Кэпсээ
Войти Регистрация

Мин билбэппин дии...

Главная / Кэпсээн арааһа / Мин билбэппин дии...

K
02.07.2020 15:01
Күһүн. Олус сөрүүн. Уһун да уһун ардах... Хаһан тохтуо биллибэт. Суол-иис дьаабыланна. Сабыс-саҥа атыыласпыт соппуоскабын, санаабар, аһыммыта-харыһыйбыта буола-буола, Дьокуускай ньалҕаархай бадараанын пыл-пал үктээн, бу аата дьүөгэбэр — Мааһыҥкаҕа — хоноһолуу баран иһэбин. Илиибэр икки бакыат кэһиилээхпин. Кэһии буолан түһэн, киһи да күлэр, пиибэлэр! Мантыҥ боростуой пиибэ буолбатах ээ, лайм амтаннаах, ой-бото сыаналаах күөх бытыылкалар. Мааһыҥкам кэргэниниин, оҕотунуун куорат кытыытыгар чааһынай дьиэҕэ олороллор. Чааһынай дьиэлэр быыстарынан хаамарбын наһаа да абааһы көрөбүн. “Баттах быыһа барыта быт” диэбиккэ дылы, ыал быыһа барыта кыймаҥнас ыт. Улахан аҕай харабыл буоланнар, олбуордарын айаҕар миигин манаан олордохторо үһү. Сорохторо сүүрэн кэлэн, тиистэрин килэтэ-килэтэ эргийэ сылдьан, субу бууппун ойо ыстаан ылыахтыы, үҥүөлүүллэр. Саатар, наһаа куттамсахпын. Барар суолум биир өттүнэн — итирик киһи, иккис өттүнэн ыт иһэр буоллахтарына, итирик киһилээх өттүнэн барабын. Өссө ыты кытары убаастабылбын биллэрэн тоҥхох гынан «дорооболоһуохпун» сөп. Ыттар барахсаттар ону билэн эрдэхтэрэ, миигин кытта оонньоспута буолаллар, атаҕастаан дьаабыланаллар. Атырдьахтааҕым буоллар, биир да ыты ордорбокко, хабарҕаларын суптурута анньа-анньа, лэкээ-бугул оҥортоон, Блэйд курдук эргиллэн да көрбөккө, бара туруом этэ. Маннык түгэҥҥэ ынырык да дьиикэй санаалар киирэн ылаллар ээ. Ол истэхпинэ арҕаа түһэн эрэр былыт кэннинээҕи күн сырдыгар, кэлииккэтин айаҕар, үүт-үкчү абыраллаах таҥара кэриэтэ, Мааһыҥкам мөрөйөн турара көһүннэ. *** Мааһыҥка эрэ Алик – бору-боростуой киһи. Үлэһит, уус бэрдэ! Таһырдьааҥҥы үлэни сатыырын таһынан, кини киэһээҥҥи аһылыкка бэрэски буһаран кэбиһиэн сөп. Хам-түм муоста сууйан тиритэ-хорута сылдьарын да көрүллүбүтэ. «Интиҥ өссө таҥас сууйан илгистэр ээ!» — диэн, Мааһыҥкабыт астына-киэптии кэпсээччи. Аатырар Аликпыт дьиэтигэр суох эбит. Икки-үс күҥҥэ куобахтыы баран хаалбыт. Олус бэрт! Биһиги чүөчэлэр, оҕону утутан баран, уруккуну-хойуккуну саныы-саныы, үөрэ-көтө, били кэһиибитин дьэҥкир таас чааскыларга куттан, сыпсырыйа олордубут. *** — Доо, Аллаа, мин оҕом аҕата ким буоларын билбэппин дии... — Хайдах ол аата? Оттон эриҥ Алик буолбатах дуо? — Баҕар, кини буолуо, баҕар, атын буолуо, һы-һы... — Эс, акаары баҕайы кыыскын дии, хайдах оннук буолан хаалбытай? Оҕоҥ икки сааһыгар диэри кимиэхэ майгынныырын билбэккин дуо? — Иккиэннэригэр майгынныыр, эмиэ да Ньургун курдук, эмиэ да Алик курдук. — Ньургун диэн хайалара этэй? — Оттон били-ии... Устудьуоннуу сылдьан Ньургун диэн табаарыстаах этим дии. Үһүс куурустан быһа үөрэхпин бүтэриэхпэр диэри. Улаханнык таптаабат этим кинини. Таах сырыттахпыт дии, өйгө хаалар умнуллубат кэрэ түгэннэр тустарыгар, сиэкис албан аатыгар! Ону баара, эрэйдээҕим сыыһа Ньургун, хаһан да таптыыбын диэбэтэҕэ, кэлин эппитэ, кэргэн тахсыбытым кэннэ... Ол сайын үөрэхпин бүтэрэн Чурапчы дэриэбинэтигэр учуутал үлэтин буллум. Ньургуҥҥа этэбин: «Мин Чурапчыга барабын да сабаас! Куоракка хаһан баҕарар кэлиллиэ. Ол аайы олорор сирдээхпин. Миэхэ, куоракка улааппыт, үйэтин тухары олорбут кыыска, кыратык экзотика наада», —
диэтим. Киһим ыытымаары атыыр аккаас. Өйдөспөтүбүт. Кыыһырыстыбыт. Хаппырыыстаатым. Ыллым да күһүн баран хааллым. Онон сибээспит быһынна. Эдэр учууталларга уопсай биэрдилэр. Онно үчүгэй баҕайытык олохсуйдубут. Күн аайы олохтоох уолаттар билсиһээри атаакалаан бардылар. Аликпыныын билсистибит. Киһи талымастыыр да уола суох. Көрүҥүнэн, кырасыабайынан, саамай арыыйдалара — мин Алигым. Алик оччотооҕуттан куобахчыт диэбиккэ дылы, сарсыарда кирилиэспитигэр тоҥ куобах сытар буолар. Арамаантыка. Маспытын кытары хайытан, саһааннаан биэрэллэр. Оттон Саҥа дьылга Дьокуускайга кэллим, дьоммун кытары бырааһынньыктаары. Алик, тыа уола, тыатыгар сайыһа хаалла. Күн аайы төлөпүөннүүр, ахтарын туһунан этэр. Мин, дэриэбинэттэн кэлбит киһи, кыргыттарбын көрсөн, дискэтиэкэлэри кэрийэн, саҥа таҥас-сап ылынан, Алик эрэ туһунан санаабаппын, эгэ, ахтыам дуо?! Ол дьэргэҥнии сылдьан, Ньургуммар субуоннаан саайдым. Киһим иһиттим-истибэтим — дьиэбэр тиийэн кэллэ! Дьонум кинини кытары табаарыстаһарбын уруккуттан билэр буоланнар, соһуйа барбатылар. Ахтылҕаммытын барытын таһаардыбыт. Көрүлээтибит аҕай. Итинник каникул ааста. Барыахпын, көртөн-нартан матыахпын баҕарбакка гына-гына, Чурапчылаатым. Аны, төттөрүтүн, Ньургун күн аайы куораттан Чурапчыга төлөпүөннүүр буолла. Мин ону кистии-кистии Аликпын кытары сылдьабын. Икки бокулуонньуктаах киһи, аанньа буолуо дуо, олох саамай улуу кырасаабысса, сарыысса курдук сананан кэбистим. Сарыыссалаан олорор кэмим уһаабата. Арай, доҕоор, олунньуга хат буолбуппун биллим. Аны хайа киһибиттэн буолуон сөбүн бэйэм да билбэппин. Иккиэннэрин кытта тэбис-тэҥҥэ кэриэтэ сылдьыстаҕым дии. Дьэ, саат-суут. *** Бииргэ олорор химия учуутала кыыска кэпсээтим, тест атыыластыбыт эҥин. Икки сурааһын тахсыбытын көрөн баран, сүрэҕим хайда сыспыта. Чэ, онтон уоскуйан баран, “төрүүбүн” диэн быһаарынным. Аньыыта бэрт, түһэртэрэр диэн. Кистии-кистии сырыттым. Аны туран, Аликпын аһынабын, кини оҕото буолбатах буоллаҕына албынныыбын дуо диэн? Иһим Чурапчыттан кэлиэхпэр диэри улаханнык биллибэтэҕэ.Үөрэх бүтэн куораттаатым. Уоппускаттан устунан дэкириэккэ барар киһи буоллум. Киһим дэриэбинэтигэр хаалла. Дьокуускайга кэлбиппэр Ньургунум испин көрөн баран, сууллан түһэ сыста. Иһигэр саарбахтыыр быһыылаах, хат буолбуппун эппитим үрдүнэн улаханнык эрэйээксийэлээбэтэ. Куотунуох курдук, ойох ылар былаана олох да суох быһыылаах. Устунан сүтэн хаалла. Ньиэрбэм бөҕө баранна. Онтон саппаас гына сылдьыбыт Аликпар төлөпүөнүнэн билиннэҕим дии. Ол гынан баран олох ойох тахсыбаппын, соҕотоҕун оҕолонобун диэтим. Арай оҕом улааттаҕына, кимиэхэ майгынныырыттан көрүөҕүм диэн, испэр былаанныыбын. Алигым саахсаланыахха диир, иннибэр-кэннибэр түһэ сылдьар, үөрүү бөҕө. Күһүөрү куоракка киирэн мин дьиэбэр олорунан кэбистэ. Чурапчыга көһөрөн илдьээри — дьирээ, оттон бэйэтин үүрээри гыннахпына – ытыыр! Инньэ гынан, хара күүһүнэн эр буолла. Дьоммут икки өттүттэн үөрүү-аймахтаһыы бөҕө. Оҕо төрүүрүгэр тэринэллэр, оҥостоллор, икки өттүттэн бастакы сиэн буоллаҕа дии. *** Төрүүрүм чугаһыгар Ньургун эрийэ сырытта. Таптыырын, дьэ, өйдөөбүт үһү, бырастыы гыннара сатыыр. Ону мин атаахтаан, өстөһөн: «Мин уже кэргэн таҕыстым, аны эрийимэ», — диэтим. Бүппүтэ онон. *** Билигин Данилканы икки эбэтэ иккиэн былдьаһа сылдьан көрөллөр. Ким үчүгэй бэлэх оҥорорунан, ким уолугар минньигэс аһы астаан
аһатарынан күрэхтэһэллэр. Бырааһынньыкка биирдэригэр эрэ ыалдьыттаатахпытына, улахан күнүүлэһии тахсар. Алигым оҕотун олус таптыыр, быйыл сайын тэлгэһэ иһигэр тэбэригэр бэлисипиэт ылаары сылдьар. Өссө оҕолон диирин буолуммаппын. Хайа муҥун, үлэлиэм этэ буоллаҕа дии. Ол гынан баран кэлин, ити туһунан саныырым элбээтэр-элбээн иһэр. Наһаа санааргыыр буоллум. — Уаай, Мааһыҥкаа, син биир хаһан эрэ биллэн тахсара буолуо дии. Эн сордоно сылдьыбаккаҕын ДНК анаалыһын оҥортор ээ. — Аликпар туох диибин? ДНК-ны туттар, баҕар эн оҕоҥ буолбатаҕа буолуо диибин дуо, аны кэлэн? Тута өлөрөр буоллаҕа дии. — Оттон билигин анаалыһы араастаан ылаллар буолбат дуо? Баттаҕыттан кытта быһаараллар үһү. Оҕоҥ баттаҕын хайдах баҕарар ылаҕын. Алик киэнин биллэрбэккэ эрэ туура тартаҕыҥ дии, — диэн күлэ-сала сүбэлиибин. — Хайдах тардабын ол, һа-һа? — Оргазмнаабыта буолан кубулуна сытаҥҥын, эриҥ баттаҕын саамай үүнүүлээх сириттэн, кэтэҕин диэкиттэн, часкыйа түһээт, быһа тардан ылаҕын. Кэтэһэ түһэҕин, онтон душтана бараҕын уонна сыранан кэлбит күндү анаалыс сүүмэхтэрин салапааҥҥа суулаан, баанна анныгар кистээн кэбиһэҕин. Бүтэр онон!. — Чэ, буоллун, баҕар, анаалыстатыым даҕаны. Туолка, аны кэлэн, ону билэн тугу туһанабын? Ньургун оҕото буоллаҕына, таах дууһа моруута буолуом. Кини төрүүрүм саҕана эрийэ сылдьыбыта эбээт. Баҕар, өйдөнөн кэлээри, ойох ылаары гыммыта буолуо. Ону мин акаары «ойох таҕыстым уже» диэн кэбиспиппин, акаары-ыы... — Оттон арай Алик оҕото буоллун? Дьол бөҕөтө тосхойуо этэ, хата. — Хата, эйиэхэ кэпсээн ырааһырбыт, чэпчээбит курдук буоллум дии. Ээ, чэ, анаалыстаппаппын. Саатар, иккиэн маарыннаһаллара да бэрт. Хайдах да буолбутун иннигэр, ыал буолан олордохпут, ону уларытар санаам суох, — диэн баран, Мааһыҥка өрө тыынан кэбиһэр. Сөп даҕаны, нууччалар барахсаттар «улахан аһыытааҕар кыра албын ордук» дииллэр ээ. Эбэтэр «сибиинньэ оҕотун иитэн да диэн» диэбит курдук бэргэн этии баар. Биир эр киһи аккаастаммыт сыыһатын, иккис эр киһи толуйдун ээ, маннык түгэҥҥэ дьахтар эрэ буруйдаах үһү дуо? Бу олорон дьүөгэм, били «Титаник» киинэ «улуу сэкириэттээх» эмээхсинигэр Роуз Доусоҥҥа маарыннаан кэлэр. Уопсайынан, дьахтар дууһата тугу-тугу сөҥүөрэн сылдьарын ким да таайбат. Кини сиирэ-халты сырыыларын эр дьон билбэтэххит быдан ордук, оннук орду-уук... Алла ЧЕРЕМКИНА.
kyym.ru сайтан