💀 ОЙУУН 💀
Главная / Кэпсээн арааһа / 💀 ОЙУУН 💀
05.06.2023 19:29
Ойууну нуучча итэҕэлэ уонна Октябрьскай революция бүтэһиктээхтик суох оҥорто. Оччолорго сүппүттэрэ,кистэммиттэрэ наһаа ырааппатах буолан,суоллара - иистэрэ,сурахтара - садьыктара билиҥҥитээҕэр быдан итэҕэтиилээхтик иһиллэрэ. Оннооҕор сорох ойууттар тыаҕа кистээбит таҥастарын кэтэн, дүҥүрдэрин ылан куулаттарбыттарын таһаара,көхсүлэрин кэҥэтэ,киһи - сүөһү сылдьыбат сиригэр тахсан,кудуктарын тоҕон,кыыран киирэллэрэ. Оҕонньортор кэпсээннэриттэн сылыктаатахха,билиҥҥи киһи хараҕынан көрдөххө,кулгааҕынан иһиттэххэ,улуу убайдарбыт,аар кырдьаҕастарбыт - ойууттар киһиэхэ эрэ барытыгар бэриллибит айылҕаттан туох эрэ дьикти,ураты бэриһиннэриилээх,талааннаах,айылҕаны кытта чугас сибээстээх,истэриттэн иччилээх,уу сахалыы уруй тыл уһулучччулаах маастардара эбиттэр. Кинилэр сытыы ох тылларынан эппит - саҥарбыт алгыстара,кырыыстара,өлөөрү сытары тилиннэрэр эбэтэр муус өлүөрү өһөрөр,бэл үс атахтаах остуолу киһи кыайан туппат эрчимнээхтик хаамтарар ураты күүстээхтэрэ. * * * Олортон биир ааттаммат кырдьаҕас туһунан маннык кэпсииллэрэ; Оччотооҕуга Додор кулуба аатыран,өрөгөйдөөн,күннээн - күөнэхтээн олорор кэмигэр,үөһээ дойду кыыһын ойох ылыан санаата киирбит. Кини ити баҕатын ойууттар эрэ толоруохтаахтарын билэрэ. Дьэ ол иһин,чугас - ыраах ойууттары ыҥыртаран аҕала - аҕала: "Туох иһин ойуун буолан аатыраҕыт,миэхэ үөһээ дойду кыыһын сүгүннэрэн киллэриҥ,киллэрбэт буоллаххытына итии хобордооххо олордобун", - диэн суоһурҕаммыт. Элбэх ойууттар кини сорудаҕын толорбокко хобордооххо хооруллубуттар. Арай биирдэ Додор чаҕардара аата - суола ааттаммат бүрэ баҕайы таҥастаах - саптаах эрээри,олус уоттаах харахтаах улуу ойууну аҕалбыттар. Додор обургу аакка - суолга киирбит аарыма улахан балаҕаҥҥа эһэ тэллэххэ,биллэрик өрөҥҥө өттүгэстээн сытан сэнээбиттии көрсүбүт уонна эмиэ сорудаҕын эппит,кыайан киллэрбэтэҕинэ итии хобордооххо олорорун санаппыт. Онуоха ойуун: "Аҕа баһылыгым,Улуу тойонум,олус ыарахан сорудаҕы биэрдиҥ,ойдуом дуу,быстыам дуу,муҥнанан көрөргө тиийдэҕим. Улуу тойонуом,хотуҥҥун үөһээ дойдуттан түһэрэр күннээх буоллаххына,анараа дьоннор төннөллөрүгэр энньэтэ - ситиитэ суох барыахтара суоҕа,атах соболоҥноох төннүөхтэрэ,сэттээх - сэлээннээх буолаарай?" - диэбит. Додор улаханнык уордайбыт: "Өссө куттуурдаах баҕастаах буолбуккун", - диэт олоро биэрбит. Ойуун: "Модьуйар буоллаххына, эрэйдэнэн көрөрбөр тиийэбин,үс түүннээх күн аһыыр аспын остуолга бэлэмнээҥ". Кутуруксут уолугар: "Таҥаспын - саппын киллэртээ,сорукка - илдьиккэ сылдьар соноҕоспун ириэр" - диэбит итиэннэ суордуу кылана - кылана,дьааһыйталаан ыла - ыла оһох төрдүгэр эһэ тэллэ ххэ олорон илгистэн киирэн барбыт. Улаҕа диэки олорор киһи улар саҕа,кэтэҕириин диэки олорор киһи кэҕэ саҕа буолан көстөр улуу уораҕайга,ааттаммат кырдьаҕас кыырарын көрөөрү чугастан,ыраахтан кэлбит дьон лыык курдук туолбуттар. Ойуун кыырар саҥата,дүҥүрүн тыаһа көмүлүөк оһох үөлэһинэн иһиллэрэ улам - улам ыраатан испитэ үһү. Тэриэлкэҕэ ууруллубут байтаһын ынах ньамынньыара,кытыйаҕа кутуллубут миинэ кураанахтанан испиттэр. Ити курдук үс түүннээх күн томтойо туолуутугар түүн үөһүн саҕана,хантан кэлбитэ биллибэккэ дүҥүрдүүн,таҥастыын - саптыын муус кыаһаан буолбут ойуун оһох иннигэр биирдэ баар буола түспүт уонна Додорго туһаайан эппит: - Дьэ,кырдьаҕаас,хотуҥҥун сүгүннэрэн киллэрдим,тахсан тэһииннэ тут,көрүс... Додор обургу, итэҕэйбэтэхтии багдайан туран аанын өҥөйөн көрбүтэ,тэлгэһэ иһэ сып - сырдык буолбут,бары хара - маҥаас ыҥыыр аттаах,саҕынньахтаах дьон тэлгэһэ муҥунан адаарыҥнаһалларын көрөөт,уҥан түспүт. Уокка ас биэрбиттэр,кэҥэрдии сыллаппыттар. Додор киһи эрэ буоллар сүргэтэ тостон,улаханнык уйадыйан,ойуунуттан көрдөспүт: "Хайдах эмэ үөһээ дойдуга үтэйэн көр", - диэбит. Ити курдук ойуун кыырыан иннигэр эппитинии Додор кулуба тоҕус ынах сүөһүтэ,тоҕус сылгыта хотоҥҥо,толооҥҥо дыгдайбыттар,күлэ - үөрэ оонньуу олорбут үс саастаах уол оҕото күн тахсыыта эмискэ тыына быстыбыт. Итинтэн ыла Додор кулуба сүөһүтэ - аһа кэхтибитэ,бэйэтэ эстибитэ үһү. Билигин баараҕай тииттэри силистэри түөрдэрэн туруортарбыт балаҕанын баҕаналара күлүгүрэн тураллара үһү диэн кэпсииллэр. *Б Ү Т Т Э.* *КУЙААР КИЭҤ ЭЙГЭТИГЭР ТАҺААРДА ВЛАДИЛЕН.* *15/01/2022.с.*