Кэпсээ
Войти
Регистрация
Атыылааччы Таанньалыын
Главная
/
Кэпсээн арааһа
/ Атыылааччы Таанньалыын
K
kyym.ru сайтан
Имэҥ
14.08.2020 12:53
("Вануатуга айан" сэһэнтэн быһа тардыы) Аҕыйах сыл иһигэр устудьуон аатыраары, дьүһүннүүн-бодолуун, майгылыын-сигилилиин тосту уларыйбыт (Гриша диэн төрөппүттэрэ биэрбит ааттарыттан дэлэҕэ кыккыраччы аккаастаныа дуо?!) Николас уол, кини төбөтүгэр соһуччу түспүт биир дойдулаахтарын, саҥардыы оскуоланы бүтэрбит Мишалаах Костяны, төһө да сүрэҕэлдьээтэр, остолобуойга сирдээтэ. Дьолго, киһи аҕыйах буолан биэрдэ, онон уолаттар түргэн соҕустук астарын ылаат, остуолга олордулар. Сибиэһэй хаппыысталаах борщ сыта бэрт да бэрт! — Оһуобайдык аһаталлар эбит, — Миша борщун иҥсэлээхтик иһэрин быыһыгар нэһиилэ тыын ылан эттэ. — Үчүгэйэ диэн, манна сыаната атыттардааҕар быдан чэпчэки. Ол эрээри, кыахтааҕым буоллар, манна сүүстэ үктэнэн бэрт! — Николас улахамсык хаанын киллэрдэ. — Бай, тоҕо? – Костя миинигэр уста сылдьар лавровай лииһи тэриэлкэтин кытыытыгар ньуоскатынан аста. — Эрэстэрээннэргэ эрэ аһыам этэ. Бу курдук бэйэм бодунуостана-бодунуостана эрэйдэммэппин, сыстан хаалбыт мокоруону сиэри сордоммоппун, — Николас биилкэнэн биир кэлимсэ буолуор диэри буспут мокоруону араара сатыы олорон эттэ. — Оо, аһыыр син биир үчүгэй! Мин тус бэйэм сыстыбыт да мокоруону сирбэппин, — Миша аны иккис бүлүүдэтигэр түстэ. — Биллэн турар, үчүгэй. Ол эрээри, уолаттар, таайыҥ эрэ, аһыыры таһынан мин өссө тугунан дьарыктанарбын сөбүлүүрүм буолуой? – Николас ити тыллары этэригэр хараҕар тэбэнэттээх уот оонньоото. — Көрүлүүргүн сөбүлүүгүн, ол баҕас чуолкай, — эмиэ Миша саҥата иһилиннэ. Костя кэпсэтиигэ кыттыбакка, саҥата суох аһыы олордо. — Көрүлүүрү баҕас ким сириэй? Аһыыр, уһуннук утуйар, күүлэй тэбэр – туох куһаҕаннаах буолуой? Ол эрээри мин өссө кыргыттар төбөлөрүн капитально иирдэрбин астынабын. Онно баҕас профессионалбын диэххэ сөп! - диэн Николас саайда. — Да-а? Хайдах ол иирдэҕин? – Миша тута сэргэхсийэ түстэ. — Ол кистэлэҥ буолбатах. Ханнык баҕарар кыыска һтаптыыбынһ диэн этиэҥ эрэ кэрэх, кини — эйиэнэ. Өссө таптал туһунан биир эмэ хоһоону нойосуус үөрэтэн баран, саатар, икки устуруоканы онтон аахтаххына, уулла-уулла бараллар. — Куораттар, ама, оччо сэлээрчэхтэр үһү дуо? – эмиэ Миша саҥата иһилиннэ. — Куорат кыргыттара диигит да, манна улахан аҥаардара — тыалар ээ. Эрэйдээхтэр, бары тапталга наадыйаллар, бары кэргэн эрэ тахсар баҕалаахтар, төбөлөрүн иһэ, короче, любовь-морковь эрэ. — Кыргыттары төбөлөрүн таах эрийэҕин быһыылаах, ээ? – Миша, хата, хайҕыахча буолла. — Биллэн турар! – Николас да киһиргиэхчэ, - оттон эһиги ити чааһыгар хайдаххытый? — "Хайдаххытый" диэн тугу этэҕиний? – Миша өйдөөбөтөҕө буолла. — Оттон кырыллыбытынан мальчиктаргыт дуу, эбэтэр кыргыттар төбөлөрүн эмиэ сатаан иирдэҕит дуу? – Николас, хайдах баарынан, "пал" гыннарда. — Бу да киһи мээнэ-мээнэ саҥардаҕын?! – Миша кыбыстыбыта буолла. — Чэ, Костя – биллэр дьыала, үөрэҕиттэн атын тугу да билиэн баҕарбат быһыылаах (Костя ити тыллар киниэхэ анамматахтарын курдук тутунна). Оттон эн, Мишка? Эчи, киһи хараҕа халтарыйыах,
красавчигыҥ да сүрдээх дии?! Любовь-морковь бөҕөтө инигин? — Наһаа да "бөҕөтө" буолбатарбын, — Миша куотуна сатаата да, хайдах эрэ сэниэтэ суохтук. — Кэпсээ-кэпсээ. Кимтэн кыбыстаҕын? Бары бэйэ дьоно олоробут, — Николас арахсар аат суох. — Хатыҥнаахха Таанньа диэн атыылааччы баар, билэриҥ дуу суоҕа дуу? — Миша кинини аһатар-сиэтэр киһи аны аҥаардас Николас буола түспүтүнүү, Костяҕа кырыытынан олорон кэпсээн барда, — ол эрээри биһиэнин курдук кыракый дэриэбинэҕэ оннооҕор ыттар, ынахтар ааттара, хаһаайыннара кимнээх буолаллара кытта биллэр дьыала. Быһатын эттэххэ, ол Таанньа атын, ханнык эрэ хотугу улуустан кэлбит үһү. Эриттэн арахсыбыт, биир оҕолоох. — Хайа, олох дьиҥнээх мачо эбиккин дии! – Николас итини эрэ көһүппэтэх буолан, харахтара обургу кээмэйдээх тимир харчы тэҥэ кэҥии түстүлэр. Оттон Миша, аттыгар Костя кулгаах да харах да буолан олороруттан баттатан эбитэ дуу, эмиэ саҥата суох ах барда. — Чэ-чэ, итиччэ быктаран баран, салгыы кэпсээн ис! Хайдах билсибиккитий? – Николас ыкта. — Биирдэ маамам маҕаһыыҥҥа килиэп атыылаһыннара ыыппыта. Үлэ чааһа бүтэн эрэрэ, тоҕо эрэ маҕаһыыҥҥа ким да суоҕа. Таанньа миигин үөрэ-көтө көрсүбүтэ, "тугу атыылаһаҕын?" диэн ыйыппыта. Мин "икки бухааҥка килиэп" диэбитим уонна харчыбын утары ууммутум. Кини буоллаҕына, килиэптэрбин бакыакка уган баран, хараҕын туох да иһин миигиттэн араарбакка, мичээрдии-мичээрдии турбута. Ыытыан баҕарбата сирэйигэр сурулла сылдьара. Мин даҕаны тоҕо эрэ ханна да ыксаабат киһилии, биир сиргэ хараҕаланан турбутум. Таанньа эмискэ: "Маҕаһыыммын сабар кэмим кэллэ, ааннарбын хатыырбар көмөлөһүөҥ дуо?" — диэбитэ. Мин аккаастаныам дуо, сөбүлэстэҕим дии. Ити курдук иккиэн көмөлөөн түннүктэри, киирэр ааны саппыппыт. Бэйэм буоллаҕына, ити кэмҥэ уора-көстө дьахтары кэтээбитим. Таанньа төһө да сааһынан миигиттэн быдан аҕа буоллар, тас дьүһүнүнэн киһи сирбэт дьахтара. Кыратык суон эрэ, ону даҕаны хараҕыҥ үөрэннэҕинэ, туох да куһаҕана суохха дылы. Чэ, ол туран эмискэ испэр таайа сатаабытым: "Бээрэ, оччоҕуна мин, били, түгэх аанынан тахсан бүгүн дьиэлиир буоллаҕым дуу?" — диэн. Сөпкө да сэрэйбит эбиппин, ол эрээри Таанньа тута ыыппатаҕа: "Давай, чайкуулуохха", - диэбитэ. — "Чайкуулуохха"? – Николас туох эрэ олус тыыппалаах, соһуччу сонуну истибиттии, хос ыйытта. Миша даҕаны Костяттан кыбыстарын, сүр баттатарын умнан, сыыйа-баайа өһүллэн барда. — Да, "чайкуулуохха" диэбитэ. Мин буоллар, чэйдээтэххэ да туох баар үһүнүй дии санааммын, сөбүлэспиппин бэйэм да билбэккэ хаалбытым. Таанньа миигин эрдэттэн кэтэспит курдук, түргэн үлүгэрдик ыйааһынын таһыгар аһын кэчигирэтэн барбыта, эбиитин ханньаак орообута, - Миша ити кэнниттэн тоҕо эрэ саҥата суох ах барда, чэйигэр баар саахары булкуйа олордо. — Мишка, ити соруйан тохтуугун дуо? - туох эрэ уһулуччу умсугутуулаах киинэни реклама быһа түспүтүттэн ньиэрбинэйдээбиттии, Николас тулуйбата: - Салгыы туох буолбутай? – диэтэ. — Салгыы дуо? ¤ы, билэ билэҕин, тоҕо
ыйыттаҕын? — Миша чэйин ыймахтаата. — Кууллаах бурдуктар быыстарыгар дуо? — Арааһа, оннук да буолуо. Ханньаактан эбитэ дуу, барытын бүдүк-бадык курдук өйдүүбүн. Ол эрээри дьиэбэр килиэп тутуурдаах тиийбитим. — Биир сырыынан бүппүккүт дуо? — Эппитиҥ да баар! Таанньа, уопуттаах дьахтар, миигин ыытан бэрт, ыты сыапка баайбыттарыныы, ыраатыннарбакка, адьаһын бэйэтин таһыгар сырытыннарбыта. — Оттон, хата, хайаан айдаан тахсыбата? — Туох айдаанай? – Миша өйдөөбөтөх курдук тутунна. – Ити туһунан ким да билбэт. — Эс, саатар, Костя, билэр ини? — Суох, Мишка миэхэ биирдэ да кэпсээбэтэҕэ, — Костя нэһиилэ хоруйдаата. Бу кэпсэтии хайдахтаах курдук киниэхэ табыгаһа суоҕун сэрэйиэххэ эрэ сөбө. — ¤ы, оччотугар эһиги адьас улуу конспиратордар эбиккит дии?! – Николас сөҕүөн сөхтө. - Оттон ханна көрсөр этигитий? Итиччэ кыра дэриэбинэҕэ киһи саһар да сирэ суохха дылы дии! — Ханна буолуой, маҕаһыыҥҥа, — Миша тоҕо эрэ баҕарбатахтыы хоруйдаата: арааһа, бу кэпсэтииттэн бэйэтэ да кэмсиннэ быһыылаах. — Ха-ха-ха! Кууллаах бурдуктар быыстарыгар! Ха-ха-ха... — Гришаня... — Ни-ко-лас... Эбэтэр Ник. — Тууй-сиэ, умна турабын ээ. Ник, аны эн бэйэҥ сырыыларгын кэпсээ, эн уочаратыҥ. — ¤ы, үөрбүт дии! Кэпсээн бэрт! — Тоҕо кэпсээбэккиний? — Кэпсээтэхпинэ, биир күнүнэн бүппэппин. — Оттон, саатар, кыратык. — "Суох" диэтим, онон бүтэр. — ¤ы, киһи кистэлэҥин күүскүнэн кэриэтэ иһиттиҥ, бэйэҥ буоллаҕына тугу да кэпсээбэккин! Дьаабы киһи эбиккин! – Миша харчытын балыйтарбыттыы, баайсан барда. — Улахан баҕайы кистэлэҥнээх эбиккин! Манна диэн эттэххэ, мин олох да итэҕэйбэтим. — Тоҕо? — Костик билбэт дии! Манна кэлэн саҥардыы истэ олорор. Дьиҥинэн, кини маҥнайгынан билиэхтээх этэ. Этэбин дии, итинник сырыылары өр кэмҥэ, буолаары-буолан быыкаа дэриэбинэҕэ, кимтэн да кистээбэккин. Онон, арааһа, омуннаан кэпсээтиҥ. — Итэҕэйбэт буоллаххына, итэҕэйэн абыраама! — Миша өһүргэнэ быһыытыйда... Дана Сард.
kyym.ru сайтан
➤
➤
kyym.ru сайтан