Кэпсээ
Войти Регистрация

Тапталгын талан ыл

Главная / Кэпсээн арааһа / Тапталгын талан ыл

K
30.07.2020 11:06
Бу күннэргэ Нам улууһун Хамаҕаттатыгар «Тапталы таба тал» диэн ааттаах өрөспүүбүлүкэтээҕи Суорумньу күннэрэ ыытылынна. Эрэдээксийэттэн сорудах ылан, туох-хайдах тэрээһин буоларын, төһө киһи мустубутун, дьон маннык түмсүүнү төһө ылынарын билэ-көрө айаҥҥа туруннум. Никольскай уонна Хамаҕатта ыккардыгар «Эҥсиэли – эрэл хочото. Суорумньу күннэрэ» диэн суругу көрөн, хаҥас туоруубут. Балайда айанныы түспүппүт кэннэ иһирдьэ, ойуур быыһыгар былаахтар тэлимнииллэр. Ол туһаайыыны тутустубут. Галина Андреевна Аммосова, «Арчылаана» билсиһии кулуубун салайааччыта, бу тэрээһини бэйэтэ иилиир-саҕалыыр. Омос санаатахха, өрөспүүбүлүкэ таһымнаах тэрээһин аҥаардас «сүрэх баҕатыгар» эрэ сүктэриллибитин дьиктиргиир курдуккун. Бэлиэтиир эбит буоллахха, Кыыс ыһыаҕа от ыйыгар Мэҥэ Хаҥалас улууһун Павловскайыгар буолан ааспыта. Ойуур саҕатыгар балаакка бөҕө тардыллыбыт. Улуустарынан сири тыырбыттар. Кимнээххэ эрэ байаан доҕуһуоллаах ырыа дьиэрэйэр, атыттарга кулуһун буруота унаарар. Сорох кыра эрдэҕинээҕитин санаан, «белки-орешки» оонньоон, миэстэ былдьаһан оскуола оҕотун эбэтэр устудьуон дуу курдук үөрэр-көтөр. «Сотору «Любовь с первого взгляда» буолуо» диэн билиһиннэрдэ сыана кэтэҕэр түбүгүрэр Галина Андреевна. Ол ыккардыгар (дьоннор мэниктии түһэр кэмнэригэр) кэпсэтэн ыллыбыт. — Маннык тэрээһиннэргэ киһи ис-иһиттэн арыллар, үөрэр-көтөр, санаалыын чэпчиир, — диир кини. — Оннугун оннук даҕаны, билэр дьоммор Суорумньу күннэрэ буолаллар, көрө барбаккыт дуо диэбиппэр араастык ылыннылар: ким эрэ күллэ, ким эрэ өһүргэнэн өттүгүн тосту түһэ сыста... Итинник саныыр дьоҥҥо тугу этиэҥ этэй? — Оо, маннык тэрээһин соҕотох сылдьар дьоҥҥо анаан-минээн оҥоһуллар. Онон туох да кыбыстыы, туохтан эрэ тутулла санааһын суох буолуохтаах, аккаастаныа суохтаахтар диибин. — Галина Андреевна, туох санааттан бу эйгэни талан, ылсан үлэлии сылдьаҕын? — Толкуйдаан көрдөххө, саха ахсаана аҕыйах, оттон холбоһуон сөптөөх сулумах сылдьар дьон элбэх. Онон, аныгы кэмҥэ суорумньуга урукку курдук буолбакка, атын хайысханы тутуһуохха наада. Итинник санаабынан дьону холбуур дьарыктаахпын. Килийиэн итэҕэлин ыллахха, үлэ таһаарыылаах буолар. — Кулуубуҥ туһунан кэпсээ эрэ. Туох сыаллаах-соруктаах буолаҕыт? — «Арчылаана» билсиһии кулууба диэммит. Үс сыл үлэлээтибит. Араас улууска чилиэннэрдээхпит, сүүстэн тахсалар. Чурапчыга, Мэҥэ Хаҥаласка, Уус Алдаҥҥа, Бүлүү эҥээр баран Билсиһии биэчэрдэрин тэрийтэлээтим. Дьон сөбүлээн сылдьар. Аҥкыаталартан көрдөххө, ыал буолуон, доҕордорун көрсүөн баҕалаахтар чөл олоҕу өрө туталлар. Онон биэчэрдэрбит чөл олоххо тирэҕирэллэр. — Билсиһии киэһэлэриттэн атын ханнык хайысхалардааххыт? — Айылҕаҕа тахсыыны оҥоробут, “туур” диэн ааттыыбыт. Ыар баттык санааны-оноону, хаһан да бүппэт түбүгү-садьыгы дьиэҕэ хаалларан, эрдэттэн оҥостон айылҕа кэрэ көстүүтүгэр, киэҥ дуолга тахсан сынньанабыт, билсэбит. Ону таһынан аҥкыата дааннайдарын хомуйан билиһиннэрэбит, өрөспүүбүлүкэ таһымнаах корпоративнай биэчэрдэри тэрийэбит. Улуустарга, куоракка баар суорумньуһуттары кытта ыкса ситимнээх үлэлиибит. Корпоративнай, сабыылаах билсиһии биэчэрдэрин тэрийиигэ Дьиэ кэргэн кэмитиэтин гранын ылбытым. Евгения Михайлова вице-бэрэсидьиэн эрдэҕинэ махтал сурук туппутум. Психолог үөрэхтээҕим бу үлэбэр олус туһалыыр. Аҥаардас дьону кытта уруккуттан тапсан кэпсэтэбин, кинилэр да санааларын кистии-саба сатаабакка, аһаҕастык этэллэр. Оскуола саҕаттан ону-маны
тэрийэрбин, салайарбын олус сөбүлүүбүн. Онон тэрээһин саҕаланыаҕыттан бүтүөр диэри бэйэм оҥоробун. Холботолообутум түмүгэр сэттэ уонча ыал буруота унаарда. Дьиэ-уот тэринэн, оҕо-уруу төрөтөн үөрүүлэрэ-көтүүлэрэ үксүүрүн көрөр саҕа дьол миэхэ суох. — Былырыын Намҥа буолан ааспыт Кыыс ыһыаҕа туох түмүктэрдээҕий, хайдах ааспытай? — Элбэх киһи ону үөрэ, махтана саныыр, ахтар. Икки сүүстэн тахса киһи кэлбитэ. Дьиэ кэргэн кэмитиэтин кытта сүбэнэн тэриллибитэ, онон таһыма да үрдүк этэ. 43 паара үөскээбитэ, иккитэ холбоспута, биир ыал кыыстаннылар. Атыттар билсэ сылдьаллар. — Оттон быйылгы тэрээһиҥҥит тоҕо уһаата? Атырдьах ыйа – сайын бүтүүтэ, сылаас күнү-дьылы баттаһа от-мас үлэтэ, дьиэ тутуута, өрөмүөнэ... — Былаан быһыытынан, от ыйыгар ыытыллыахтаах этэ. Павловскайга буолбут Кыыс ыһыаҕа халаанынан эҥин сибээстээн, көһөрүллэн хаалбыта. Ол иһин биһиэнэ эмиэ кэннин диэки сыҕарыйбыта. Ити да буоллар чугас улуустартан, Кэбээйиттэн, Орто Халыматыгар тиийэ кэлэн кытта сылдьаллар. Кырдьык, бу тэрээһиҥҥэ кэлбит дьону, биир өттүнэн, хорсун санаалаахтар диэн хайгыахха сөбө буолуо. Үгүс киһи бэйэтин, дьолун туһунан төрүт санаабат, “дьон туох диэҕэй?” диэн кыбыстар. Итини таһынан бэйэ «барьерын» ааһыы диэн, эмиэ судургута суох дьыала буолуохтаах. Ким билиэ баарай, баҕар, маннык сылдьан, дьону-сэргэни көрөн, үөрэн-көтөн, аһыллан, өйдүүн-санаалыын уларыйан, дойдутугар чыҥха атын киһи тиийиэ дии. Үгүс өттө киһиттэн бэйэтиттэн тутулуктааҕа мээнэҕэ буолбатах. Сэрэйиллэрин курдук, манна кыыс-дьахтар ахсаана баһыйар. Тоҕото биллэр даҕаны: эр киһи сайыҥҥы ыйдарга оттон атыны саныыра уустук, үлэни үмүрүтэри эрэ толкуйдуур буолуохтаах. Ол гынан баран Мэҥэ Хаҥаластан сылдьар Сэргэй итинник санаабат. Үлэтин, бүппэт түбүгүн быраҕан өрүһү туораан кэлбитэ да элбэҕи этэр. — Омос көрдөххө эрэ кыыс элбэх курдук, дьиҥэр, ыал буолуон баҕалаах уол диэн хара баһаам ээ. — Ду-уо? Ханна баалларый? — кэпсэтиибитин истэ олорор дьон көнньүөрэ түстүлэр. — Симик уонна үлэҕэ төбөтүн оройунан түспүт ыччат диэн баар: ханна да көстүбэт, дьоҥҥо быкпат, сөбүлүү көрбүт киһитин кытта сатаан билсибэт. Табаарыс уолаттарым «эн саҥалаах-иҥэлээх киһи билиһиннэр эрэ» диэн көрдөһөөччүлэр. Оннук холбоспут дьоммун аахтахпына син балайда буолла. Онон, испэр «дьону холбуур эбиппин ээ» диэн күлүкпэр имнэнэ саныыбын. Дьон ыал буолара – анала. — Манна хас буолан кэллигит? — Үһүөбүт. Тыый, үлэ барыта туран хаалла! Сэргэй ону гыныахтаах, маны ситэриэхтээх этим диэн тарбаҕар аахтаҕына, уон иһигэр баппат курдук. – Уолаттарым эрэ көрдөһөннөр, эппиттэрин быһа гыммакка бу кэлэн олоробун. Дьону холбуур дьарыктаахпын диэбэппин эрээри, маннык хабааннаах тэрээһиннэргэ аҕалтыыбын. Этэргэ дылы, борогууллаан да тураммын. Бэйэм эмиэ сулумахпын. — Дьон туһугар кыһаллар аҕай эбиккин дии. Бэйэҥ тоҕо сылдьаҕын? Симик ыччат ахсааныгар киирбэт инигин. — Этэбин дии, үлэҕэ баттаппыт араҥа эмиэ баар диэн, — күлэр. – Ханна баҕарар билсиэххэ сөп даҕаны, бириэмэ тиийбэт. Ити СМС, Интэриниэт үйэтэ
кэллэ, билсэргэ-көрсөргө табыгастаах дииллэр эрээри барыта сымыйа. — Хайа, тоҕо? — Дьиибэ олох кэллэ. СМСтаһан дьоллорун хайдах, хантан булуохтарай, киһиэхэ «тыыннаах», сирэй көрсөн билсиһии, кэпсэтии наада. Ол туһунан «Кыымҥа» ити Бутукай диэн киһи олус сөпкө, кырдьыктаахтык суруйар, дьиҥ олоххо баары. Кинигэтэ тахсыбыт диэбиттэригэр анаан көрдөөн, атыылаһан аахтым. Уолаттарбар кэпсиибин. Аны билигин материальнай өттүн көрүү олус үөдүйдэ. «Дьиэлээххин дуу?», «Массыынаҥ маарката ханныгый?» Ол, кырдьыгынан билиннэххэ, сиэн түһэрэр. — Оттон бачча сааһыгар тиийбит киһи дьиэтин-уотун оҥосторо, ама, баа буоллаҕай... — Аан бастаан кэпсэтэргэ олус олуонатык иһиллэр. «Любовь с первого взгляда» саҕаланара кэллэ быһыылаах, дьон сыана диэки талаһан барда. Онуоха Сэргэй түмүктүүр киэбинэн маннык диэтэ: — Билсиһии киэһэлэрэ дөрүн-дөрүн буолаллар, итинниктэргэ туора дьон (кэргэннээхтэр, оскуола оҕото) киирбэтэ ордук. Холобур, үҥкүүлээбит эрэ киһи диэн кэлэллэр уонна биэчэр тыынын «ыһан» кэбиһэллэр. Дьон дьоллоох буолуон баҕарабын. Билигин санаатахха, уонча табаарыспын ыал оҥорбут эбиппин. «Сэргэй баар буолан, ыал-күүс буолбутум» диэтэхтэринэ, истэргэ да астык. Ити «материальнай» тиэмэни салҕаан саас ортолоох, күлэн, кэпсээн элбэх эр киһи сүрэҕин сүүйүөн сөптөөх Иринаны кытта кэпсэтэбит. — Кэргэним эмискэ ыалдьан суох буолбута. Отут иккибэр кыра оҕолордоох соҕотох хаалбытым. Оччолорго оҕолорбун атахтарыгар туруорар туһунан эрэ саныыр этим. Оттон билигин улаатыннартаан, үөрэхтэтэлээн, аны бэйэбин саныыр кэмим кэллэ. Холобур, материальнай дииллэр даҕаны, билигин дьиэлээх-уоттаах, хамнастаах үлэлээх дьахтар элбэх ээ. Үлэһит, дьиэтэ, массыыната да суох буоллун, үчүгэй тыа киһитин кытта сүбэбин холбуом этэ. Биир өттүнэн, үчүгэй кэргэни, сылаас сыһыаны билбит буоламмын, ол таһымы эрэйэр курдукпун. Эдэрчи көрүҥнээх, чэмэлийбит Сардаана манна кэлбит төрүөтүн төрдө-төбөтө «соҕотох сылдьарыттан аһара сылайбытыгар» сытар эбит. Саатар, айах атан кэпсэтэр киһилээҕим буоллар, ол — табыллыы диир. Бүлүү хамаандатын Любовь Каратаева салайан аҕалбыт. Ыалдьан, «суһал көмөлөнөн» дойдутугар хаалыахтааҕын, суорумньуга аҕалар дьонун санаан, укуол ылбыт да, «барабын» диэн бигэ санааламмыт. «Арчылааналары» истэн билэр эбит. Былырыын билэр дьонун Намҥа таһаара сылдьыбыт, олус астынан барбыттар. Онтон ыла Галина Аммосованы кытта билсэр, үлэлэрин сүнньүн сөбүлээбит. Быйыл Бүлүү курдук сиртэн уонча киһилээх дэлэгээссийэ айаннаан кэлбит. — Өссө элбэх буолан кэлиэхтээх этибит, — диир Любовь Семеновна. – Бэйэм 1994 сыллаахха суорумньунан холбоспутум, оҕом уон биэстээх. Дьарыктаныахха баар эбит диэн санаа сылы быһа иитиэхтэммитэ. Баҕар, уҕарыйыа дуу диэн кэтэһэн көрбүтүм да, төттөрүтүн, умнуллуох быһыыта суоҕа. Онон, былырыын «Арчылаана» хайдах үлэлиирин билэ таарыйа кэлэн барбыппыт. Маҥнай аҕалыахтаах дьонум олох сөбүлэспэтэхтэрэ, «суорумньунан холбоһон, оҕолоохпун» диэбиппэр эрэ харахтара уоттана түспүтэ. Бу – ис сүрэхпиттэн тахсар үлэм. Үлэлээн, боруобалаан көрүөхпүт. «Любовь с первого взгляда» оонньууга алта эр бэрдэ, алта кэрэ аҥаар кытынна. Сэргэйбит балай да «успехтанна». Ол эрээри түмүгэр хардарыта талыы буолан, сыанаҕа биир эрэ паара
хаалла. Иккиэн Мэҥэ ыччата буолан биэрдилэр. Итинтэн да атын тэрээһиннэр ыытылыннылар. Хас биирдии киһи хаачыстыбатын, талаанын кірдірірүгэр тоҕоостоох түгэннэр үүннүлэр. Кэлиҥҥинэн суорумньу суолтата, дьон ылыныыта арыый уларыйан, сымнаан эрэр дуу дии саныыбын. Олохпут балысхан тэтимнээҕиттэн, түбүк үөһүгэр сылдьартан, «өссө да эрдэ» диэн санааҕа албыннатан, тус олоҕун оҥостубакка хаалбытын өйдөөччү үгүс. Оттон күн-дьыл ат бөтөрөҥүнэн элэҥнэччи ааһар, кими да аһыммат, дьэбир. Онон, ис сүрэхтэриттэн атын дьон туһугар кыһаллар, маннык Суорумньу күннэрин тэрийэн, араас аҥкыата хомуйан, арааһы тобулан түбүгүрэр дьоммутугар махтаныах эрэ тустаахпыт. Василина ПОПОВА.
kyym.ru сайтан