Кэпсээ
Войти Регистрация

Маҕаһыын иччитэ

Главная / Кэпсээн арааһа / Маҕаһыын иччитэ

K
Күлүк
07.06.2023 10:21
Эдьиийим Үөһээ Бүлүү биир улахан маҕаһыыныгар үлэлии сылдьыбыта. Маҕаһыыннара маһынан оттуллар, оһох биир өттүгэр үлэһиттэр олороллор, биир өттүгэр атыылыыллар. Бэрэдэбиэстэр иккиэлэр. Иккиэн маҕаһыыннарыгар үрдүттэн олороллор. Ол иннинэ олоро-үлэлии сылдьыбыт кыргыттар уонна атын да дьон кэпсээнинэн, бу дьиэ уруккуттан туох эрэ тыаһыыр-ууһуур абааһылааҕа үһү. Чэ, онно улаханнык кыһаллыбатахтар. “Абааһылаах буоллаҕына абааһылаах буоллаҕа, хайыаҕай, дьону абааһы сиэн өлөрбүтэ диэн кэпсээн суох” дии санаабыттар. Оннук син балачча олорбуттар. Арай анарааҥҥы дьукаах, кэллиэгэтэ кыыс кэпсиир буолбут. — Түүн аайы оҕонньор кэлэр. Кып-кыракый уҥуохтаах, уһун маҥан сэксэйбит бытыктаах. Көрөн баран турар эбэтэр олорор буолар. Эдьиийим итэҕэйбэтэх. Ол онон ааспыт. Биир түүн эдьиийим хабаҕыран, уһуктан кэлбит. Өр баҕайы тулуйа сатыы сытан, түһүү-түһүү туалекка тиийэ сатаабыт, онтон уһуктан кэлбит, түҥ-таҥ түһэн, тиийэн түннүк сабыытын аспыт уонна эргиллэ биэрбитэ, доҕоор, ыйдаҥа сырдыгар, мас буочука үрдүгэр кып-кыра уҥуохтаах, сэксэйбит бытыктаах оҕонньор бөкчөйөн баран кинини одуулуу олорор. Эдьиийим туох да олус куттаммыт. Хаһыытыы түһэн баран, кыыһын суорҕанын үрдүгэр түһэн уһугуннарбыт. Ол икки ардыгар оҕонньордоро сүтэн хаалбыт. Ол оҕонньор түүн аайы хам-түм көстөр буолбут, туох да куһаҕаны оҥорбот, тыыппат үһү. — Онон, кэнники куттаммат да буолбуппут. Арыт күн оҕонньор буочукатын үрдүгэр күлэн мытырыйа олорор буолааччы, арыт күн дьэбин уоһуйан биир сири тонолуппакка одуулааччы. Туох да диэбит иһин, иччи эмиэ үөрэр-санааргыыр түгэннэрдээх быһыылаах. Арай ол сахтан тоҕо эрэ кэннибин-иннибин кэтэнэ-манана сылдьар, аттыбар туох эрэ баар, батыһа сылдьарын курдук саныыр буолбуппун, — диир эдьиийим.