Кэпсээ
Войти
Регистрация
Сулумах сылдьыы төрүөтэ
Главная
/
Кэпсээн арааһа
/ Сулумах сылдьыы төрүөтэ
K
kyym.ru сайтан
Имэҥ
16.07.2020 15:08
Хаһан да хаһыакка суруйбатах киһибин. Мин санаабар, эһиги хаһыаккыт норуот санаатын аһаҕастык, туох баарынан бэчээттээн киэҥ эйгэҕэ таһаарар. Онон бу суруйуубун бэчээттиэхтэрэ диэн эрэнэбин. Кими да сирэй ааттаабакка, бэйэм да ааппын ыйбакка, көннөрү санаабын атастаһарбын көҥүллээҥ. Үрүҥ дьиэ үрүмэччилэрэ үксүгэр тоҕо аҥаардас дьахталлар буолалларый? Эбэтэр эдэр кыыс тоҕо кэргэн тахсыан баҕарбатый? Бу икки ыйытыыга тус санаабын үллэстиим. Кэнникинэн төрүөх аҕыйаата, кэргэн тахсыбакка сылдьар дьахтар олус элбээтэ диэн, сүрэхтээх барыта: саҥарар буолла. Ол биир сүрүн төрүөтэ маннык дии саныыбын. Олох көрдөрөрүнэн, ханна баҕарар салайар уорганнар эппиэттээх үлэлэригэр (ол аата, ордук үрдүк хамнастаах, улахан былаастаах үлэҕэ), сүнньүнэн, аҥаардас дьахталлар баһылаан-көһүлээн олороллор. Олорумуна да, эр дьон салайааччыларбыт барахсаттар, биллэн турар, аттыларыгар кэргэнэ суох, «көҥүл» дьахтар күнүстэри, наада тирээтэҕинэ, түүннэри да баар буоларын тоҕо сириэхтэрэй?! Оттон төһө да аҥаардас буоллаллар, үрдүк хамнаска, дуоһунастаах үлэҕэ (эбэтэр оннуктар тастарыгар) сылдьар кэрэ аҥаардар олохторо-дьаһахтара хайдаҕый? Аҥаардас аатыран аһыныллан, харыһыллан, дьиэ-уот бастыҥа, ас-үөл эгэлгэтэ, таҥас-сап мааныта – кинилэргэ тиксэр. Командировка дии-дии, соҕуруунан-хотунан күүлэй тэбии, барыы-кэлии мааныта. Кинилэр үксүгэр көссүүлээхтэр, ардыгар, көссүүттэн оҕолоох буолаллар. Эбэтэр арахсыбыт да буолуохтарын сөп. Оҕолоро аҕата суоҕун кэмпэнсээссийэлээн, саха саныырын барытын хааччыйар санаалара күүстээх. Ону олоххо киллэрэллэрэ табыллар даҕаны. Мин биир оннук дьахтары холобурдуом этэ. Тыаттан төрүттээх, көссүү оҕото дьахтар. Бэйэтэ эмиэ биир туора киһиттэн, көссүүттэн, оҕолоох. Дьиҥинэн, улахан үөрэҕэ суох. Салайар дьоҕура, кыра нэһилиэк этэ, хомсомуол лииньийэтинэн биллибитэ. Устунан улуус киинигэр киирбитэ. Билигин, сураҕа, “салайар аппараат кини хайдах тыынарынан, тугу этэринэн, олорор үһү” диэн буолар. Сурах сураҕынан диэҕи, тыала суохха мас хамсаабат куолута. Кини олоҕо-дьаһаҕа да, сэттэ да кэргэннээх дьахтартан ураты мааны, далбар. Ол курдук, тала сылдьан олороругар кыстыыр, сайылыыр тус-туһунан дьиэлэрдээх. Манна диэн эттэххэ, тыа усулуобуйатыгар, мааны дьиэлэр. Аны туран, куоракка, били, күҥҥэ көрбүт соҕотох уолугар таас кыбартыыра ылларбытын сири-буору аннынан истэбит. Уола барбах аҕай тас дойдуга үөрэнэр. Бу дьахтар, маладьыаһыҥ баара, бэйэтин эрэ иннин көрүммэт. Аймахтарыгар, чугас дьонугар олуһун ытыктанар, көрөр-истэр, баар-суох көмөлөһөр мааны эдьиийдэрэ дэнэр. Буолумуна, кырдьык да, кини баар буолан, наадалаах кулгаахтарга «сипсийэн», ыйан-кэрдэн, бу аймахтар үлэ-хамнас, дьиэ-уот бастыҥар тиксэллэр. Ол оннугар хотун сөбүлээбэт, сэниир дьонун ахсааныгар киирэн хааллаххына, тиксиэххэ да тиксибэккин, ылыахтааххын да ылбаккын. Оннук дииллэрин элбэхтик истэбин. Бу суругунан тугу этиэхпин баҕарабын? Бу манныгы көрө-истэ сылдьан, эдэркээн кыргыттар ыал буолар, оҕо төрөтөр ыра санааланыахтара диэтэҕиэҥ? Көҥүл сылдьар, соҕуруунан-хотунан күүлэйдиир, сулумах дьахтар умсугутуулаах олоҕун ордороллор. Оҕоҕо, кэргэҥҥэ «баттаппыт», кыра дуоһунастаах, биир оннук кыра хамнастаах, сорук-боллур оруолун толорор дьахтар олоҕо салыннарара эрэбил. Ол да иһин аныгы кыргыттар эргэ барбаттар, элбэх оҕоломмоттор. Онон этиэм этэ, өскөтүн үчүгэй дуоһунастарга, ирдэбил быһыытынан
кэргэннээх, ыал буолбут эрэ дьахталлары үлэлэтэллэрэ буоллар, били демографическай балаһыанньабыт кимнээҕэр өрө көтүө этэ. Ким, ама, үрдүк хамнаһы, дуоһунаһы сириэ этэй? Бука, сулумах сылдьар эр киһи суох гына, үллэстэн ылыа этилэр. Сэрэйбиккит курдук, кэргэннээх, оҕолордоох, дуоһунаска хапсыбатах, кыра хамнастаах, хобдох дьиэлээх-уоттаах тыа сирин дьахтарабын. Ааппын биллэр төрүөтүнэн суруйумуум. Тыа дьахтара.
kyym.ru сайтан
➤
➤
kyym.ru сайтан