Кэпсээ
Войти
Регистрация
Суол тоҕойугар
Главная
/
Кэпсээн арааһа
/ Суол тоҕойугар
K
kyym.ru сайтан
Имэҥ
06.08.2020 14:56
Быйыл хаһааҥҥытааҕар да уот куйаас буолла. Кырдьык, от ыйыгар кыра кыһалҕалаах киһи таһырдьа быгыах халлаана буолбатах этэ. Ол да буоллар урааҥхай саха кыстыкка бэлэмнэнэрин хаһан тохтоппута баарай. Кырдьыга даҕаны, кини оннугар хотон муҥунан хоройор муостааҕар, сыһыы муҥунан сыспай сиэллээҕэр ким оттоон биэриэй. Ол иһин күн тура-тура оттоо да оттоо. Ити гынан баран киһи барахсан үөрэнэн хаалар: өҥүрүк куйаас, томороон тымныы да буоллун – төрүт кыһаммат. Киһи сонньуйуох, билигин отуттан тахса кыраадыс сатыылаатаҕына, «дьиэттэн тахсымаҥ, сөрүүн сиргэ хорҕойуҥ, тымныы ууну испэхтээҥ, адьас тугу да гынымаҥ» диэн араадьыйаҕа, тэлэбиисэргэ сэрэтэн дьаабы. Киһи диэн айылҕа оҕото эбээт! Ону хаһан оройдотуох баҕайыларай? Дьэ, туруу үлэһит саха дьылы туоруурга итинник сыралаах үлэтэ хаһан да үтүө түмүктэнэр. Дэлэҕэ этиэхтэрэ дуо «күһүҥҥү киһи күлбүтүнэн» диэн. Күһүөрү ас-үөл дэлэйэриттэн, ама, ким үөрүө суоҕай. Бэл, күн уотугар хараарчы буспут, этэргэ дылы, хара үлэҕэ умса түһэн этирик түөстэммит хачаайы муҥнаах, айылҕа быйаҥыттан сомсон, майгылыын уларыйан, атын үлүгэрдик туттаахтыыр буоллаҕа. Көмүс күһүн, көр, киһини ити курдук уларытар. Аны туран, үлэ-хамнас үмүрүйүүтэ уруу-тараа тэринии түбүгэр түһэр үгэс эмиэ баар. Туохха барытыгар кэм-кэрдии ити курдук быстыбакка кэлэн иһэр. Куруҥнаах Дьокуускайтан быдан тэйиэс, уонна сирэ-уота нүөл буолан, сир аһа да өлгөмнүк үүммүт. Сырыылаах дьахталлар чаас иһигэр 15-тии лиитирэлээх иһиттэрин толорор үһүлэр. Итини барытын бэҕэһээ төлөпүөннээбиттэр. Өссө Кирииһэҕэ илдьит ыыппыттар: баар-суох атаһа Айаал, дьэ кэмниэ кэнэҕэс ыал буолан эрэр, онон кэлэ тартын диэн. Ити баар! Кылааһынньыктара утум-ситим ыал буолан, киниттэн сити курдук арахсан, туспа суолу тутуһан, ыырдара ыраатан эрдэхтэрэ. Оттон Кирииһэ соҕотоҕун курдук соҕотох. Дьиҥэр, кыыс аймахха сытыытынан-хотуутунан кини обургу Айаал курдук буолуо дуо – оһуобай этэ эбээт! Баҕар, атын бөһүөлэккэ сонурҕаан, олохтоох кыргыттар уолу сонно «эрийэн кутугунаппыт» буолуохтара. Тыаҕа сотору-сотору «Суорумньу» эҥин диэн араас тэрээһини мэлдьи ыыталлар дии. Онно булсан ыал буолбут дьон элбэх үһү. Кирииһэ, отутун лаппа аастар даҕаны, саас ылан эрэр диэн, дьөрү кымаардаан да көрбөт эристиин. Эгэ, кэргэннэнэр, оҕолонор-урууланар диэн санаа кэлииһи дуо. Дьокуускай куорат биир тэрилтэтигэр хас сарсыарда аайы дьоҕус бартыбыал тутуурдаах иликичийэн кэлэр. Манна кини баарыгар-суоҕугар ким эмэ кыһаммыта көстүбэт да буоллар, син тос курдук дуоһунастаах, тэрилтэ биир тутаах үлэһитин курдук туттар-хаптар. Хамнаһа кырата туох буолуой, аһыырыгар-таҥнарыгар тиийэр. Испэт-аһаабат, бэл, табах тарпат. Арай куһаҕана диэн – дьиэтэ суох. Биэнсийэлээх эдьиийигэр көх-нэм буолан олорор. Ити гынан баран Кирииһэҥ манастыыр киһитэ буолбатах: тоҕоос көһүннэҕинэ, дьахтарга «туора хаамарын» сирбэт. Ол эрээри ити «ситиһиитин» сайыннаран, өссө нэмийэн кэскиллээх суолга хайыһыннарбыта суох. Быстах кэмҥэ сылдьыспыт дьахталлара даҕаны үксүлэрэ эрдээх буолан, кэмиттэн кэмигэр эрэ «хаатыйаламмыт санааларын» тоҕо тэбээн һуу-дьаа буолаллара. Арыгыны батан иһэр эрдэригэр ол
да сөп буолуо оҥорон, онтуларыттан олус астыналлара. Онон Кирииһэ дьахталлары «туһанара» дуу, биитэр дьахталлар кинини «туһаналлара» дуу – мунаах боппуруос. Сороҕор итини санаатаҕына, ис-иһиттэн кыйыттан кэлээччи. Тэрилтэтин дьахталлара хаһан санаатахтарын аайы «туһанан», адьас боростутуут оҥостубуттар дии! Өссө кыраапык дуу, араспысаанньа дуу оҥоһуннулар ини кини көрбөтүгэр. Чэ, ол эрээри ойох ылан, иирсэн-этиһэн ньиэрбэни алдьатыахтааҕар маннык сылдьыбыт көнө. Холбоспут да дьон уһаабаттар, начаас арахсаллар, онон ойохтонор диэн таах сибиэ. Куруҥнаахха аллар атаһа Айаал ыал буолан остуол тэринэр бырааһынньыгар тахсаары, Кирииһэ баксаалга олорбута хас эмэ чаас буолла. Таксыы хаһаайына массыынатыгар дьону хайаан да толору симэн тэйэр санаалаах. Чугас эргин – Намҥа, Бокуруобускайга барааччы баһаам, оттон Куруҥнаахха, кыһайбыт курдук, суох. Кирииһэ, аргыстарын көрдөҕүнэ – элбэх тутуурдаах икки эмээхсин, хас эмэ күн «аһаабыта» харахха быраҕыллар гына мөлтөх дьүһүннэммит саас ортолоох биир киһи, ньыламан маҥан сирэйин хараҥа ачыкыга саһыарбыт (оо дьэ, эмиэ хараахтар баҕас баар хотууската быһыылаах) дьахтар – эмиэ кини курдук тэһийэр аат суох дьоно. Халлаан да киэһэрэр киэптэннэ: күн арҕаалаата, өссө былытырыыһы. Хайа муҥун, айанныыр буоллулар. Суоппар, айанньыта аҕыйаҕыттан хаарыан харчытын быстарбыт курдук сананан, иһигэр мөҕүттэр быһыылаах. Ускуораһын «куур-хаар» холбоон, «итинник буоллаҕына, эһиэхэ бу баар» диэбиттии, нэксиэни нэксиэ диэбэккэ элээрдэн истэ. Били, мааны дьахтар, нэксиэҕэ Кирииһэ тобугунан таарыйдаҕына, сиргэммит курдук, сирэйин мырдыччы тутта-тутта сырдык бүрүүкэтин тэбэнэр. «Оо дьэ, хайа эрэ муҥнааҕы сорун сордоон түбүлүү сылдьар хотууска эбитиҥ буолла? Арыых-арах! Маннык эрэ ойохтоммотох киһи». Айаннаабыттара балай эмэ буолла. Кирииһэ Куруҥнаахтара диэҥҥэ үктэнэн көрө илик буолан, суоллара төһөлөөбүтүн ыйытыах баҕалааҕа да, туттунарга тиийдэ. Чугас олорор киһитэ – абытай хотууска, туох диэн туруо биллибэт, оттон, били, саас ортолоох киһиттэн ыйытыан биирдэһэ утуйар быһыылаах: бүк түһэн олорбута ыраатта. Эмискэ хойуу талах быыһыттан туртас ойон тахсан суол устун ууналатта. Суоппар булчутун хаана оонньоото быһыылаах: быһа көтүтэн ылаары, гааһын эбии үктээн биэрдэ. Ситиэхчэ буолан эрдэҕинэ, туртас туора ыстанан хаалла да – массыына тэхтиргэ оҕустарбыт омунугар суол нөҥүө эһилиннэ. Хата, түҥнэстибэтилэр, ким да оһолломмото. Айанньыттар буолуох буолбутун кэннэ, дьэ соһуйуу-өмүрүү буоллулар. Эмээхситтэр уой-аай бөҕөнү түһэрэн, суоппары таныйан бардылар. Киһилэрэ онто да суох сөп буолан, буугунаан эрэ кэбиһэр. Итиччэ араллаан содула суох буолуо дуо: массыыналара туох эрэ буолбут. Суоппар араастаан муҥнана сатаан кэбистэ да, дэлэҕэ эстэн бэрт. Өр хаһыста да – мэлигир. Саатар, биир да массыына ааспат. Күһүҥҥү күн туруо баара дуо – хараҥаран барда. Баҕар, биир эмэ массыына кэлиэ диэн, олорсон иһээччилэр суоппары кытта хаалардыы сананнылар. Онтон сотору соҕус, били, сирэйэ-хараҕа салбаҕыран утуктуу испит айанньыт килээр-малаар көрөн баран, «ээ, бу сиргэ кэлбит эбиппит дуу, мантан сиһи быһа түстэххэ, Куруҥнаах бу сыттаҕа
дии» диэтэ. Киһиҥ суумкатын сүгэн айанныырдыы оҥостубутугар Кирииһэ эмиэ аргыстаһар санааланна. Баҕар, массыына ааһыа суоҕа дии, оччоҕо түүнү быһа манна – аһаҕас халлаан анныгар – олоруо дуо? Атаһыгар Айаалга бэлэҕим диэн ылбыт дьэрэкээн ойуулаах кукуулун ылан саҥардыы хааман эрдэҕинэ кэнниттэн «бэйи, миигин күүтүҥ эрэ» диир саҥа иһилиннэ. «Хотууска» икки улахан суумкатын илги-талгы гынан массыынаттан орҕостон таҕыста. Кирииһэ, төһөтүн да иһин, эр киһи элээмэтэ буоллаҕа, кукуулун нотуруускалыы сүктэ уонна дьахтар тос курдук суумкаларын ылан сирдьитин батыста. Ыллык омоонун устун син балайда хаампахтаатылар. Эбиитигэр халлааннара былытыран, түргэнник хараҥарда. Хата, «Хотууска» сырдык бүрүүкэтэ бэртээхэй эркээйи буолла: боруҥуйга үчүгэйдик көстөр. – Чэ, эһиги бу ыллыктан туораамаҥ, бара туруҥ. Бэйи, мин көҕүрэттэ түһэн баран ситиэм, – дии-дии сирдьиттэрэ хаалла. Кирииһэ икки суумканы кытта сыһаҕастаһан, дэлби тириттэ, сылайа да быһыытыйда. – Айан аргыстаах, суол доҕордоох дииллэр ээ, ол сиэринэн билсэн кэбиһиэххэ. Мин Киргиэлэй диэммин, оттон эн? – Саргылаана Петровна диэммин. Сарсын дьүөгэм сыбаайбалыахтаах, онно ыалдьыттыы баран иһэбин. – Тыый, мин эмиэ табаарыһым Айаал сыбаайбатыгар айаннаан иһэр дьүһүнүм ээ. Дьэ, хата, биир сиргэ тиийииһибит дии. Үчүгэй. Кирииһэ мааҕын бу дьахтары атыҥырыах, өссө абааһы да көрүөх курдуга ээ. Дьиҥэр, ыллаан эрэр курдук унаархай саҥата истиэххэ тоҕо баҕас үчүгэйэй! Сирдьиттэрин көһүтэ таарыйа дүлүҥҥэ олорон балачча кэпсэттилэр. Күлсэллэрэ элбээтэ. Саргылаана куоракка эргиэн тэрилтэтигэр үлэлиир эбит. Эмиэ Кирииһэ курдук аҥаардас... Кэмниэ кэнэҕэс сирдьиттэрэ иҥнэл-таҥхал түһэн кэллэ. Нэһииччэ хаамар. Пахай! Киһилэрэ өлөр итирик эбит дии! Оо дьэ! * * * – Миигин муннартыа диигит дуо? Куттаныма-ааҥ. Мин диэн уол оҕо одьунааһа, киһи киэнэ үс кырыылааҕа буоллаҕым дии, – сирдьит бөлүөстүгэс куолаһынан саҥарарын быыһыгар субу-субу бөтөн ыҥыргыыр. Өр хаамтылар да бөһүөлэктэрэ кэлэн быстыбата. Кирииһэлээх муннубут диэн, ытырыктата санаан бардылар: бу киһийдэҕи таах да батыһан. Төннүөхтэрин – балайда ырааттахтара уонна сатаан булан тиийиэхтэрэ суох. Саатар, массыына-тыраахтар тыаһа иһиллибэт. Ылы-чып. Сынньаммыттарыгар сирдьиттэрэ тиит төрдүгэр тугу эрэ саҥарбыта буола олорбута баара – нукус гынаат, утуйан баччыгынатан хаалла. Кирииһэ киһитин уһугуннара сатаан кулгааҕын имитэн көрдө да уһуктуох эрэ быһыыта суох, илгистэн кэбиһэ-кэбиһэ бииргэм утуйан бырылатыы. – Хайыахпытый, сынньаныахха, сарсыардалык туран айаннаан көрүөхпүт. Киһибит да онуоха диэри өйдөнөө ини, – Кирииһэ кураанах сири булан олорон Саргылаана санаатын көтөҕөөччү буолла. – Уот оттуоҕу, саатар, испиискэбит суох. Ычча, хата, тоҥон бараары гынным. – Ээ, кырдьык даҕаны, мин кукууллаахпын ээ – бу. Хата, маны тэлгии охсон, онно сытан сынньаныахха, – Кирииһэ түргэн үлүгэрдик кукуулун таһааран тэлгээтэ. Чочумча олоро түстэ уонна: – Саргылаана, эн кукуул иһигэр киирэн утуй. Мин эн таскар олоруом, – диэтэ. Мэһэйдээмээри, тэйэн биэрдэ. Дьахтар бачыыҥкатын устан, сэрэнэн кукуул
иһигэр киирэн сытта уонна: – Хайыы, хас да киһи аа-дьуо батыыһы дии. Гриша, эн да киир ээ, туохтан кыбыһыннаҥый? – диэтэ. Оччону истэн баран, Кирииһэ кроссовкаларын уһулута тэбиэлээтэ уонна кукуул тимэҕин төлөрүтэн иһирдьэ киирдэ. Саргылаанаттан омук духуутун минньигэс сыта кэлэрэ. Иккиэн даҕаны адьас атын турукка киирэн, саҥаларыттан матан, балачча иһийэн сыппахтаатылар. Дьиҥэр, кукууллара маҥнай утаа эрэ кэҥэс курдук эбит. Кирииһэ дьахтары иннигэр уктан, кууһа былаастаан сыппыта. Онтон улам итии-кутуу буолан барда, тиритиэх курдук буоллулар. Кирииһэ кукуулуттан орҕостон тахсан ытыс таһынар хараҥа быыһыгар сыгынньахтанна: путбуолкалаах туруусугунан эрэ хаалла. Онтон сытаары гыммыта, Саргылааната эмиэ олорон эрэ таҥаһын көҕүрэттэр эбит: били сырдык бүрүүкэтэ аттыларыгар бүк тутуллан сытара... Маннык ыас хараҥаҕа имэҥнээх таптал уота түргэнник күөдьүйэр, кытыастар. Симиттии, кыбыстыы көстүбэт. Арай имэҥ-дьалыҥ чахчы киирбитин бастаан битиргэччи тэбэр сүрэҕиҥ биллэрэр. Оччоҕо эт-этиҥ итийэн, аһыллан, күүрэн кэлэр. Саһан сыппыт килбик, кичэм санааҥ көҥүл тахсан күүлэйдиир. Ол иэйии саба халыйан киирдэҕинэ, ханна да куоппаккын, бас бэринэргэр эрэ тиийэҕин. Икки сүрэх биир тэҥник тэптэҕинэ, ол аата – дьол чыпчаала. Кирииһэлээх бөһүөлэккэ сарсыарда эрдэ тиийбиттэрэ, оттон уруу остуолугар Саргылаанатын кытта сэргэстэһэ олорбуттара. Били, салбаҕырбыт сирэйдээх сирдьиттэрэ арыый тэйиэс олорон түгэн эрэ көһүннэр: «Гоорькоо!» – диэн хаһыытыыра. БУТУКАЙ.
kyym.ru сайтан
➤
➤
kyym.ru сайтан