Кэпсээ
Войти
Регистрация
Туһах көрүү мучумаана
Главная
/
Кэпсээн арааһа
/ Туһах көрүү мучумаана
K
kyym.ru сайтан
Дьылҕа
15.06.2023 12:45
Дьиҥнээх булчут оргуйар туманнаах тохсунньу тоһуттар тымныытыттан, өрүһүлтэтэ суох өҥүрүк куйаас сатыылыырыттан, бырдах-оҥоойу халыҥ аармыйата быһа сиириттэн чаҕыйан турбат эр санаалаах буолуохтаах. Инньэ диэн бырааппын эһэлээх аҕам булт эйгэтигэр уһуйалларыгар тоһоҕолоон үөрэтэллэрэ-такайаллара. Быраатым Ньукуус кыра эрдэҕиттэн хара тыаны кэрийэн, устар ууну булкуйан, дьиэтигэр син дөрүн-дөрүн да буоллар өттүк харалаах кэлэн дьонун үөрдээччи. Ол эрэн оҕо оҕо курдук саҕалаан иһэн уота-күөһэ уостара, омуна ааһан сүрэҕэлдьээн ылара баа буолуо дуо. Ол курдук куобахха туһах иитэн, сыалыһар балыкка – чороох, кыра балыкка – туу уган баран, онтун көрбөккө элбэхтик мөҕүллэн турардаах. Биир кыһын, ахсынньы ый бүтүүтэ, икки атахтаах иэдэһин иһэлитэр чысхааннаах тымныы күннэрэ турбуттара. Эһэм этэринии, «куобах тоҥон сүүрэкэлиир» кэмнэрэ. Ньукууспут тымныыттан, тоҥортон саллан, туһахтарын хам-түм эрэ көрөр буолбута. Инньэ гынан куобаҕын суолга манааччы суор кыыл элбэхтик мэлиппитэ. Быраатым аҕалар сэмнэхтэриттэн көрдөххө, ол көтөр үчүгэйдүк үссэнэр быһыылааҕа. Биирдэ эмиэ оннук «табыллан» кэлбитигэр эһэм «улаҕата-уоргута биллибэт» уһун дойҕоҕо саҕаламмат дуо! Эдьиий киһи сиэринэн, мин эмиэ «алын сыҥаах» буолан тэптэрээччи буолбутум. Ньукуус тэҥҥэ аахсар киһитэ айах аппытыттан абаран: «Бэйэҥ да маннык тымныыга күн өрүү-өрүү хааман көр ээ. Эн баҕас аара суолга охтор инигин», — диэччи буолла. Мин өһүргэнэн, ордук «эн баҕас» дэттэрэн өрө кыынньан турдум: «Сатаан сылдьыа суоҕа диэтэҕиҥ дуу, эн сылдьаргын баҕас сылдьаа инибин!». Онуоха быраатым өс киирбэх: «Инньэ диир буоллаххына, сарсын миигин кытта туһах көрсө барыс»,— диэн турда. Мин мэнээк саҥаран киирэн биэрбиппин, дьэ өйдөөтүм. Ол эрэн өсөһүм да дэлэ, сөбүлэстим. Эһэм күлэн эрэ кэбистэ. Сарсыныгар «улахан булчуттар» хомунан, халыҥнык таҥнан айаннаатыбыт. Таһырдьа ыйылаан, чуһууран силлиэ тыал киһи суолун да көрдөрүө суох айылаах. Өрүһү туоруурбутугар улахан эрэйи көрүстүбүт. Суолу тибии тибэн, тоҥуу хаары элбэхтэ оймоотубут. Аһаҕас сир тыала төһө да илиибитин, сирэйбитин хаарыйдар, өрүтэ мөхсө иһэр дьон уу чоккурас буола тириттибит. Куучугураан-хаачыгыраан ойуурга киирбиппит, хата, Ньукуус сылдьыбыт суолун тибии типпэтэх, барыта ырылыччы көстө сытар. Мин төһө да хаары оймоон сылайдарбын, онтубун биллэримээри хаалбакка истим. Бастакы туһахпыт бу оҥойон турар. Куобах суола үгүс, олох ыкса аттыгар сүүрэлээбит эрээри иҥнибэтэҕин дьиктиргиибин. Быраатым: «Бу – куобах ороҕо. Куобах өтөр буола-буола охсуллан ааһар сирэ. Ол иһин манна ииппитим. Бу барыта урукку суол, кэлин сылдьыбатахтар»,— диэн, улахан киһи курдук дьоһуннаах баҕайытык быһаарбытыттан, өйдөөбүппүн биллэрэн кэҕис гынабын. Ол курдук, хас да туһаҕы кэрийдибит да, мэлийэн истибит. Мин үлтү сылайан, тоҥон, дьиэлиэххэ диэхпин өһөс санаам баһыйан саҥарбаппын. Кэнникинэн олох да сууллан умса хоруйа сылдьар киһи буоллум. Ньукуус кэлэйбиттии көрдөр да, хайыай, соһон, өйөөн син барбахтаһабыт. Онтон быраатым үөрбүт саҥатыттан өрө көрбүтүм, куобах атаҕын суола биир сиргэ тэпсэҥнээбит сиригэр кэлэн турар эбиппит. Ньукуус саҥа ороҕу булан, «өссө биир куобахтар мунньахтыыр сирдэрин буллубут» диэн үөрэн, өрүкүйбүт ахан. Быһата, саҥа туһах иитэр буоллубут. Ньукуус саҥа туһаҕын ханан иитиэн кыҥастаһар. Онтон өр да өр чээҥкээйи маһын көрдөөн булумахтанар. Мин ол аайы уоһум ыпсыбат буолуор диэри ырдьаччы тоҥон, тиэтэтиэхпин нэһиилэ туттунабын. Дьэ, кэмниэ-кэнэҕэс бүтэн, эмиэ хаамабыт. Ыркый иһигэр киирбиппит, иннибитигэр туох эрэ хаартан ураты маҥхайар. Ньукуус онно сүүрэн элээрдэр. Тугу эрэ булан, үөрүүтүттэн эккирээмэхтээн ылла. Миэхэ аҕалан муус маҥан, токуччу тоҥмут куобаҕы көрдөрөр. Мин буоллаҕына сылайан, аттыбар турар мас суулуннаҕына да, аахайбат кэриҥнээхпин. Дьэ, булчут хаана ханан да сыстыбатах киһитэ эбиппин. Быраатым бултуйан, хаамара өссө тэтимирэр. Ити курдук туһахтарбытын көрөн тиһэҕэр икки куобахтанабыт. Хойут хараҥарыыта эрэ салбыҥнаһан дьиэбитин буллубут. Дьоммут куобахтаах кэлбиппитин көрөн үөрэллэр. Эһэбит: «Хайыы, Ньукуус, Дуунньаны өрүү илдьэ сылдьыыһыгын дии. Иккиэ буоллаххытына байанайгыт бэттэх көрөр эбит», — диир. Ньукуус, күнү быһа бытарҕан тымныыга эдьиийэ буолуохсуту сосуһан эрэйи көрбүт киһи, кэлэйбиттии сапсыйан эрэ кэбиһэр. Ити кэнниттэн бырааппын, кыра эрэ диэн мээнэ мөхпөт, саҥарбат буолбутум. Дьиҥ кыахтаах, дьаныардаах эрэ киһи кыһын ойуурга куттаммакка бултуур эбит диэн санааҕа кэлбитим. Ньукуус төһө да күннээҕи олоххо солуута суох чалымааттаннар, хара тыаҕа киирдэҕинэ, дьоһуннанан дьүһүннүүн кытта уларыйарын дьиктиргии көрбүтүм. Булчут удьуорбутуттан булчут хаана киниэхэ бэрилиннэҕэ. Сорох баҕас, сылаас дьиэҕэ, туох да кыһалҕата суох сыппытым ордук быһыылаах. Быһата, бултаан аһыырга анамматаҕым – кырдьык эбит. М.Иванова. Тарҕат:
kyym.ru сайтан
➤
➤
kyym.ru сайтан