Кэпсээ
Войти Регистрация

Нуучча кыыһын үрэҕэ

Главная / Кэпсээн арааһа / Нуучча кыыһын үрэҕэ

K
kyym.ru сайтан Дьылҕа
29.07.2021 11:56
   Сэбиэскэй саҕана «соҕурууттан Саха сиригэр сыылкаҕа кэлбит» диэни иһиттибит да Өктөөп өрөбөлүүссүйэтин саҕанааҕы Григорий Петровскай, Емельян Ярославскай курдук бассабыыктары, оннооҕор быдан былыр, инньэ 19-с үйэ саҕана, хаатыргаҕа кэлбит Н.Г. Чернышевскайы, В.Г. Короленконы даҕаны санаатахпытына, син биир ыраахтааҕы былааһын утары барбыт, дьадаҥы-кыаммат туһугар сору-муҥу көрбүт хаарыаннаах дьон мэтириэттэрэ өйбүтүгэр-санаабытыгар ойууланан көстөрө.    Дьоллоох олохпут туһугар туруулаһан охсуспут дьону хайаан да ытыктыыр эбээһинэстээхпитин, бастатан туран, учууталларбыт өрүү өйдөтөн тахсаллара. Ол – хайаан да тутуһуллуохтаах халбаҥнаабат сокуон кэриэтэ этэ.     * * *    Биэс уонус сыллар бүтүүлэрэ, алта уонус сыллар саҥалара быһыылааҕа. Биирдэ киэһээҥҥибитин аһаан баран, куолубутунан, ийэлээх аҕабыт тугу эмэ кэпсээйэллэр, остуоруйа сатамматаҕына, таабырын да таайтардыннар диэн, ыспаанньаларыгар киирэн ким – халааҥка оһох таһыгар, ким дьоммутун кытта атахтаһа охсон сээбэҥнэһии бөҕө буоллубут. Аҕабыт өрөөбүт уоһа өһүлүннэҕинэ (иэйдэҕинэ), нуучча остуоруйаларыттан биири эмэ кэпсээн араас саарыстыбаны кэритиэхтээҕэ, оттон ийэбит санаата көнньүөрбүт буоллаҕына, чугас эргиннээҕи өтөхтөргө ордууламмыт абааһы-чөчүөккэ туһунан бэрт сэрэхтээҕи сэһэргээн, барыбытын кулгаах-харах иччитэ оҥоруохтааҕа. Баччанан хайалара эрэ кэпсиир кэмэ кэллэҕэ, бүтэһигин ийэбит нэдиэлэ анараа өттүгэр кэпсээбитэ быһыылааҕа.    Бу иннинэ Өктөөп бырааһынньыга ньиргийэн-ньаргыйан ааспыта. Дьэ, онно улахан дьон үрдүк куупаллаах эргэ кулуупка (уруккута таҥара дьиэтэ) «Ини-бии» испэктээги туруорбуттара ааһан-араҕан биэрбэккэ, уруок кэнниттэн уол өттө дьэҥкэччи «кыһыл», «бандьыыт» диэннэргэ хайдыһан «сэриилэһэн» тахсарбыт.    Ийэбит чочумча саҥата суох сыппахтаан баран:    – Дьуоскаа (ити Гоша диэн ааппын таптаан ааттыыр быһыыта), дьэ, эн «ити биһиги нэһилиэкпитигэр сыылкаҕа тоҕо ким да кэлбэтэҕэ буолуой?» диэн мааҕын этэн эрэриҥ. Дьиҥэр, биһиги да эбэбитинэн төрдүбүт сыылкаҕа кэлбит нуучча үһү эбээт! – диэбитигэр оҕолор бары күлсэн тоҕо барбыппыт. Ол мин, бары-баллаҕар сирэйдээх, халыҥ баҕайы уостаах боторооску, хайдах нуучча төрүттэниэх муҥум буоллаҕай, оттон чыс кутуйах курдук кылахачыҥнас харахтаах эмдэй-сэмдэй икки балтым даҕаны тас көрүҥнэринэн миигиттэн ордубатахтара чахчы.    – Ийэҕит тугу кэпсиирин сиһилии истэн баран, дьэ биирдэ бычыгыраһаарыҥ, – диэн, аҕабыт кэккэлэһэ ороҥҥо сытан, сөбүлээбэтэҕин биллэрэн иҥиэтиннэ. Биһиги туох эмэ остуоруйаны истиэх буолан өрүкүнэспиппит көрүөх бэтэрээ өттүгэр сатаммат кутталламмытыттан, уоска бэрдэрбит курдук, ньим барбыппыт. Онтон арыый уоскуйа түспүппүт кэннэ ийэбит ол нуучча төрүттээхпит туһунан өрдөөҕү номоҕу аа-дьуо кэпсээн барбыта. Оччолорго алын кылааска үөрэнэр буолан эбитэ дуу, ити кэпсээни, били, иччилээх-абааһылаах остуоруйаларыгар тиэрдибэтэҕим; балтыларым даҕаны сотору соҕуһунан сыҥааҕырдаан, устунан муннулара тыаһаан киирэн барбыта.    Маҥнай утаа «биһиги да сыылкаҕа кэлбит өрөбөлүссэньиэр төрүттээх эбиппит ээ» диэн киэн туттуох курдук санаабытым, букатын даҕаны атын хартыына ойууланан тахсыбыта. Ол эрээри Киин Арассыыйаттан бачча кый ыраах дойдуга дьонуттан-сэргэтиттэн арааран сыылкаҕа ыыппыт кыыстарын (төһө да өрөбөлүссэньиэр буолбатар) олус аһына санаабытым.    ...Кэлин ийэм тыыннааҕар ол кэпсээнин токкоолоспуппар син балай эмэни сэһэргээбитэ. Кини даҕаны ол хас эмэ үйэтээҕитэ Рязань дуу, Пенза дуу күбүөрүнэтиттэн хаатыргаланан кэлбит Биэрэ диэн нуучча кыыһа эрэйдээҕи хантан үчүгэйдик билээхтиэй – ийэтин, эбэтин аахтан истибит буолуохтаах. Дьэ, ол туһунан кэпсиим. «Сордоҥ өллөҕүнэ – тииһэ, киһи өллөҕүнэ, аата хаалар» дииллэринии, Нуучча Кыыһын Үрэҕэ диэн синньигиис баҕайы от үрэх дуома билиҥҥээҥҥэ диэри баар. Аҕыйах сыллааҕыта бииргэ төрөөбүт, аҕамсыйа барбыт дьон ол өбүгэлэрбит өтөхтөрүгэр анаан-минээн тиийэ сырыттахпытына, кур бэйэтэ кубулуйбакка, сол 50-ча сыллааҕытын курдук сүүрдэн сыккыстыы сытара, эбиитин дулҕа быыһыттан биир халба өрө көтөн тахсан куһугурайа турбута дьикти этэ. Дьиҥэр, төрүт былыр бу барбах устар от үрэх аата Синньигэс Үрэх диэн эбитэ үһү.    Ийэбитинэн төрүттэрбит Кырыаллар бу сиргэ хас эмэ үйэттэн балай эмэ кыахтаахтык олорбуттар. Ынах сүөһүнү, сылгыны бэркэ сырыырҕаппыт, киэҥ сири бааһына оҥостубут омоонноро 60-с сылларга, биһиги обургу оҕо эрдэхпитинэ, ордук үчүгэйдик биллэрэ.   * * *    Сааһыары, айан-сырыы эстэн эрдэҕинэ, Бүлүү хаайыытыттан илдьиркэй таҥастаах, ботуоҥка сүгэһэрдээх биир нуучча дьахтарын нэһилиэккэ икки хаһаак харабыллаах аҕалбыттар. Кинээс үгүһү-элбэҕи ыаспыйалыы барбакка, син кыахтаахтык олорор Кырыалларга, нэһилиэктэн уонча биэрэстэлээх Тэҥкэҕэ, бэйэтинэн аҕалан биэрбит. «Дьиэлээх тойон, бу дьахтары олордуохтааххын, сээкэй үлэҕэ төһө баҕарар туһаныаххын сөп, онтуҥ манньатыгар ыраахтааҕы тардыытыттан көҕүрэтиэхпит» диэн баран, кинээс, төбө ыарыытыттан бэрт кылбардык быыһаммыт курдук, айанната турбут. Инньэ гынан Кырыаллар бу туох дьыалаҕа буруйданан бачча ыраах кэлбит дьахтарын кыайан билбэтэхтэрэ, саалаах-сэптээх дьон аанньарбытыгар харабыллаан аҕалыахтара дуо?!    Дьиэлээхтэр көрдөхтөрүнэ, өтөх чөчүөккэтигэр дылы, куп-кугас баттахтаах, күп-күөҕүнэн өһөччү көрбүт харахтаах, бастаан утаа сааһыра барбыт дьахтар дии санаабыттара, букатын даҕаны эдэр кыыс буолан биэрбит. Биир моһуога диэн, сахалыы саараама саҥарбат, өйдөөбөт даҕаны эбит. Ол эрээри син тарбах көмөтүнэн быһаарсан, «утуйар сириҥ – бу» диэн, көмүлүөк оһох аттынааҕы муннукка олоҕун булларбыттар. Киһилэрэ ботуоҥкатын иһиттэн биирдээх оҕо сутуругуттан эрэ арыый обургу, кус сымыытыгар маарынныыр гынан баран хараҥа өҥнөөх туох эрэ бөкүнүктэрин таһаарбыт. Эмиэ балай эмэ быһаарсыы кэнниттэн онтуларын чабычах биэрбиттэригэр хаалаан бэйэтиттэн чугас уурбут. Дьиэлээхтэр «сэрэнэн туттарынан оруоллаатахха, олус наадалаах эмэгэттэрэ быһыылаах» диэн сыаналаабыттар.    Бастакы түүнүгэр сөтөллөн хахсайан, аанньа утуталаабатах. «Саҥа дьукаахпыт маннык буоллаҕына, сүгүннүө суох» диэн, эбэлэрэ улахан дьаҥҥа-тумууга туттар эһэтин үөһүттэн сылаас уулаах иһиккэ кыһа түһэн иһэрдибит, агдатын куобах тириитинэн суулуу баайбыт. Ити курдук хас эмэ күн эмтэнэн, бэттэх кэлиэх быата тартаҕа буолуо, нуучча кыыһа улам өрүттэн барбыт. Маҥнай утаа санаа-оноо баттаан, күлүк курдук сылдьыбыт, онтон улам дьиэ-уот түбүгэр туппай-иппэй буолан, сэргэхсийэн барбыт. Ордук суорунаҕа бурдук тардарын сөбүлээбит. Маныаха дьиэлээхтэр саҥардыы хороччу улаатан эрэр Кирилэ диэн уоллара көмөлөһөр эбит. Инньэ гынан уол да, кыыс да сотору кэминэн бэркэ тапсыбыттар. Бэл, кэнникинэн түүнүн, дьон бары утуйан ырааппытын кэннэ, Кирилэни араас сылтаҕынан нааратыгар ыҥыран ылар буолбут...   * * *    Кырыаллар саҥа дьукаахтара бүгүрүтүн, туох да үлэттэн иҥнэн-толлон турбатын олус сөбүлээбиттэр. Кэмниэ кэнэҕэс билбиттэрэ, кыыстара Вера диэн ааттаах эбит. Саас уу-хаар тахсан, көтөр-сүүрэр элбээн, устунан бурдук ыһар кэм кэлбитигэр Биэрэлэрэ ити үлэҕэ ордук сыстаҕас буолан биэрбит. Аны туран, били, маҥнай кэлэригэр оҕо сутуругун саҕа бөкүнүктэрэ хортуоппуй диэн үһүлэр. Бурдук ыһар бааһыналарын кытта сэргэстэһэ быыкаа сиргэ «бу үүнээйини маннык олордуллар» диэн баран, хортуоскаларын харах-хараҕынан оҥута быһыталаан, күллээн-тойдоон, чөм курдук көмүтэлээн кэбиспит.    Сири оҥорууга сыраларын-сылбаларын харыстаабатах Кырыаллар бу хортуоппуй диэн дьикти үүнээйилэрэ аны хаһан үүнэн торолуйан тахсарын кэтэһээччи буолбуттар. Урутаан эттэххэ, ол үүнээйилэрэ бэркэ тэптэн үүммүт. Ону амсайыыга диэн сии түһэн баран, аны саас ыһарга сиэмэҕэ хаалларбыттар. Онтон ыла бу ыһыы сирин Биэрэ Буолата диэн ааттаабыттар. Оттон, били, хортуоппуйун Бүлүү хаайыытыттан манна аҕалалларыгар олохтоох бааһынайдартан ылбыт буолуон сөп.    Күһүөрү, көччөх арыый улааппытын кэннэ, Кирилэ тиргэ иитэригэр Биэрэни илдьэ сылдьан куһу хайдах бултуурга үөрэтэр эбит. Биирдэ халдьаайы аннынааҕы от үрэххэ ииппит тиргэлэрин көрө тиийбиттэрэ, биир халба, хайдах эбитэ буолла, атаҕыттан иҥнэн, мөхсөн тарыкынайыы бөҕөтө үһү. Булчут хаана оонньоон, Кирилэ обургу тиргэттэн куһу арааран ылан төбөтүн хампы ыстаары гынан эрдэҕинэ, Биэрэ тохтотон, куп-кугас баттаҕыттан хас да утаҕы сыыйа тардан, былаатын кырадаһынын кытары халба моонньугар баайбыт уонна туох эрэ диэн баран ыытан кэбиспитэ, соҕуруу диэки көтөн кылыбырайа турбут. Ол аата, «бу кус соҕуруу көтөн тиийэн ийэм аахха тыыннаах сылдьарбын биллэрдин» диэбит быһыыта үһү. Ити курдук түгэн эрэ көһүннэр, сороҕор туллукка, ардыгар тураахха баайталаан, алҕаан ыытар үгэстэммитэ үһү. Синньигэс Үрэх ити кэмтэн ыла Нуучча Кыыһын Үрэҕэ диэн ааттаммыта баччааҥҥа диэри хаалбыт.    Сотору соҕуһунан Биэрэлэрэ хат буолбутун Кирилэ дьоно аах билбиттэр. Хайыахтара баарай, хата, буор босхо туруу үлэһит киһилэннибит диэн үөрдэхтэрэ буолуо: уоллаах кыыһы бэрт судургутук холботолоон кэбиспиттэр. Эдэр дьон устунан оҕо бөҕөнү төрөтөн, Кырыаллар ууһаан-тэнийэн барбыттар.    Кирилэ уола-хаан буолан баараҕадыйбыт. Ийэлээх аҕатыттан чугас эргин ханна да суох охсуу дьиэ туттубут. Көр, биир дьиктитэ диэн, Биэрэ кэлин отой уу саха буолбут уонна төрөөбүт тылын – нууччалыы саҥаны – тамты умнубут үһү, эгэ, кэлэн оҕолоро билииһилэр дуо. Инньэ гынан Тэҥкэҕэ оҕуруот аһын аан маҥнай үүннэрбит бу – нуучча кыыһа Биэрэ үһү.    Дьэ, ити курдук тымыр-сыдьаан тардан, биһиги аймах баччаҕа тиийэн кэллэхпит. Киһи аата элбэҕи быһаарар дииллэр. Хаатыргаҕа кэлбит нуучча кыыһа Вера (сахалыы тылбаастаатахха, итэҕэл) диэн аата дьоллоох-соргулаах буоларыгар көмөлөспүтэ чахчы. Бу курдук дьылҕалаах элбэх киһи олорон аастаҕа. Хантан хааннаахпытын билбэппит туох үчүгэйэ кэлээхтиэй. Онтубут – ааспыт үйэ омсолоох дьайыыта. Төрдү-ууһу хасыһыы сэрэхтээх да буолан ылар кэмнэрдээҕэ. Ол иһин да буолуо, Кырыаллар аҥаардас харыларын күүһүнэн, сатабылларынан кыаҕырдаллар даҕаны, дьоммут аах төрүттэрин туһунан кэпсээбэт буола сатыыллара.    БУТУКАЙ.
kyym.ru сайтан