Кэпсээ
Войти Регистрация

ТОМПО ҮРЭХ ТААБЫРЫНА

Главная / Кэпсээн арааһа / ТОМПО ҮРЭХ ТААБЫРЫНА

K
Айылҕа дьиктитэ
03.06.2023 11:35
Бу куhу аан маҥнай 1983 сыллаахха кулун тутар 21 күнүгэр кɵрбүтүм. Мин ол күн соҕотоҕун Томпо үрэҕэр муус аннынан күɵгүлүү барбытым. Атас уолбун ыҥырбыппын сүрэҕэлдьээн барсыбатаҕа. Мин оччолорго отут саастаах, күɵгэйэр күммэр сылдьар этим. Өр буолбакка, күɵгүлүɵхтээх сирбэр хайыhарынан хааман тиийбитим. Хата, ким да сылдьыбатах. Анньыынан мyyhy тэhэн кɵрбүтүм - туох да хара баhаам балык мустан турар эбит. Υксэ эриэн кɵҕүстээх, дьэрэкээн дьүhүннээх дьарҕаа. Мин тута балыгы ылыам дии санаабытым табыллыбата, тоҕо эрэ мэҥиэбэр тɵрүт кыhамматтар, хата үрдүлэригэр эйэҥэлэттэхпинэ дьалты баран биэрэллэр. Ити курдук сордоно сатаатым да, киэhээҥҥэ диэри биир да балыгы туттарбатым. Биир түгэҥҥэ тоҕуоруспут балыктар соҕотохто үрэл гыннылар, ол кэнниттэн адьас да сүтэн хааллылар. Өйдɵɵн-дьүүллээн кɵрбүтүм, уонча бɵдɵҥ быйыт аа-дьуо устан кэлбит эбит. Эмискэ биир быйыт, сундулус гынаат, мэҥиэбин хабан баран сэниэлээхтик туора тардыбытыгар синньигэс жилкам "дыҥ" гыммытынан быhа ыстанан хаалла. Дьэ, түргэн үлүгэрдик туттан-хаптан жилкабын лаппа суоҥҥа уларыттым. Күрүчүɵкпүн эмиэ улаханы кэтэртим уонна, мэҥиэ иилэ охсоот, ууга түhэрдим. Сонно тута икки киилэ курдук ыйааhыннаах, моторуйбут быйыт "лап" гына хабан ылан состо. Куоппатар ханнык диэн, тыын быhаҕаhынан тыынан, сэрэнэн-сэрбэнэн соhон мɵҕүhүннэрэн таhаардым. Apaaha Күɵх Боллох мин диэки хайыста быhыылаах. Мэҥиэбин уларытарбын кытары иккис балык хапта. Сити курдук чаас аҥарын иhигэр аҕыс бэртээхэй быйыты туттардым. Ол кэмҥэ халлаан киэhэрэн барда. Балык хабар кэмэ бүттэ быhыылаах, тыыппат да буолла. Ол эрээри мин санаам кɵнньүɵрдэ. Дьарҕаалыы кэлэн баран бачча элбэх быйыты ылыам диэн ɵйбɵр да суоҕа буоллаҕа дии! Күɵх Боллох күндүлээбититтэн саҥата суох үɵрэн мүчүҥнүүбүн, муннум анныгар ырыа киҥинэйдим. Күн киириэхчэ буолан дьиэм диэки сулбу айаннаан иhэн, син балачча барбытым кэннэ, ыраах трактор тырылыыр тыаhын иhиттим. Бэргэhэбим устан иhиллээтим - ханна эрэ уҥуоргу кытыыга ДТ-75 трактор, биир сиргэ туран эрэ, тыаhыыр курдук. "Тыый, бу ханнык тракторист бачча ыраах кэлэн турдаҕай?" — диэн толкуйдаан баран: "Чэ, apaaha тайахтыы сылдьаллар, кыыл охторон эттии сылдьалар ини", — диэн быhаардым. Хата балыкпыттан тайах этигэр атастаhыам диэн санаалаах уҥуор диэки хайысхаланан түhүнэн кэбистим. Өрүс уҥуор чугаhаабытым кэннэ, аны хаарым чарааһаан хаалла, суох да курдук буолла. Хайыhарбын устан кыбынным уонна сүүрэр-хаамар курдук быластаан инним диэки түhүнэн кэбистим. Ол иhэн биир сиргэ, кэбирээбит муус, атаҕым анныгар тостон, аллара кур гынным. Хайыhардарбын туора тутан испитим быыhаата, онтон туорайданан ыйанан хааллым. Аллара ɵҥɵс гынан кɵрбүтүм, уу бɵҕɵ тахсыбыт. Онно эрэ дохсун сүүрүк тыаhа мин кулгаахпар ыар музыка буолан иhилиннэ. Дьэ ɵйдɵɵтүм, тугу трактор тыаhын кытары бутуйбуппун... Маҥнай утаа: "Быыhааҥ! Абырааҥ!", — диэн хаhыытаан кɵрдүм. Онтон тулабар кɵстɵɵх сиринэн киhи суоҕун ɵйдɵɵммүн, туhа суоҕун биллим. Өлɵр ɵлүү кэлэн тɵбɵбүн имэрийбитигэр баттаҕым туран хаалла, этим саласта, сүрэҕим айахпынан тахсыахча буолла. Уруккуну-хойуккуну барытын санаатым, ийэбин аҕынным, хайдах курдук кини миигин таптыырын, хатаҕалыырын эҥин санаатым. Бэйэбин аhынан, таах балыктыы кэлэн диэн кэмсинэр санааттан хараҕым уута саккыраата. Саатар тиhэх тɵгүлүн күн барахсаны кɵрбүт киhи дии санаан хайыспытым хайыы-үйэ киирэн хаалбыт, саҕахха кыыhан эрэ кɵстɵр. Бар дьонум "барахсан, бу манна ууга түспүт" диэн биллиннэр диэммин бэргэhэбин, үтүлүкпүн устан кытыл диэки бэлиэ гынан тамнаатым. Ол сылдьан сэниэм эhиннэ, саатар сугэhэрдээх балыгым ыарахана бɵҕɵ. Сүгэhэрбин сатаан устуо суохпун, кэбис, эрэйдэммэккэ эрэ бу дойдуттан барыахха диэн кытаанах санааны ылынан, хайыhарбын ыhыктан кэбистим… Хайа, бу тугуй?! Арай, турунан кэбистим! Уум атаҕым тумсун сабар-саппат! Томпо уолан мууhа ыйанан хаалбыт, миэхэ түɵспүнэн эрэ эбит. Ол быыhаммыт үɵрүүм быыhыгар кɵрдɵхпүнэ, биир муус тороохойо сүүрбэччэ миэтэрэлээх сиргэ сүүрүк устун уста сылдьар. Тыыннаах хаалбыппыттан үɵрэн, саҥа таhааран күллүм. Эмискэччи сүрэҕим «аhыс» гынна да, соҕотохто тобуктуу түстүм. Уу тымныытыттан начаас ɵйдɵннүм, түɵрт атах буолан кытыыга тахсан, сүгэhэрбин уhулан сэниэтэ суох сыттым. Ол сытан кɵрдɵхпүнэ били мууhум тороохойо тоҕо эрэ эргийэр-урбайар. Чугаhаабыта кус буолан хаалла! Υчүгэйдик кɵрɵɵрү олоро биэрбитим, сүрэҕим эмиэ «аhыс» гынна, хараҕым хараҥаран, ирим-дьирим буолан ылла. Чочумча олорон, тыыммын ылан, кэм уоскуйан, куспун хаттаан кɵрɵɵрү гыммытым ханна да суох. Ол күнтэн ыла бу бачча сааспар диэри сүрэх ыарыытын биллим. Нɵҥүɵ күнүгэр били барсыахтаах табаарыhым улахан холуочук, тɵhɵнү балыктаабыппын билэн, соhуйан күн сарсын барыах диэн хаайда. Кэбис диэн аккаастаатым уонна киниэхэ муус анныгар олохтоох куhу кɵрбүппүн кэпсээтим. Киhим олох итэҕэйбэт, «ону-маны кɵрɵр буоллахха, сокуускалыыр баҕайы» диэн күллэ. Ол курдук хаалла, кимиэхэ да кэпсээбэтэҕим. Кыбыстыыта бэрт диэн, ити айылаах күлүү кэнниттэн. Арай үс сыл ааспытын кэннэ, кадровай булчут буолан, убайым Толиктыын, кини кыттыгаhа Степалыын бултуу таҕыстыбыт. Миигин «ученик» булчут буолаҕын, биhиги эппиппитин барытын толороҕун диэтилэр. Инньэ гынан, кинилэр иннилэринэ кэлэбин, хонук маhы мастыыбын. Ол күhүн эрдэ тахсыбыппыт, күɵллэр саҥардыы тоҥон эрэллэрэ. Биhиги Ампаардаах диэн күɵлбүт ортотугар үс кɵҕɵн уста сылдьар. «Хойомууннар, ол иhин соҕуруу барбаттар» диэн Степа быһаарда. Биир тымныы сарсыарда ол күɵлбүт килэччи тоҥмут. Арай остуол сирэйин эрэ саҕа уу хаалбыт, онно били үс кɵҕɵммүт муус кытыытыгар тахсан олороллор. Аттыларыгар суор түспүт. Сотору-сотору ойуоккалаан кэлэн, биир кɵҕɵнү кутуругуттан тардар, онтуката кынатын сарата-сарата суору куттаан эккирэтэр. Суор обургу кырдьык-хордьук куоппута буолан иhэр. Онтон кус сордоох сиикэй ууттан тэйбитин кэннэ, суор саба түhэн, кɵҕɵн муҥнаах көхсүн хараҕын тобулу тоҥсуйан барда. Өр-ɵтɵр буолбата, кɵҕɵн эрэйдээх быстан хаалла, суор кини түүтүн бурҕаҥнаппытынан барда. Били хаалбыт икки кус куттанан, ууга киирэн тɵттɵрү-таары уста сырыттылар. Сарсыныгар күɵл килэччи тоҥно. Күɵл ортотугар икки кɵҕɵн түүтэ бурҕайан сытар, үhүс кус кɵстүбэт. Бу сордоох ханна барбытый диэн күɵлү эргийэ хаамтым. Суоллаабытым, куспут күɵл баhынан хааман тахсан, хаары оймоон тыаҕа тахсыбыт. Батыстым. Онтукам ырааппатах, сыгынах анныгар тɵбɵтүн кынатын анныгар уган баран ɵлɵ сытарын буллум. Илиибэр ылбытым ыйааhына олус чэпчэки, аны эбиитин, куhаҕан баҕайы сыттаах буолан биэрдэ. Инньэ гынан куспун чаархаан мэҥиэтэ оҥордум. Икки хонон баран тиийбитим, чаархааным уйата үрэллибит, куhум суох. Ол оннугар бɵдɵҥ хап-хара киис иҥнибит. Сэтинньи 12 күнэ этэ... Дэлинньэ үрэххэ бултуу сылдьабыт. Υрэҕи харгынан туораары тайах мас быhынным. Хаар бɵҕɵ түhэ турар. Арай, туораан иhэн кɵрдɵхпүнэ, уҥуор биир кус олорор. Тɵбɵтүн кынатын анныгар укпут, кɵхсɵ барыта хаар. Чээн, эмиэ тоҥон ɵлбүт диэн аhынным. Тɵhɵ да аhыннарбын, чаархааммар бэртээхэй мэҥиэ буолуо диэн ылаары чугаhаабыппар, куhум тиллэн кэллэ. Кɵхсүн хаарын тэбэннэ, таастан ыстанна уонна бокуойа суох сапсынан аттыбынан кɵтɵн ааста. Мин бултуур кыдьыгым уhукта охсон, тозовкабын уста биэрээт, туhаайан баран сыыhа ытан кэбистим. Ыксаатым, иккис ботуруону уган, хараҕым ыалдьыар диэри кыҥаан баран ыттым. Куhум ɵс киирбэх табыллан, тɵбɵтүн оройунан кулахачыйан түспүтүн чаас аҥаара кɵрдɵɵн нэhиилэ буллум. Ол сылдьан саныыбын – бу кэмҥэ Саха сирин үрдүнэн халыҥ хаары тэпсэн, мин курдук кус кɵрдүү сылдьар киhи суоҕа буолуо диэн. Куспун туппахтаан кɵрбүтүм олус ыарахан уонна эмис улун буолан биэрдэ. Υүтээҥҥэ кэлэн үргээн, буhаран бүппүтүм кэннэ дьонум кэллилэр. Киирдэ киирээт: «Хайа, куhуҥ сыта тоҕо минньигэhэй – тугуй, улуну бултаатыҥ дуо?», - диэн саҥа аллайдылар. Мин соhуйан хайдах биллигит диэбиппэр, убайым хас да сыллааҕыта ахсынньы саҥатыгар ити оломҥо биир улуну кɵрбүтүн эттэ. Оттон Степан Саҥа дьылга Бараайы үрэххэ түбэспитин кэпсээтэ. Кэлин булчуттартан наар ыйытабын, кыhын куhу кɵрɵр этигит дуо диэн. Υксүлэрэ, бултаабакка кус кыҥастаhа сылдьыахпыт дуо, кɵрбɵт этибит дииллэр. Ол эрээри сорохтор улуну кɵрɵр этибит, ол гынан баран ахсынньы саҕана сүтэн хаалар эбит диэбиттэрэ. Арай мин, били быhылааҥҥа куhу илэ кɵрбүт буоламмын, улун кус кыстыыр эбит диэн этэбин. Аҕыйах сыллааҕыта биир хаhыакка кыhын ортото улуну массыынанан түҥнэри кɵппүттэрин аахпытым, хаартыскатын кɵрбүтүм. Онно улун туруга үчүгэйин уонна эмиhин кэпсээбиттэр этэ. Аахпыт дьон бары соhуйуу-ɵмүрүү буолбуттара, арай мин эрэ соhуйбатааҕым. Онон ɵссɵ тɵгүл этэбин, Саха сиригэр биир кус кыстыыр эбит. Ол кус аата – улун. Автор: Альберт Гоголев-ГРИНПИС