Кэпсээ
Войти
Регистрация
Маннык көрсүһүү буолбуттаах
Главная
/
Кэпсээн арааһа
/ Маннык көрсүһүү буолбуттаах
K
kyym.ru сайтан
Дьылҕа
23.06.2023 11:14
Мин 1980 сыллаахха Дьокуускайдааҕы педагогическай училище физкультурнай салаатын бүтэрэн, анаабыттарын хоту Үөһээ Бүлүүгэ оскуолаҕа үлэлии аттаммытым. Оройуоҥҥа хааллараары гыммыттарын: «Мин тыа нэһилиэгэр үлэлиэхпин баҕарабын», — диэн кэлиилии кэбэ турдум. «Чэ, оннук буоллаҕына, мантан 300 км. ыраах сиргэ, Туобуйаҕа, бар. Үрэх баһа дойду, АН-2 сөмөлүөт биирдэ эмэ сылдьар. Кыһын массыына дэҥ кэриэтэ кэлэн барар», — диэтилэр. Мин онно көтөн тиийдим. Дьэ, кырдьык, ойуулаабыттарын курдук хартыына буолла. Кыра дэриэбинэ, төгүрүччү тыа, үрэх. Кыһын этэҥҥэ үлэ бөҕөтүн үлэлээтим. Саас буолуута кус-хаас кэлэн барда. Дэриэбинэ таһыгар уу бөҕө таҕыста, онно кус бөҕө кэлэр. Биһиги дьиэбититтэн ырааппакка бултуубут, куһу сонохтуубут аҕай. Манна туох да эрэйэ, сырата-харата суох өлгөмнүк бултуйаҕын. Биир күн оскуолаҕа мунньах буолла. «Эр дьон сарсын эргэ дьиэни көтүрэ бараҕыт», — диэтилэр. Ол барар сирбит дэриэбинэттэн тэйиччи этэ, аатын умнан кэбиспиппин. Тыраахтарынан айаннаан киэһэлик тиийдибит. Улахан күөл аттыгар тохтоон, чэй өрүнэн, кэпсээн-ипсээн күөдьүйэн киэһээҥҥибитин аһыы олордубут. Күн кэм да тииттэр үрдүлэригэр турар этэ. Ол олордохпутуна дьон аймалаһа түстүлэр: «Оо, кубалар, кубалар!» — диэн буолла. Мин көрө түспүтүм – сэттэ куба көтөн кэллэ да, биһигини туһаайбытынан муус үрдүгэр күөлгэ сандаарыс гына түһэн кэбистэ. Туох буолар эбит диирдии, биһиги диэки көрө-көрө хороллон олороллор. Аттыбар Петров Миша диэн уол: «Киирэн ытыахха», — диэбитигэр сөбүлэстим. Иккилии туоһапканы ылан, күөл кытыытыгар тиийэн 250 миэтэрэҕэ туруоран баран, иккилии төгүл ытан тоһурҕаттыбыт. Кубаларбыт көтөн таҕыстылар да кэлбит суолларынан көтө турдулар. Онтон арай биир куба үөрүттэн арахсан ытыллыбыт сиригэр кэлэн олорунан кэбистэ, бадаҕа, табыллыбыт. «Ситэри сиэҥ, өлөрүҥ», — диэбит курдук. Күүстээх санаалаах көтөр эбит диэн бэйэбит сөхтүбүт. Атын эбитэ буоллар, саһар сир көрдөөн ыраах көтө туруо этэ. Мин, урут куба диэн көтөрү көрбөтөх уол, бу мааны көтөрү чугастан көрөөрү, аҕылаан-мэҥилээн күөлгэ сүүрэн киирдим. 3-4 миэтэрэ курдук чугаһаатым. Кубам кыыһыран кынатын саратта, түөһүн мөтөттө уонна айаҕын тыаһатар, саҥа таһаарар. Миигин таҥнары көрөр, улахан баҕайы буолан, мин кинини хантайан көрөбүн. Ол курдук син балай эмэ турдубут. Харахтара ыраас, дьэҥкир, кыыс оҕо хараҕын санатар. «Ханна эрэ маннык харахтары көрбүтүм ээ», — дии санаатым. Ол кэмҥэ кубам уордайбыта ааһан, кынаттарын хомуйан кэбистэ. Арай ол туран өйдөөн истибитим – кубам ытыыр эбит. Хараҕыттан дьэҥкир баҕайы таммахтар күөл хобордообут мууһугар чоп-чоп түһэн тыаһыыллар уонна кыра оҕо ытыырын курдук муннун сыҥсыйан ылар. Онтон эмискэ аны мин хараҕым уута бычыгыраан таҕыста. Ол курдук иккиэн утарыта көрсөн ытаһа турдубут. Харахтара төһөнөн уһуннук көрдөҕүм аайы дьиҥнээх киһи, өссө кыыс хараҕар майгынныыра улаатан иһэр. Санаабар, тиийэн кууһан ылыахпын баҕарбытым. Оннук гыннахпына да чугаһатыах курдук, уйадыйан ытаһыы буолла. Ол турдахпына, били уолум кэллэ: «Хайа, да тугу гына тураҕын?» — диэтэ. Мин кыбыстан, хараҕым уутун туора-маара сотуннум. Киһим кыҥаан турарын көрөн: «Тохтоо, тохтоо, бу көтөрү иитэ ылыахха», — диэн тыл киллэрдим. «Эс, бу киһи! Туох буоллуҥ? Көр, буулдьа түөһүгэр түспүт дии», — диэбитигэр көрбүтүм – кырдьык, куба түөһүттэн кыһыл хаан тохтон эрэр этэ. Мин кэннибинэн турбутум, ол кэмҥэ саа тыаһа өрө хабылла түспүтэ... Валерий СЕДАЛИЩЕВ. Тарҕат:
kyym.ru сайтан
➤
➤
kyym.ru сайтан