Дьикти идэлээх өтө көрөөччү
Главная / Кэпсээн арааһа / Дьикти идэлээх өтө көрөөччү
05.06.2023 00:22
Бу киһи өтө көрөрүн туһунан ким да билбэт. Республикаҕа биллэр Бүлүү бөлөх улууһун биир биллэр-көстөр дэриэбинэтиттэн төрүттээх. Учуутал дьиэ кэргэнигэр төрөөбүт буолан, учуутал идэтин толору баһылаан, билигин оскуоланы салайсар биир тутаах үлэһит. Оҕо эрдэҕиттэн уот харахха түһүүрүн истэбин уонна билэбин. Биирдэ аҕатын кытта ойуурга , куобахха диэн ааттаан, кэрийэ барар сарсыардаларыгар, уола улары түүлүгэр көрбүтүн аҕатыгар эттэ. Кырдьык, ол күн улары көрбүттээхтэр. Саас туһахтары көрө бараары олорон, уола түүлбэр куобах көрдүм, суолбутун туора сүүрэн ааста диэн кэпсээннээх буолла. Кырдьык ол күн суолларын куобах быһа сүүрэн ааһан, соһуйдулар. Уол кырдьык туохтааҕын эрэ, илэ түүл көрөрүн дьоно билэллэрэ. Биирдэ уол, соҕуруу дойду куораттара түүлбэр көстөллөр диэн соһутта. Ол оннук ааста эрээри, аҕыйах хонон баран, оскуолаттан соҕуруу барарга биирдии оҕону ыытаҕыт диэн уураах кэлбит. Уоллара ол онно түбэһэн, үйэтигэр хатыламмат дьикти-кэрэ сирдэринэн күүлэйдээн кэлбиттээх. Сыл-хонук ааһан, уол араас сирдэринэн сылдьан, аныгы сэриини билэн, өйө-санаата уларыйбыта биллэр. Аны түүллэрэ, киһи куһаҕан буоларын түһүүр буолла. Ити киһи өлбүтүн түүлбэр көрдүм, ити киһи бэйэтин дьаһаммыт, ити киһи хайдах эрэ буолбут диэн этэрэ элбээн иһэр уонна туолан иһэрэ киһини куттатар. Тугу түүлгэр көрдүҥ, диир дьон элбээн барбыттара. Биирдэ, бииргэ үөрэммит доҕорун эдьиийин кыыһа куһаҕаннык өлбүтүн уот харахха этэн, аҕатыттан мөҕүллүбүттээх. Ол, хомойуох иһин, эмиэ туолбута. Утуйа сытан хараҕын саппакка эрэ утуйар кэмнэригэр, илэ туолар түүллэри түһүүр. Уол айылҕаттан айдарыылаах хомуһуннаах тыллаах хомусчут, хоһоонньут, дьикти ураты сахалыы куоластаах бэрдэ. Билигин да эдэр, хайа эмит уһуйааччыга сылдьан, дьикти идэтин сөптөөхтүк таба туһанарга туттара буоллар диэн баҕа санаалаахпын. Айылҕаҕа дьикти талааннаах араас дьон баарын билэбит, ааҕабыт-көрөбүт, кини кэмэ кэлэ илик дуу диэн сыаналыыбын, эппиккэ дылы бириэмэ көрдөрүө.