Кэпсээ
Войти Регистрация

Харысхал

Главная / Кэпсээн арааһа / Харысхал

K
Дьылҕа
03.06.2023 18:09
Кэҕэ этиттэриитэ (кэпсээн) Абыраам оҕонньор сүрдээх таҥараһыт этэ. Таҥараҕа сүгүрүйэрин, үҥэрин, бэл, хомсомуол чолоҕордор ыалы барытын кэрийэ сылдьан таҥара күлүгүн оһоххо быраҕаллара, «Tan,arahьt» диэн суруктаах хаптаһыны түөһүгэр иилэн баран урукку сугулаан, билигин сэбиэт хонтуоратын иннигэр «сааттаах остуолбаҕа» да кэлгийбиттэрэ да тохтоппотоҕо. Сарсыарда эрдэ дьон утуйа сыттаҕына, киэһэ дьон утуйбутун кэннэ таҥара холоругар турар Ленин мэтириэтин эргитэ тутара - өр сыллартан хараарбыт Боҕоруодьусса күлүгэ сирэйинэн эргийэрэ. - Эрэлиигийэ норуоту иирдэр оппойуум! – диэн бэлэстэрин муҥунан үөгүлүүр кэмнэригэр Абыраам оҕонньор (өй-мэйии хаата!) хос-хос эһэтиттэн хаалбыт Боҕоруодьусса күлүгүн кэннигэр Ленин мэтириэтин сыһыаран баран таҥара холоругар туруоран кэбиспитэ. Хомсомуоллар “бэйэлэрин таҥараларын” тыыппатахтара, Ленин бэйэтин күлүгүнэн кими кистиирин да сэрэйбэтэхтэрэ. Боҕоруодьусса күлүгүн уот диэки эргитэн, эмиэ Ленин кэтэҕэр кистии сылдьар таҥара чүмэчитин уматан, сөрүөҕэ тобуктаан туран чааһы чааһынан Аҕа Таҥараны, Иисус Христоһу, Сибэтиэй Тыыны, Боҕоруодьуссаны, бары опуосталлары, сибэтиэйдэри биири да көтүппэккэ ааттарын ааттаан үҥэн-сүктэн көрдөһөрө. Суос-соҕотох уола Өлөксөөн сэриигэ “сураҕа суох сүппүтүн” саха сиэринэн аймаммакка иһигэр бүтэйдии иҥэриммитэ. Арай таҥараҕа үҥэригэр “Таҥара кулута Өлөксөөндүрэ сырдык дууһатын араҥаччылаа!.. Төрөөбүт төрүт буоругар тыыннаах эргитэн аҕал!.. Тойон Таҥара Улуу Сирдьит Ыстаалыны үтүө хараххынан көр!..” – диэн тыллар эбиллибиттэрэ. Өлөрө өлөн, сэриигэ барара сэриигэ баран нэһилиэккэ биир да мас ууһа хаалбатаҕа. Уола Өлөксөөн “ыскаап оҥоруом” диэн бэлэмнээбит бэс хаптаһыннардааҕа. Мөлтөөн эрэрин билинэн, эмээхсинэ сөбүлээбэтэҕин үрдүнэн, ол хаптаһыннарынан хоруоп, бэйэтэ этэринэн “мас сон тиктибитэ”. Абыраам оҕонньор кыһын төннүү балыкка өрүс арыытын кутуругар быһыттыыра. Онон быстарыкка чугастааҕы ыалларын барыларын хоргуйууттан быыһаабыта. Тохсунньуга тымныы үгэннээн турдаҕына быһытын көрөн баран, хараҥаҕа ыллараары гынан ыксаан, быһа тахсаары тарыҥҥа түспүтэ. Нэһиилэ кытылы булан үс биэрэстэлээх алааска баар дьиэтигэр сүүрэн бакаалаахтаабыта. Торбос соно, ыстаана хороччу тоҥон хаалбыттара. Тоҕус сорунан балаҕанын булбута. Муус куйах буолбут сонун, ыстаанын быһаҕынан тэлэкэлээн нэһиилэ устубуттара. Итии чэй иһэрдэн, хос-хос куобах суорҕанынан үллүйэ сатаабыттара да син биир сэбиргэхтэппитэ, эбиитин сиһин, сүһүөхтэрин тоҥорон босхоҥ буолан хаалта. Ол курдук өлөр-тиллэр икки ардынан сытаахтаабыта. Сааһыары дьон барыта үлэлэригэр сырыттахтарына күнүс Абыраам оҕонньор үлүгүнэйэ сытан сиэнэ, Өлөксөөн кыыһа Маайыска саҥатыттан өйдөнөн кэлбитэ. Сиэнэ түөртээх-биэстээх кыысчаан эһэтин үтүктэн таҥара холоругар Ленин кэтэҕэр кистэнэн турбут Боҕоруодьусса күлүгүн эргитэн, таҥара чүмэчитин уматан, буор муостаҕа тэлгэтиллибит сөрүөҕэ тобуктаан туран үҥэр эбит: - Маҥкы Баһылай таҥара! Тордох Хонооһой таҥара! Сэллээскэй Дьөгүөр таҥара! Кыдама Сүөдэр таҥара! Кылаһаа Бүөтүр таҥара! Оһохтоох Огдооччуйа таҥара! Эбээм Өкүлүүн таҥара! Ийэм Ааныска таҥара!.. Көрдөһөбүн! Ааттаһабын! Эһэбин Абыраам оҕонньору өлөрүмэҥ! Кини өллөҕүнэ биһиги ыал көрөр-харайар киһитэ суох хаалабыт! Көрдөһөбүн! Ааттаһабын! Эһэбин Абыраам оҕонньору быыһааҥ-абырааҥ! Манньатын эһиэхэ туох баар талах ынахтарбын барыларын биэрэбин... – уонна бэркэ диэн харыһыйа-харыһыйа баар-суох күндү баайын – Уонна!.. Уонна... Уонна бу таас хокууккабын биэрэбин! Эһэбин Абыраам оҕонньору эрэ үтүөрдүҥ! Маҥкы Баһылай таҥара! Тордох Хонооһой таҥара! Сэллээскэй Дьөгүөр таҥара! Кыдама Сүөдэр таҥара! Кылаһаа Бүөтүр таҥара! Оһохтоох Огдооччуйа таҥара! Эбээм Өкүлүүн таҥара! Ийэм Ааныска таҥара!.. Кыракый Маайыска чугастааҕы ыалларын, билэр дьонун барыларын таҥара гынан ааттаабытыгар Абыраам оҕонньор төһө да өлөр-тиллэр мөккүөрүгэр сыттар сонньуйан ылбыта. Сиэнэ “таҥараларыгар” үҥэн бүппүтүн кэннэ ыҥырбыта. - Тоойуом, Маайыскаа, кэл эрэ бэттэх... Сиэнэ чугаһаан кэлбитигэр кууһан ылан сүүһүттэн сыллаабыта... Ылбат-биэрбэт да сыттар үлэһит баҕайы киһи: - Бөх курдук сытыам дуо?! – диэн сытар оронун аттыгар талкы аҕалтарбыта. Сытан эрэн сынньана-сынньана талкы сыҥааҕын хамсатара, сиэнэ Маайыска тириини эргитэн биэрэрэ. Күннэрин оннук барыыллара. Хаар хараарыыта Абыраам оҕонньор улаханнык мөлтөөбүтэ. - Кэҕэ этэригэр тиийдэрбин атахпар туруом этэ... – диэхтээбитэ уонна дириҥник үөһэ тыынан баран, - Оҕом Өлөксөөнүм сытар түннүкпүнэн элэс гынан ааһара буоллар өллүм диэм суоҕа, ол дойдуга үөрэ-көтө аттаныам... Икки хонон баран Абыраам өлөр-тиллэр икки ардынан үлүгүнэйэ сытан кэҕэ этэрин истибитэ. - Кэҕэ этэр дуу?.. - Кэҕэ... – эмээхсинэ Өкүлүүн бигэргэппитэ. - Ол аата күөххэ үктэннэҕим... - Оннук куддук... Бачча күөх һайыҥҥа өлөн тарайа һытыаҥ дуо?!.. - Оттон-мастан тардыһа сатыам буоллаҕа!.. Маайыска таһырдьа эһэтин оронун муннугар балаҕан сабараанньатыгар “кукууктуу” олордоҕуна ийэтэ Ааныска чанчыгыттан тардан түһэрбитэ. - Бүт! Абааһыны иэттэримэ! - кытаанахтык дьаҕарыйбыта. Дьиэҕэ киирбиттэрэ эһэлэрэ Абыраам сыттыкка өйөнөн олорон уу судураай да буоллар хааһы сии олороро. - Ааныскаа, кэҕэ этэрин иһиттигит дуо? – эһэлэрэ ыйыппыта. - Бу кыыс... – диэн Ааныска айах атан эрдэҕинэ эбэлэрэ Өкүлүүн быһа түспүтэ. - Этэн-этэн!.. Быйыл дьыл эрдэлээтэ... - Оннук курдук... – Ааныска саараабыттыы да буоллар бигэргэппитэ. Ол олордохторуна Абыраам сытар түннүгүнэн киһи күлүгэ элэс гынан ааспыта. - Хараҕым иирдэ дуу? Хайа үөдэн! Оҕом Өлөксөөн күлүгэ элэс гынан ааста курдук... Өтөр соҕуһунан аргыый балаҕан халҕана аһыллыбыта. Онтон сиэрэй синиэллээх баттыгынан хаамар Өлөксөөн киирэн кэлбитэ... Маҥкы Баһылай таҥара! Тордох Хонооһой таҥара! Сэллээскэй Дьөгүөр таҥара! Кыдама Сүөдэр таҥара! Кылаһаа Бүөтүр таҥара! Оһохтоох Огдооччуйа таҥара! Эбээ Өкүлүүн таҥара! Ийэ Ааныска таҥара!.. Эһиэхэ быстан-ойдон олорор саха ыалыгар күн ый буолбуккутугар барҕа махтал буолуохтун! Ыам ыйын 19 күнэ, 2020 сыл. Дьокуускай.