятыгар ийэтин букатын илдьэ барарын, онно биир кыыс оҕолоохторун, оҕонньорунаан үлэлэригэр сүрдээҕин тиэтэйэллэрин туһунан кэпсээтэ уонна бүтэһиккэ, аҕабыт уҥуоҕун үчүгэйдик көрөөр-истээр диэн көрдөстө. Эмискэ баҕайы москвич буолан хаалбыт Игордаах Изольда хайыыр да кыахтара суох буолан, аҕаларын тоҕус хонугун ылаары, хааларга сананнылар...
Аҕаларын тоҕус хонугар, дьон-сэргэ син муһунна. Аһаан ортолоон эрдэхтэринэ, оҕонньор саамай истиҥ доҕоро Александр Ильич туран эттэ: «Витя меня попросил еще зимой о трудоустройстве вас здесь. Вот я принес от организаций хорошее известие о том, что вас принимают на работу. И я очень рад и доволен, что с честью выполнил последнюю просьбу своего самого лучшего друга». «Оо, хайдахтаах киһи буолуой, барытыгар эрдэттэн, миэхэ тугу да быктарбакка эрэ сылдьан кыһаллан түһэн, киһи эрэ сөҕүөх. Барҕа махтал, тапталлаах аҕаккам барахсан!» дии саныы олордо хараҕа толору уунан туолбут Игорь…
Уруй уонна Айхал оскуолаларын түмүктүүр баалларыгар, эмиэ бары дьиэннэн тиийэн, дуоһуйа сылдьан баран, дьиэлэригэр киирэн, инникилэрин сүбэлэһэ, остуол тула олордулар. Уолаттар үөрэхтэрин аҕыйах түөртээх кырылас биэһинэн бүтэрбиттэр. Онтон Кэрэ Куолара оскуола боруогун атыллыаҕыттан, билбит сыаната эрэ «биэс». Уолаттар кыра кылаастан баҕарбыт үөрэхтэригэр – байыаннай буолар үөрэххэ туттарсарга бутэһиктээхтик быһаарыммыттарын истэн, аҕалара ойон туран, төбөлөрүттэн сыллаталаан ылла. Игорь түөһүн толору минньигэс сүүрээн сүүрдэ: “уолаттарым барахсаттар мин ситиспэтэхпин ситиһиэхтэрэ, мин туолбатах баҕа санаабын толоруохтара, бу дьолу,” - дии санаата.
Сотору кэминэн хомуна охсон Москваҕа барыта толору миэбэллээх дьиэлэригэр көһөр үөрүүлээх түбүктэрин түмүктээн, бу бары сөмөлүөтүнэн көтөн күпсүтэн иһэллэр. Дьиэлэрин Жанналаах ыал, икки оҕолоох кыыстарыгар «хаһан наадыйыахпытыгар дылы босхо олоруҥ» диэн туттаран кэбиспиттэрэ…
Игордаах дьиэлэриттэн бэрт чугас байыаннай академия баарыгар, уолаттар эксээмэннэрин этэҥҥэ туттаран, хамыыһыйа бөҕөтүн ааһан ылылыннылар. Кыыстара эмиэ дьиэлэриттэн ырааҕа суох элитнэй оскуолаҕа киирдэ. Аҕалара Викентий Всеволодович кыһаллан-мүһэллэн булбут үлэлэригэр, Игордаах Изольда этэҥҥэ үлэлии сылдьаллар. Онон Улуу Москуба куорат толору бырааптаах хаһаайыннара буолан, нус бараан олохторо уһунна…
Этэҥҥэ олордоххо күн-дьыл ааһара эчи түргэниин. Уолаттар үөрэхтэрин ситиһиилээхтик бүтэрэн, Уруй манна, Москубаҕа үөрэҕи бүтэрбит саха кыыһын кэргэн ылан, кыыс оҕолонон Дьокуускайга байыаннай комиссариакка улахан дуоһунастаах байыаннай, бэйэлэрин дьиэлэригэр олохсуйан олороллор. Онтон Айхал тус соҕуруу погранзаставаҕа начальниктыы олорор. Нуучча кыыһа кэргэннээх, биир уол оҕолоох. Кэрэ Куо аата кэрэһэлээн «Мисс-Якутия» буолбута, онтон соторутааҕыта Россия кыраһаабыссаларын куонкуруһугар бастаан «Вице-Мисс Россия» ааты ылбыта. Билигин кини МГУ медицинскэй факультетын студентката.
Аҕаларыгар сыаналаах, гранит таастан оҥоһуллубут уҥуоҕу туруоран, мэлдьи сылдьа, көрө-истэ тураллар.
Дьэ, ити курдук, биир саха сэмэй уола Игорь Кэрэмээһэп түһүүлээх тахсыылаах олоҕун туһунан дьоҥҥо-сэргэҕэ сэһэргээтэххэ. Маны этэн эрдэхтэрэ «уол оҕо барахсан биир күн ат өрөҕөтүгэр, иккис күн ат уорҕатыгар» диэн…
Бу сиппилигин Игорь почтаттан таҕыста. Төһө да билиҥҥи үйэҕэ интернет-сибээс муҥутуурдук күүһүрдэр, Игорь кулун тутар 8 күнүнэн Германияҕа баар халыҥ аймаҕын, икки кийииттэрин, кырачаан сиэн кыыһын эҕэрдэлээн открытка бөҕөтүнэ суруйан, почта дьааһыгар түһэрдэ.
Почтаттан тахсаат сибэкки атыылыыр киоскаҕа кэлэн, наһаа кыраһыабай роза сибэккилэри талан атыылаһа туран, хараҕын кырыытынан көртө, биир буомус илиитин тоһуйан тураахтыыр эбит. Игорь харчытын ордугун син ботуччу суумманы барытын эрэйдээх олохтоох киһи ытыһыгар куду аспытын, анарааҥҥыта үөрэн аҕай, саба тарыйан ылаат, сүүрэ - хаама былаастаан барбытын, кэнниттэн көрөн туран, элбиих элбэх халлааҥҥа харбаспыт баараҕай, мааны олорор дьиэлэри туппут киһи быһыытынан: «Ким да буомус буолан бу сиргэ кэлбэт ээ. Эрэйдээхтэргэ тоҕо боростуой да соҕус гына дьиэ туппаттара буолуой? Оччоҕо буомус аармыйата халыҥыа диэн дьиксинэллэрэ дуу? Ама ким итинник олоххо баҕарыай? Буомус диэн таҥара кинигэтигэр кытта баар дьон. Онон бу олоххо кинилэр кэккэлэрин хаҥаппатах, эбэтэр ол кэккэҕэ киирэн баран тахсыбыт буоллаххына - эн номнуо, хайы-сах улахан дьоллооххун!
“Ама, мин эмиэ итинник сылдьаахтыам этим дуо, өскөтө…” диэн иһэн, тапталлаах күндү дьоннорун: кэргэнин-Изольдатын, оҕолорун, аҕатын – улуу нуучча сүдү кырдьаҕаһын сүр сытыытык санаан кэллэ уонна Москуба барахсан киҥкиниир кип-киэҥ, күп-күөх халлаанын диэкки хантайан туран, роза сибэккилэриттэн үөһэ быраҕаттыы – быраҕаттыы, улаханнык да улаханнык, күөмэйин муҥунан хаһыытаата: «Мин эһигини барыгытын таптыыбыы-аан!!!».
21.02.2011сыл
Валентина Шологонова-Суруйдаана