Кэпсээ
Войти Регистрация

Абрек ирээттэспитэ

Главная / Кэпсээн арааһа / Абрек ирээттэспитэ

K
Сонор
11.06.2023 13:03
Сыымахха эhэм аахха оттоhон, атырдьах ыйын ортото кэлбиппит. Күhүн кэлэн эрэрэ биллэрэ. Хатыҥ чараҥ саhаран, киhи уйарҕыы кѳрѳр кэмэ этэ. Аҕабын кытта чугастааҕы кѳлүкэлэри “Юпитер-5” матасыыкылынан кэрийэн, кус ыта барбыппыт. Абрек ол саҕана үhүн ааспыт этэ. Матасыыкылтан хаалбакка, кэннибититтэн сүүрэн кытарыҥнаан испитэ. Арай, бѳhүѳлэктэн балтараа кѳhү бараат, аҕам суолтан туораан, былыргы холкуос суолунан барбыта. Сыарҕаҕа, тэлиэгэҕэ аналлаах суол буолан, аныгы шоссе курдук буолуо дуо, кыараҕас. Ол эрэн, кэлээскэлээх “Юпитер”, кыра соҕус нэксиэни аахсыбатахха, бэркэ барара. Барбалаан баран, аҕам тиэхиньикэтин тохтоппута. Күлүүhүн “тыс” гына араарбыта. Чуумпуга хатыҥнар тѳбѳлѳрѳ тыалтан суугунууллара эрэ иhиллэрэ. Абрек кыhыл тылын тэлимнэппитинэн ситэн кэлбитэ. − Мантан чугас ойуур иhигэр кѳлүйэ баар. Ону киирэн кѳрүѳхпүт, − тээтэм тирии чохуолуттан таhааран, сып-сап аптамаат саатын, МЦ-ны, хомуйа охсубута. Мин биир уостаах 20 калибрдаах сынтараалкабын ылбытым. Сэндэҥэ тыа быыhынан барбалаабыппыт кэннэ аhаҕас сир кѳстѳ түспүтэ. Намыhах талахтарынан уонна хомуhунан тулаламмыт кѳлүкэ мэндээрийбитэ. Аҕам уҥа ытыhын ѳрѳ ууммута. Ити аата тохтуур бэлиэ. Халампааhынан кѳрѳн, уонча кус уу кытыытыгар, дулҕа быыhыгар сылдьалларын быhаарбыппыт. − Тыал хантаный? – аҕам сибигинэйэн ыйыппыта уонна хаки суппуунун капюшонун кэппитэ. Мин хаҥас сѳмүйэбин айахпар уган ылаат, үѳhэ ууммутум. Сѳмүйэм уҥа ѳттүттэн сѳрүүн салгын биллибитэ. − Соҕуруулуу-илинтэн кыра тыаллаах, − ботугураан хардарбытым. − Сѳп. Бэрт эбит, − аҕам миэхэ хайыспыта, − ыксаабакка үѳмэн киирэн, хоhулаан ытаар. Тыалы утары кѳтѳн барыахтара. Мин тоhуйан туран күѳрэтэн кѳрүѳм. Сүүрбэччэ мүнүүтэ курдугунан ытаар. Бэлэм буолуом, онооҥҥо дылы. Итинник сүбэлэhии кэнниттэн, аҕам кѳлүкэ соҕуруу баhын диэки кэриинэн бара турбута. Хаки суппууна саhарымтыйбыт от-мас быыhынан элэҥнээмэлээт, кѳстүбэт буолбута. Кэнниттэн Абрек батыhан бара турбута. Кыратык турбалыы түhээт, нүксүччү туттан үѳмпүтүнэн барбытым. Иннибэр баар мастар бүппүттэрэ, үѳттэр, хахыйахтар кэлбиттэрэ. Салгыы түѳрт атах буолан сыҕарыйбытым. Ыксаабакка, тыын ыла-ыла бара сатыырым даҕаны, сүрэҕим тыаhа тиҥийэн олороро, санаабар, кустар да истиэх курдуктара. Талахтары ааспытым, аны, кустартан оттор эрэ хаххалыыллара. Доруобум сүгэр быата намылыйан, ууга сиигирэн хараарбытын кѳрѳн, ылан, саам тулаайаҕын кытта холбуу бобо туппутум. Тѳhѳ кэм ааспыта буолуой? Санаабар, чааhы быhа үѳмпүт курдугум. Ууну чаллырҕатыам диэн сэрэнэн, кустары үргүтүмээри, уhун остоох саппыкыбын ууттан орообокко, соhо хааман, ѳссѳ кыратык чугаhаабытым. Кустарга диэри отучча хаамыылаах сиргэ кэлэн, тохтообутум. “Аҕам күѳл баhыгар тиийэн, хаhан ытарбын кэтэстэҕэ буолуо”, − дии санаабытым. Аргыый саабын ѳндѳппүтүм уонна кустар холбоhоллорун күүппүтүм. Бэтэрээ соҕус икки чыккымай сылдьаллара, олор утары-таары устан кэлэн хоhулаhалларын кытта, чыыбыспын тардан кэбиспитим. Сүүрбэлээҕим санныбын аспыта, “Сокол” буорах минньигэс сыта аҥыс гынан ааспыта. Үргүбүт кустар кѳтѳн тирилэhэн турбуттара да соҕуруу диэкинэн ѳрѳ мэтэриhэн тахсыбыттара.Ууга биир чѳккѳѳкү ѳрѳҕѳтѳ килбэйэн кѳстүбүтэ, атына умса сытан, тѳбѳтүн ууга уган баран, сэниэтэ суох уҥа дабыдалынан сапсыммахтаан, ууну чалбаабыта. Кустар кѳтѳн барбыт сирдэрин диэки, ѳлѳҥ быыhыттан, аптамаат саа тыаhа тиллиргээбитэ. Кѳрѳ түспүтүм, үѳртэн икки кус ѳрбѳҕү бырахпыттыы, умса хойуостаммыттара, үhүстэрэ намтыы-намтыы, кэриигэ тиийэн түспүтэ. Үѳр кус аны кэриини үрдүнэн эргийэн мин диэки салаллыбыта. Тѳҥкѳччү туттан туран, ботуруоммун уларыттаары, саам уоhун бүлгү туппутум. Ытыллыбыт гильзабын хаhан да мээнэ тамнааччым суох, онон бу да сырыыга папковай гильзабын ылан кууркам уҥа сиэбигэр симээт, курдана сылдьар батарантааспыттан биир ботуруону субуйан ылан укта охсубутум, сомуокпун туруоран “тыс” гыннарбытым. Кынаттарын тыаhа куугунаан, 8-9 кус чугаhынан ааhан эрэрэ. Чыпчылҕан түгэнэ кустары туhулуу охсубутум. Бастаан иhэр обургу кус тумсун кыҥаат, сомуокпун тардыбытым. Арай, сѳҕүѳм иhин, кыҥаабыт куhум кэнниттэн кѳтѳн элээрэн испит кус түүтэ бурҕас гынаат, аллараа тэлээрбитэ. От быыhыгар түспүтү булар уустук, онон түспүт сирин чопчу кѳрѳн кэбиhиэхтээххин. Кыра титирик таhынан түспүтүн бэлиэтии кѳрбүтүм: ориентирдаах буоллахха буларга кэбэҕэс. Сотору соҕус кустарын туппутунан аҕам кэлбитэ. Абрек үѳрэн үрэ-үрэ ууга ыстанан киирэн, биир-биир бастаан ыппыт кустарбын таhааран, атаҕым анныгар быраҕаттаабыта. −Абыраллаах да Абреккын! – ытым хойуу түүлээх арҕаhын имэрийбитим. Аны күѳрэтэн түhэрбит куспун кѳрдүү барбыппыт. Онтубун да була охсон биэрэн, ыппыт эмиэ хайҕаммыта, имэриллибитэ. Кустарбытын туппутунан үѳрэ-кѳтѳ матасыыкылбыт турар сиригэр барбыппыт. Арай, талах быыhыгар кынат тыаhа тирилээбитэ уонна кэрииттэн бѳчүгүрэс кѳтѳн турбута. Чѳккѳѳкүлэрбин сиргэ илгээт, сүгэн испит доруоппун сулбу тардан ылан туhулаан эрдэхпинэ аҕам саатын тыаhа доргуйа түспүтэ, бѳчүгүрэс табыллан, талахтар быыстарыгар баран түспүтэ. Абрек онно ыстаммыта. Онтон, утаакы буолаат, кѳтѳрүн ытырбытынан тыаҕа ойбута. − Абрек! Абрек! Аҕал! – хаhыытаспыппыт да, ыппыт истибэтэҕэ. Эккирэтэн тахсыбыппыт, биир сиргэ ыппыт кутуруга куймаҥныы турар этэ. Тиийбиппит, кѳтѳрүн сиэн бүтэрэн эрэрэ, бѳчүгүрэс дабыдаллара эрэ туртаhан сыталлара. − Абрек! – сѳҕѳн, саҥа аллайбытым. – Хайдах буолан булду сиэтиҥ?! Абрек мас кѳтѳрүн сиэн хардырҕатан бүтэрэ охсон, биhиэхэ хайыспыта, кэтит сүүhүн аннынан буруйдаммыттыы кѳрбүтэ, кутуругун куймаҥнаппыта. −hоо… былыргылар итинник быhыыланнаҕына «үллэстэр», ээ, суох, «ирээттэhэр» дииллэрэ үhү. Дьиҥэ, сүүрэн сылайдаҕа, аччыктаатаҕа. Кыhалҕаттан үссэннэҕэ, − аҕам холкутук быhаарбыта. − Оттон биир эмэ чыккымайы сиэҕин, − мас кѳтѳрүн харыhыйа санаабытым. − Ыт кырдьан, сыты, амтаны араарбат буоллаҕына куhу сиир. Эдэр ыт сиэбэт. Оттон мас көтөрүн “омуга ылар”, − диэн быhаарыыттан урут истэ иликпин билбитим. Абрек мѳҕүллүбэтэҕэ. Дьиэбитигэр ити киэhэ, хас да күѳлү кэрийэн, уонтан тахса кустаах кэлбиппит. Аҕабыттан, санаан кэлэн, кѳтѳн истэхтэринэ инники куhу ыппыппар тоҕо кэннинээҕи табыллыбытын ыйыппытым. − Кѳтѳн иhэр куhу лаппа иннинэн кѳрѳн ытар куолу. Тумсун кыҥаан ыттыҥ да, доруобунньугуҥ онно тиийэн түhэр диэн буолбатах. Бастаан, куруогуҥ сомуоккун тѳлѳрүтэр. Куруhууна кѳнѳрүгэр сомуогуҥ кэлэн түhэн, боёгу хамсатар. Сааҥ иҥнэтэ, боёк, саайдаҕына хаапсыл уот биэрэр. Бѳстүѳн уотуттан буорах умайар. Онно бэрт элбэх газ үѳскүүр. Ол баттааhына, ыгыыта быыстаах доруобунньуккун устубуолуҥ устун үтэн таhаарар. Салгыы, кыҥаабыт кускар диэри доруобунньугуҥ кѳтѳн тиийэр. Оттон, ол кэмҥэ, куhуҥ биир сиргэ баайыллан баран турбат, кѳтѳн, сыҕарыйан иhэр. Онон, тумсун кыҥаатаххына, кутуругун да табарыҥ саарбах буолан тахсар, кэннинэн тэптэрэҕин, − аҕам аа-дьуо быhаарбыта. – Ол иhин бастакы куhуҥ кэнниттэн кѳтѳн иhэри таппыккын. − Ѳйдѳѳтүҥ дуо, сэгээр, лиитл хантер? – миигиттэн итэҕэhэ суох кэрэхсээн истэ олорбут эдьиийим Рита тэбэнэттик ыйыппыта. “Лиитл хантер” английскайдыы “кыракый булчут” диэн. −Вери велл (“олус бэркэ” — англ.). И, вааще, Грета, если я лиитл, то ты янговка, −диэбитим мин. (“янговка” − эдэр кыыс). Жаргонунан кэпсэтэрбитин ѳйдѳѳбѳтѳх эhэбит: − Хоролуу кэпсэтэн бүтүҥ эрэ! – диэн кѳбдьүѳрүйбүтэ. Бары күлсэ түспүппүт. − Бүтэн-бүтэн. Сахалыы саҥарыахпыт, киhилии кэпсэтиэхпит, − Рита эппиэттии охсубута. Ити бултаабыппытыттан ыла, “ытым аччыктыа” диэн, бултуу барарбытыгар Абрекпар эмиэ өйүө ылар буолбутум. Максим Ксенофонтов