Кэпсээ
Войти
Регистрация
Гостиница
Главная
/
Кэпсээн арааһа
/ Гостиница
K
kyym.ru сайтан
Күлүк
08.06.2023 16:26
Бу түбэлтэ былырыын буолбута. Сэмэнэп диэн лыкыйбыт уҥуохтаах, сытыы-хотуу атыыһыт киһи «дуогабар түһэрсэ» диэн ааттаан балаҕан ыйын бүтэһик күннэригэр Москубанан эргийэн Самара куоракка көппүтэ. Кинини кытта, мэлдьи да буоларын курдук, хаһаайыныттан харыс да сири халбарыйбат, тойон иччитигэр дьүөрэлии кыракый, ньахчайбыт тэллэх ыта корзинаҕа угуллан айаннаспыта. Самараҕа киэһэ хойут тиийбитэ, Горькай аатынан уулусса кырыытыгар турар дьоҕус остолобуойга киирэн кыратык үссэммитэ, ытыгар эмиэ бэрсибитэ. Сэмэнэп Самара куоракка оҥоһуллар холодильник собуотугар чуо тиийиэхтээҕэ, ол иһин сарсыардааҥҥа диэри гостиницаҕа хааларга быһаарыммыта. Дьонтон ыйыталаһан мас да буоллар бэрт сэнэх оҥоһуулаах, чэпчэки сыаналаах гостиницаны булан үөрбүтэ-көппүтэ. Гостиница харабыла, сааһырбыт нуучча эмээхсинэ Сэмэнэп сирэйин-хараҕын бэркэ сыныйан тургутардыы одууласпахтаан баран, ыбыс-ыарахан күлүүс тылын туттаран кэбиспитэ. Биһиги бизнесмеммит хонук сирин булбут үөрүүтүгэр суумкаларын уонна корзиналаах ытын бэрт сэниэлээхтик көтөҕөн иккис этээскэ турар 16 №-дээх хоско киирбитэ. Хос иһигэр улахан мас орон, ыскаап, туумба, тэлэбиисэр, төгүрүк остуол, кириэһилэ уонна «Самара» холодильник тураллар. Сэмэнэп ыраах айаҥҥа быыллыйбыт таҥаһын устан муннукка быраҕар, тириппит-хоруппут, сылайбыт киһи быһыытынан тута дуушка дьөгдьөрүйэр. Ити кэмҥэ ыт корзинаттан ойон тахсан орон үрдүгэр биирдэ баар буола түһэр, сытырҕалаан, эргичийбэхтээн көрөн баран сытынан кэбиһэр. Кини хаһаайынын кытта тэбис-тэҥҥэ кэриэтэ алтыһан сылдьар, тэҥҥэ асаһар-утуйсар адьынаттаах. Күһүн буолан халлаан лаппа хараҥарар буолбут. Улахан туох да тыас-уус суох. Гостиницаҕа киһи суоҕа эбитэ дуу, баар дьон бары ньимиччи утуйа сыталлара эбитэ дуу — им-ньим. Сэмэнэп суунан бэркэ чэбдигирэн таҕыста, сотторунан эринэн баран болкуоҥҥа тахсан табаахтаата. Эчи, сөрүүнүн, үчүгэйин, чуумпутун... Ол эрээри салгыннаах эбит, киһи өр тудаҕына дьагдьайыыһы. Сэмэнэп болкуонтан киирэн, ытын кириэһилэҕэ көһөрдө, уотун араарда, оронун оҥостон сытта. Аҕыйах мүнүүтэ сыппахтаан баран сылайбыт киһи муннун тыаһа муораҕа тиийдэ. Сэмэнэп түүлүн быыһынан иһиттэҕинэ, ыта ыйылыырга-ырдьыгыныырга дылы. «Саҥа сири атыҥыраабыта буолуо» диэн түүл-бит курдук саныы-саныы киһибит муннун тыаһа салгыы хаһыҥырыыр. Ыта тохтообот, аны оронугар тахсан ыйылыы-ыйылыы хаһаайынын сапта сытар суорҕаныттан тардыалыыр. Сэмэнэп соһуйан олоро биэрэр, хаһан да кыйахаммат, куолаһын үрдэппэт бэйэтэ, бардьыгынаабытынан ытын сиргэ туора хаһыйан түһэрэр. Сарсын улахан суолталаах кэпсэтии-дуогабар түһэрсиллээри турдаҕына, аны кини утуппакка мэһэйдэһэрэ итэҕэс эбит. Ыта ыйылыы-ыйылыы ырдьыгыныыр, орон аттыгар кирийэр. Сэмэнэп төттөрү сытан иһэн хараҕын кырыытынан көрдөҕүнэ, доҕоор, ойоҕоһугар турар кириэһилэҕэ эп-эмис, мап-маҥан эмээхсин олорор. Сэмэнэп көрбүтүн итэҕэйбэккэ эргиллэ биэрэр. Эмээхсин кини көрбүтүгэр куттаммыт курдук чугурус гынар, кириэһилэттэн турар, устар курдук хааман налыҥнаан тиийэн ыскаап турар истиэнэтинэн курдат тахсан баран хаалар. Сэмэнэп ыга куттанан сүрэҕэ айаҕар тахсар, уута хаһан да өтөрүнэн төннүбэттии көтөр. Ити көстүү кэнниттэн туох буолбут киһи муус холкутук утуйа сытыай. Өй ылан, ытын ыҥырар. Ыта эрэйдээх ыйылыы-ыйылыы орон анныттан тахсан Сэмэнэпкэ ыстанар. Ити курдук куустуһан сыппахтаан баран, ханна барыахтарай, сарсыарданан утуйан хаалаллар. Бу дойдуга сарсыарда халлаан эрдэ баҕайы сырдыыр эбит. Биэс чаас саҕана хос иһигэр турар маллар-саллар дьэҥкэрэн кэлэллэр. Сэмэнэп куттаммыта ааһан, туран эмиэ табахтыыр. Түүн буолбуту эмиэ да илэ курдук, эмиэ да түүл-бит курдук өйдүүр. Дьиэттэн-уоттан, дойдуттан тэлэһийэ сылдьан абааһыны эрэ санаабаккын, абааһы-иччи ыраах Саха сиригэр эрэ хорҕойон сырыттаҕа, манна суох дии саныыгын. Ону баара көстүбэт эйгэ күтүрдэрэ кэмиттэн, омугуттан, сириттэн-уотуттан тутулуга суох мэлдьи бааллар эбит. Ити түбэлтэ кэнниттэн Сэмэнэп дьыалатын-куолутун толору ситиһэн, Дьокуускайга этэҥҥэ төннүбүтэ. Доҕотторун, билэр дьонун кытта бииргэ түмүстэ, пиибэлээтэ да айаҕа аһыллан, олоҕор биирдэ буолбут ити дьикти түбэлтэни хос-хос, омуннуран-төлөннүрэн туран кэпсээ да кэпсээ буолар. Кэпсээминэ даҕаны, ыраах Самара куорат биир хаарбах гостиницатыгар дугуйдана сылдьар абааһы киниэхэ билигин туох да куттала суох. Светлана ТИМОФЕЕВА. Мээнэ саҥартым Мин биирдэ быраатым Дималыын, кини кынна Малдьаҕар олохтооҕо Сиэнньэлиин уонна кинилэр аҕалара Өлөксөөндүрдүүн «Эҥээрдэк» диэн үчүгэй баҕайы айылҕалаах, бултаах-алтаах сиргэ тыраахтарынан кустуу-куобахтыы айаннаабыппыт. Эҥээрдэк — Өлөксөөндүр төрөөбүт дойдута. Тиийиэхтээх сирбитигэр баран иһэн, улахан үрэхтэри: Хоргуннааҕы, Лахаайыны, Кыра Ээдьээги, Улахан Ээдьээги улаханнык эрэйдэммэккэ ааһыталаабыппыт. Онтон чэйдии олорон: «Бэркэ баран иһэбит, сотору бултуур сирбитигэр тиийэр инибит», — диэччи буоллум. Онуоха кырдьаҕаспыт: «Улаханнык саҥарыма, тиийдэхпитинэ тиийдибит диэхпит. Өссө Саһыллаах үрэҕэ уонна Иэһээк үрэҕэ бааллар», - диэбитэ. Ээдьээктэн, Саһыллаах уонна Иэһээк үрэхтэрэ чугастар. Сып-сап аһаан баран айаммытын салҕаабыппыт. Сотору соҕус буолан баран Саһыллаах үрэҕэр элээрдэн тиийбиппит. «Кыра баҕайы үрэх эбит буолбат дуо? Маны баҕас таах ааһар буоллахпыт дии», — диэн айахтаппыппын кулгааҕым эрэ истэн хаалла. Онно кырдьаҕаспыт: «Мээнэ саҥарыма – улуу сир. Былыр киһи бөҕөнү киһи гыммыт, бултаппыт, аһаппыт эбэ», — диэтэ. Үрэхпитин тахсан иһэн кыра баҕайы чалбахха тыраахтарбыт буксуйда. Онтон тахсан баран алдьанан хаалла. Тыраахтарбытын оҥостон эҥин, сирбитигэр биир хонон, сарсыныгар тиийдибит. Баран иһэн дьонум миэхэ мөҥүттэллэр «мээнэ тыллаһаҥҥын эбэбит иччитэ баарын биллэрдэ» диэн. Сирбитигэр тиийэн бэркэ сынньанан, бултаан-алтаан баран төннөн иһэн Саһыллаах үрэҕэр тиийэн, эмиэ алдьанан хас да хоннубут. Нөҥүө сылыгар Саһыллаах үрэҕэр сабыс-саҥа массыынанан былырыын тыраахтарбыт алдьанан турбут сиригэр тиийэн массыынабыт алдьанан умуллан хаалла. Туга аккаастаабытын суоппарбыт киэһэни быһа хасыһан, булбакка, утуйдубут. Сарсыныгар эрдэ туран массыынабытын собуоттаабыппытыгар, хаһан да алдьамматах курдук эстибитэ. Онно өйдөөтүм, былырыын бултуу баран иһэн, мээнэ саҥарбытым иһин дойдум баарын биллэрэр диэн. Онтон антах айахха киирбиччэ тыллаһан өһүргэппит үрэхпин, кыһын буоллун, сайын буоллун, киириэм иннинэ уот оттон, алҕаан, көрдөһөн эрэ баран ааһабын. Аҕам кэпсээбитэ Урут, сэрииттэн кэлэн баран, аҕам Ыйылас, Мэкчиргэ диэн булчут аҕай дьону «күһүн аайы бултаһан сайын бииргэ оттоон эдэрбититтэн тапсан доҕордоһон сылдьыбыт дьонум» диэн кэпсээччи. Биирдэ, 50-с сыллардаахха күһүҥҥү тоҥоруу саҕана, Ыйылас, Мэкчиргэ, мин аҕам буоланнар тайахтыы диэн барбыттар. Мин аҕам киириилээх-тахсыылаах, саха киһитигэр кыанар, түргэн туттуулаах, күүстээх-уохтаах киһи этэ. Кыраһа диэн сиргэ, Маалыкайтан түөрт көс курдук ыраах сиргэ, биир кыра тайаҕы бултаабыттар. Эттээн баран икки сымаҕа эттэрин уган аҕалан, Кыраһа кыра дьиэтигэр уурбуттар. «Сарсын дойдубутугар төннөн иһэн таарыйа ылан ааһыахпыт», — дэспиттэр. Сарсыныгар эрдэ туран, ону-маны көрө диэн Хоргуннаах үрэҕин диэки барбыттар. Хоргуннаахха тиийбэккэ эрэ ыттара ыҥаахтаах тайаҕы туруорбутун бултууллар. Ыйылас аҕабар: «Эдэр киһи эн Кыраһаттан икки атынан баран хаалларбыт эппитин аҕал. Биһиги булпутун эттээн бэлэмниэхпит. Сарсын мантан быһа дойдубутугар барыахпыт, эһэкээн биэрдэ, сөптөөҕүн бултаатыбыт», — диэбит. Аҕам биир аты миинэн, биири сэтиилэнэн сөп соҕуска Кыраһаҕа тиийэр. Арай, эт хаалларбыт дьиэтигэр чугаһаан истэҕинэ, оһох үөлэһиттэн кыым тахсар, буруолуур курдук. Аҕам үөрэ саныыр: «Булчуттар буолуо. Хата бэлэм чэйгэ кэлбиппин». Дьиэҕэ киирбитигэр хаҥас диэки икки кыл сэлээппэлээх оҕонньоттор тугу эрэ кэпсэтэ олороллор эбит. Тугу да саҥаралларын аҕам өйдөөбөтөх, оҕонньоттор уостарын хамсатан кэпсэтэллэрэ сүрдээх үһү. Аҕам дорооболоһор – оҕонньоттор хардарбаттар, кини диэки көрбөттөр да үһү. Аҕам биир эттээх сыматын атыгар таһааран ууран киирэн иһэн саныыр: «Хантан кэлэн хаалбыт кырдьаҕастарый? Саатар улахан соҕустук саҥарбытым да иһин дорооболоспотулар. Чугастааҕы нэһилиэк кырдьаҕастарын барыларын билэр курдугум. Уонна маннык ыраах дойдуга кыл сэлээппэлээх буола-буола тугу гына кэлбит дьонуй?». Иккис сыматын таһаараары киирэн көрбүтэ, оҕонньотторо олорбуттарын курдук олороллор, кэпсэтэллэр. Аҕам дьиэттэн тахсан иһэн, тыыннаах дьон буолбатахтарын дьэ сэрэйэн, куйахата күүрэр. Сымаларын аттарыгар тиэнээт, Хоргуннааҕын диэки бөтөрөҥүнэн, тургэн аҕайдык тиийэр. Кырдьаҕастара: «Хайа, Киэсээ, хайдах буоллуҥ?», — дии тоһуйаллар. Аҕам тугу көрбүтүн кэпсээн биэрэр. Кэпсээни истэн, Мэкчиргэ: «Онно олоро сылдьыбыт кырдьаҕастар баалларын биллэрбиттэр. Ити диэки дьон кырдьаҕастары көрөрүн туһунан истээччибин, дьон бултуйаары гыннаҕына, үчүгэйгэ көстөллөр үһү», — диэбит. Николай Васильев-Соччо. Дьиктини көрбүттээхпин Быйыл сайын от ыйын 24 күнүгэр 10 чааһы ааһыыта Таатта улууһун Боробулугар баар бэйэм олорор дьиэбиттэн тахсаммын, сайыҥҥы хаптаһын гарааһын ойоҕоһугар турар ыскамыайкаҕа хоту диэки хайыһан олордум. Халлааҥҥа бөлөх-бөлөх туман курдук былыттар усталлар. Дьиэм таһыгар олордон үүннэрбит үс харыйам, икки бэһим, хас да тиитим, хатыҥым уонна талахтарым ситэн, үүнэн улааппыттар. Олорго барабыайдар кэлэн олорон көрөллөр, төттөрү көтөллөр. Бу олордохпуна илин диэкиттэн хойуу баҕайы икки былыт тахсан иһэллэр. Бэйэ-бэйэлэриттэн тэйэ соҕус айанныыллар. Кэлин соҕус иһэр былыттан, арай, мин билэр, аҕыйах сыл бииргэ үлэлээбит киһим Иннокентий Васильевич Кузьмин төбөтө, сирэйэ ырылыччы бу баардыы көстө түһэн инники үрүҥ былыт диэки устан истэ. Мин дьиктиргээн, харахпын араарбакка, одуулаһан олордум. Кини, санаабар, миигин эмиэ көрөр курдук. Ити курдук уонтан тахса мүнүүтэ устатыгар көрөн олордум быһыылаах. Иннокентий Васильевич сирэйэ мин диэки хайыспытынан бастакы иһэр былыты ситэн, иһигэр киирэн дуу, кэннигэр баран дуу, көстүбэт буолан хаалла. Кузьмин И.В. 1913 с. Таатта Сиэллээҕэр төрөөбүтэ. Учууталынан, оскуола дириэктэринэн үлэлээбитэ. Кини улахан партийнай үлэһит, райпотребсоюз бэрэссэдээтэлэ этэ. 1966 с. балыыһаҕа сытан ыарахан ыарыыттан өлбүтэ. Киһи кэрэмэһэ, майгылаах бастыҥа, суобастаах чулуута этэ. Мин 83 сааһым буолла да, олох сааспар тугу да сымыйалаабатах киһибин. Сааһым тухары таҥара, абааһы диэни көрө илик дууһа этим эрээри... Николай Слепцов. Тарҕат:
kyym.ru сайтан
➤
➤
kyym.ru сайтан