Кэпсээ
Войти Регистрация

Табыктыын көрсүhүү

Главная / Кэпсээн арааһа / Табыктыын көрсүhүү

K
Күлүк
02.06.2023 12:47
Бу түбэлтэ Мэҥэ-Хаҥалас улууhун Бүтэйдээх сэлиэнньэтиттэн көстөн ордук ыраах сиргэ күлүмүрдүү оонньуур Куоллара үрэҕиттэн субу көстөн турар алааска буолбута. Былыр бу Булгунньахтаах алааhыгар элбэх ыал олоро сылдьыбыт. Ону алааhы төгүрүччү ордон хаалбыт дьиэ акылааттара, сэргэлэр уонна балаҕан, хотон баҕаналара билиҥҥэ диэри тураллара да туоhулуур. Алааска түөрт өттүттэн айан суола киирэр. Илин өттүгэр элбэх оттуур ходуһалаах, Орто Эбэ диэн бөдөҥ эмис соболоох, Саар Көстөкүүн кэмигэр андытыттан амсатар бэрт дириҥ күөл баар. Соҕуруу өттүттэн кыра ырааһыйа нөҥүө Оһохтоох диэн эбэ, арҕаа өттүттэн Ходьоҥ сайылыга диэн баай Мааркаптар өтөхтөрө, хотугулуу арҕаа өттүнээҕи киэҥ аартыгынан Куоллара киэҥ-куоҥ оттонор ходуһата көстөр. Манан Бүтэйдээхтэн уонна Чурапчыттан кэлэр айан суоллара холбоһон Булгунньахтаах алааска киирэллэр. Алаас хоту өттүгэр 200 м ойуур нөҥүө Мастаах Уол үрэҕэ диэн ааттанар саас Кыдьыдьыма, Дириҥ, Орто Эбэ диэн күөллэри Куоллара үрэҕи кытта ситимниир кыра үрэх ааһар. Алаас хоту өттүгэр сыыр үрдүгэр былыргы киһи уҥуохтарын миэстэтэ баар. Онно былыргы алпаабытынан суруллубут тааһынан сабыллыбыт дьон уҥуохтара күөрэ-лаҥкы баран сыталлара көстөр. Ол сир салгыытыгар маҥнай утаа биһиги түөрт миэстэлээх балааккабыт, онтон кэнники үүтээммит турбуттара. Кустуур күөлбүт аптамаат саа нөҥүө-маҥаа тэбэр кыра уулаах. Онтубут систэн хаар уулуннаҕына туолан, Куоллараҕа түһэр. Кыһынын дөйө тоҥор. Бу – былыр-былыргыттан кус таптаан түһэр буолан, сааһыттар быһа ааспат сирдэрэ. Мин манна кэргэним убайын кытта уонтан тахса сыл устата кустаан турабын. Кини Бүтэйдээхтэн 12 км сири сатыы сылдьара, онон үксүгэр киэһэ 9-10 ч. саҕана кэлэрэ. Мин Алтан сириттэн, 20 км матасыыкылынан, кэнники 6 км Сатаҕайтан быһа түһэн сатыы сылдьарым. Сарсыарда 4 чаас ааһыыта отуубутугар тахсан чэйдээн баран тарҕаһарбыт. Саас, күһүн балааккаҕа, кэлин үүтээҥҥэ соҕотоҕун, хонон-өрөөн утуйар буоларбыт да, туох да ураты баар сибикитэ биллибэт этэ. Арай дөрүн-дөрүн түүлбэр маҥан баттахтаах, мап-маҥан ырбаахылаах кырдьаҕас баҕайы эмээхсин киирэрэ. Кус хойуу буолан, ыраахтан-чугастан ыалдьыт-хоноһо куруутун баар буолааччы. Бу дьонуҥ, үгэс быһыытынан, бытыылка кэһиилээх буолаллар. Кинилэр үксүн дурдаҕа киирбит кэннэ эбэтэр киирээри сырыттахпытына кэлэллэр, оччоҕо ол киэһэ бытыылка аһыллыбат. Арай хас аһылык ахсын саха сиэрин тутуһан бастаан уоппутун аһатар буоларбыт. Биирдэ дьон кэһиитин аһа да соруммакка ууран кэбиспитим. Дурдаҕа киирээри ыксаан бөҕө. Түүн саамай хараҥа кэмигэр 1.5-2 ч. утуйан ылааччыбын. Хараҥаҕа кус түстэҕинэ, үчүгэйдик көрөр дьон: кынным эбэтэр ыалдьыттар ыталлар. Ол түүн эмиэ үгэспинэн утуйа сытан түүл түһүүбүн. Отуум таһыгар олорор эбиппин. Били, маҥан баттахтаах мап-маҥан уһун ырбаахылаах эмээхсиним тиийэн кэлэр. «Оҕолор, аскытыттан бэрсибэтигит», — диир. Сарсыныгар кынныбар «төһө да бэйэбит испэтэхпит иһин, кэһииттэн аны өтөхпүт иччитигэр аһаттахха табыллыыһы» диэн эппитим. Сорох дьыл ону таһыччы умнан кэбиһэрим, оччоҕо ол эмээхсиним хайаан да түүлбэр киирэн санатар буолара. Биир сарсыарда, үгэс быһыытынан, 4 чааска отуубутугар чэй сылыттан аһаан баран, кынным дьиэтигэр Бүтэйдээхтээтэ. Сарсыарда оскуолатыгар маҥнайгы уруокка баар буолуохтаах. Мин хаалан аптамаат саабын туппутунан уубун эргийэ хаама, кус көтөн таҕыстаҕына, күөрэтэр гына бэлэм иһэбин. Хаһан баҕарар хойобуун буолбут кус уҥуор тахсар үгэстээх, санаабар, ону сойуолаһа бардаҕым. Арай сытар уубут илин өттүгэр аарыма сыгынах сытарыгар чугаһаан эрдэхпинэ, ыраах массыына айаннаан куугунатар тыаһа иһилиннэ. Бачча эрдэ чурапчылар Бүтэйдээҕинэн Майа диэки ааһан истэхтэрэ диэн кыһаллыбатым, салгыы хаамабын. Сыгынаҕым сытар сиригэр кэлиибэр тыаһым улам-улам улаатан ДТ-75 тыаһыгар маарыннаан, бу ньирилээн кэллэ. Онуоха аны, бүтэйдээхтэр наһаа да эрдэлээн саһаанныы кэлбиттэр дии санаан, Куоллараттан кэлэр суол диэки көрүөлүүбүн. Туох да баара көстүбэт. Тиһиликтээх тыраахтар аттыгынан аастаҕына, сир титириирэ биллэр баҕайыта. Сирим оннук титирэстиирэ улааттар улаатан барда да, тыраахтар иһэрэ көстүбэт. Арай соҕуруу диэки хайыспытым, Оһохтон кэлэр айан суолун уҥа өттүнээҕи ыркый ойууртан сыыһы-буору кыырай халлааҥҥа өрө ытыйан холорук тахсан иһэр эбит. Сарсыардааҥҥы сөрүүҥҥэ холорук түспүтүн бу иннинэ көрсө илигим. Төһө да иччилээх холорук буолбутун иһин, күн уота салгыны сылыппытын кэннэ күнүс эбэтэр киэһэлик түһүөн сөп этэ. Онон атын «дьон» айаннаан истэхтэрэ диэн сэрэйдим. Холорук сыһыыга киирээтин кытта абытайдаах тыас, хаптаһыны хаптаһынынан таһыйан эрэ курдук, өрө лаһыгыраан түстэ. Сарсыардааҥҥы дьыбарга чыычаах эрэр саҥатынан туолан турбут алаас иһэ эмискэ өй мэйдээх тулуйбат тыаһынан туолла. Урут манныкка түбэспэтэх киһи табыктара диэн бу буоллаҕа, хайа диэки хайыһар эбит диэн, утары көрөн турдум. Табыгым миигин көрдө-көрбүтүнэн ууга чугаһаан барда. Ууга киирэрэ 4-5 миэтэрэ хаалбытын кэннэ туох имнэммитэ буолла, «Тохтооҥ!» – диэн хаһыытаан бытарыттым. Буолаары буолан, тоҕо эрэ элбэх ахсааҥҥа туһаайан. Хаһыым дуораана ситэ сүтэ илигинэ алааһым иһэ, чыычаах да ырыата иһиллибэт гына, уу чуумпу буола түстэ. Табыгым көрөн турдахпына, биллэр-биллибэттик дьигис гына-гына, туохтан эрэ иҥнибит курдук, тахсыбыт сиригэр, ыркый ойуур быыһыгар киирэн, сыыһы-буору өрө ытыйан тус арҕаа хайысханан бара турда. Бу түбэлтэ буолуон быдан инниттэн күһүн, саас кустуур алааспыттан Бүтэйдээххэ сатыы барар-кэлэр этим. Онно Куоллара куула өттүнэн баран иһэн биир сиргэ кэллим да, куйахам үмүрүтэ тыытар, этим-сииним сааһа барыта аһыллан хаалар этэ. Манна сытар кырдьаҕастар кыратык «дьээбэлииллэрэ» эбитэ буолуо, ол «дьон» түбэһиннэрдэхтэрэ дии санаатым. Табыкпын «атааран» баран, бэрт түргэнник хомунан дьиэлээбитим. Сахалыы толкуйунан, аны манна бултуурбун олохтоох кырдьаҕастар сөбүлээбэтилэр дуу диэн санааттан сааланарбын тохтоппутум. Кэлин Бүтэйдээх оҕонньотторо Булгунньахтаахтан төһө куһу кыдыйдыҥ диэн ыйыттахтарына, олохтоох уолаттар сааланарбын боппуттара диэччибин. Олох хойут, наһаа ыйыталларын иһин тоҕо кустаабат буолбуппун кэпсээбиппэр, сөпкө гыммыккын диэбиттэрэ. Онно билбитим, Куоллараҕа аата ааттаммат сүдү ойуун көмүллэ сытар эбит уонна мантан биир көс кэриҥэ сиргэ Амма улууһун сиригэр эмиэ кини курдук күүстээх ойуун көмүллэ сытар үһү. Кинилэр былыр-былыргыттан сөп буола-буола сылдьыһаллара эбитэ үһү диэн кэпсииллэр эбит. Оҕонньотторум: «Ол табык үрдүгүнэн барбыта буоллар, суорҕан-тэллэх киһитэ буолуоххар диэри ыараханнык ыалдьыаҥ этэ. Эбэтэр олох өлөн да хаалыаххын сөбө. Күтүөппүт, Бүлүү оҕото, бэйэҥ да хайдах эрэ киһигин быһыылаах, ол айылаах тыаһаан-ууһаан айаннаан иһэр ойууну тоҕо төттөрү салайан кэбистиҥ?» – диэччилэр. Ону мин: «Тоҕо төттөрү барбытын бэйэтэ билэн эрдэҕэ. Ону отчуоттатар кыаҕа суох урааҥхайбын», – диэччибин. Онтон ыла Булгунньахтаах алааһыгар үктэнэ иликпин. В.М.Мэхээйлэп, тыыл бэтэрээнэ, Амма сэлиэнньэтэ. Эрилик Дархан таһаарыыта.