Кэпсээ
Войти Регистрация

Пиэчикэ

Главная / Кэпсээн арааһа / Пиэчикэ

K
15.06.2023 12:43
   Сөбүлүүр хаһыатым, дорообо! «Алла Черемкина дьиҥнээх сирэйин, олоҕун-дьаһаҕын туһунан ааҕааччыларбыт билиэхтэрин баҕараллар», -- диэн этиини быһа гыммакка эмиэ суруйан эрэбин. Мин  дэриэбинэҕэ улааппыт саха кыыһабын. Кыыһабын да буолбатар... чэ, дьахтарабын. Нууччалар «Я ЖЕНЩИНА» диэн үрдүктүк тутан этэр тыллара сахалыы намыһах, сүөргү баҕайытык иһиллэр.      Куоракка кэлбитим уонча сыл буолла. Улаханнык биллибэт кыра тэрилтэҕэ буҕаалтырдыыбын. Оҕо да, оҕонньор да мэлигир. Арай тойонум командировкаҕа бардар эрэ бу хоско соҕотохсуйа түһэбин. Оччоҕо бэйэбин саататарым диэн, Интэриниэтим эрэ хаалар. Тойон суоҕар киһи үлэлиир баҕата сүтэр. Эн үлэлээ да хайаа — ким да кыһаллыбат, хайҕаабат, тутуспат. Инньэ гынан, унньуктаах уһун күн көмпүүтэрбэр бэйэм бэйэбин кытта хаартылыыбын, ас эрэсиэбин хачайдыыбын, киинэ көрөбүн. Суобаһым тобоҕунан, аат эрэ харата сыыппаралардаах паапкабын аһабын-сабабын. Уонча киһилээх кыракый тэрилтэ ороскуота-дохуота ырылыччы суруллан бэлэм.    Тугу да гынар суох. Эрэстэрээни, киинэни, маҕаһыыны кэрийэ бараары гыннахха, эчикийэ, аргыс да суох. Дьүөгэлэрим бары ыаллар, ыал буолбатахтара бары оҕолоохтор. Туспа быраабыла, эрэсиим, оскуола, мэлдьи бокуойа суох аатыраллар. Миигин «кырдьан эрэҕин, хаалан эрэҕин» диэн, көрсүстэх аайы суустууллар. Кыһыылаах баҕайы. Бэйэм бэйэбэр кыһаллыбатахпына, ким да миэхэ кыһаллыа суох быһыылаах. Саатар, Интэриниэтинэн кими эмэ кытта билистэххэ сатаныыһы диэн «ПЕЧКА» аспытым. Араас дьону кытта суругунан билсиһэбин. Бүгүн эмиэ онно киирэн билсиһиэн баҕалаах дьон биллэриитин сыымайдыы олоробун:    «М + М. (мужчина+мужчина, мальчик+мальчик диэн быһыылаах) ПАРЕНЬ 24 ГОДА,ПОЗНАКОМИТСЯ С РУССКИМ ПАРНЕМ ИЛИ СМЕШ. НАЦИОНАЛЬНОСТИ. ОГРОМНАЯ ПРОСЬБА К САХА- НЕ ЗВОНИТЕ И НЕ ПИШИТЕ,Т.К. ПОТЕРЯЕТЕ СВОЕ ВРЕМЯ.» Пыы, эмиэ гиэй. Хата, нуучча эбит. Өссө саха уолаттарыттан сиргэммит буола-буола. Пиэчикэ улахан аҥаара барыта — бу гиэйдэр суруктара. Аһаҕастык билсиһэр кыахтара суох, уопсастыба көйгөтүтэр буолан, пиэчикэҕэ киирэн хорҕойоллор, билсиһэ сатыыллар. Эн этэҕин өссө, «Горбатая гора» киинэ кэнниттэн ыал аҕалара кытта маннык дьарыктанар буолбуттар үһү. Хайаларын эрэ оҕонньоро, кимнээх эрэ аҕалара эр киһини кытта хоонньоһон тиритэ-хорута, итирик дьаабылана сытара көрүөххэ сүөргү. Сүөһүтүйүү. Дьон иирэн эрэллэр быһыылаах.    «Молодой человек познакомится с раскрепощенной, развратной, даже слегка извращенной девушкой для взаимных удовольствий (национальность и возраст значения не имеют). О себе: славянин, высокий, симпатичный, спортивного телосложения, 25 лет». Киһи барыта килбик буоллаҕай. Бачча эниэргийэнэн тыгыалыыр, спортивнай эттээх-хааннаах, уһун, ис киирбэх дьүһүннээх уол Интэриниэтинэн ойох көрдүөр диэри тутахсыйбыт буоллаҕа дуу. Син хаама сылдьар дьахтар эрэ элбэххэ дылы да...    «Мужчина саха познакомится с девушкой саха для встреч. Цель знакомства секс без обязательств. На вашей территории».    Суругуттан сылыктаатахха, саастаах соҕус эр киһи быһыылаах. Эбиитин кэргэннээҕэ буолуо. «Хат буоллаххына, мин эппиэттээбэппин» диэбит курдук, эрдэттэн буруйун көлбөрүтүммүт. Өссө көрсөр сирэ суох буолан «эн дьиэҕэр кэлэбин» диэбит буолбаат. Били, уулусса ытын «дьиэтэ-уота суох буолан баран, үрбэккэ сыт» дииллэригэр дылы. Кэргэнэ тутан ыллаҕына, адьас да киэһээҥҥи аһыыра суох хааларын өйдөөбөт тутах мэйиилээх, кыра ычалаах киһи биллэриитэ.    Срочно возьму на прокат женский организм, орал-1000, классика-2000, если организм красивый +100% к тарифу, бережное отношение и сохранность гарантирую... о себе 178, 82кг , 27 лет, спорт. т.с., есть все.    Хайа, ноо, бу туох оригинальнай биллэриитэй? Биирдэ маннык сылдьыһыам. Харчы ылыам. «Организмым», чуолаан уорганым үчүгэйин иһин, өссө эбии төлөттөрүөм. Аныгыскыга сылдьыһыам. Били, ырыаҕа ылланар, хоһооҥҥо холбонор уруккуу-урукку, былыргыы-былыргы идэҕэ уһуйуллан, устунан, кыбыстан ситэри саҥарбат «...туткабар» кубулуйууһубун. Һэ, хармааммар биэс солкуобайдааҕым тухары... туткалыа суохпун. Миигинэ да суох кыыһа элбэҕэ, улаханнык итээбэтэҕэ буолуо.    Ищу стройную, привлекательную девушку от 16-25 лет, желательно для совместного отдыха и интимных отношений. Оплату гарантирую. Если Вам понравится, то можно и без оплаты. О себе симпатичный сахаляр с большим джипом.    Джиптээх буолла да бүттэ үһү. Баай дьон наһаа күннээн-күөнэхтээн эрэллэр. Арай хайа эрэ нарын-намчы, эдэркээн бэйэлээх, харчыта суох кыыс киирэн биэрдин? Харчы суоҕа киһини арааска барытыгар тиэрдэр. Оннооҕор өлөрсөллөр. «Мин биирдэ сытан биэрдэхпинэ туох буолуой, ким билиэй» дии санаахтыыра буолуо. «Проституция» сайдар оллооно маныаха сытар. Чыыннаах-хааннаах дьон «Сахалыы укt»-ны хайдах көрбөт бэйэккэлэрэй, эбэтэр уора-көстө Интэриниэтинэн бэйэлэрэ «кыттыһа» сылдьаллара буолаарай?    «Парень познакомится этой ночью с парнями, с местом для встречи. 26\175\67, уни»    Эр киһи кырыымчыгын үрдүнэн, эмиэ кинилэр кэллилэр. Голубуойдар. Өссө биир атыыланыы. Хас да буолан «хайыыллар» эбит!!! Уол эбитим буоллар, биир эмэ табаарыспын кытта ити уолу ыҥыран ылан баран, кырбаан кэбиһиэхпит этэ. «Уни» диэн икки өттүлээх, ол аата эр киһи уонна дьахтар оруолун тэҥҥэ толорор. Сордоммокко, бэйэтин-бэйэтигэр уктан баран хайдах эрэ уҥар-таалар. Мин төрүт кыһаллыам, кыыһырыам суоҕа. Оттон мантыҥ уол былдьаһа сылдьар. Топпокко, өссө хаһы да көрдүүр.      «Сделаю минет, опыт есть». Киһиргээбит буола-буола. Саамай кирдээх быһыы, түһүү. Баттаххыттан соһулла-соһулла, хара сыһа-сыһа миньиэттээһин. Миэхэ эр киһи «миньиэттэ оҥор» диир түгэнигэр, өһүргэнэммин, били сирин быһа ыстаан кэбиһиэҕим. Оттон эр киһи эбитим буоллар, «чорбоҥнуур бырааппын» итинник атаҕастатан бэрт. Баччааҥҥа диэри дьон билбэттэрин, толкуйдаабаттарын сөҕөбүн. Киһи айаҕа диэн организмҥа саамай кирдээх сир. Арааһынай үлүгэрдээх бахтыарыйа, сарааса, быыл, кариес, сытыйбыт тиис, сытыйбыт сил... Силтэн араас ыарыыга барытыгар сыстыахха сөп. «Уопуттаах миньиэтчиссэбит» кырата, сүүрбэччэ киһини соппойбут буолуохтаах уонна баран... туох аанньа айаҕар... Эмиэ «пыы».  Я сахаляр, материально обеспечен, ищу любовницу не старше 30-ти лет, симпатичную, миниатюрненькую, с пышной грудью и попой.    Көссүү көрдөөбүтүттэн сэрэйдэххэ, эмиэ кэргэннээх. Миниатюрнай буолан баран түөстээх, самыылаах, кыраһыабай дьахтары, арааската, көрдөөмөхтүү түһээхтиириҥ буолуо. Сүүс кыракый, хачаайы дьахтартан биирэ-иккитэ эрэ түөстээх-самыылаах. Атыттара биир халыып – «нулевой размер», хихи. Ол биир-икки устуука бүгүн эн «пиэчикэҕэр» киирэн олороро саарбах. Баҕар, отой да кэргэннээхтэрэ, оҕолоохторо буолуо. Олоруҥ дьиэлэригэр ас буһара сырыттахтара эбээт.    «Славянская семейная пара познакомится с женщиной би для нечастых, но приятных встреч, возраст и национальность значения не имеют».    Оо, бу дьон лесбиянкаҕа наадыйбыттар. Ыал диэн өйдөбүл, арахсыы элбээбитинэн, чөл буолан эрэр, дьиҥнээх таптаһар эрэ дьон олороллор диэбитим – бу баар. Ханнык бэйэлээх-бэйэтин убаастанар эр киһи манныкка сөпсөһөрүй? Кэргэнэ, ыал ийэтэ буолуохтаах дуу, буолбут дуу дьахтар тойон эрин иннигэр атын дьахтардыын имэрийсэ сытарын ханна көрбүккүтүй?     «Вылижу все заветные места девушке или женщине саха от 18 до 35 лет. О себе: русский, с голубыми глазами, сексуальный, с чувством юмора.170.63.28лет. ПИШИТЕ!»    Абам да баар эбит, бу суруктары барыларын төлөпүөннэрин №-игэр тиийэ хаһыакка бэчээттээн кэбиспит киһи. Аһынабын. Тыа оҕонньотторо-эмээхситтэрэ үчүгэй соҕустук кинилэргэ сирэй бэйэлэригэр төлөпүөннээн, кулгаахтара итийиэр, биллэриилэммиттэрин-таймаламмыттарын кэмсиниэхтэригэр диэри үөҕэн хооһурҕатыахтар этэ. Уопсайынан, сиэкис чааһыгар баҕас, уопсастыба фантазията муҥутуурдук сайдыбыт диэххэ.    «Познакомлюсь с красивой, умной, нежной, ласковой девушкой саха для создания семьи».    Һок, дьэ, бу интэриэһинэй. Манна хайаан да суруйдахха сатанар. Оо, дьэ, киниэхэ элбэх баҕайы кыыс суруйбута буолуо. Тоҕо биллэрии таһаарарый, йуошка! Түргэнник-түргэнник, атын кыргыттары быһа түһүөххэ наада. Бээрэ-бээрэ, туохтан саҕалыыбын?...    «Пирибиэт. Алла диэммин. Алдантан. Отут икки саастаахпын, кэргэним, оҕом суох. Үрдүк үөрэхтээхпин. Үлэлиибин. Харчылаахпын. Дьиэлээхпин. Даачалаахпын. Массыыналаахпын. Хаартыскабын уктум. Сөбүлээтэххинэ, суруйаар. Эн эмиэ миэхэ хаартыската ыыт. Р.S.: Киһи иилэн ылара - туохтааххыный...?»    Бу кэнниттэн сыһыаммыт ханна тиийбитин хаһыаппыт аныгыскы №-ттэн биирдэстэригэр ааҕаарыҥ.   Алла Черемкина. 2007 с. Тарҕат:
kyym.ru сайтан