Кэпсээ
Войти Регистрация

Хаттыай дуу, хайа үөдэн дуу

Главная / Кэпсээн арааһа / Хаттыай дуу, хайа үөдэн дуу

K
kyym.ru сайтан Дьылҕа
08.06.2023 16:28
   Соломуон бүгүн эмиэ дьиэтигэр үлтү кыйаханан, айахтааҕы атыппат гына кытарчы көрөн кэллэ. Дьыалата табыллыбакка кэлиҥҥи күннэргэ иһэ буһара, санаата кыынньара үгэскэ кубулуйан эрэр. Ночооттон ночоокко түбэһэн иһэр. Кэргэнэ уонна кыыһа бэрт киһи кэллиҥ ээ диэн илэ-сала көппөтүлэр, эбэтэр аҕабыт эрэйдээх сылайаахтаабыт диэн аһыммыт чинчилэрэ биллибэтэ. Хата, кини кэлбититтэн тэһииркээбит курдук саалаҕа куйбарыс гынан хаалылар. Хаһаайын кыыһырбыт кэмигэр тыла тымтайынан, саҥата саар ыаҕаһынан буолан хараҕар иҥнибити барытын сытыы тылынан хаарыйарын, була сатыы-сатыы онон-манан тииһигирэрин бэркэ диэн билэр дьыалалара. Оннооҕор этиспэт эрэ диэн бэйэтин сэрбэкэчийбит тэллэх ытын үөҕэн хооһурҕатааччы. Анарааҥҥыта иччитин саҥатыгар кымаардаан да көрбөккө эккэлээн илэ-сала көтөөхтүүр. Киһи саҥатын өйдүүрэ буоллар, ким билэр, кини даҕаны саалаҕа куотуо эбитэ ини.      Соломуон сонун устан бааннаҕа киирэн илиитин сууна турда. Бээрэ, тоҕо кини дьыалата наар хаахтыйарый, атыттар оттон син табыллан, халыҥ харчыны хаардыы баһаллар дии. Эбэтэр кини байар гына айыллыбатах бэйэккэтэ дуу. Атыттартан туох итэҕэстээҕий? Инньэ дии санаат утары турар сиэркилэҕэ бэйэтин бодотун көрүннэ. Дьэ, баллайан сирэй да сирэй, оруобуна сиппит тыыкыба курдук. Обургу сиэркилэ аҥаарын тиирэ киэптээн үллэн көстөр. Харахтара эттээх иэдэскэ үтүрүйтэрэн бэрт эрэйинэн, быһах биитин эрэ саҕа моһуоннанан  кылахачыһаахтыыллар.  Бу курдук кыыһырдаҕына, ардыгар үөрдэҕинэ муҥнаахтар олох да көстүбэккэ саһыыһылар, сирэйэ дьэс алтанныы дьэлтэйэн, куоппут тиэстэ курдук буолсу. Мунна буоллаҕына  быган көстүө саарбах. Чэ, чэ, байар баҕас киһи сирэйин олоруутуттан соччо тутулуга суох ини. Итинник арааһы эргитэ саныы-саныы Соломуон куукунатыгар ааста. Кэргэнэ остуолга ас бэлэмнээбитин саҥата суох кимирийэ олордо. Аһаан ампаалыктанан Соломуон санаата син көммүккэ дылы буолла. Таапкалаах атаҕынан аат эрэ харата саллырҕаан саалаҕа ааста. Дьоно саҥата суох тэлэбиисэргэ тугу эрэ көрөллөр. Соломуон хас эмэ сылы мэлдьи ыкса «доҕордоспут» дьыбаанын көрдөөн тула лэкээриҥнээтэ да – мэлигир. Кыыһырбыт омунугар кэлэҕэйдии-кэлэҕэйдии: «Дьы-дьыбааммын ханна гынныгыт?!» — диэн ойохтоох оҕотугар ордоотоото. Кэргэнэ намыын, наҕыл дьахтар: «Дьыбааныҥ олох да сыыһа миэстэҕэ турбут. Киирэр ааҥҥа уун-утары буолан. «Фэн-шуй» этэринэн, ити олох сыыһа. Ким наар ити дьыбааҥҥа сытааччыный, эн буолбатах дуо? Бу санаатахха, ол иһин да наһаа ньиэрбинэй эбиккин. Ыгым быһыыгынан дьиэ атмосфератын буорту гына сылдьыбыккын. Эбиитин дьыбааныҥ илдьирийэн бүппүт, тимирэ-үөдэнэ чоройон тахсыбыт, киһи хайдах итиннэ тулуйан олоруой, арай эн эттээх эмэһэҥ тулуйаа ини»,— диэн унаарытта. Соломуон хараҕын үүтэ көстүбэт буолуор диэри үлтү кыйаханан утуйар хоһун диэки батыччахтаата. Кэргэнэ кыыһыныын, кыһайбыт курдук саатар иккиэн ээ, күн аайы сатана «фэн-шуйунан» ыалдьыбыттарын өссө ааспыт нэдиэлэҕэ билбитэ. Ол кэнниттэн хаарыан, номнуо үөрэнэн, «уруурҕаһан» хаалбыт дьиэтээҕи тээбириннэрэ  турбут сирдэрэ уларыйан, сороҕо сүтэн-оһон эрэллэр. Соломуон бастаан утаа сарсыарда эрдэ туран, үлэтигэр барыан иннинэ барытын төттөрү урукку миэстэтин булларан көннөрдөҕө буолара. Онто кэлэригэр син биир уларыйан тоһуйара. Кэмниэ-кэнэҕэс  саҥа уларыйыыларга үөрэнэн кыһаллыбат курдук буолбута. Бээрэ, дьыбаанын ханна-ханна илпиттэрэ буолла? Соломуон хостору кэрийбэхтээбитэ дьыбаана эрэйдээх «тещина комната» диэн аатырар ыт уйатын саҕа хоско симиллэн тураахтыыр. Дьиҥэ баран эттэххэ, бу хоһу оннооҕор ыта сөбүлээбэт. Кыараҕаһыттан кини да тыына-быара хаайтаран эрдэҕэ. Соломуон ахтыбыт-суохтаабыт дьыбааныгар бөкүнүс гынна да, утуйан оҥторон хаалла.    Сарсыныгар үлэтиттэн арыый эрдэ кэлбитэ дьоно таҥас уурар ыскаабы түөрэтин сүөкээн, кини таҥаһын сыымайдыыллар. «Кэтэр», «кэппэт» дэһэ-дэһэ бугул курдук мунньуллубукка  тамныыллар. Иһиттэҕинэ, арааһа, «кэппэтэ» баһыйда быһыылаах. «Бу тугу гынаҕыт, таҥас сууйаары гынныгыт дуу?» — диэн  таҥаһын улахан аҥаарыттан матан эрэрин сэрэйдэр да ыйытта. Кыыһа: «Паапа, эн кэппэт таҥаһыҥ наһаа элбэх дии. Ону барытын ууран баран сытаҕын. Ол куһаҕан ээ. Дьиэҕэр эргэни-урбаны барытын хаатыйалаан сытар буоллаххына, туох да саҥа киирбэт. Фэн-шуй этэринэн...» — диэн эрдэҕинэ Соломуон: «Өссө киһи таҥаһын эргэлээбит-урбалаабыт буола-буолаҕыт, олох бырахтарыам суоҕа, оонньуута суох, эһиги, бу туох куһаҕан ыарыытыгар ыллардыгыт, фэн-шуй буола-буола. Барахсаттарбын фэн-шуй аһатара-таҥыннарара буолуо», — диэн күргүйдүүр былаастаах хаһыытаабытыгар мэктиэтигэр хараҕа кытта улаатан ылла. Ол кэннэ эттээх илиитин даллатан бугуллаах таҥаһы хомуйа тутан ыскаапка симэн эрдэҕинэ кэргэнэ: «Бу көстүүмнэри, ырбаахылары хаһан батаран кэтээри үлүмнэһэрий? Сыллаан да көрбөт буолбуттара ыраатта дии. Эбэтэр уол оҕото, халыйбыт хаһам хаһан эрэ сүтүө диэн эрэнэҕин дуу», — диэн кыһыылаах баҕайытык унаарытта. Соломуон: «Батара соруннахха батарылллыа даҕаны», — диэт хостон тахсан барда. Сарсыныгар өһөспүт омунугар тардан хаалбыт дуу, кини бэйэтэ уойбута оччо дуу, батыан баҕарбат бинсээгин тиирэ кэтэн үлэтигэр барда. Киэһэлик үлэлиир  остуолугар докумуоннарын сыымайдыы кэлбитэ, атын күтүр! Остуолга кинини уун-утары үүт-үкчү кини бэйэтин курдук мэлтэйбит сирэйдээх, эбиитин иһэ килэйбит киһи статуэтката  киэптээн аҕай олорор эбит. Соломуон бу эмиэ туохпут баҕайытай диэн быһаарсаары сорунан олоппоһуттан туран эрдэҕинэ, кэргэнэ бэйэтинэн бу киирэн кэллэ: «Хайа көрдүҥ дуо? Бу — Хоттей. Дьиэҕэ баайы-дуолу, үтүмэн үгүс үбү аҕалар талисман. Ол иһин кинини хаһан да үөҕүө суохтааххын. Наар иһин имэрийэ-томоруйа, быылын сото сылдьыахтааххын», — дии-дии, били, Соломуон атыҥырыы көрбүт статуэткатын былҕайбыт иһин бэркэ кичэйэн имэрийэн ылла. Соломуон бэркиһээн, баһын эрэ быһа илгиһиннэ, салгыы саҥара барбата. Иһигэр: «Ити кэриэтэ мин испин имэрийбитиҥ буоллар, туһата элбэх буолуо ини», — диэн күнүүлүү санаата уонна туох да кыһалҕата суох үөрэн мичээрдии олорор оҕонньору аахайбатахтыы кытыыга сыҕайан үлэлээн барда.    Ити курдук сордоон-муҥнаан хас да күн ааста. Соломуон үлэтигэр умса түһэн, дьиэтигэр буолар уларыйыыларга кыттыспакка, олох эйэ-дэмнээхтик устан истэ. Бу күннэргэ Соломуон туохтааҕар да долгуйа сылдьар. Кини тэрилтэтэ сыччах биир хантараактан тутулуктанар курдук буолан хаалла. Анараа киһи сөбүлэстэҕинэ тэрилтэлэрин холбуохтаахтар. Оччоҕуна Соломуон тэрилтэтин сылга киирэр дохуота үс бүк үрдүөхтээх. Сарсын буолуохтаах көрсүһүү барытын быһаарар. Икки өттүттэн барыстаах буоларын бигэргэтээри Соломуон тылын-өһүн сааһылаан, хайдах гынан анараа тэрилтэлээх киһи сөбүлэҥин ылар туһунан толкуйдуур эрэйигэр түбэстэ. Иккиэн биир хайысхаҕа үлэлиир дьон интэриэстэрэ да биир ини. Соломуон тутуу матырыйаалын оҥоруунан дьарыктаммыта син ыраатта да, улуустары кытта үлэлэһэ илик, анараа киһи ол хайысхаҕа ордук уопуттаах. Соломуон тулуйан-тэһийэн үлэтигэр олорбото. Дьиэтигэр тиийбитэ ким да суох буолан үөртэ. Соломуон тэлэбиисэр көрө сатаата да буолуохтаах көрсүһүүттэн долгуйан санаата барыта онно иэҕиллэ турар. Көрсүһүү табылыннын диэн үрдүк, үөһээ таҥараттан көрдөһүөн иһин, биир да мэлииппэни билээхтээбэт эбит. Аал уотуттан ааттаһан-көрдөһөн көрүө эбитэ буолуо да, ол куорат дьиэтигэр хантан оһох көстүөй. Онон таах олоруохтааҕар хоһун биир гына сис туттан баран төттөрү-таары хаамыталыы сырытта. Онтон өй ылбыттыы остуолун диэки көрө түстэ: били «аҕыс айдаанынан оннун булуммут», ырҕайбыт истээх кытай оҕонньоро испин имэрий даа диэбиттии  иһэ килэйэн, үөрэн-көтөн аїҕай олорор эбит. Соломуон  биирдэ өйдөөбүтэ статуэтканы илиитигэр ылан килэйбит иһи сэрэммиттии имэрийэ турар эбит. Бу быһыыбын ким да көрбөт ини диэн тулатын көрүнэ-көрүнэ: «Хаттыай, Хаттыай, көмөлөс, абыраа! Сарсын барыта табылыннын эрэ. Хаттыай, хармаан муҥунан харчыта аҕалан кулу», — диэн ботугуруу турда.    Сарсыныгар, кырдьык, Хаттыайа көмөлөспүтэ дуу, буолуохтаах буолбута дуу, барыта Соломуон санаатын хоту барбыта. Дьэ, ол кэнниттэн Соломуон дьыалата табыллан, сатамматаҕа да сатанан, өрүү кыыһыран быыппастар бэйэтэ холкутуйан си-дьүгээр сылдьар буолбута. Биллэн турар, «Фэн шуйунан» букатыннаахтык иирэн барбатаҕа эрээри, эргэ, кыччаабыт таҥастарын бырахтарарга сөбүлэспит сурахтааҕа. Ыһы-һы. Ол диэхтээн, эһиэхэ диэн кистээн сибис гыннахха, бэл, били, дьыбаан «доҕорун» илэ бэйэтинэн сыбаалкаҕа таһааттарбыт дииллэр.    Харчы тугу оҥотторботоҕо баарай, хаһааҥҥыта эрэ харахтаан көрбөтөх Хаттыайбытын, кулгаахтаан истибэтэх «фэн-шуйбутун» үҥэр таҥара оҥостон хайа-хайа диэки хайыһан эрэрбит буолла, сахалаар? Эбэтэр тыала суохха мас хамсаабат дииллэринии, килэйбит ис кистэлэҥнээх эбит буоллаҕа дуу?   М.Иванова. Тарҕат:
kyym.ru сайтан