Кэпсээ
Войти Регистрация

Улуу бэйиэккэ сүгүрүйэн... Антонина Мохова тылбаастара

Главная / Кэпсээн арааһа / Улуу бэйиэккэ сүгүрүйэн... Антонина Мохова тылбаастара

K
kyym.ru сайтан Айымньы
06.06.2023 11:39
«Мин үҥэр айыым, үрдүк таҥарам – А.С. Пушкин. Улуу бэйиэти мин оччо таптыыбын, ытыктыыбын, билинэбин, биһириибин», - диэн норуодунай суруйааччыбыт Күннүк Уурастыырап эппитинии, нуучча гиэнийин айымньылара, хоһоонноро үгүс көлүөнэ саха дьонун умсугуппуттара, кутун-сүрүн өрүкүтэллэр, өссө да кэрэҕэ, үрдүккэ угуйуохтара турдаҕа. Бүгүн, Александр Сергеевич Пушкин төрөөбүт күнүгэр, Антонина Александровна Мохова, алын сүһүөх учуутала, биэнсийэҕэ тахсан, бочуоттаах сынньалаҥҥа олорон, улуу бэйиэт хоһоонноругар уонна төрөөбүт сахатын тылыгар муҥура суох тапталын холбуу тутан тылбаастаабыт айымньыларын билиһиннэрэбит.  Антонина Александровна - 45 сыл ыстаастаах педагог, Сунтаар улууһун Тойбохой нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо, СӨ үөрэҕин туйгуна, тапталлаах кэргэнин Мохов Владимир Саввичтыын 50 сыллаах дьоллоох олоҕун туоһулуур «Таптал уонна бэриниилээх буолуу” анал бэлиэ хаһаайката, 5 оҕо тапталлаах ийэтэ, элбэх сиэн уонна хос сиэн  күндү эбэтэ.  Тылбаасчыт Кириэстээх бочуоттаах олохтооҕор, 40 сыл нуучча тылын уонна литэрэтиирэтин учууталынан үлэлээбит дьүөгэтигэр,  СӨ үөрэҕин туйгунугар Наталья Егоровна Васильеваҕа санаа үллэстэн, көх-нэм буолан, сүбэлээн-амалаан биэрэригэр барҕа махталын тиэрдэр.      Зимний вечер   Буря мглою небо кроет, Вихри снежные крутя; То, как зверь, она завоет, То заплачет, как дитя, То по кровле обветшалой Вдруг соломой зашумит, То, как путник запоздалый, К нам в окошко застучит.   Наша ветхая лачужка И печальна и темна. Что же ты, моя старушка, Приумолкла у окна? Или бури завываньем Ты, мой друг, утомлена, Или дремлешь под жужжаньем Своего веретена?   Выпьем, добрая подружка Бедной юности моей, Выпьем с горя; где же кружка? Сердцу будет веселей. Спой мне песню, как синица Тихо за морем жила; Спой мне песню, как девица За водой поутру шла.   Буря мглою небо кроет, Вихри снежные крутя; То, как зверь, она завоет, То заплачет, как дитя. Выпьем, добрая подружка Бедной юности моей, Выпьем с горя: где же кружка? Сердцу будет веселей.   (1825)      Кыһыҥҥы киэһэ   Силлиэрэр күдэрик халлааны бүрүйэр, Хаар холоругу ытыйа; Арыт кыыллыы улуйар, Арыт оҕолуу ытаан ылар, Арыт сарай элээмэтин Соломотун сурулатар, Хойутаабыт айанньыттыы, Түннүкпүтүн тоҥсуйар.   Самнархай үүтээммит Санньыйа лүҥкүрэр. Кырдьаҕаһыам, тоҕо да Түннүк аттыгар соҥуордуҥ? Тыал уҕараабакка улуйара Сылатта дуо, доҕоччуок, Иэрэгэйиҥ дьүрүскэнигэр Нуурайаҕын дуу, тугуй?    ИҺиэх эрэ, курас кэммэр Тирэх буолар истиҥ дьүөгэм, Иһиэх санаа чэпчэтэ; ханнаный курууска? Сүрэх үөрэ түһүөҕүн. Ыллаа, хайдах татыйык Байҕал нөҥүө бүгэрин; Ыллаа, хайдах эдэр кыыс  Эрдэлик уу баһа ааһарын.    Силлиэрэр күдэрик халлааны бүрүйэр, Хаар холоругу ытыйа; Арыт кыыллыы улуйар, Арыт оҕолуу ытаан ылар. ИҺиэх эрэ, курас кэммэр Тирэх буолар истиҥ дьүөгэм, Иһиэх санаа чэпчэтэ: ханнаный курууска? Сүрэх үөрэ түһүөҕүн.   (1825)   К Чаадаеву    Любви, надежды, тихой славы Недолго нежил нас обман, Исчезли юные забавы, Как сон, как утренний туман   Но в нас горит еще желанье, Под гнетом власти роковой Нетерпеливою душой Отчизны внемлем призыванье. Мы ждем с томленьем упованья Минуты вольности святой, Как ждет любовник молодой Минуты верного свиданья.   Пока свободою горим, Пока сердца для чести живы, Мой друг, отчизне посвятим Души прекрасные порывы!   Товарищ, верь: взойдет она, Звезда пленительного счастья, Россия вспрянет ото сна, И на обломках самовластья Напишут наши имена!  (1818 г.) Чаадаевка   Таптал, эрэл,  албан уккуйуу Алыптара быстах эбит, Сүттүлэр оҕолуу көөчүктэр, Түүл курдук, сиик курдук көттүлэр;   Ол эрэн эрэл кэхтибэт, Батталлаах былааһы Утарар сүрэхпитигэр Аҕа дойду ыҥырыыта.   Биһиги муунтуйа эрэнэн, Көҥүл күнэ үүнэрин Тапталлааҕар ыксыыр  Уолан курдук күүтэбит.   Көҥүл уота түөскэ умайарыгар, Ырабыт ымыыта тыыннааҕар, Аныах, доҕоруом, аҕа дойдуга Иэйиибит кэрэ дьулуурун!   Итэҕэй, доҕор: тахсыа   кини, Дьол-соргу умайар сулуһа, Арассыыйа  хайаан да уһуктуо, Самныбыт былаас сэмнэҕэр Биһиги ааппыт дьэргэйиэ! (1818)    В Сибирь   Во глубине сибирских руд Храните гордое терпенье, Не пропадёт ваш скорбный труд И дум высокое стремленье.   Несчастью верная сестра, Надежда в мрачном подземелье Разбудит бодрость и веселье, Придёт желанная пора:   Любовь и дружество до вас Дойдут сквозь мрачные затворы, Как в ваши каторжные норы Доходит мой свободный глас.   Оковы тяжкие падут, Темницы рухнут - и Свобода Вас примет радостно у входа, И братья меч вам отдадут. (1827) Сибииргэ   Сибиир сир баайдаах хаспаҕар Киэннээх тулуургут тулхадыйбатын, Өспөт-сүппэт ытык дьайыы, Өркөн өйгүт дьулуура.   Сор –муҥ арахсыбат аҕаһа эрэл Хараҥа хаспахха  сыдьаайыа, Көҕү күлүмнэтэ күүрдүө, Күүтэр күҥҥүт көстө үүнүө.   Таптал, доҕор сылаас тыына Ыар санаа уора5айыгар тиийиэ, Айыы түспэт хороонноругар Мин саҥам көҥүллүк дуорайыа.   Хандалы кыаһы көҥнүө, Сибииккэ сиҥниэ - Көҥүл Эһигини айхаллыы көрсүө, Хаан аймах батас туттарыа. (1827)                                      Я памятник себе воздвиг нерукотворный…           Я памятник себе воздвиг нерукотворный, К нему не зарастет народная тропа, Вознесся выше он главою непокорной Александрийского столпа.   Нет, весь я не умру — душа в заветной лире Мой прах переживет и тленья убежит — И славен буду я, доколь в подлунном мире Жив будет хоть один пиит.   Слух обо мне пройдет по всей Руси великой, И назовет меня всяк сущий в ней язык, И гордый внук славян, и финн, и ныне дикой Тунгус, и друг степей калмык.   И долго буду тем любезен я народу, Что чувства добрые я лирой пробуждал, Что в мой жестокий век восславил я Свободу И милость к падшим призывал. Веленью божию, о муза, будь послушна, Обиды не страшась, не требуя венца, Хвалу и клевету приемли равнодушно И не оспоривай глупца.   (1836 г.)   1. Я воздвиг памятник (лат.) - Начало оды Горация (кн.111, одаХХХ). Мэҥэ Бэлиэ дьэндэтинним... Айар тыл илбиһинэн оспот ыллыктанар Мэҥэ  Бэлиэ дьэндэтинним. Кини өркөн өргөһө өрө кыырайда, Аан дойду дьиктитин куоһара.   Суох. Сииктии симэлийбэппин - сүрэним   Хаалыа иэйэр тылбар, күдэним күрэниэ- Айхаллана туруом  ыйдаах дуолга Хоһоонньут баарын тухары.   Суон сураҕым улуу Урууһу тилийиэ, Баар тыллаах ааппын аатырдыа, Славян киэннээх сиэнэ,финн,  Айылҕа оҕото тоҥус, истиэп доҕоро калмык.   Дьон- сэргэ эйэҕэстик ахтыа Иэйиим үтүөнү уруйдаан, Бу тыйыс үйэҕэ Көҥүлү айхаллаан, Охтон эрэргэ аһымал ааттаһан. Таҥара ыйааҕынан, о муза, истиий, Хоргутума, ааты - суолу эрэйимэ, Арбааһыны, хоп абатын холкутук ылын, Уонна аҥаланы алы гын. (1836)    Узник   Сижу за решеткой в темнице сырой. Вскормленный в неволе орел молодой, Мой грустный товарищ, махая крылом, Кровавую пищу клюет под окном,   Клюет, и бросает, и смотрит в окно, Как будто со мною задумал одно. Зовет меня взглядом и криком своим И вымолвить хочет: «Давай улетим!   Мы вольные птицы; пора, брат, пора! Туда, где за тучей белеет гора, Туда, где синеют морские края, Туда, где гуляем лишь ветер… да я!..»   (1822) Хаайыылаах   Олоробун сииктээх, хараҥа хаайыыга. Көҥүлэ быстыбыт эдэр хотой, Санньыйар доҕорум, сапсынан ыла, Хааннаах өлү хабыалыыр,   Тоҥсуйар,тамныыр,түннүгүнэн көрөр, Миигинниин биир санаа үүйэрдии. Ыҥырар хараҕа, үөгүүтэ, Этиэн баҕарар:"Чэ,көтүөх!   Биһи көҥүл көтөрбүт; кэм кэллэ, ини-биим! Ол онно, былыт нөҥүө туртайар хайаҕа, Ол онно, көҕөрөр байҕалга, Ол онно, тыал ...уонна мин дайабыт!.."   (1822)    Осень (отрывок)   I Октябрь уж наступил — уж роща отряхает Последние листы с нагих своих ветвей; Дохнул осенний хлад — дорога промерзает. Журча еще бежит за мельницу ручей, Но пруд уже застыл; сосед мой поспешает В отъезжие поля с охотою своей, И страждут озими от бешеной забавы, И будит лай собак уснувшие дубравы   II   Теперь моя пора: я не люблю весны; Скучна мне оттепель; вонь, грязь — весной я болен; Кровь бродит; чувства, ум тоскою стеснены. Суровою зимой я более доволен, Люблю ее снега; в присутствии луны Как легкий бег саней с подругой быстр и волен, Когда под соболем, согрета и свежа, Она вам руку жмет, пылая и дрожа!   III   Как весело, обув железом острым ноги, Скользить по зеркалу стоячих, ровных рек! А зимних праздников блестящие тревоги?.. Но надо знать и честь; полгода снег да снег, Ведь это наконец и жителю берлоги, Медведю, надоест. Нельзя же целый век Кататься нам в санях с Армидами младыми Иль киснуть у печей за стеклами двойными.   IV   Ох, лето красное! любил бы я тебя, Когда б не зной, да пыль, да комары, да мухи. Ты, все душевные способности губя, Нас мучишь; как поля, мы страждем от засухи; Лишь как бы напоить, да освежить себя — Иной в нас мысли нет, и жаль зимы старухи, И, проводив ее блинами и вином, Поминки ей творим мороженым и льдом.   V   Дни поздней осени бранят обыкновенно, Но мне она мила, читатель дорогой, Красою тихою, блистающей смиренно. Так нелюбимое дитя в семье родной К себе меня влечет. Сказать вам откровенно, Из годовых времен я рад лишь ей одной, В ней много доброго; любовник не тщеславный, Я нечто в ней нашел мечтою своенравной.   VI   Как это объяснить? Мне нравится она, Как, вероятно, вам чахоточная дева Порою нравится. На смерть осуждена, Бедняжка клонится без ропота, без гнева. Улыбка на устах увянувших видна; Могильной пропасти она не слышит зева; Играет на лице еще багровый цвет. Она жива еще сегодня, завтра нет.   VII   Унылая пора! очей очарованье! Приятна мне твоя прощальная краса — Люблю я пышное природы увяданье, В багрец и в золото одетые леса, В их сенях ветра шум и свежее дыханье, И мглой волнистою покрыты небеса, И редкий солнца луч, и первые морозы, И отдаленные седой зимы угрозы.   VIII   И с каждой осенью я расцветаю вновь; Здоровью моему полезен русской холод; К привычкам бытия вновь чувствую любовь: Чредой слетает сон, чредой находит голод; Легко и радостно играет в сердце кровь, Желания кипят — я снова счастлив, молод, Я снова жизни полн — таков мой организм (Извольте мне простить ненужный прозаизм).   IX   Ведут ко мне коня; в раздолии открытом, Махая гривою, он всадника несет, И звонко под его блистающим копытом Звенит промерзлый дол и трескается лед. Но гаснет краткий день, и в камельке забытом Огонь опять горит — то яркий свет льет, То тлеет медленно — а я пред ним читаю Иль думы долгие в душе моей питаю.   X   И забываю мир — и в сладкой тишине Я сладко усыплен моим воображеньем, И пробуждается поэзия во мне: Душа стесняется лирическим волненьем, Трепещет и звучит, и ищет, как во сне, Излиться наконец свободным проявленьем И тут ко мне идет незримый рой гостей, Знакомцы давние, плоды мечты моей.   XI   И мысли в голове волнуются в отваге, И рифмы легкие навстречу им бегут, И пальцы просятся к перу, перо к бумаге, Минута — и стихи свободно потекут. Так дремлет недвижим корабль в недвижной влаге, Но чу! — матросы вдруг кидаются, ползут Вверх, вниз — и паруса надулись, ветра полны; Громада двинулась и рассекает волны.   XII Плывет. Куда ж нам плыть?..       Күһүн (быһа тардыы)   I Улуу добдурҕа – чараҥ суйдана Тиһэх сэбирдэхтэрин тэбэнэр; Күһүҥҥү өксүөн түстэ- суол дөйө тоҥор. Миэлиҥсэ кэтэҕэр үрүйэ өссө да чурулуур,Ол эрэн көлүйэ бөһүйбүт; ыалым тиэтэйэ Тэйиччи дуолга бултуу-алтыы түһүнэр, Көргө тэпсиллэн күһүҥҥү ыһыы иэдэйэр, Үөр ыт маргыара аар тыаны аймыыр.   II Бу мин кэмим: сааһы ылыммаппын; Ириэс салгытар; сыт-сымар, кир-хох – дьаҥ буулуур; Хааным оргуйар;өйүм-санаам муунтуйар. Хата кырыа кыһыны быдан ордоробун, Таптыыбын кылбаа хаарын; ыйдаҥаҕа дьүөгэлиин Хасыапканан көҥүл көтө элээрдии, Киискэ саһан налыйа,эдэр-чэгиэн кыыс Биллэ суоһаан, илии тута, ибир тыынар!   III   Олус да бэрт, кылаан сытыы хаҥкыланан, Сиэркилэ мууска сырылыы сыыйыллар! Аны күлүм-чаҕыл кыһыҥҥы көрү ыл?.. Ол эрэн сүрүн; сыл аҥара хаар да хаар, Арҕахтаах да салыйар.Уонна хайаан Үйэ-бодо эдэркээн Армидалары сырсыаҥый, Үргүөрү киллэрбэт сылааска тардыһан, Оһох аттыгар соҥуора саһыаҥый.   IV   Уо,күөх сайын! Таптыам этэ эйигин, Уот куйаас,үөн- көйүүр түспэтэ буоллар. Баар иэйиим,дьоҕурум барыта умуллар, Эрэй бөҕө; хам хаппыт дуоллуу, утатыы; Дуоһуйа утаҕы ханнаран астыммыт киһи - Онтон атын баҕа суох, кырдьаҕас кыһыны , Чараас алаадьынан, арыгынан атаарбыккын, Тоҥу, мууһу эмэн ахтан-санаан ылаҕын.   V   Күһүн тиһэх күннэрин сорох ылыммат, Оттон ,ааҕааччыам, миэхэ кини  күндү, Чуумпу кэхтии абылаҥнаах түгэнэ. Кини,тапталы билбэтэх оҕолуу, куппар Мэлдьи чугас.Аһаҕастык эттэххэ,дьыл Бары кэмиттэн кинини ордоробун, Үтүө өттүктээх; ирдэбилэ суох көссүү тэҥэ, Бэйэбэр иитийэхтиир хаҥыл көҥүлүм кэмэ. VI   Туох диэххэ? Сөбүлүүбүн ити кэми, Сорох ,ардыгар, сэлликтээбит кыыһы Таптыырыныы. Күнэ эрэ биллибэт Муҥнаах аймаммат, абарбат, ылынар. Кэхтэн да истэр,мичээрин бэлэхтиир; Иин аҥайа ааҥныырын аахайбат; Хаана өссө да кыыһар,имэ кэйэр. Бүгүн кини манна баар,сарсын суох.   VII   Курус түгэн! Харах манньыйар кэрэтэ! Арахсар кэмиҥ абылаҥа миэхэ ордук тупсаҕай- Таптыыбын айылҕа баай- талым кэхтиитин, Кыыһа оонньуур аалыы көмүс өҥүн, Тыал-куус сиксийэр чэгиэн салгынын, Халлаан урсунун бүрүйэр итир былыты, Сардаҥа сэдэх күлүмүн, бастакы тоҥоту, Кырыа кыһын суоһуур  суодалын.   VIII   Күһүн кэллэр эрэ, мин хос тыллабын; Этим-сииним ийэ тымныыга торолуйар; Олоххо тардыһыым,тапталым күүһүрэр: Арыт уум көтөр,аһыах-сиэх баҕа көбөр; Сүрэх дыгыйа тэбэр,хааммын оонньотор, Баҕам барҕаланар – дьол-соргу тосхойор, Олоҕум күөстүү оргуйар – организм ситинник. (Баалаамаҥ- прозаизм)   IX   Ат аҕаллылар;хааччаҕа суох дуолга кини, Сиэлин өрүкүтэ,ыҥыырыгар олордоот, Сэлиинэн түстэ,сытыы туйахтара тоҥу Тобулан,сир лиһигириир,муус тостор. Кылгас күн бүтэр,умуллубут көмүлүөк Уота саҕыллар- чаҕыл сырдык кутуллар, Онтон аны сөҕөр – манна мин ааҕабын, Ис иммин иһиллии,санаа иитин эргитэбин.   X   Баартан тэйэн – иһирэх чуумпуга Айар алып биһигэр нуурайа, Өй-сүрэх дуоһуйа тыл таҥар: Иэйии, туола, таһымныыр, Түүлгэ курдук, кутум тырымныы чугдаарар, Көҥүл сайа этээри чуор дорҕоону көрдүүр. Эмискэ көстүбэт ыалдьыттар киирдилэр, Өр күүппүт бэлиэлэрим, ырам ымыылара.   XI   Эр санааларым быыппаста күүрэллэр, Хоһоон ыллам олуктара холбоһоору ыксыыллар, Тарбах – бөрүөҕэ, бөрүө лиискэ дьулуруйар, Кыл түгэн – тыыннаах хоһоон кутуллуо. Сүүрүгэ суох ууга хараап харан турар, Чу, иһит! – сыыдам мотуруостар сүүрүү-көтүү – баарыс тыалы хабар; Аарыма хараап хоҥнор, долгуннуун күрсэр.   XII Устар. Хайа диэки салайыахха?   Матырыйаалы Светлана Степановна Семенова, СӨ Наукаларын академиятын Төрөөбүт тылы чинчийэр киинин сүрүн научнай үлэһитэ, бэдэгиэгикэ билимин хандьыдаата бэлэмнээтэ. Тарҕат:
kyym.ru сайтан