Кэпсээ
Войти Регистрация

ҮС СЫЛ ТУХАРЫ

Главная / Кэпсээн арааһа / ҮС СЫЛ ТУХАРЫ

K
Күлүк
05.06.2023 18:08
Автор Игнатий Иннокентьевич Федоров - ИГНАТ ЛЕНСКЭЙ 1965 сыллахха Ленскай Күөбүргэнигэр төрөөбүтэ.1980 сыллаахха Орто Наахара аҕыс кылаастаах оскуолатын,онтон Бэтинчэ орто оскуолатын 1982.с,бүтэрбит.1983-85.с.армияҕа сулууспалаан баран 1985 - 86.сТаатта Харбалааҕар СПТУ -га үөрэммит. Бастакы икки тэттик кэпсээнин сэттис кылааска үөрэнэ сылдьан суруйбут.1997 сылтан кэпсээн,сэһэн суруйарга холонор."Аар Тайҕа" хаһыакка, "Чолбон", "Күрүлгэн" сурунаалларга кэпсээннэрэ бэчээттэммиттэрэ. Кэргэннээх,икки уол оҕолоох. Билигин Ленскэй оройуонун Орто Наахаратыгар олорор. Титирик ойуур быыһыгар,балай эмэ кэҥэс өтөх илин уһугар,хомуһунан тулалыы үүммүт төгүрүк көлүччэ намыһах сыырын үрдүгэр сытыары эркиннэрдээх дьиэ турар. Кыһыҥҥы хараҥа киһэни сырдатыахтыы,дьиэ үөлэһиттэн кыымнар,өрүтэ ыһыахтанан тахсан,хараҥа халлааҥҥа сүтэн иһэллэр. Дьиэттэн чугас туруорбах хотон барыйан турар,хотону кытта силбэһэ оҥоһуллубут дал түгэҕэр соҕотох ат,чигдини тэпсэн куучурҕата - куучурҕата,ыһан биэрбит отторун тобоҕолоон аһаан курдурҕата турар. Дьиэ иһигэр киирдэххэ,уҥа эркини сырса икки мас орон бастаһа тураллар,түгэх муннукка былыргы кыыс оҕо хаппахчытыгар майгынныыр,сиидэс сабыылаах хос оҕото көстөр,онтон хаҥас диэки кэриччи көрдөххө,кэтит наара орон,бэйэтэ да кыараҕас дьиэни сабардаан,утуйар таҥаһа бэрт кичэллик суулуу ууруллан турар. Киирэр аан хаҥас өттүгэр уота сөҕүрүйэн эрэр көмүлүөк оһох чугаһыгар,бэрт дьоҕус сандалы тула үс киһи аһыы олорор. Сандалы бас өттүгэр олорооччу уһун ньолоҕор сирэйдээх,хатыҥыр киһи,Нуолур Уйбаан,бу ыал аҕалара. Киниэхэ утары чэй кута олорор,төгүрүк сирэйдээх Нуолур ойоҕо Мааппа. Онтон ортолоругар аһыы олорор,уһун хатыҥыр эдэр киһи - кинилэр соҕотох уоллара Бүөккэ... - Дьэ,тоойуом,Бүөккэ,иһит эрэ...Быйыл сайын окко киирии саҕана уон аҕыс сааскын туолаҕын. Итини тоҕо санатта диэ...Эн этиҥ - сииниҥ ситэр кэмиҥ кэллэ. Мантан инньэ ойох - оҕо туһунан саныыр буоллаххына сатанар. Нуолур Уйбаан аттыгар куобах миинин сыпсырыйа олорор,санныгар тиийэ түһэ сылдьар уһун хара баттахтаах сабырыччы түһэ сылдьар кыламаннарын анныттан чоҕулуччу көрбүт уолугар туһаайан,саҥаран сыыйа олордо. - Тыый,ол хайаларын бу тыа быыһыттан ойо тардан ылан ойох биэрээри тиистэ бу киһи?! - Нуолур ойоҕо Мааппа,төгүрүк маҥан сирэйигэр мэлдьитин курус мичээр олоро сылдьар саас ортотугар чугаһаан эрэр дьахтар,бу кэпсэтиини иһигэр төһө да өр күүтэ сырыттар,эрин сэмэлээбитэ буолла уонна уолун диэки истиҥник көрүтэлээн ылла. - Оо,бу да дьахтар,оттон,били, Сулардаах уола Сиппийэр Сиидэр,хас да сыллааҕыта холхуос киинигэр киирэн иһэн хонон ааспытын умуннуҥ дуо? Ол хоно сытан,Сиидэр: "Эһиги уолгут бараллаата кыыстаахпын,хата уолгутун сааһын ситтэҕинэ күөтүөт оҥостуом", - диэбитэ дии, - дьиэлээх тойон көбдьүөрэ түстэ. - Ээ,арба,ол ыаллар хайдах эрэ олордулар? Эмиэ биһиги курдук үрэх баһынан дугуйданан олорор ыал, - дьиэлээх дьахтар эрин диэки ыйытардыы көрдө. - Ким билэр,доҕоор,ол ыалы билсибэтэх ыраатта. Сиидэр манна хоно сытан,биэс ыанар ынахтаахпыт,ону таһынан борооску - тарбыйах баар,төбөтүнэн уонтан тахса хороҕордооҕу кыстатабын диэн эрэрэ,бука быстарбатах дьон буолуо. Хата,били сэриибит хайдах буолан эрэрэ буолла? Үс - хас сыллааҕыта холхуос бэрэссэдээтэлэ Хабырыыс тахса сылдьан,ньиэмэс сэриитэ аан дойдуну бары аймаан,сэрии бөҕөнү тардан,биһиги сирбитигэр тоҕо ааҥнаан киирэн,киһи аймаҕы кырган эрэр диэн сүрдээн - кэптээн кэпсээбитэ.- Уйбаан чэйин иһэн бурулата - бурулата кэпсии олордо. - Оо,онно Хабырыыс биһиккини мөҕөн - этэн барбыта сүр этэ,холхуоска киирэн,дьону кытта дьон курдук,күүскүтүн - уоххутун холбоон үлэлии - хамсыы сылдьыбаккыт,киин сиргэ таласпаккаҕыт,үрэх баһыгар кыыл курдук олороҕут диэн. Уолгутун үөрэттэрбэккэҕит бэйэҕит курдук ньүдьү - балай оҥордугут,оҕоҕут инники кэскилин быстыгыт диэбитэ, - Мааппа эрин диэки хомуруйбуттуу көрдө уонна эбэн:" Ити барыта эйигиттэн! Хабырыыс этэрэ сөп этэ,оччолорго дьонноох сиргэ көһөн киирбиппит буоллар,саатар,бу уол ааҕар - суруйар буолуо этэ... - диэн саҥаран эрдэҕинэ дьиэлээх киһи быһа түстэ. - Саҥарба! Ол холхуостарыгар киирэҥҥин ити үс ыанаргын кинилэргэ угаҥҥын,туох да туһата суох,хара сарсыардаттан түүн буолуор диэри хотон үлэтигэр умса түһээри гынаҕын дуо? Арай сэрии бүппэтэх буоллун! Уолгун сааһын ситтэҕинэ сэриигэ тутан барыахтара дии...Акаары! - Ээ,оннук этэ дуу... - дьахтар буруйдаммыттыы умса көрөн,сандалытын сирэйин ытыһынан соппохтуу олордо. - Оннук этэ дуу,буолумуна! Бар хотоҥҥо тахсаҥҥын сүөһүгүн көр! Бургунаһыҥ кирсин быспыт этэ...Төрүүрэ чугаһаатаҕа, - Нуолур хаастарын түрдэһиннэрэн,кыыһырдаҕа буоларыныы,сэҥийэтигэр абына - табына үүммүт бытыгын имэриммэхтээн ылла. - Ол уолгар хаһан ойох кэпсэтэ бараары гынаҕын? - Мааппа хотонугар тахсаары туран,өскүөрүтүн ыйытта. - Быйыл саас хаар хаптайыыта ол ыаллар тылларын истэн кэлбит киһи дии саныыбын...Бэйи,Сиидэр кыыһым ким диэн ааттаах диэтэ этэй? - Уйбаан уолун диэки көрөн ылла. - Кыымчаана... - баччааҥҥа диэри саҥата суох,дьоно кэпсэтэллэрин истэ олорбут Бүөккэ саҥа таһаарда. Мааппа хотонугар тахсаары ааны аспытыгар үрүҥ туман,оргуйан киирэн ороннор анныларыгар симэлийэн сүттэ. Дьиэлээх киһи утуйуох иннигэр көмүлүөгүн ааныгар аргынньахтаан олорон,удьурҕай хамсатыгар табах симинээри,саппыйатын ылан туппахтаан көрдө. - Эчи,бу "аспыт" кэмчитийбитэ сүр...диэн баран, кураанах хамсатын соппойбохтоон сурдурҕатта уонна: Хас да сыллааҕыта, били булчут Доропуун,холхуос киинигэр киирэн иһэн сылдьан,бэрсэн ааспыт табааҕа бу бүтэн эрдэҕэ... - диэтэ. - Ол Сиидэрдээх олохторо мантан төһө ыраах эбитэ буолла? - Мааппа имитэ олорбут тииҥин тириитин туора ууран баран ыйытта. - Оо,ыраах бөҕө буоллаҕа,мантан уон тыыллар көс буолуохтаах...Туустаах үрэҕин баһын былыр - былыргыттан Сулардаахтар аҕа уустара бас билэн олорбута. Былыр аҕабынаан сылдьан көрдөхпүнэ,түөлбэлээн олорор сирдэрэ киэҥ сыһыылардаах,оттонор хочолордоох сир этэ, - Уйбаан саппыйатын тэбээн хамсатыгар табах симиннэ уонна,уот ылаары,туран,оһох үрдүгэр саайыллыбыт аргы мастан тымтык сыыйан ылла. - Тыый,ыраах сир эбит ээ...Киһи күнүнэн тиийбэт сирэ буолуо... - дьиэлээх дьахтар си буолуохтааҕар туоһулаһа олордо. - Оо,киһи күнүнэн санаммат да сирэ,сир ортотугар,били,Суон Соппуруон уораҕайа баар,дьиэтэ билигин даҕаны турар диэн Доропуун кэпсээбитэ,кэлэ - бара,ол дьиэҕэ хонобут диирэ. - Тыый,били,хара уоспаҕа сутуллан өлбүт дьон дьиэтэ дуо? - Мааппа куттаммыттыы тулатын көрүтэлээтэ. - Ээ,ол ыал дьиэтэ...Соппуруон сэттэ оҕотунаан,ойоҕунаан,аҕыйах хонук быысаһан,куһаҕан ыарыыттан өлбүттэрин булан,ампаардарын иһигэр симэн баран уоттаан кэбиспиттэрэ диэн аҕам кэпсиирэ. - Уу,дьэ,иэдээннээх ыарыы кэлэн ааспыт эбит... - Чэ,утуйуоҕуҥ,түүн да ыраатта...Уйбаан хамсатын оһох иһигэр тэбээн тобугуратта. - Оҕонньор,сарсын били оҕуһуҥ төбөтүн киллэрэн ириэрэн кэбиһээр эрэ. Ороһооспобут бу кэллэ, - Мааппа имиппит тириилэрин матаҕаҕа хаалаан баран,эркиҥҥэ сааллыбыт мас тоһоҕоҕо ыйыы - ыйыы саҥара турда. - Ээ,бэрт сөп, - дьиэлээх тойон сөҕүрүйэн эрэр уотун үөттүрэҕинэн булкуйбахтаата уонна туран,холумтаҥҥа сытар дулҕаны ылан оһоҕун үөлэһин бүөлүү аста. Дьиэ иһигэр хараҥа бүрүүкээтэ,уу чуумпу буолла,арай Бүөккэ утуйан мунна сыыгыныыра иһилиннэ. Кыһыҥҥы кылгас күннэр син биир субуруһан аастылар. Нуолур Уйбаан уолунаан отторун тобоҕун тиэйэн аҕалан,далларын таһыгар чөкөттүлэр. Үс ыанар ынаҕы,хас да борооскуну,аны күһүн идэһэ буолуохтаах кур оҕуһу этэҥҥэ кыстатан эрэллэриттэн Нуолурдар үөрүүлэрэ үксээн сылдьар. Муус устар ый саҕаланыыта,эрдэлээбит туллуктар бурдук сонуогун харалдьыгыттан арахпат буоллулар. Кыһыны быһа саба баттаан сыппыт халыҥ хаар,сааскы күн уота быһа сиэн хаптайан истэ. Сааскы сылаас сиккиэр тыал үрэн ыллаҕына,дал диэкиттэн от сыатын минньигэс сыта киһи муннун кычыгалатар буолла. Дьиэлээхтэр үс ынахтара төрөөн,Мааппа хотонуттан ордубат буолла. - Дьэ,доҕоор,от - мас тиэллэн бүттэ,биһиги өйүүн сарсыарда уолбутугар ойох кэпсэтэ аттанар буоллубут, - Уйбаан ойоҕо хотонтон киирэн тас таҥаһын уста турдаҕына кэпсии тоһуйда. - Ээ,сөп буоллаҕа. Суол - иис баарына сылдьан кэлиминэ, - Мааппа ыаҕастаах үүтүн уҥа муннукка илдьэн уурда,кэлэн күнүскү чэйин бэлэмнээбитинэн барда. - Киэһэ ити уолуҥ таҥаһын - сабын бэрийээр эрэ, - дьиэлээх киһи сандалыга кэлэн олордо. - Күһүҥҥү идэһэттэн хаалбыт атах эппитин кэһии гыныахпыт уонна иһит аҥаара испиир хаһаастаахпын,кэргэн кэпсэтэ барар дьон,хайдах туга да суох тиийиэхпитий, - диэтэ,сүөгэй үүттээх чэйин сыпсырыйа олордо. - Оҕом таҥаһын уһун кыһыны быһа тикпитим,онон барыта бэлэм. Мааппа уолун диэки таптаабыттыы көрдө. - Дьэ,бэрт,төһө кыалларынан түргэнник сылдьа сатыахпыт,эн уонча хонук соҕотоҕун олороо инигин? - Нуолур ойоҕун диэки ыйытардыы көрүтэлээтэ - Оо,дьэ,хайдах олоруом суоҕай,доҕор,чуҥкуйар соло суох буолуо,хотоммуттан ордубат инибин! - ойоҕо өс саҕа буолбутугар Уйбаан алы гынардыы: - Хайа,доҕоор,барыта табылыннаҕына,кийиит кыыс сүктэн кэлиэ дии, - диэтэ. - Оннук эрэ буоллун! Оҕом кэргэн ылан ыал буоллаҕына,сиэн уол кэллэҕинэ,түһэхпэр олодон,имэрийэ - таптыы олордорбун,ама дьоллоохпун диэн сананыа суох этим дуо? - Мааппа тугу эрэ санаабыттыы үөһэ тыынан ылла. - Дьэ,доҕоор,Бүөккээ,эн биһикки тахсан,аппыт сэбин бэлэмниэх. Нуолур туран,аргы маска куурда уурбут этэрбэһин тэбээмэхтээтэ. Сааскы сарсыарда, тыҥ хатыыта,сэргэҕэ бааллан турар ат кистээн дьырылатта. Дьиэлээхтэр,бары суугунаһан тахсан,сыарҕа таһыгар кэллилэр. - Чэ,үчүгэйдик айаннааҥ,санааҕытын ситиһэн кэлиҥ! - Мааппа уһун дыраҕар уолун,умса тардан ылан,саһыл бэргэһэтин сэгэччи анньан,сүүһүттэн сыллаан ылла. - Хата,эн этэҥҥэ олороор,доҕор,биһиги туох кыалларынан суһаллык сылдьа сатыахпыт, - Уйбаан атын тэһиинин сэргэттэн сүөрэн ылан,сыарҕатыгар тиийэн муоһатын ылла. - Чэ,ийээ,дьиэҕэр киир,тоҥуоҥ, - Бүөккэ таба тириитэ саҥыйаҕын кэтэн баран,сыарҕаҕа кэлэн олордо. Дөһөгөй оҕото,ыраах айаннаан эрэрин билэн,иҥэрсийэн ылла уонна тоҥуу хаары тоҕута үктээн айан суолун диэки хаама турда. Түүн үөһэ буолуута айанньыттар Суон Соппуруон хаарынан бүрүллэн турар,өтөр наар киһи үктэммэтэх тэлгэһэтигэр киирэн,иҥнэйбит сэргэ аттыгар тохтоотулар. Хараҥаҕа барыйан турар туруорбах балаҕан аанын Уйбаан илиитин иминэн харбыалаһан булла,бэйэтин диэки тардан аспытыгар дьэбин сиэбит иэччэхтэр сүр хатаннык,киһи куйахата күүрүөхтүк "хыырк !" гына тыаһаатылар. Иһирдьэ үктэммитэ, тоҥ муоста кыычыгыраан тыаһаата,сиэбин хастан тирии хаппары хостоото,быатын сүөрэн испиискэ,чүмэчи ылла. Уот саҕан уматан,чүмэчи киинигэр даҕайда. Чүмэчи үөл - дүөл сырдыгар барытын көрбүтэ,балай эмэ киэҥ балаҕан хаҥас муннугар көмүлүөк оһох аана аҥайан көһүннэ. Түгэх диэки эркини сырса сиэрдийэ сыҥаһалаах орон үрдүгэр бөх - сах,күөдэл -саадал курдук ыһылла сытара көһүннэ. Дьиэ ортотугар аҥаар атаҕа иҥнэри барбыт сандалы кыҥнайан турарыгар чүмэчитин ууран баран,Уйбаан,оһоххо чугаһаан кэлэн,холумтаҥҥа кыспа бэлэмнэммитин,оһох кэннигэр хардаҕас бөҕөтө сааһыланан турарын көрөн үөрэ түстэ: "Оо,булчут киһи,Доропуун бэлэмнээн бардаҕа,хата,сылаастык хонор дьон буоллубут". - Аппын сойута баайдым, - Бүөккэ өйүөлээх матаҕатын киллэрэн ороҥҥо уурда. - Ээ,сөп,чэйдээн баран,тахсан хабыалатыллыа. - Нуолур кураанах хардаҕастары оһох иһигэр туруору сааһылаталаан уурда,быыһыгар кыспа кыбыта анньан баран,уот даҕайбыта,бастаан бэрт бытааннык умайан иһэн,өрө салаан тахсан үөрэ - көтө умайан күүдэпчилэммитинэн барда. Айанньыттар хаар уулаан чэйдээтилэр,онуоха диэри дьиэ быр курдук сылыйда. Чэйдээн баран, Бүөккэ тахсан,атыгар тиэнэн кэлбит отуттан быраҕан биэрдэ,утуйар таҥастарын кыбынан киирэн,орон үрдүгэр сытар бөҕү туора тарыйан баран,иккиэн хооньоһон утуйардыы оҥоһуннулар. Чүмэчи умуллубутун кэннэ дьиэ иһэ барык - сарык буолла,арай ситэ умайан бүтэ илик көмүлүөк уота утары эркини сырдаппахтыы сытта. Уоллаах аҕа көҕүс - көҕүстэринэн сыстыһан сыттылар,эдэр киһи улаҕа диэки хайыһан,утуйан мунна хаһыҥыраабытынан барда. Уйбаан уот диэки хайыһан сытан,хараҕын симнэ эрээри,уута кэлэн быстыбата...Ол сытан иһиттҕинэ,киирэр аан кыыкынаан аһылларга дылы гынна...Аттынан чараас таҥаһы суугунатан ким эрэ кэлэн,дьиэ түгэҕин диэки ааста...Тыбыс - тымныы салгын сирйигэр аҥылыс гынна. Өр - өтөр буолбата,хараҥа муннук диэкиттэн сурдурҕаан кэлэн кини таһыгар тохтоото...Уйбаан кутталыттан сүрҕэ айаҕар таҕста,киэҥ көхсө кыараата,сөҕүрүйэн эрэр көмүлүөк уотун сырдыгар,кини көрдөҕүнэ,киһи күлүгэр майгынныыр хара,кинилэр сытар ороннорун таһыгар барыйан турар эбит. Уола маны көрбөт да,истибэт да бадахтаах,биир кэмник утуйан,муннун тыаһа сыыгыныы сытта... Онтон хара күлүк киһилии саҥаран сөҥүдүйэн барда: "Дьэ...Уйбаан,сыыһа суолу тутуһан баран иһэр эбиккин. Сиидэрдээх суохтар...Онон күн сарсын... эрдэ туран дьиэҕитигэр төннүҥ!..Төннүҥ!..Төннүҥ!.." диэбитэ киэҥ балаҕан иһигэр ой дуораана буолан охсуллан,түгэх диэки бара турда. Хара күлүк саҥаран бүтэн,аан диэки баран эрдэҕинэ Уйбаан хаһыытыы сатаата: "...Ыы!..Ыы!..Ол кэмҥэ ким эрэ кинини санныттан илгиэлээтэ...Онуоха соһуйан уһуктан кэллэ. - Уһугун...Уһугун аҕаа...Туох ааттаах баттаттыҥ... - уолун саҥатын истэн,Уйбаан: - Һуу..түүл дуу...илэ дуу?! - диэн саҥаран бабыгыраата. - Куһаҕан түүлү түһээтиҥ дуу? Үлүгүнэйэн биэрдиҥ... - Ээ,куһаҕан түүл киирэн сордоото...Чэ,утуйуох... Сарсыарда Уйбаан, аанньа утуйбатах киһи,саппаҕыран турда." Ити туох иччилээх түүлэ киирэн киһини куттаата...түүл диибин даҕаны...утуйбакка сыппытым ээ..дьэ,буолар да эбит..." диэн саныы - саныы,оһоҕун оттон чэй оргута уурда. Тыҥ хатыыта айанньыттар суолларын салҕаатылар. Айаннаан иһэн Уйбаан: "Бээрэ...Төннүҥ...,Сиидэрдээх суохтар диэтэ дуу. Ол сүөһүлээх - астаах дьон ханна көстөхтөрөй...Төннүҥ...Төннүҥ...Тууй - сиэ,бу киһи аны түүлү - бити итэҕэйэн,төбөбүн сынньа олордомуй!" - дии санаата,санаабыт санаатын киэр кыйдыахтыы баһын быһа илгиһиннэ. Сааскы күн бороходуйуута айанньыттар Сиппийэр Сиидэрдээх олорор сыһыыларыгар киирэн,арҕаа уһукка барыаран турар балаҕан үөлэһиттэн биирдиилээн кыымнар көтөн тахса - тхса сүтэллэрин көрөн,иккиэн саҥа аллайа түстүлэр. - Оо,кэллибит... - эдэр киһи Бүөккэ долгуйбут саҥата иһилиннэ. - Һуу,хата,бааллар эбит... - Нуолур Уйбаан үөһэ тыынна. Багдаллыбыт туруорбах балаҕан таһыгар кэлэн,сэргэҕэ аттарын тохтоттулар. Уйбаан сыарҕаттан орҕостон туран,саҥыйаҕын бырахта,саһыл бэргэһэтин устан ньэлбэгэр тэбээтэ. Уола аҕатын үтүктэн тас таҥаһын уһулла. Ити тухары дьиэттэн ким да быкпата,арай далга турар тураҕас ат иҥсэрийбэхтээн ылла. Балаҕан халҕанын аһан,иһирдьэ киирбиттэрэ,дьиэ иһэ хараҥа эбит. Хаҥас муннукка ким эрэ таҥнан хачыгырыыра иһилиннэ,онтон чүмэчи уота сандааран балай эмэ киэҥ уораҕай иһин сырдатта. Киирбит дьон көрдөхтөрүнэ,муннун анныгар тор курдук бытыктаах,бэрт хатыҥыр,хачаайы киһи түрдэстибит хойуу хаастарын анныттан кыараҕас харахтарынан кинилэри быһыччы көрөн турар эбит. - Дьиэлээхтэр,дорооболоруҥ! - Уйбаан доргуччу соҕус дорооболосто. - Дорооболоруҥ... - Бүөккэ бэрт симиктик саҥарда. - Дорооболоруҥ...Кимнээххитий,доҕор бу? - дьиэлээх киһи ыйытта. - Ээ,бу эргин сорукка сылдьар дьоммут...Нуолур Уйбааммын...Бу уолум Бүөккэ... - Оо,Уйбааны билбэккэ турар эбиппин...Уолуҥ улааппыт,букатын киһи билбэт киһитэ буолбут...һэ - һэ, - Сиидэр үөрэн көбдьүөрэ түстэ. - Чэ,доҕор,киирэн күндү ыалдьыттар буолуҥ, - диэтэ уонна хаҥас диэки тиийэн: - Эмээхсин,тур...тур...Эчи утуйдаҕыҥ кытаанаҕын...соруктаах дьон кэлбиттэр...... - диирэ иһилиннэ. Сотору буолаат,муннук диэкиттэн уһун ньолбуһах сирэйдээх этиргэн дьахтар эрин батыһан тахсан: - Ыалдьыттар,кэпсээҥҥит? - диэн ыйытан баран,харда күүппэккэ,оһоҕор мас быраҕан күөдьүттэ уонна иһитин - хомуоһун тыаһаппытынан барда. Чэйдии олорон,дьоннор дьиэ эргиннээҕиттэн саҕалаан,сонуннарын үллэстэн кэпсэттилэр. - Хайа,били сэриибит хайдах буолбута буолла? - Сиидэр чэйин сыпсырыйа - сыпсырыйа ыйытта. - Дьэ,ким билэр доҕоор,биһиги даҕаны киин сиргэ сылдьыбатахпыт ыраатта, - Уйбаан иҥиэттэн кэбистэ. - Ээ,буоллаҕа... - Онтон эһиги диэки сүөһүгүт - аскыт хайдаҕый? - дьиэлээх хотун Сүөкүлэй кэпсэтиигэ кытынна, - Ээ,кэминэн... Кэннэки кэмнэргэ уот кураан таҥнары сатыылаан,эчи,киһи сүөһү эбиниэх да буолбатах,үс ыанарбытын этэҥҥэ кыстатан таһаарбыппытыттан үөрүү. - Оннук буолуо...Бу эргин даҕаны от - бурдук үүнүүтэ быстар мөлтөх сыллара тураллар... - Сиидэр онон - манан маҥхайан эрэр баттаҕын өрүтэ анньыммахтаата. Балай эмэ саҥа суох буолла,онтон Уйбаан: - Дьэ,доҕоор,Сиидэр,Сүөкүлээй...Биһиги соруктанан кэлбит сорукпут маннык...Бу уолум Бүөккэ холун этэ буһан,сиһин этэ ситэн,хоойго сытар холоонноох доҕорго сананан,эһиги кыыскытын ыйыттаран көрөөрү кэлэн олорор, - диэтэ. Дьиэлээх киһи көхсүн этиппэхтээн баран; - Биһиги да кыыспыт сааһын ситэн,тойон эрдэниэҕин саныыра буолуо диэн сэрэйэбин...Кыыс билигин утуйа сытар,онон сарсын кини тылын истиэхпит буоллаҕа...Эмээхсин биһикки тоҕо утарыахпытый... - диэн баран,Сиидэр ойоҕун диэки көрөн ылла. - Оннук - оннук...биһиги утарбаппыт...Сарсыарда кыыс утуйан турдаҕына...бэйэтин тылын истиэхпит, - Сүөкүлэй бэркэ манньыйан олорон саҥаран сыыйда... Ити курдук кэпсэтэн,түүн үөһэ лаппа ааһыыта,дьиэлээхтэр уҥа диэки эркини сырса оҥоһуллубут уһун ороҥҥо ыалдьыттарыгар утуйар таҥас тэлгээтилэр. Уйбаан утуйуон иннинэ,көҕүрэттэ таарыйа,таһырдьа таҕыста,хотон таһын диэки тиийэн чэпчэтинэ туран: "Сиидэрдээх бэрт сэниэтик олороллор эбит,бу хотонноро улахана,даллара киэҥэ! - дии санаата. Дьиэҕэ киирэн,утуйардыы оҥостон,сыгынньахтана туран,эркиҥҥэ саха мас халандаара ыйанан турарыгар хараҕа хатанна: "Тыый бу ыал халандаара төҕө түөрт уон үс сылынан турарый? Быйыл түөрт уон түөрт сыл буолуохтаах этэ дии...Сылын бутуйбут диэҕи,күннүгэ ааспыт сыл ахсынньытын ортотугар тиийэн тохтообут..." - Уйбаан дьиктиргии саныы - саныы ороҥҥо сытта. Сарсыарда бары эрдэ турдулар,дьиэлээх дьахтар хотонугар тахсан киирдэ,бу тухары кийиит буолуохтаах кыыс хаппахчытыттан быкпата. Сүөкүлэй, сарсыардааҥҥы чэйин бэлэмнээн,дьонун сандалыга ыҥырда. Сиидэр,кэлэн олорон иһэн ойоҕор туһаайан: - Били оҕону ыҥыр эрэ, - диэтэ. Онуоха дьахтар хап - сабар хаппахчыга киирдэ. Өр - өтөр буолбата,Сүөкүлэй самыытыгар түһэ сылдьар уһун суһуохтаах,бэрт номоҕон дьүһүннээх,уһун кыламаннарын анныттан унаарыччы көрбүт,кубаҕай синньигэс сирэйдээх кыыһы хаппахчы иһиттэн сиэтэн таһаарда уонна: - Биһиги оҕобут сөбүлэһэр... - диэтэ. - Оо,дьэ,бэрт,кыыстаах буолан сыа сиир дьон буоллубут, - дьиэлэх киһи үөрбүт саҥата көбдьүөрэ түстэ. - Кыымчаана, кэл тоойуом,ити холооноох доҕоруҥ таһыгар сэргэстэһэ олорунан кэбис, - диэтэ. Кыыс,симиттэ - симиттэ,уол таһыгар кэлэн олордо. - Дьэ,Бүөккээ...Табыллан эрэбит,нохоо... - Уйбаан үөрэн сэгэс гына түстэ,ойон туран,орон анныгар анньыллыбыт матаҕатын сулбу тардан ылла,илдьэ кэлбит иһит аҥаара испиирин хостоон ылан,сандалы ортотугар хороччу туруоран кэбистэ. - Биһиги даҕаны үөрүүбүт кэмнээх буолуо дуо, - Сиидэр туран испиирин уулаата. Сүөкүлэй хаҥас диэки турар ыскааптан таас үрүүмкэлэри аҕалан кэккэлэччи туруортаата. - Чэйиҥ,доҕоттоор,бу аспытын эдэрдэр дьоллоох,байылыат олохтоох буолалларын туһугар көтөҕүөҕүҥ! - дьиэлээх тойон үрүүмкэлээх арыгыны өрө көтөхтө. Онуоха сөбүлэһэн бары иһиттэрн тоҥсустулар. Эр дьон арыгыларын хантатан кэбистилэр,оттон дьахтар өттө, уостарыгар даҕвйаат төттөрү уурдулар. Балай эмэ саҥата суох аһыы олордулар,онтон Нуолур Уйбаан,көхсүн этиппэхтээн баран,барыларын кэриччи көрдө уонна: - Сиидэр,Сүөкүлээй,истиҥ эрэ,биһиги маннык санаалаахпыт,эчи олорор түөлбэбит ырыыҕы да бэрт,онон уоллаах кыыһы холботолуур малааһыны сарсын киэһэ тэрийиэҕиҥ уонна кийиит кыыһы өйүүн сарсыарда сүгүннэрэн бардахпытына сөп буолуо дии саныыбыт,ону туох диигит? - диэтэ уонна харда күүтэн,дьиэлээх тойон сирэйин көрдө. - Тиэтэлэ бэрт буолара дуу...- диэн Сүөкүлэй саарбахтаабыттыы саҥаран эрдэҕинэ эрэ быһа түстэ. - Уйбаан сөпкө этэр,билигин суол - иис баарына сүгүннэрэллэрэ сөп,сайын бу үрэх баһыттан ким кийиит сүгүннэрэ сылдьыай? Онтон сыарҕа суола баарына илдьэ бараллара сөп этэ...Хайа,уонна кыыс оҕо омук анала буоллаҕа... - диэтэ. - Чэ,ол эрээри олус суһала бэрт дуу... - дьиэлээх дьахтар кэм да чирээлэһэ олордо. - Саҥарба! Хата,бу чиэски сиргэ олорон күтүөттэммиккэр үөр! - Сиидэр ойоҕун саба саҥаран кэбистэ. - Үтүө тыл - бэлиэ! - барыта санаабытын хоту баран иһэриттэн Нуолур үөрэ олордо. - Мээнэ тылга тииһэ олоруоҥ кэриэтин кыыһыҥ сүктэр таҥаһын бэлэмниэҥ этэ! - Сиидэр кыыһырбыта ситэ ааспакка олорон,күбдьүөттээтэ. Онтон арыый уоскуйбут куолаһынан Уйбааҥҥа туһаайан: - Дьэ,Уйбаан,кыыһым энньэтэ диэн ити далга хааллан турар баар суох миинэр миҥэбин,тураҕаспын,сыарҕалыын,ыҥыырдыын,сэптиин - сэбиргэллиин биэрэн ыытыам. Бэйэм сылгы үөрдээхпин,биир эмэ соноҕоһу айааһанар инибин. Ону таһынан биир ыанар ынаҕы,эһиил төрүөхтээх бургунаһы сэтиилэнэн барыаххыт, - диэтэ. Хоноһолор дьиэлээхтэри кытта,тыл - тылларыгар киирсэн,аймахтыы буолар малааһыннарыгар атах эт эттэннэ,испиир ууланна. Уоллаах кыыс иккиэйэҕин эрэ хааллылар,хаһааҥҥыттан эрэ билсэр дьон курдук,иҥнигэһэ суох кэпсэтэр буоллулар. - Кыымчаана,эн биһикки хас оҕолонуохпутуй? - Икки оҕолонуохпут,уоллаах кыыс, - диэн баран,кыыс уһун кыламанын анныттан курус баҕайытык көрөн кэбистэ. - Ону эн хантан билэҕиний? - кыыс быһа эппититтэн Бүөккэ соһуйда. - Оннук...Билэбин... - Кыымчаана ситэри саҥарбакка сирэйин кистии тутунна. Сааскы күн киэһэриитэ уоллаах кыыһы холбооттуур малааһын буолла. Аһаан - сиэн ортолоон иһэн,Сиидэр холуочуйбут куолаһынан ойоҕор: - Дьэ,Сүөкүлээй,кыыспыт төрөөбүт түөлбэтиттэн тэйэн,атын омук холумтанын хотуна буолан хотолдьуйа хаамар күнэ үүннэ,онон эдэрдэр хоонньоһор уйаларын,хаппахчыларын бэлэмнээ, - диэн дьаһайда. - Оннук - оннук...Төрүөх төрөтөн,уруу - аймах тэнитэр кэрэ бэлиэ киэһэ буоллун! - Нуолур үрүүмкэлээх арыгытын өрө көтөхтө. Ити курдук аһаан - сиэн ампаалыктаһан,түүн үөһэ ааһыыта утуйа бардылар. Уоллаах кыыһы хаппахчыга киллэрдилэр. Уйбаан утуйаары олорон,төһө да холуочуйдар,эркиҥҥэ ыйанан турар халандаар бэлиэ маһа харыс да хамсаабатаҕын бэлиэтии көрдө. Сарсыарда эрдэ турдулар. Бүөккэ тахсан атын көлүйэн,айанныырга бэлэм гынна. Дьиэҕэ киирэн,бэҕэһээ ийэ кынна бэлэмнээбит мас холбукатын таһааран сыарҕаҕа уурда. Сиидэр энньэҕэ биэрэр тураҕас атын сиэтэн аҕалан,бэрт сиэдэрэй оҥоһуулаах хомууту,тимир киэргэллээх сулары кэтэртэ уонна хосуопка сыарҕаҕа,үрүҥ көмүс чылыгырыы оонньуур чуорааннардаах дуҕаны кэтэрдэн көлүйдэ. Бары таһырдьа суугунаһан таҕыстылар. Кыыһын атаара туран,Сүөкүлэй ытамньыйан ылла. Сиидэр саҥата суох,Нуолурдар сыарҕаларыгар ууруллубут эһэ тэллэҕин көннөрбүтэ буолла. - Чэ,Бүөккэ,эн Кыымчаанаҕын кытта,бэйэҥ аккын салайан бастааҥ. Мин тураҕаһы муоһалаан ынах сүөһүнү сэтиилэнэн барыам, - диэн Нуолур ат тэһиинин сүөрэн олгуобуйаҕа эрийэ тарта. Уол кыыһын сиэтэн аҕалан,сыарҕатыгар олордон эрдэҕинэ,сэргэҕэ бааллан турбут дьөһөгөй оҕото төбөтүн өрө көтөҕө түстэ,харахтара уһулу ойон тахсыахтыы,быччаччы көрөр - көрө,таныытын тардырҕата - тардырҕата мөхсүбүтүнэн барда. - Тыый,бу сүөһү туох буолла! - Бүөккэ сүүрэн кэлэн чиккэччи тардыллыбыт тэһиини харбаан ылла уонна атын моонньун имэрийбэхтээтэ. Кыымчаана ат мөхсүбүтүгэр, сарылаабытынан сыарҕаттан ойон түһэн киэр хаамта. Кыыс тэйбитигэр ат уоскуйа быһыытыйда. - Чэ,кэл,Кыымчаана,олор - олор,бу ат атын киһи олордо диэн атыҥыраан муҥнанар быһыылаах, - Бүөккэ атын имэрийэ - имэрийэ кэргэнин ыҥырар. Кыыс иккистээн,сыарҕаҕа чугаһаан олоруохча буолан эрдэҕинэ,ат иччилээх баҕайытык кистээн дьырылатта уонна,икки кэлин атаҕар тура - тура,аттыгар турар иччитин илин атахтарынан сыыһа - халты табыйан куһурҕатта. - Оо,бу сылгы сатанымаары гынна,ыл,Бүөккэ,эһиги анараа сыарҕаҕа барыҥ, - Нуолур сүүрэн кэлэн атын тэһиинигэр түстэ. Ити курдук мучумааннанан,айанньыттар, дьиэлээхтэри кытта быраһаайдаһан,сыарҕаларыгар олорон айаннатан бардылар. Уйбаан,атын тэһиинин сүөрэ тардан,сыарҕатыгар олорорун кытта,дьөһөгөй оҕото,туохтан эрэ куотан эрэрдии кистээн дьырылата - дьырылата айан суолун диэки атара сэлииннэн түһүнэн кэбистэ. Кэнниттэн ынахтаах,бургунас сэтиилээх эдэр дьон,аттарын муоһалаан,аргыый хаамтаран истилэр. Балай эмэ тэйэн баран,Бүөккэ дьиэ диэки хайыһан көрбүтэ,тэлгэһэҕэ кыыс дьоно быраһаайдаһан далбаатана туран,салгыҥҥа сүтэн симэлийэн хаалылар. Итини көрөн уол "Сааскы дьэргэлгэн ирбиньиктэнэригэр хараҕым оонньоото ини", - дии санаан соччо баардылаабата. Халлаан бороҥуйарын саҕана айанньыттар Суон Соппуруон тэлгэһэтигэр хаамтаран киирдилэр. Эдэр дьону киирэн оһоҕу оттоллоругар соруйан баран,Нуолур аттары булгуйталаан,сойута баайталаата,ынах сүөһүнү эргэ хотон элээмэтэ баарыгар киллэртээн баайталаата,тиэйэн кэлбит отторуттан киллэрэн быраҕаттаан биэрдэ. Эдэр дьон көмүлүөк оһоҕу тигинэччи оттон кэбистилэр. Сотору кэминэн дьиэ иһэ сырдаан,сылыйан кэллэ. Кыымчаана сандалы бөҕүн - саҕын сотон баран,ас бэлэмниир түбүгэр түстэ Кыыс,ити сылдьан таҥара күлүгэ муннукка оҥоһуллубут долбуурга турарара оһох уотун сырдыгар килбэҥнээн ылбыты көрө түстэ. Онно сулбу хааман тиийэн,харбаан ылан чэҥнээх муннук диэки талыр гына бырахта Итини көрөн Бүөккэ: "Аныгы киһи сиэринэн таҥараны итэҕэйбэт буоллаҕа,арай мин ийэлээх аҕам,ити тэриллэри кистээн уура сылдьан,биирдэ эмэ да буоллар таҥара күннэригэр ылан,билигин даҕаны син биир үҥэллэр...." -дии санаата уонна таһыгар таһаарбата... Айанньыттар этэҥҥэ хонон туран баран,сарсыныгар ааттаах эрдэ суолга туруннулар. Мааппа,дьиэтээҕи түбүгүн бүтэрэн,сыа чүмэчи имик - самык уотугар иис анньа олордоҕуна,тэлгэһэҕэ сыарҕа тыаһа сырылаан кэлэрэ иһилиннэ,ат иҥэрсийдэ,дьон саҥата отур - ботур кэпсэтэллэрин иһиттэ. Сонун бүрүнэн,дьахтар таһырдьа тахсан,сэргэҕэ икки ат бааллан турарын,ол таһыгар үс киһи күлүгэ барыҥныырын көрөн үөрэ түстэ."Оо,кийиит сүгүннэрэн аҕалбыттар...Бэйи..." - диэт дьиэтигэр киирэн иһити - хомуоһу талыгыраппытынан барда, Эдэр дьон дьиэҕэ киирбиттэрин кэннэ,Нуолур сэтиилэнэн кэлбит кыыс энньэ сүөһүлэрин хотоҥҥо киллэрэн баайталаары гынан эрдэҕинэ,дьиэлээх сүөһүлэр ору - сары бөҕө түһэрдилэр. Кырдьаҕас ынахтара,бааллан турар быатын быһа түһүөхтүү,орулуу - орулуу баһын быһа илгистимэхтээтэ,муннукка турбут атыыр оҕустара,хотон даҥын буора саккырыар диэри айаатаан лиҥкинэттэ,оннооҕор хаһаа иһигэр турар тарбыйахтар маҥырыыр,ньааҕыныыр саҥалара хотон иһин ылан кэбистэ,өй мэйдээх тулуйбат үлүгэрэ буолла. Хайыай,ити үлүгэр айдаантан куоттаран,Уйбаан аҕалбыт сүөһүлэрин таһырдьа таһаартаата. Сыбаҕа соролонон бүппүт эргэ хотонугар киллэртээн баайталаата. - Хайа,доҕоор,туох аймалҕанын тартыҥ? Ынахтар маҥырыыллара мантан иһиллэр ээ. Мааппа эрэ киирбитигэр ыйыта тоһуйда. - Ээ,кэлии сүөһүлэри атыҥыраан дьаабыланаллар ини...Аҕалбыт сүөһүлэрбин эргэ хотоҥҥо баайталаатым, - Уйбаан сонун устан көхөҕө ыйаата. - Оо,сордоохтор тоҥоллоро буолуо...Бэйи,мин тахсан от киллэриэм, - Мааппа таһырдьа тахсаары сонун кэттэ. Кийиит кыыс кэлиэҕиттэн Нуолурдар дьиэлэрэ бэркэ сэргэхсийдэ. Кыымчаана иистэнньэҥэ билиннэ,туттара - хаптара ырааһыттан Мааппа үөрүүтэ үрдээтэ Бастакы күннэргэ маанылаан кийиитин,хотон үлэтигэр таһаарбата. Арай биир үтүө сарсыарда Мааппа кийиитигэр: - Тоойуом,Кыымчаанаа,хотоҥҥо тахсыһан сүөһүгүн - аскын билсиһэн киирбэккин ээ... - диэн хотоҥҥо илдьэ таҕыста. Дьахталлар хотоҥҥо киирэллэрин кытта дьиэлээх сүөһүлэр харахтарын күлтэччи көрө - көрө,маҕыраһан - орулаһан,ый - хай бөҕөнү түһэрэн бардылар. Кийиит кыыс кулгааҕын туттубутунан таһырдьа ойорун кытта хотон иһэ чуумпура түстэ. Ити кэнниттэн Кыымчаана эргэ хотоҥҥо бааллан турар бэйэтин энньэ сүөһүтүн көрөр буолла. Ыам ыйын саҕаланыыта улахан ынаҕа үс атахтаах чиччик торбуйаҕы төрөппүтэ,биир хоммокко өлөн хаалла. Онтон,хаар ууллан бүтэрин саҕана,аны бургунаһа торбостоон кэбистэ. Сайын буолуута,сүөһүлэр ходуһаҕа сылдьан мэччийэр кэмнэрэ кэллэ. Уйбааннаах оҕустара кэлии ынахтары сабыан оннугар,кинилэри көрдө даҕаны,киҥэ - наара холлон,айаатыы - айаатыы сырса сылдьан дьөлүтэ кэйиэлээн ходуһаттан үүртэлиир буолла. Саха сирин кылгас сайына ааһан,хоту диэкиттэн тымныы салгын үрбэхтээн,күһүн обургу кэлэ оҕуста. Бокуруоп таҥаратын ааһыыта,Нуолур кэлии сүөһүлэри,сатаһыахтара суох диэн,эккэ туттан кэбистэ. Ити кэнниттэн үс сыл ааста,1947 сыл, саас эрдэттэн ардаан,ходуһалары нүөлсүтэн,бэрт быйаҥ сайын кэлбитэ биллэн барда. Нуолурдар оттонор ходуһаларыгар күөх от чээлийэ долгунурда. Бу ааспыт үс сыл иһигэр эдэр ыаллар икки оҕолоннулар,бастакылара - кыыс оҕо,Тууйа быйыл иккитин туолла,иккистэрэ - Куонаанчык уол,биирин ааһан эрэр,дьиэ иһигэр хааман тоотоҥнуур. Бу ааспыт сылларга кинилэр түөлбэлэригэр туораттан икки атахтаах үктэммэтэ. Арай биир сарсыарда Нуолур тэлгэһэтигэр,кураанах хамсатын соппойо -соппойо,кыраабыл уктуу олорон,сыһыыга киирэр айан суолун устун,ыҥыыр аттаах үс киһи сиэллэрэн сикситэн киирэн иһэллэрин көрдө. Кыраабылын туора ууран баран,дьиэтин аанын өҥөйөн туран,ойоҕор: - Эмээхсиэн,сылабааргын тиэтэт,ыалдьыттар иһэллэр! - диэн баран,төттөрү тахсан,эргэ солуурга буруолаан бургучуйар түптэтигэр кии эбэн биэрдэ уонна сэргэ таһыгар тиийэн уурда. Дьиэттэн Бүөккэ тахсан,ходуһаны ортотунан аты түөһүнэн буола үүммүт хойуу оту силэйэн аттаах дьон иһэллэрин чарапчыланан көрө турда. Өр буолбата,көлөһүн аллыбыт аттар сэргэ таһыгар кэлэн хорус гына түстүлэр. -Оо,бу дьон олорор сиргит тоҕо ырааҕай! Уон биэс көһү ыҥыыр акка сахсыллан ис - үөс баранна! - дорооболоһуон оннугар мөҕүттүбүтүнэн,сулардыы бытыктаах эдэр киһи атыттан түһэн кыл сэлээппэтин кэтэҕин диэки аста. - Дьиэлээхтэр,кэпсээҥҥит? - бэрэссэдээтэл Хабырыыс бэйэтин алта уон сааһыгар холооно суох чэпчэкитик ыҥыырыттан ыстанан түстэ,онтон атын сэргэҕэ баайан баран,кэлэн дьону кытта илии тутуста. Үһүс киһи,букатын эдэр уол,атыттан түһэн,убаһа кутуруга дэйбиири ыҥыырын хоҥсуоччутугар иилэ бырахта. - Дьиэлээхтэр,дорооболоруҥ! - диэн бэйэтин хачаайы көрүҥэр тэҥэ суох суон куолаһынан Нуолурдары кытта дорооболосто. Нуолур Уйбаан,талах олоппоһуттан ойон туран,бастаан билэр киһитин кытта илии тутуста,онтон эдэр дьон эрчимнээх илиилэрин бобута туппахтаата. - Ыалдьыттар,кэпсээҥҥит? Биһиэхэ үрэх баһын дьонугар соччолоох сонун суох. - Дьиэлээхтэр,билсэн кэбиһиҥ,бу эдэр киһи Махсыым,милииссийэ үлэһитэ, - диэн баран Хабырыыс суон куоластаах ырыган уол ырыган уол диэки кыҥнах гынна уонна сулардыы бытыктаах киһини билиһиннэрдэ. - Бу - Сөдүөт, соторутааҕыта аармыйаттан кэлэн,холхуоска үлэлээн эрэр. - Ээ,сөп - сөп. Чэ,дьиэҕэ киирэн,ирэ - хоро кэпсэтиэҕиҥ, - Нуолур барыларын ыҥыртаан,дьиэҕэ суугунаһан киирдилэр. Кэлбит дьон дьахталлары кытта дорооболостулар,тыл бырахсан кэпсэтэн ыллылар. Мааппа сандалыга бэрт бөдөҥ собону хоторон аҕалан уурда. Сылабаартан сүөгэй үүттээх чэй кутаттаан ыалдьыттарын иннигэр уурталаата. Кыымчаана оҕолорун сандалыга олордуталаан баран,бэйэтэ хаппахчытыгар киирэн хаалла. Бүөккэ ойоҕун батыста. Аһыы олорон,дьон ыраах -чугас сонуннарын хардарыта кэпсэтиһэ олордулар. -Хайа,доҕоор,били сэриибит хайаста?- Нуолур,билэрдии,Хабырыыс сирэйин өрө мыҥаан олордо. - Хайаста буолан! Бу үрэх баһыгар саһан олорор дьон,ону истиэххит дуо?! - Кыл сэлээппэ собо тылын соппойбохтообутугар хаҥас иэдэһин анныгар,уоһун уһугуттан кулгааҕын эминньэҕэр диэри хайа анньыы баастааҕа килэриччи оһон чэр буолбута ибигирээмэхтээн ылла. - Чэ,бэйи,доҕор, Сөдүөт,тохтоо эрэ... - Хабырыыс аттыгар олорор киһини тоҥолоҕунан ойоҕоско аста уонна: - Доҕоор,Уйбаан,сэрии бүппүтэ ыраатта,иллэрээ сыл ыам ыйыгар хаанымсах фашистары бэйэлэрин арҕахтарыгар хаайан,биһиги кыайыылаах - хотуулаах Кыһыл Аармыйабыт кырган турар! - диэтэ. - Оо,оннук эрэ буоллун! - Уйбаан кириэстэнээри,илиитин сүүһүгэр тиэрдэн иһэн,Сөдүөт диэки кылап гына көрөөт,тохтоон хаалла. - Уйбаан,мин көрүөхпэр,эһиги кийииттэммиккит дуу? Хайаларын кыыһай? - Хабырыыс аһаан букунаһа олорор оҕолор диэки көрдө. - Били Сулардаах уола Сиппиир Сиидэри өйдүүр иигин? Ол дьон кыыстара, - Уйбаан чэй иһэ - иһэ кэпсии олордо. Маны истээт,Сөдүөт сии олорбут балыгар харан сөтөллүмэхтээн ылла,кэлии дьон аһыылларын тохтотон,сирэй - сирэйдэрин көрсөн кэбистилэр. - Ол,хаһан? - Хабырыыс дьиксиммиттии көрө - көрө ыйытта. - Үс сыллааҕыта,сааскы хатааһын саҕана, - дьиэлээх киһи сиэннэрин диэки көрөн мичээрдии олордо. - Тыый! Оттон биһиги... - диэн милииссийэ уол саҥаран эрдэҕинэ,Сөдүөт аттыгар олорор киһитин тобугунан имнэнэн тохтотон кэбистэ. Бэрэссэдээтэл сүр дириҥник үөһэ тыынна,барыларын кэриччи көрөн иһэн,оҕолору көрөн олорбохтоото,онтон: - Чэйиҥ эрэ,доҕоттоор,таһырдьа тахсан табахтыаххайыҥ,Уйбаан,табах тардыбатаҕыҥ быданнаата ини? - диэн баран сандалыттан турда. - Оннук бөҕө буоллаҕа! - Нуолур көбдьүөрэ түстэ. Таһырдьа тахсан Нуолур талах олоппоһугар олоруох буолан эрдэҕинэ,Хабырыыс: - Уйбаан ол ампаар күлүгэр баран олоруоҕуҥ дуу, - диэтэ. Төрдүөн субуруһан тиийэн ампаар кэннигэр ойоҕоһунан туруоруллубут сыарҕаны олордьу ууран баран кэккэлэччи олордулар. Бастаан утаа саҥа суох буолла,бары сиэптэрин хастан,саппыйаларын хостоон табах ууруннулар. Хабырыыс,табах кымаахтаан ылан,дьиэлээх киһини күндүлээтэ. Балай эмэ саҥата суох олорон табахтаатылар. Онтон бэрэссэдээтэл көхсүн этиппэхтээтэ,туохтан саҕалыан билбэккэ,барыларын хардарыта көрбөхтөөтө. - Уйбаан,ити кийииккин хаһан сүгүннэрэн аҕаллым диэтиҥ этэй? Хаһыс сыллаахха? - диэн чопчулаһан барда. - Быйыл түөрт уон сэттэ сыл...үс сыллааҕыта...түөрт уон төрдүс сыл сааһыгар, - дьиэлээх киһи,бу дьон тоҕо ону туоһулаһалларын өйдөөбөтөр да чопчулаан биэрдэ. Итини истэн баран,кэлбит дьон тугу эрэ санаабыттыы соҥуоран олордулар,онтон Сөдүөт саҥаран барда; - Уйбаан,эн булчут Доропуун диэн киһини билэр инигин? - Ээ,билэн бөҕө буоллаҕа дии,хата,ол киһини көрбөтөҕүм ыраатта, - Нуолур бэркэ астынан табахтыы олорон хардарда. - Дьэ,буот,ол киһи... - диэн иһэн,Сөдүөт ах баран хаалла,саарбахтаабыттыы илиитин мускуммахтаата уонна,эрэммиттии,бэрэссэдээтэл диэки көрбөхтөөтө. Хабырыыс үрдүк сүүһүн мыччыһыннаран,тугу эрэ толкуйдаабыттыы,биир сири тонолуппакка одуулаан олорбохтоото,онтон; - Уйбаан,маннык баар...Доропуун иллэрээ сыл,Кыайыы ыһыаҕар киирэ сылдьан бэрт хомолтолоох түгэни кэпсээбитэ ээ... - диэтэ. Уйбаан кинини быһа түһэн: - Бай,ол тугу? - диэн соһуйа быһыытыйда. - Ол ыһыахха киирэн иһэн,Доропуун Сиидэрдээххэ хоноору оҥостон кэлбитэ,дьиэлээхтэр бары эстэн сыталлара үһү...Буолаары буолан өлбүттэрэ хас да сыл буолбут диэбитэ...Дьиэлээхтэр үһүөн оронноругар сыппытынан бараахтаабыттар үһү,суорҕаннарын анныгар уҥуохтара эрэ кылыгыраһан сыталлар диэбитэ... - Хабырыыс итини кэпсиирин кытта,Нуолур Уйбаан,хамсатын айаҕыттан сулбу тардан ылаат,олоҕуттан ойон турда. - Тыый,бу дьон тугу - тугу лахсыйан бардыгыат? - диэн саҥаран бобуллаҥнаата. - Уйбаан...уоскуй...уоскуй...доҕоор... - дии - дии Хабырыыс туран,дьиэлээх киһини төттөрү олорто. - Баҕар,сымыйа сурах буолаарай? - Сөдүөт саҥаран баран хамсатын тэбээтэ. - Сымыйа диэҕи,Доропуун милииссийэҕэ суругунан тыллабыр киллэрбитэ ээ. Биһиги ол дьону ийэ буордарыгар булларан харайаары,туохтан өлбүттэрин быһаараары баран иһэр быһыыбыт бу...баччааҥҥа диэри саҥата суох олорбут Махсыым саҥа таһаарда. - Харайаары буолан! Үһүөн...Буола - буола...Көрбөккүт дуо? Ити кийиитим,оҕолорум...Сиэннэрим дьиэҕэ олороллор дии...һэ - һэ,киһи куһаҕантан күлэр ээ...Нуолур кыыһырыахча буолан иһэн,сонньуйан ылла. Балай эмэ саҥата суох олорбохтоотулар,онтон Сөдүөт,Хабырыыска туһаайан: - Оччоҕо биһиги хайыыбыт,мантан төннөбүт дуо? - диэтэ. - Эс,бачча кэлэн бараммыт төннүбэт инибит,ол дьон баар буоллахтарына... - диэн Уйбаан диэки көрөн тохтоон хаалла.,онтон: - һм...һм...Сиидэрдээҕи холхуоска киириҥ диэн күһэйэн көрүөхпүт, - диэн ситэрэн биэрдэ. - Оннук - оннук,бачча кэлэн баран тиийдэхпитинэ сатанар, - милииссийэ уол мас - таас курдук этэн кэбистэ. - Уйбаан,биһиги эйигин сирдьит оҥостор санаалаах этибит,мин сылдьыбатаҕым ыраатта,суолу умнубуппун,ону эн туох диигин? - Хабырыыс туртайбыт баттаҕын өрүтэ анньыммахтаата уонна дьиэлээх киһи хардатын истээри,кини диэки эрэммиттии көрдө. - Сирдээминэ доҕор,таарыйа Сиидэрдээҕи билсэн киириэм буоллаҕа, - Уйбаан улгумнук сөбүлэһэ охсубутугар бары көнньүөрэ түстүлэр. - Дьэ бэрт,сирдьиттээх буоллахпытына,кудуххайдык айанныахпыт буоллаҕа. Сөдүөт сөбүлээбитин биллэрэн күлэн арсайбытыгар,баастаах иэдэһэ ыртаччы тардан,саһархай,бөдөҥ тиистэрэ көстөн ыллылар. - Хата,элбэх буоллахпытына айанныырга да сэргэх буолуо, - милииссийэ уол, туран,киэһээҥҥи сөрүүн салгыны түөһүн муҥунан тыыммахтаата. - Чэ,доҕоттоор,киирэн чэйдээн баран эрдэ утуйуоҕуҥ дуу...Мин эһиэхэ бу ампаарга орон оҥорон биэриэм, - Нуолур эмиэ туран,күлүн тэбээн баран,хамсатын кураанах саппыйатыгар угунна. Дьиэҕэ субуруһан киирэн иһэн,Сөдүөт дьиэлээх киһини сиэҕиттэн тардан: - Бу кэпсэтии туһунан дьиэлээхтэргэ быктараайаҕын! - диэн сибигинэйэ быластаан сэрэттэ. Киэһээ аһылыкка Мааппа улахан нэлэгэргэ эт хотордо -Бу күһүҥҥү идэһэбит этэ,ыалдьыттар тото - хана аһааҥ, - диэн сандалыга ыҥырда. Хаппахччы иһиттэн Бүөккэ тахсан,сандалыга олоро - олоро: - Кыымчаана ыарытыйар,аһылыкка тахсыбат буолла, -диэтэ. Тууйа кэлэн,аҕатын таһыгар олох маска ырычаахтаһан тахсан олордо,кыра уолу,Куонаанчыгы эһэтэ ньилбэгэр олордон аһаабытынан бардылар. - Мааппаа мин сарсын бу дьону кытта,сирдьит буолан Сиидэрдээххэ тахсыһар буоллум. Бу дьон Сиидэрдээҕи холхуоска килэрэр соруктаах айаннаан иһэллэр, - Уйбаан миин иһэн сыпсырыйарын быыһыгар саҥара олордо. - Ээ,сирдээминэ,аймахтаргын билсэн киириэҥ буоллаҕа,хайа,уонна биһиги даҕаны холхуоска киирэр инибит, - дьиэлээх хотун эрин диэки тургутардыы көрдө. - Ити сөп этии буолла. Быйыл күһүнү ааспакка киирэххитинэ сатанар. Көлө диир буоллаххытына,аттаах киһи ыытыахпыт, - Хабырыыс эт ыстаан быллаҥнатарын быыһыгар саҥарда. - Чэ,бэйи,аймахтарбар тахсан киириэхпит,ол кэннэ быһаарыаныахпыт, - Нуолур көтөҕөн олорор сиэнин оройуттан сыллаан ылла. Аһаан - сиэн бүтүөхтэригэр диэри сайыҥҥы күн санньыйда. Кэлбит дьон ампаар иһигэр киирэн утуйардыы оҥоһуннулар,тэлгэһэ иһигэр уу - чуумпу сатыылаата. Арай түүҥҥү чыычаахтар чыбыгыраһаллара дөрүн - дөрүн иһиллэн ылла. Дьиэ иһигэр киһи бары утуйда. Арай Нуолур Уйбаан,сиэнэ уол түһээн ытыыр бадахтаах,сотору - сотору сыҥырҕаан ыларын истэ сытан,истибитин ырыҥалыыр. "Бээрэ,ити дьон тугу - тугу туойдулар...Сиидэрдээҕи куһаҕан буолбуттар диэн Доропуун кэпсээбитэ дииллр дуу? Ол Доропуун хаһааҥҥыттан сымыйа сураҕы тарҕатар буолбутай..Бу үйэҕэ сымыйалаабатах киһи буолуохтаах этэ...Дьэ,дьикти...Харайа тахсан иһэбит диэннээхтэр..." Итинник саныы сытан,эмискэ тугу эрэ өйдөөбүттүү,ходьох гына түстэ. "Бэйи эрэ...Били ойох кэпсэтэ тахсарбытыгар...Сиидэрдээх халандаардара...Түөрт уон үс сылга кэлэн тохтообут этэ дии...Ахсынньы ый ортотугар этэ,бадаҕа...Тууй - сиэ! Бу киһи,аны бэйэм төбөбүнэн ыалдьаары гынным дуу?! Кэбис...кэбис...Утуйуохха,буолары - буолбаты санаа оонньуута гына сыттамый! Кийиитим,сиэннэрим,бу аттыбар утуйан буккураһа сыталлар дии..." Нуолур уоскуйан,утуйаары суорҕанын сирэйигэр саба тардынна. Сарсыарда бэрт эрдэ,Уйбаан бэйэтин атын сиэтэн аҕалан сэргэҕэ баайда. Онтон айанньыттар аттара ходуһа кытыытыгар өртөнөн аһыы туралларын биир - биир сүөртэлээн аҕалан,күрүөҕэ кэккэлэччи баайталаата. Сайыҥҥы күн бастакы сардаҥалара халдьаайы үрлүгэр үрүҥ дьураа ойуу буолан тыктылар. Сарсыардааҥҥы чыычаахтар ырыалара сыһыы иһин ылан кэбистэ. Күп - күөх халлааҥҥа,сүөһү итирин тиирэ тарпыт курдук,маҥан былыттар туналыһа уһуннулар. Ампаар иһиттэн Хабырыыс тахсан тыыллаҥныы - тыылааҥныы,тэлгэһэҕэ табаахтыы олорор Уйбааҥҥа: - Дьэ,быйыл от - мас үүнүөр мааны сайын кэллэ,эһиэхэ даҕаны быйаҥ сайын буолсу диэн көрөбүн, - диэтэ. - Былырыыҥҥыттан бэттэх,сааскы өттүгэр сылаас ардахтар түһэн,от үүнүүтэ үчүгэй,бурдук даҕаны үүнүүтэ куһаҕана суох, - Уйбаан ойуур саҕатыгар баар бурдугун сонуогун диэки кыҥнах гынан ыйда. - Кырыыстаах сэрии бүтэн,күөх быйаҥы хото сомсон,дьэ,үрүҥ харахпытын өрө көрүөх буолан эрэбит. - Хабырыыс долгуннура үүммүт оту астыммыттыы көрө турда,онтон ампаар аһаҕас аанын диэки хайыһан: "Ноколоор,туруҥ,күн ыраатта! - диэн дьонун тиэтэттэ. Айанньыттар түөртүүр ыам саҕана Суон Соппуруон олоҕор тиийэн кэллилэр,салгын сиэн кубарыйан хаппыт сэргэҕэ аттарын баайталаатылар. - Сирбитин ортолоотубут,манна чэйдээн баран, харахпытын тымныта түһэн ылыаҕыҥ уонна түүн сөрүүн түһүүтэ айаммытын салгыаҕыҥ, - Нуолур сөпкө эттим дуу диэбиттии бэрэссэдээтэл диэки көрдө. - Бэрт сөп этии буолла доҕор, - Хабырыыс сөбүлэстэ. - Һуу,бу тоҕо итиитэй...Сөрүүн түһүүтэ айанныырбыт сөп..., - Сөдүөт атыттан түһэн,төргүүтүн сүөрбүтүнэн барда. - Эчи,бырдаҕа, -милииссийэ уол,тулатыгар дыыгыныы көтөр бырдаҕы кыйдаан,кыл дэйбииринэн сапсыммахтаата,ыҥыырыттан тирии бэрэмдэйин сүөрэн ылан санныгар быраҕынна уонна,көһүйэн хаалбыт атахтарын ахчаччы үктээн,дьиэ диэки хааман алтахтаата. Сайыҥҥы күн арҕаа саҕахха санныйарын саҕана айанньыттар суолга туруннулар. Аата ахсаана биллибэт үрүйэлэри туораан,бадарааннаах маардары тумнуталаан,лиҥкинэс тииттэрдээх систэри бысталаан,аттаахтар илин саҕах быһах биитинии кылбайарын саҕана Туустаах үрэҕин тардыытыгар киирдилэр. Күөс бастыҥын курдук хаамтарбыттарын кэннэ халдьаайы үрдүттэн,тэйиччи соҕус,ходуһа нэлэһийэн көһүннэ. Халдьаайы сыырын таҥнары киирэн иһэн,Хабырыыс: "Бу ыал баар буоллахтарына,тоҕо сүөһүлэрин,сылгыларын суола көстүбэтий...Уйбаан Сиидэрдээх уонча ынах сүөһүлээхтэр,сэттэ биэлээх атыыр үөрдээхтэр диэн кэпсиирэ...Оччо элбэх сүөһүлээх дьон сүөһүлэрин туйаҕа бу тэҥкэ бадараанын тэһэ үктүө эбит". - диэн дьиктиргии санаата. Балай эмэ киэҥ сыһыы кытыытыгар киирэн иһэн,Сөдүөт: - Бай,бу туох уҥуохтара ыһылла сыталларый? - диэтэ. Бары кини диэки хайыһа түстүлэр. Сөдүөт,атыттан ыстанан түһэн,ойоҕос уҥуохтара атыгыраан сыталларыгар чугаһаан кэлэн,сэтиэнэх от быыһыттан кубарыччы куурбут сото уҥуохтарын хостоон таһаарда. - Оо,бу үөр атыырын сотолоро,көр,бу мүһүлгэлэрэ модьутун, - диэтэ. - Тыый,кырдьык улахан сылгы сотото эбит; - диэн иһэн,Нуолур Сиидэрдээх дьиэлэрэ турар буолуохтаах сирин диэки чарапчыланан көрдө уонна атын тиҥилэхтээн,ол диэки хаамтарбытынан барда. Бары кинини батыһан бардылар. Тэлгэһэҕэ сүүсчэкэ хаамыы хаалбытын кэннэ Нуолур атын тохтотто. Иһигэр:"Тыый бу дьон суоллара - иистэрэ тоҕо суоҕуй? Ынах - сүөһү иигэ - сааҕа...Титииктэрин таһыгар ынах тэлгэһэтэ...Түптэ онно бачча сай ортото буруолуу сытыахтаах этэ..." - лиэн ытырыктата санаата. - Һм...һм...Хайа,доҕоор,киһи баара билибэт дуу - Уйбаан саҥаран иһэн бөтө бэрдэрдэ. - Баҕар,атын сиргэ көспүттэрэ буолаарай? - милииссийэ уол, Уйбааны уоскутаары, - ыйыппыта буолла. - Махсыым,эн биһикки баран көрүөх эрэ...Эһиги манна хаалыҥ, -диэн баран,Сөдүөт атын дьиэ диэки хаамтарда. Милииссийэ уол кинини батыһыннарда. Дьиэни кытта хотону быыстыы оҥоһуллубут сиэрдийэ күрүөҕэ тиийэн,Сөдүөт атыттан түстэтэ тэһиинин Махсыымҥа туттаран баран,сыыс от саба үүммүт тэлгэһэтигэр киирдэ. Дьиэҕэ тиийээт,халҕаны аһаат,дьик гына түстэ - кини иннигэр бэрт бөрөкүтэ суох көстүү арыллан кэллэ. Көрдөҕүнэ,кэҥэс соҕус балаҕан дьиэ хаҥас өтүгэр мас ороҥҥо кубараччы хаппыт киһи чөмчөкөтө,муостаҕа төкүнүйэн түһүөхчэ буолан,орон сыҥаһатыгар иҥнэн сытар эбит. Ол улаҕаа өттүгэр өссө биир киһи төбөтүн уҥуоҕа баарын көрдө. Ити турдаҕына,Махсыым кэлэн санныга таарыйбытыгар Сөдүөт хаһыыра түстэ. - Һуу!.. Бу да киһи...киһини соһуттуҥ, - диэн баран сүүһүгэр бычыгыраан тахсыбыт көлөһүнүн сиэҕинэн сотунна уонна аан модьоҕотун атыллаан иһирдьэ киирдэ. Милииссийэ уол,ороҥҥо чугаһаан,нэк буола уоттуйбут куобах тириитэ суорҕаны арыйа тарта. - Икки киһи сытар...Ити улаҕаа диэки сытааччыта,баттаҕын сэмнэҕиттэн сылыктаатахха,дьахтар быһыылаах,оттон бу уот диэки хайыспыт дьиэлээх киһи буолуон сөп... Махсыым төһө билэринэн быһаара турдаҕына,Сөдүөт муннук диэки салгын сиэн кубарыйа маҥхайбыт хаппахчы сабыыта сэгэччи аһыллан турарыгар тиийэн тэлэччи тарта уонна көрбүтүн итэҕэйбэтэхтии кэннинэн чинэрийдэ. - Махсыым...кэлэн көр эрэ... Махсыым,кэлэн,хаппахчы иһин өҥөйөн көрбүтэ,ороҥҥо саҥатык сиидэс халадаайдаах киһи уҥуоҕа хапсыйан сытар эбит. Төбөтүн уҥуоҕуттан ситэ арахса илик куйахатыттан биир гына өрүллүбүт уһун хара баттаҕа муостаҕа тиийэ намылыйан,аһаҕас аанынан киирэр салгыҥҥа оҕустаран биэтэҥнии турар эбит. - Оо,сүрүн,доҕор?! Бу дьахтар халадаайа букатын саҥа курдук...Оттон ити баттаҕа күн бүгүн өрүммүт курдук дии...Көр...көр...ол эркин диэки оҕо чөмчөкөлөрө көстөллөр... Махсыым ыгылыйбыт саҥатын истэ туран,Сөдүөт ороҥҥо чугаһаан өҥөс гынан көрдө. Кини көрдөҕүнэ, "дьахтар" улаҕаа өттүгэр даба ырбаахылаах,атахтарыгар саҥа ыыһаммыт тирии этэрбэстээх икки оҕо уҥуохтара сэргэстэһэ сыталлар эбит. - Бу сытааччылар таҥастара тоҕо саҥа курдугуй? Ити оҕолор этэрбэстэрэ букатын саҥа ыыһаммыт курдук ээ...Хайа,уонна "дьахтар" баттаҕа тыыннаах киһи киэнин курдук... - Сөдүөт мунаахсыйа турда. - Бээрэ,доҕор...Били Уйбааннаахха хонорбутугар кийииттэрэ маннык өҥнөөх халадаайдааҕа...Уонна сиэннэрэ эмиэ субу курдук таҥастаах - саптаах этилэр... Милииссийэ уол саҥара турдаҕына,Сөдүөт быһа түһэн: - Тыый,кырдьык даҕаны! Кийиит баттаҕа эмиэ... - диэн саҥа аллайаат ах барда. - Мин тахсан дьону ыҥыртыым дуу... Махсыым аан диэки баран эрдэҕинэ,Сөдүөт: - Уйбааны манна киллэрбэт инибит...Туох аанньаны көрдөрөөрү... - диэтэ. Онуоха анараа киһи: - Уйбаана суох манна сатаммаппыт буолуо ээ...Дьыала - куолу оҥоһуллуо турдаҕа, - диэн баран таһырдьа тахсан хаалла. Сөдүөт хаппахчы сабыытын саба тарта. Милииссийэ уол таһырдьа тахсыбыта,Хабырыыстаах Уйбаан күрүө таһыгар кэлэн,кинилэри күүтэн тураллар эбит. - Дьэ,доҕоттоор,Доропуун тыллаабыта кырдьык буолла...Бэйэҕит да сэрэйэн турар инигит... - Махсыым тэлгэһэ иһин кэриччи көрөн кэбистэ. - Ол хаһан... - Нуолур Уйбаан дьиэ диэки кыҥнах гынна. - Өр буолбут...Хас да сыллааҕыта быстыбыттар быһыылаах...уонна биир дьикти баар...Ахсаанынан биэс киһи "өлүгэ" баар. - Биэс диигин дуу? Ол хантан биэс буолаллар? Хайдах? - Нуолур үрүт - үөһэ ыйытан турда. - Сиидэр ойоҕунаан иккиэйэх хаалбыттара... - дьиэ диэки көрдө. - Хаппахчыга дьахтар уонна икки оҕо кырамталара сыталлар... Махсыым саҥаран эрдэҕинэ,Уйбаан: - Дьахтар даа! Оҕолор...Оҕолор диигин дуу?! - уолуһуйа ыйытта. Милииссийэ уол Уйбаан саппаҕырбыт сирэйин көрбөхтөөтө,онтон: - Оҕолор уҥуохтара баар... - диэтэ. - Чэ,киирэн көрүөҕүҥ дуу, - бэрэссэдээтэл Хабырыыс дьиэ диэки хаамта. Дьиэҕэ киирэн,Нуолур хаҥас диэки сытааччы уоттуйан тырыта барбыт таҥас сыыһын быыһыгар атыгыраан киһи уҥуохтарын көрөн турбахтаата. - Бу,Сиидэрдээх... быһыылаах...Онтон итиннэ... - диэн баран хаппахчы диэки хардыылаата. Хаппахчы сабыытын арыйа тардан,иһирдьэ өҥөс гынан иһэн: - Һуу,бу тугуй?! - диэн саҥа аллайда. Онтон чугаһаан ороҥҥо сытар дьон уҥуохтарын кырамтатын сыныйан көрдө,ити кэннэ,ис хоһооно суох ыҥыргыы - ыҥыргыы,кэннинэн чинэрийэн хос иһиттэн таҕыста. - И...итин...итиннэ...ки...кийиитим...оҕолор...си...сиэннэр...диэн үлүгүнэйэр,саҥарар икки ардынан баллыгырыы - баллыгырыы,салҕалас илиитинэн хаппахчы диэки ыйбахтаата. Баччааҥҥа диэри саҥата суох турбут Хабырыыс,хаппахчыга киирэн,балай эмэ өр буолан баран,баһын быһа илгистэ - илгистэ тахсан: - Доҕоттоор,бу аата тугуй? - диэн ыйытта уонна Махсыымнаах Сөдүөтү хардарыта көрүтэлээтэ. - Дьэ,ким билэр доҕоор...Мин...мин бэйэм булкуллан олорбун... - Сөдүөт,сэриигэ сылдьан итиннээҕэр буолуоҕу көрбүт киһи уйулҕата хамсаабыта билиннэ. - Атын дьахтар суорума суолламмыт диэҕи,таҥастара,били... - диэн иһэн,милииссийэ уол төбөтүн икки илиитинэн хам кууһан умса нөрүйэн олордо. Уйбаан диэки хараҕын кырыытынан көрөн ылла уонна салгыы эттэ: - Били,дьиэҕэ хаалбыт кийиит...итинник өҥнөөх халадаай ырбаахылаах этэ дии,хайа,уонна онно хаалбыт оҕолор эмиэ бу "сытааччылар" курдук таҥастаахтар этэ...этэрбэстэрэ...күн бэҕэһээҥҥи тигиллибит курдук иҥиир саптара көстө сытар этэ ээ... Нуолур Уйбаан эмискэ тугу эрэ өйдөөн кэлбиттии өрө көрө түстэ уонна ботугураан: - Кийиит тарбаҕар үрүҥ көмүс биһилэхтээх...кулгааҕар ытарҕалаах этэ...этэ... - диэтэ. Итини истээт,бары сирэй - сирэйдэрин көрсөн кэбистилэр. Махсыым хаппахчыга киирдэ. Бары,тугу эрэ күүппүттүү,саҥата суох олордулар. Өр - өтөр буолбата,милииссийэ уол ытыһын суулуу тутан тахсан кэллэ. Бары кини тула үмүөрүстүлэр. Махсыым саҥата суох ытыһын нэлэппитигэр,түннүгүнэн тыгар сайыҥҥы күн уотун тэнитэн үрүҥ көмүс симэхтэр килбэҥнэһэ түстүлэр. - Бу...кийиит сүктэн кэлбитигэр эмээхсиним...бэлэхтээбит маллара... - Уйбаан саҥаран иһэн ах барда,хараҕын муҥунан көрө- көрө,кэннинэн тэйэн иһэн,ороҥҥо кэтиллэн олоро түстэ. - Ити...бу...түүл дуу.илэ дуу......Онно... оччоҕо ким...кимиэхэ хаа...хаа...хаалбыттарай...кийиит...оҕолор...си...сиэннэрим? - диэн мээнэннэн көрөн бабыгырыы олордо. - Бэйи эрэ,доҕоор, - Махсыым Сөдүөтү сиэҕиттэн тутан,аан диэки сиэтэн илтэ уонна кулгааҕар: - Сатаныммары гынныбыт,эн Уйбааны хоспоххо таһааран уоскута сатаа,биһиги манна хаалан өссө чинчийэ түһүөхпүт,иһэ - истээх дьыала буолаары гынна, - диэн ботугураан эттэ. Сөдүөт атаҕар барбах уйуттар буолбут Нуолуру,хонноҕун анныттан өйөөн,дьиэттэн таһаарбытын кэннэ Хабырыыс чаньчыгар бычыгыраан тахсыбыт көлөһүнүн ытыһынан ньухханан кэбистэ. Кини үөһэ тыынан баран: - Уйбааннаах кийииттэрэ итинник ытарҕалааҕын мин эмиэ көрбүтүм... - диэн эрдэҕинэ,Махсыым утары ыйытта: - Онон тугу этээри гынаҕын? Нуолурдар өлбүт дьахтар үөр буолбутун сүктэн барбыттар үһү дуо? Бу сытааччы,баҕар,букатын атын дьахтар буолуо...Ол биһилэх,ытарҕа диэн...Майгыннаһар маллар бааллар ини... - диэтэ. - Бу үрэх баһыгар хантан атын дьахтар кэлэр? Буолаары - буолан кыра оҕолордоох? - Тыый,доҕор,сэрии кэмигэр хаамаайы киһи аҕыйах этэ дуо?.. - Милииссийэ уол саҥаран эрдэҕинэ,аны бэрэссэдээтэл быһа түстэ: - Тохтоо эрэ,доҕор...бу дьикти буолаарай... - дии - дии,туран, утары эркиҥҥэ ыйанан турар мас халандаары көрбүтүнэн тиийэн, - көр,көр,бу халандаар хаамыыта түөрт уон үс сыл ахсынньытыгар тиийэн тохтообут эбит..., - диэтэ. - Ээ,ити халандаар хаамыыта диэхтээн...Бу дьаҕа баһыгар олорор дьон,сылларын - күннэрин сүтэрэн тохтоотулар ини...милииссийэ уол соччо аахайбат курдук сапсыйан кэбистэ. - Суох,оннук буолуон сатаммат! Дьиҥ саха киһитэ халандаарын сарсыарда аайы хамсатан иһэр өҕүллүбэт үгэстээх! - Хабырыыс бигэ быһаара турда. - Чэ,оннук буоллун даҕаны,онтон атынын хайдах быһаараҕыный? Ити... таҥастара - саптара...дьахтар симэҕэ...эҥин... - диэн,Махсыым мунааран,харда күүппүттүү,киһитин сирэйин көрбөхтөөтө. - Дьэ,ким билэр доҕоор...ити дьахтар оҕолорунаан сэрии кэмигэр хантан эрэ кэлэн суорума суолламмыт буолуохтарын сөп...ол эрээри... - Хабырыыс чыпчырынан кэбистэ,баһын быһа илгиһиннэ. - Чэ,быһата маннык,мин боротокуолга туох баарынан суруйуом уонна баттахтарыттан кырыйталаан,уҥуохтарын кырамтатыттан ылан илдьэ киириэм,онно үөрэхтээхтэр ким - кимин быһаарыахтара. Махсыым сандалы быылын таҥас булан сотто. - Оччоҕо маннык гыныаҕыҥ,оол арҕаа тумулга тахсан,ииннэ хаһан барыларын онно харайыаххайыҥ, - бэрэссэдээтэл Хабырыыс быһаарыныы ылыммыт киһи быһыытынан аан диэки дьулуруйда. Бары хатырык сабыылаах хоспоххо муһуннулар,өйүөлэрин таһааран чэйдииргэ оҥоһуннулар. Уйбаантан уратылар төһө да уку - сакы буоллаллар аччыктаабыттарын билэн,чэйи кытта арыылаах лэппиэскэ мотуйдулар. Нуолур сордоох,үүт уурар долбуурга олорон,иччитэ суоҕунан көрө -көрө,төбөтүн икки ытыһынан хам туттан баран,үлүгүнэйэр курдк ыҥыргыы - ыҥыргыы иэҕэҥнии олордо. -Эһиги билигин,чэйдээн баран,тумулга тахсан,кэҥэс соҕус ииннэ хаһыҥ,бу киһибитин соҕотохтуу хаалларарбыт сатаммат,аны эҥин - дьүһүн буолан хаалыа, - Хабырыыс дьонун дьаһайда. - Бу "ыал" тимир күрдьэхтээхтэрэ дуу? - Сөдүөт сойбут чэйи ыйымахтаата. - Баар буолуо...ампаардарын көрүөхпүт...Чэ, дьабдьыныах,түөртүүр буолан эрэр, -Махсыым хоспохтон таҕыста. Сөдүөт,киһитин батыһан иһэн,сыбаҕа соролонон бүппүт хотон иһин өҥөйөн ааһарга быһаарынна. Ыарахан халҕаны арыйа баттаан,хотон иһин өҥөс гыммыта,ынах - сүөһү уҥуохтара,муостара - туйахтара хотону биир гына ыһыллан сыталлар эбит."Оо,бу сордоохтор,бааллыбытынан хоргуйан өлбүттэр быһыылаах..." - дии санаата. Сарсыныгар бэрт эрдэ туран,өлбүт дьон уҥуохтарын таҥаска суулаан,тумулга сүгэн таһаардылар. Бэҕэһээ хаһыллыбыт кэҥэс ииҥҥэ барыларын кэккэлэччи сааһылаан ууран баран,саҥа хастаммыт тиит хатырыгынан бүрүйдүлэр уонна көмпүтүнэн бардылар. Өлүөхсүттэри харайан тумултан киирэллэрин саҕана сайыҥҥы күн күөрэйэн барда,сыыһа - халты чэдии охсон айаннарыгар туруннулар. Дьөһөгөй оҕолоро, куһаҕан сиртэн куотан эрэрдии,кэлбит суолларынан бэрт кудуххайдык хаампытынан бардылар. Айаннаан иһэн саҥа - иҥэ суох буолла. Арай,Нуолур Уйбаан,дөрүн - дөрүн ытаан - соҥоон энэлийбэхтиирэ иһиллэн ылла. Сайыҥҥы уһун күн киэһэрэрин саҕана,аттаахтар Нуолурдар сыһыыларыгар тибигирэтэн киирдилэр. Тэлгэһэҕэ хаамтаран кэлэллэрин кытта дьиэ аана тэлэллэ түстэ. Мааппа аҕыйах хонук иһигэр туртайа охсубут баттаҕа арбайбытынан аттаахтары утары сүүрэн таҕыста: - Һуу....һуу...оҕолорум...сиэннэрим...Кыымчаана сүттүлэр...ыы...ыы...- ытыырын быыһыгар төлүтэ биэртэлээтэ. - Хаһан?! - Эһиги барбыт түүҥҥүтүгэр... Нуолур Уйбаан ыҥыырыттан түстэ,атын тэһиинин ыһыктан кэбистэ,ис хоһооно суох баллыгырыы - баллыгырыы ытыы турар ойоҕун көрбөтөх киһи курдук,дьиэтин диэки ааһа бара турда. Дьиэҕэ киирэрин кытта: - Аҕаа...Сатаммака олоробут...Кыымчаанам...Оҕолорум сүттүлэр... - диэбтинэн Бүөккэ олох маһыттан ойон турда. Уйбаан киһи саҥарар диэн баардылаабакка,тугу эрэ санаабыттыы,биир сири көрөн күлүгүрэн турда. Онтон эмискэ уолун диэки хайыста кинини саҥа көрбүт киһи курдук килэччи көрөн турбахтаата уонна иһилдэр эрэ гына ботугураан: - Эн...оҕолоруҥ...ойоҕуҥ...онно бааллар... - диэн баран,дьикти баҕайытык күлэн саһыгыраата. - Һы...һы...һы... - Бааллар дээ?! Ханна?! - Бүөккэ ыйытан эрдэҕинэ,Сөдүөт киирэн кэллэ. - Бүөккээ,кэл...кэл....Таһырдьа тахсыах, - диэтэ уонна уолу сиэҕиттэн тардан,таһырдьа диэки дьөгдьөрүттэ. Сөдүөт Бүөккэни сиэтэн,ампаар кэннигэр барда. Махсыым кинилэри батыста. Бэрэссэдээтэл Хабырыыс субу сууллан түһүөхтүү байааттаҥныы турар Мааппаны санныттан өйөөн,дьиэҕэ киллэрэн оронугар сытыарда. Милииссийэ уол Бүөккэттэн оҕолоро,ойоҕо хаһан,хайдах сүппүттэрин ыйыталаста. - Эһиги барбыт түүҥҥүтүгэр бэрт үчүгэйдик утуйа сытан уһуктан кэлбитим,хоонньоһо сытар ойоҕум суох этэ. Бастаан утаа,тахсан киирэ тахсыбыта буолуо диэн,күүтэн сыппахтаабытым...Онтон оҕолорум утуйар оронноро кураанаҕын көрөн дьиктиргээммин,таһырдьа тахсан көрбүтүм,ким да суоҕа...Онтон бэттэх чугаһынааҕы тыаны,тэҥкэни барытын кэрийдим...суохтар... - уол саҥата бобуллаҥнаан барда. - Дьэ,доҕоор,Бүөккээ, маннык баар, - диэн Сөдүөт Доропуун тыллабырыттан саҕалаан,барытын сиһилии кэпсээтэ. Уол,саҥата суох истэ олорон,ойон турда. - Бу...эһиги тугу - тугу кэпсэтэн бардыгыт?! - диэн бабыгыраата. Махсыым саҥата суох тутан кэлбит бартыбыалыттан дьахтар симэҕин,сиидэс халадаайын,оҕолор этэрбэстэрин,ырбаахыларын хостоон күөх окко тэлгэтэ уурталаата. Ону көрөн Бүөккэ хаһыыра түстэ: - Оо,бу мин дьонм таҥастара...Маны хантан...Мин...мин Кыымчаанам симэҕэ... - Уонна бу, - Махсыым бартыбыалын түгэҕиттэн туох эрэ өрбөххө суулана сылдьары хостоон тэнитэ тарта. Онуоха дьахтар өрүллүбүт суһуоҕа окко тиийэ намылыйан түстэ. Итини көрө - көрө Сөдүөт: - Тыый,доҕор,итини эмиэ тоҕо... - диэтэ Махсыым: - Көрдөхпүнэ сатанар,дьыалаҕа тиһиллиэ... - диэн саба саҥарда. - Кыымчаана баттаҕа...мин...биһиги үс сыллааҕыта...кими сүктэн кэлбиппиний?! Үс сыл тухары...мин киимниин олорбуппунуй...Үөрү кытта дуо?! - Бүөккэ хараҕын муҥунан дьиэгинэччи көрө - көрө,милииссийэ уолу уолугуттан харбаан ылла. Анарааҥҥыта: - Оннук буоларыгар тиийэр...атын быһаарыы суох, - дии - дии уол илиитин төлөрүтэ сатаата. Бүөккэ илиилэрин ыһыктан баран,күөх окко умса түстэ. Ытыырын быыһыгар: - Үс сыл тухары үөрү кытта...абааһыны кытта... - диэн ботугуруу - ботугуруу кырыһы тарбыы сытта. Игнат Ленскэй. Олунньу 2 күнэ 2019.сыл, КУЙААР КИЭҤ ЭЙГЭТИГЭР ТАҺААРДА ВЛАДИЛЕН. БҮЛҮҮ КУОРАТА,ХИРУРГИЧЕСКАЙ ОТДЕЛЕНИЕ. 11/01/2020.сыл. Б Ү Т Т Э. 🌿🌿🌿🌿🌿🌿🌿