Кэпсээ
Войти Регистрация

Хапкаан

Главная / Кэпсээн арааһа / Хапкаан

K
18.06.2020 16:22
Сергей тас көстүүтүнэн кыыс эрэ сүрэҕин тутуох уолана. Оннук даҕаны: уһун уҥуохтаах эрээри киппэ көрүҥнээх, сырдык хааннаах, “голливудскай улыбкалаах” уол. Хайа уонна, саҥаран-иҥэрэн, киирэн-тахсан, сытыы ыччат. Биллэр спортсмен да буолбатар, бэйэтин бэркэ кыанар, факультет, куурус ыытар күрэхтэригэр балачча ситиһиилээхтик кыттар. Онон атын куорпус кыргыттара кытта кинини билэ-көрө охсон, сэргииллэригэр, ыйыталаһалларыгар, сыста сатыылларыгар үөрэнэн да хаалбыппыт. Дьэ, ол эрээри биирдэ баҕас кини да, “куһаҕаннатан турар”. Бииргэ үөрэнэр уолаттарын кытта биир саҥа бастакы кууруска кэлбит, сахаҕа бэрт номоҕон дьүһүннээх, холку баҕайы, Ньурбалыы унаарытан саҥарар кыыһы “аҕыйах кэминэн эрийэ тэбэн ылыах” буолан, сакалааттаспыт этэ. Ону да, бэйэтэ кэлин этэринэн, “алҕаска киирэн биэрбит”. Куока, Сергей однокурснига уол, ол кыыһы таптаан, олус буорайарын көрөн, “мөлтөх киһигин, ити оҕону баҕас өйүн көтүтэр манан да дьыала ини! Мунчаарыах, муҥнаныах сир баппатаҕын”, – диэччи буолбут. Кырдьыга да, ол кыыс, этэргэ дылы, “балаҕан аайы баар кыыс” этэ. Оннук уһулуччу кырасаабысса, эбэтэр оннук айылаах бүрэ да буолбатаҕа. Киһи сиэринэн. Билигин санаатахха, оччо уолаттар куттарын туппут буоллаҕына, туох эрэ ис кистэлэҥнээҕэ, кэрэлээҕэ чахчы. Чэ, бээ ол туһунан саас-сааһынан кэпсиим. Сергей итиччэ айаҕаламмытыгар табаарыстара, дэлэ дуо, күөттээн биэрбиттэр. Оннооҕор араас албаһынан эрийсэ, билсэ сатаабыт Куока, “көҥөнө” барбатах, баҕар, киһим билистэҕинэ, саатар аттыгар сылдьан көрөр дьоллонуом диэбитэ дуу. Арай этэр үһү: “Ээ, суох. Эн кинини билбэккин. Атыттарга майгыннаабат, “күннээҕи кыыс” буолбатах. Уолаттаар, хайдах итиччэ кыыһы өйдөөн көрбөккүтүй?! Кини – аанньал тэҥэ, кини... кини ып-ыраас”. Салгыы этэр тыл кыайан булбакка, илиитинэн эрэ сапсыйан кэбиспит. Мин аҕай дэнэ сылдьар, бэйэтин балачча билиммит Сергей ол аайы быарын тарбанар үһү. Киһиргэһигэр тэптэрэн, өссө болдьох анаабыт, эбиитин: “30 күнүнэн көрөөрүҥ да истээриҥ, ити кыысчаан миигин ытыы-ытыы сырса сылдьар буолуоҕа”. Кырдьык, бастакы биэчэргэ уолбут ол кыыстыын бииргэ вальстаан эрэллэрэ. Таска туран тугу эрэ кэпсэтэр курдуктара. Ол аайы уолаттар Куокаларын күлүү гыналлар: “Пахай, үс ыйдаах истипиэндьийэ – быраһаай!” Уолбут күһүҥҥү былыттаах халлааннааҕар хараҥаран туран: “Билбэтим-билбэтим. Ити баара-суоҕа билсиһии эрэ. ”Ытыыр” чааһыгар баҕас, чуолкай тиийиэ суоҕа” – диир. Төһө да итинник дьээбэлээтэрбит, мин төһөтүн да иһин кыыс диэки буолабын. Оччолорго баара буола сылдьыбыт Алешам миигин өйөөн буолуо, ону утарбат да, уолаттарыгар көх-нэм буолар. Оттон иккиэн хааллахпытына, Сергей хотторбут сирэйэ хайдах буолуоҕун оҥорон көрө сатыыбыт. “Уолаттар наһаа сана-нымаҥ, кыыһы оонньуу оҥостубуккут, миэстэҕитигэр туруордар ханнык” диибин. Вера, ол кыыс аата итинник этэ, Сергейдиин биирдэ-иккитэ киинэҕэ сылдьыбыттара быһыылааҕа. Онтон салҕыы туох да буолбатаҕа. Отут күммүт бу тигинээн кэлбитэ. Кыыспыт “ытыы-ытыы” сырсыаҕынааҕар, биһиги көрдөхпүтүнэ, Сергейтэн куота көтөр этэ. Уолбут, били, бэрт кимиэллик тылласпыта сойо охсон, Куокаҕа хотторбутун билинэн, кумааһынньыгын ууммут сураҕа иһиллибитэ. Дьиктитэ, Сергей “бултаһыыта”
ол онон тохтоон хаалбатаҕа... өссө да түөрт сыл салҕаммыта. Ол болдьох өссө уһуо этэ, ону, хата, Вера кэмниэ кэнэҕэс кэргэн буоларга сөбүлэспитэ. Онно көрүө этигит Сергей толору дьолломмут сирэйин! Сорохтор Сергейи биэрбит тылын толорор туһугар эрэ сырсар диэн тойоннууллара да, дьиҥэ, оонньуу оҥосто сылдьан таптаан кэбиспитин бэйэтэ да өйдөөбөккө хаалбыт этэ. Онуоха Вера ырааһа, ыраас тапталы күүтэрэ бэлиэ олук буолбутун уолбут, билигин кэлэн тугу кистиэй, аһаҕастык этэр. Ити мин тылым буолбатах – Вератыныын куустуһан олорон ол кэми саныы-саныы дьоллоохтук мичиһэллэр, санааларын үллэстэллэр.”Паапабыт (мин) бэрт хапкааҥҥа түбэспитэ (им)” – дэһэллэр. Алексеевтар билигин икки эмдэй-сэмдэй оҕолоохтор. Олус тапсаллар. Сергей күнэ-ыйа үүт-үкчү ийэтигэр майгынныыр Сайыыҥкаттан тахсар. Оттон кинилэр холбоһоллоругар олугу уурбут, чуолкайа Вераҕа Сергей болҕомтотун “сакылаатынан уурдарбыт” Куока соҕотохсуйуута өр салҕамматаҕа. Икки сылынан, ол аата Вералаах иннинэ, аналын көрсөн, ыал буолбута. Биһиги Алешалыын, төһө да оччолорго субу холбоһордуу сырыттарбыт, өр буолбакка арахсыбыппыт. Тапталина.
kyym.ru сайтан