Кэпсээ
Войти
Регистрация
Уоруллубут таптал
Главная
/
Кэпсээн арааһа
/ Уоруллубут таптал
K
kyym.ru сайтан
Дьылҕа
15.06.2023 12:44
«Кыым» хаһыакка үксүн кэргэннэрэ атыҥҥа барбыт дьахталлар суруйаллар. Оттон мин – атын киһи эрин «иирдэн» ылбыт аҕыйаҕа суох ахсааннаах дьахталлартан биирдэстэрэбин. Онон бэйэм көрүүбүнэн бу хайдах буоларын суруйуум. Мин кэргэннээх киһини былдьыыр, араарар сыалым суоҕа, дьылҕам маныаха бэйэтэ тиэрдибитэ. Биллэн турар, «иирдибит» дьахтар үчүгэй тылынан дьоҥҥо-сэргэҕэ ахтыллыбаппын эрээри, мин эмиэ киһибин, онон балаһыанньабын, баҕар, өйдөөйөллөр диэн санааттан лиис, уруучука ыллым. Мин 30 сааспар диэри кэргэн тахсыбакка кэлбитим. Киниттэн ыарахан буолбут уолум атын кыыһы кытта сылдьыбытын билэммин, кэргэн тахсартан аккаастаммытым, онон биир оҕолоох этим. Тоҕо эрэ миигин кытта наар кэргэннээх дьон билсэ сатааччылар. Аҥаардас уолаттар ырааҕынан сылдьааччылар. Ол, баҕар, оҕолоохпуттан буолуо. Билигин ыал буолан олорор, «иирдэн» ылбыт кэргэммин кытта бэрт дьиибэтик билсибитим: кини мин балтыбын массыынанан үлтү көппүтэ. ГАИ дьыалата, суут куттала тирээн, уопсай тылы буларга, суукка биэрбэппитигэр көрдөһөн биһиэхэ хаста да кэлэ сылдьыбыта. Сирэйиттэн-хараҕыттан улаханнык куттаммыта, уолуйбута биллэр этэ, оҕолордооҕун туһунан эппитэ. Биһиги толкуйдаан баран, саатар эмин толуйарга харчынан ыларга быһаарыммыппыт. Балтым этэҥҥэ үтүөрбүтэ. Оттон суоппарбытын кытта биир кэмҥэ тоҕо эрэ наһаа чаастатык көрсөр буолбуппут, дорооболоһон ааһарбыт. Миэбэл ыларбытыгар түбэһэн, дьиэбитигэр илдьэн биэрбитэ. Оттон биирдэ дойдубар тахсаары массыына кэтэһэ турдахпына, эмиэ түбэһэ кэлэн, илдьэн биэрбитэ. Төлөпүөммүтүн эрдэ, абаарыйабыт кэннэ тута бэрсибиппит. Киһим сотору балтым доруобуйатын эҥин сураспыта буолан, миэхэ эрийэр буолан барбыта, мин да кэпсэтэрбин сирбэт этим. Онтон биир киэһэ: «Тахса сылдьыбаккын дуо? Эн дьиэҥ таһыгар кэлэн турабын», — диэтэ. Мин таҕыстым. Кини хайдах эрэ атыннык миигин көрөр, ханна эмэ баран олоро түһэргэ ыҥырда. Мин балтыбын илдьэ барар түгэнигэр биирдэ барсарга сөбүлэстим. Ол киэһэ хаары үрдүнэн кутаа оттон, улаханнык сэргэхсийэн кэлбиппит. Кини наһаа үчүгэй кэпсээнньит уонна бэртээхэй истээччи буолан биэрбитэ. Ол эрээри киһиргээһин, үчүгэй буола сатааһын хайата да суоҕа. Ол олорон хараҕын миигиттэн араарбат. Ымсыырбыт курдук буолбакка, «Эрдэ ханна сылдьыбыккыный?» диэбит курдук көрөрө. Мин даҕаны кини таһыгар наһаа уоскуйбутум. Дьиэбэр кэлэн, минньигэс иэйиигэ куустаран, мичээрдээбитинэн утуйан хаалбыт этим. «Таптаары гынным дуу, тугуй?» — диэн, бэйэм бэйэбиттэн куттана санаабытым. Ол күнтэн ыла наар кини төлөпүөннүүрүн кэтэһэр буолбутум. Кини күҥҥэ хаста эмэтэ эрийэрэ. Онтон биир күн чугаһаспыппыт... Наһаа да атын, дьикти этэ кини. Ис сүрэхпититтэн таптаһаммыт буолан дуу, барыта наһаа минньигэс, күндү, нарын этэ. Ити кэннэ көрсүһэрбит чаастатыйан барбыта. «Дьахтар күнүгэр туох бэлэх ылыаххын баҕараҕын?» — диэн ыйыппыта. Ону мин: «Баччааҥҥа диэри биирдэ да тыыннаах сибэкки тута иликпин», — диэбитим. Кэргэннээх буолан, бырааһынньык күн миигин кытта сатаан сылдьыбатаҕа. Ол иннинэ көрсөн, үйэбэр көрбөтөх, туппатах кэрэ сибэккибин бэлэхтээн, дьолбуттан халлааҥҥа эрэ көппөтөҕүм. Биир күн миигин күүскэ таптаабытын туһунан эппитэ, онтон сотору мин хардарбытым. Билигин даҕаны истиҥник саныыбыт ол уоран көрсөр күндү түгэннэрбитин. Хаһан да хатыласпат көрсүһүүбүт баара эрэ үс ый салҕаммыта. Сылдьарбытын сотору кэргэнэ билбитэ уонна биир күн мин дьиэбэр кэлбитэ. Дьону аһара өйдүүр дьахтар курдук көстө сатаата дуу, хайдах дуу, ньиэрбинэйдиирин туттуна сатыыр уонна киһитин дьоллуур туһуттан «биэриэн» сөбүн эттэ эбэтэр киниэхэ төннөр түгэнигэр миигин чугаһаппаппар көрдөстө. Биһиги бииргэ буолар туһунан кэпсэтиини көтөҕө илик этибит. Биирдэ: «Хаһан эмэ, саатар, сааһыран баран, бииргэ буолар инибит», — диэн эппиттээҕэ эрээри, мин ону бэрт сотору буолуо диэн эрэммэтэҕим. Дьиҥэ, испэр наһаа баҕарбытым кини курдук кэргэннэниэхпин, бииргэ олоруохпун. Дьахтар аһара элбэҕи саҥарар буолан дуу, бэйэм буруй туттан да буолуо, мин тугу да утары саҥарбатаҕым. Онтум кэлин: «Улаатымсыга, наглайа сүр. Хантайан баран олорор», — диэн буолбута. Кэргэнэ ити курдук кэпсэтэн баран, сол күн тиийэн туох баар аймахтарын, иккиэннэрин тэрилтэлэрин толорон кэбиспит этэ “атын дьахтарга барда” диэн. Киһим командировкаттан кэлбитэ, дьоно кырыы харахтарынан көрөллөр, дьахтара айдаан бөҕө. «Мин барар санаам суох. Биирдэ туора сырыттым», — диэн көрбүт. «Кэргэммин таптаабаппын. Ыарахан буолан хаалан, аһара эдэрбитигэр холбоспуппут. Билигин да тахсан барыам этэ да, оҕолорбун таптыырым бэрт. Саатар, кинилэр атахтарыгар тураллара буоллар», — диэбитэ. Миэхэ, дьэ, дьиҥнээх аат олоҕо саҕаламмата дуо? Үйэбэр истибэтэх быдьар тыллаах үөҕүү төлөпүөнүнэн да, суругунан да кэлэр. Чугастааҕы маҕаһыыммар ол дьахтар дьүөгэтэ турара атыылаһан ылбыппын быраҕан биэрэр, оскуолаҕа үлэлиир дьүөгэтэ аны оҕобун буулаата. Кинилэр эмиэ туохтарын дьыалата эбитэ буолла уонна оҕо туох буруйдааҕый? Мин дьүөгэлэрим итинник буолбатахтар ээ. Мин бэйэм бэйэбэр түһэн хааллым. Киһим кэргэнин ис эриэнин, дьэ, биллэ быһыылаах, киниттэн тэйэн барда уонна наар мин аттыбар буола сатаата. Биир күн малын тутта да миэхэ тиийэн кэллэ. «Абааһы кыыһын илэ бэйэтин кытта олорон кэлбит эбиппин. Мин саҕа сылдьыбыт дьон элбэхтэр ини. Араастаан этэн көрдүм. Итинник олоруох кэриэтин төрүт олорботох ордук. Оҕолорум эрэ кэлэйбэтэллэр. Саарбах. Барыларын утары туруорара буолуо», — диир. Кини ааспыт олоҕун биир күн иһигэр умнубатаҕа. Кэлэн баран икки нэдиэлэ курдук үчүгэйдик олорбуппут диэххэ сөп. Онтон хайдах эрэ бэйэтэ бэйэтигэр түһэн барбыта, саҥата аҕыйаабыта. Онто баара дьиэтигэр, оҕолоругар сылдьар эбит. Мин ону истэн баран өйөөбүтүм. Кэргэнэ оҕолорун кытта көрүһүннэрэр буоллаҕына, бэрт буоллаҕа дии. Оҕолор туох буруйдаах буолуохтарай? Кэһиитин кытта ылан биэрэрим. Ол кэмҥэ кини хайдах эрэ атын киһи курдук буолан хаалбыта, мин таптаабыт, эр киһи курдук өрө туппут киһим ханна да суоҕа, чаастатык иһэрэ. Мин урукку олохпун харыһыйан барбытым. Кэргэнэ сотору-сотору төлөпүөннүүрэ, оҕолоро ыарыйдахтарын, туох эмэ кыра наада буоллаҕын аайы киһим дьиэтигэр бара турар буолбута. Онон мин биир күн малын барытын хомуйан баран ааны ыйбытым. Кини хайдах эрэ чэпчээбит курдук буолбута. «Чыычаах, өйдөө, мин эйигин эрэ таптыыбын! Оҕолор диэн бааллар эбит киһини тутар дьон. Бу барбыппын кэмсиниэм да буоллар, маннык гынарым барыбытыгар ордук буолсу быһыылаах», — диэбитэ. Сотору кинилэр тупсан, туох да наһаа таптаһан, дьоллонон олороллорун туһунан истибитим уонна, биллэн турар, үөрүүбүттэн ыстаҥалаабатаҕым. Хас түүн мин табыллыбатах тапталбын, олохпун, барбыт ааппын-суолбун харыһыйан, кыһыйан-абаран ытаабыппын бэйэм да билбэппин. Ханна да сылдьыбат буолбутум. Дьахтара маҕаһыыҥҥа: «Хата, ити дьахтары булан дьиҥнээхтик таптаһарбытын өйдөөтүбүт. Махтаныах да курдукпун», — диир уонна кэргэним бэлэхтээтэ дии-дии, таҥаһын-сабын көрдөрөр үһү. Балтым кыһыытын-абатын кистээбэтэҕэ, табаарыс уолаттарынан киһибин кырбаппыт этэ. Ол барыта миэхэ сыбанарын оҕом сыыһа хантан билээхтиэй? Онтон арай биирдэ балтым оҕобун илдьэ дойдубутугар тахсыбыт кэмигэр кыргыттарбар сылдьан баран түүн дьиэбэр кэлбитим – кирилиэспэр ким эрэ уйа-хайа суох ытыы олорор. Куттанаммын ыраахтан кэтээтим. Онтум мин киһим эбит. Ол курдук чугаһаабакка, устунан атын ыалга хонон кэлбитим. Ааҥҥа саппыыска кыбыллан турар. «Чыычаах, эйигинэ суох олох суох эбит. Таптыыр эрэ буолларгын, барытын бырастыы гыныаҥ дуо? Мин барытын өйдөөтүм. Эн ылбат да түгэҥҥэр мин ити дьахтарга төннүбэппин. Хайаҕытыгар да оҥорбут буруйум иһин ханна баҕарар эрэйи көрөргө бэлэммин», — диэбит. Мин суругу хайа тардан бырахпытым уонна ис-испиттэн улаханнык ытаабытым. Ол күнтэн сарсыарда аайы кирилиэспиттэн балык, эт ылар буолбутум, ким уурарын тута сэрэйбитим. Биир күн киэһээҥҥи аһылыкпытын аһыы олордохпутуна эмискэ кини киирэн кэллэ. Балтым барахсан: «Өссө кырбанаары кэллиҥ дуо? Көрбөккүн дуо, эдьиийбин хайдах дьаабылаабыккын? Хараҕа уостан, бэйэтэ ыран өллө буолбатах дуо? Дьон ортотугар сылдьыбат оҥордуҥ. Тыыннаах хаалыаххын баҕарар буоллаххына, киэр буол!» — диэтэ. Ол кэмҥэ мин уонна киһим иккиэммит харахпыт уута тохтоло суох сүүрэ турда. «Аны ытаһаллар дуу? Итинник буоллаххытына, бэйэҕит быһаарсыҥ!» — диэн баран, уолбун күүһүнэн сиэтэн, тахсан баран хааллылар. Биһиги чаас аҥаарын курдук туох да саҥата суох умса көрөн, иккиэн олордубут. Саҥараары гынар да, саҥата тахсыбат. Сотору уоскуйан баран, аттыбар кэлэн олордо, илиитин санныбар уурда. Наһаа да ахтыбыт этим мин бу илиини, киниттэн кэлэр сыты, салгыны! Саҥата суох төбөбүн санныгар ууран, иккиэн ол курдук өссө да өр ытаспыппыт. «Сайабылыанньабын суукка бүгүн биэрдим. Мин күн бүгүн эйиэхэ кэлиэм суоҕа. Дьон умна түстүннэр уонна сотору харчы оҥордохпуна, иккиэн куораттыахха. Онон, бука баһаалыста, кэтэс», — диэтэ. Мин тоҥхох гынным. Киһим хорумматаҕа ырааппыт сэҥийэтинэн наһаа сылаастык сүүспүттэн, барыта харах уута буолбут иэдэспиттэн, уоспуттан уураан-сыллаан баран тахсан барбыта. Онтон ыла иккиэн санаабыт көммүтэ, мин уоскуйбутум, дьахтара ууга тааһы бырахпыттыы сүппүтэ, дьон умна быһыытыйбыттара. Төлөпүөнүнэн эрэ кэпсэтэрбит. Онтон сотору сарсын кэлэн ыларын, бэлэм буоларбар эппитэ. Ол курдук, дьонум төһө да сөбүлээбэтэллэр, оҕобун, малым сыыһын туппутунан куораттаабыппыт. Кини манна кыра дьиэни булбут этэ. Мин сыыйа үлэ булбутум. Турар бэйэбит кэлиэхпититтэн үлэлээн-хамсаан уонна аҥаардас тапталбыт күүһүнэн икки хостоох дьиэлэннибит уонна саамай үчүгэйэ, тапталбыт туоһутун – кыысчааммытын оҕолоннубут. Киһим тугу саҥарбыта, хас хамсаныыта, күлүүтэ миэхэ күндү. Толкуйдаан көрдөхпүнэ, оҕолорбунааҕар кинини күүскэ таптыыбын быһыылаах. Кинитэ суох соҥуоран, соҕотохсуйан хаалабын, кини баар буоллаҕына дьолбуттан көтөбүн. Уолум кытта бэлиэтээччи: «Маама, эн кини таһыгар наһаа атыҥҥын», — диэн. Балтараа сыл курдук оҕолорун кытта олох билсибэтэҕэ. Бастакынан улахан кыыс чугаһаабыта. Аан бастаан, арааһа, разведчик курдук кэлбитэ, ол эрээри биһиги бэркэ диэн тапсан, атыттар сотору эмиэ кэлэр буолбуттара. Онон киһим оҕолоро аттыгар бааллар. Оттон дьахтар сотору кэргэн тахсыбыта. Сураҕа, бэйэтин баһыйар киһи үһү. Баҕар, эмиэ таптаабыта буолуо. Төһө да атын ыал аҕатын былдьаан ылларбын, дьон дьолун туора турдарбын, мин бу баарбын наһаа харыстыыбын. Биирдэ бырааһынньыктаан баран, табахтыы олорон табаарыһыгар: «Дьиҥнээх олох диэни киниэхэ кэлэн баран, дьэ, биллим. Таптыыр дьахтарыҥ диэн олох атын буолар эбит. Кини миигин таптаан бүппэтин туһугар тугу баҕарар оҥоруох курдукпун. Атын дьахталлар диэки көрбөппүн даҕаны. Өйбөр, сүрэхпэр наар кини эрэ. Биирдэ уолаттары кытта сырыттахпытына, биир эдэр кыыс иилистибитигэр оҕом кэлэйбит хараҕа бу көстөн кэллэ ээ. Бу дьолбун аны туохха да атастаспаппын», — диэбитин истибитим. Ырыаҕа ылланар дии: «Женское счастье – был бы милый рядом, ну а больше ничего не надо», — диэн. Миэхэ оннук быһыылаах. Оттон: «На чужом несчастье счастье не построишь», — диэн этии икки өрүттээх. Холобур, биһиги түгэммитигэр кини бастакы кэргэнигэр дьол диэн буолбакка, эрбиир мас, мөҕөр оҕо, тэбэр иһэх эрэ курдук сылдьыбыт. Дьахтар эрин санаатын кытта аахсыбакка, бэйэтэ хайдах баҕарарынан олордон аҕалбыт. Таптыыра эбитэ буолуо да, онто сүппүт эбэтэр таптыырын итинник таһаарар эбит буоллаҕа. Оттон мин, киһиргэммэппин эрээри, күн аайы кинини тугунан үөрдэр туһугар кыһаллабын. Эр киһи эр киһи курдук тыйыс да буолааччы. Ол кэмҥэ чугаһаабакка, тапталбын испэр кистээн кэбиһэбин. Онтон бириэмэтэ кэллэҕинэ, иннигэр-кэннигэр түһэбин уонна онтон дьоллонобун. Ол махтала – кини күн аайы мин аттыбар баара, миигин кууһан сытара, мин астаабыт аспын астына-дуоһуйа аһыыра, атаахтатара, мин хайдах курдук үчүгэй кэргэн буоларбын доҕотторугар кэпсиирэ. Чыычааҕым, мин эйигин наһаа күүскэ таптыыбын уонна онтон наһаа дьоллоохпун! МААЙА. Тарҕат:
kyym.ru сайтан
➤
➤
kyym.ru сайтан