Кэпсээ
Войти
Регистрация
Түүл-бит
Главная
/
Кэпсээн арааһа
/ Түүл-бит
K
kyym.ru сайтан
Күлүк
23.06.2023 11:10
Соторутааҕыта эмээхсиним тастыҥ быраата Уйбааскы кэлэ сырытта. Көрбөтөҕүм ырааппыта бэрт буолан, бастаан утаа билбэтим ээ. Омос көрдөххө, атын быраата Бааска кэлэн турар курдук, эмиэ да атын курдук... Оннук атыҥырыы олордохпуна, хата, бэйэтэ санатан абыраата. ...Кырдьыбыат, кырдьыбыт. Сирэйэ-хараҕа сыппаабыт. — Иһэҕин дуу, тугуй? — Испэтэҕим икки ый буолла. — Ыалдьыбыт диэбиттэрэ ээ, хайдаххыный? — Ээ, эт-хаан ыарыыта диэн. Дууһа ыалдьара абытайдаах. Аалан киирэн бардаҕына, өлө-сүтэ өйө-төйө суох иһэбин. — Оҕолоруҥ ханналарый? — Биирим манна баар, биирим Анаабырга, бэйэбин кытары олорор. Онтум быйыл үөрэххэ киирдэ ээ. Онон соҕотоҕун кыстыырым буолуо. Биир эмэ дьахтары киллэринэрим дуу. — Киллэрин ээ, эр киһи соҕотоҕун сылдьара аанньанан ааспат. — Оннук. Арааһа, киллэринэрим буолуо. Итинник баар-суох икки ардынан кэпсэтэ олордохпутуна чугаһынааҕы ыалбыт уола Сэмэнчик элэстэнэн киирдэ. Хоту дойду киһитэ кэлбитин көрөн солуута суох үрүт-үөһэ ол дойду сирин-уотун, булдун-алдын, дьахтарын ыйыталаһан барда. — Ээ, эһиги өрүскүт кып-кыра үһү бытта! — диэн чап гыммытыгар Уйбааскы миин иһэ олорбут ньуоскатынан оройго охсоору өндөҥөлөттө. — Мээнэ саҥарыма! Быйыл эмиэ киһи бөҕөтүн ылла. Мин эмээхсиммин, эмээхсиним быраатын ылбыта дии! — Хоту дойду өрүһэ балысхана, сүүрүгүн уораана сүрдээх буоллаҕа дии. Бу да киһи мээнэ тыллаһан, — диэн, Уйбааскым аһыытын санаппытыттан Сэмэнчиги кынчарыйан ыллым. — Ээ, ол хайдах? Тимирбиттэрэ дуо? — Сэмэнчик дьоһуна да суох киһи! — Былдьаммыттара. — Ханна эрэ баран иһэн дуо? — Оо, бу да киһи, дабархай курдук сыстан баран арахпатай! — диэн сөбүлээбэтэхпин биллэрэн Сэмэнчикпин остуол аннынан атахпынан имнэнэ сатаатым. Уйбааскы: — ...Аны санаатахха, мин эрдэ билбит эбиппин ээ. Эбиэт кэннэ кыратык нуктаан ылар идэлээхпин. Ол күн эмиэ аһаан баран сыта түстүм уонна туох да наһаа баттатан уһугуннум. Түүлбэр арай Сибиэтэм оҕолорбунуун тыынан устан иһэр. Сибиэтэм үөрбүт аҕай. Онтон арай өрүспүт түллэҥнии түһэр да тыыны ыйыстан кэбиһэр. Мин кытылга турабын. Ыксаан аҕай ууга киирэбин. Тыбыс-тымныы. Туох баар күүспүнэн тыы тимирбит сиригэр харбаан тиийэ сатыыбын. Илиим, атаҕым ыараан хаалбыттар, нэһиилэ хамсыыллар. Онтон эмиэ атын түгэн көстөр. Сибиэтэбин кытары мин тыыга олорсон иһэбин. Өрүс эмиэ түллэс гынар — иккиэн ууга түһэбит. Мин эмиэ тыбыс-тымныы ууга түһэбин. Үлтү бөһүйэн хааллым. Арай, уу анныгар оҕолорум сыталлар. Илиилэрин ууналлар. Хостотолоотум. Иккиэннэрин. Кэргэммин көрдүү сатаатым да булбатым. Онтон хаһыытаабытынан ороммор олоро түстүм. Тыбыс-тымныынан дэлби тириппиппин аҕай. Нэһииччэ тыын ыллым. Сонно тута куһаҕан түүлү түһээбиппин сэрэйбитим. Хайдах да аһарына сатаабытым да, син биир хатыланан өйбөр киирэ турара. Онтон эмискэ баҕайы Сибиэтэ быраатынаан Сааскылаахха киирэр буолла. Мин барыма дии сатаатым. Суох, истибэтэ. Хаста даҕаны түүл түһээтим, баттаттым диэхпин баҕарабын да, тылым тахсыбат. Хайдах эрэ күлүү-элэк гыныахтара диэбит курдук
туттунабын. Ол онон. Ол күн бардылар уонна кэлбэтилэр. Хайа аннынан устан истэхтэринэ хайалара сиҥнэн түспүт. Баттаабыт. Аны, ол аат күнүн инниттэн Сибиэтэм икки түүн супту баттаппыта. Утуйа сытабыт. Киһим туох эрэ диэн чуолкай баҕайытык саҥарда. Мин, били эдэр сылдьан күлсэрбит курдук, атын киһи аатын ааттыа диэн кулгаахпын чорботуоҕунан чорботон баран ыкса чугаһаатым. Киһим син өр дьаабыланна. Уһуутуур, ыҥыранар. Мин кэтэһэ сатаан баран уһугуннардым. «Туох ааттаах өр уһугуннарбакка күлэ сытаҕыный?!» – диэн, кыыһыран уһугунна. Сөп, итинэн бүттэ. Онтон сарсыныгар эмиэ баттатта. Мин эмиэ дьээбэлэнэн, бүгүн баҕас, аатын истэн баран тэйиэм дии-диибин эмиэ көрө сыттым. Онтон доҕоор, сыҥааҕа түһэн хаалла, күүгэн алынна. Ыксаатым, киһибин сахсыйан уһугуннара оҕустум. Дьэ, итигирдик баттата сылдьыбыта. Ылаары муҥнаатахтара. Сэмэнчик киһи эрэ буоллар саҥата суох олордо. Онтон хайдах эрэ ыар, нүһэр баҕайы санаа баттаабытын аралдьытаары таһырдьа тахсыахха диэн дьоммун ыҥырдым. Эмээхсиним таҥас сууйан баран тиэргэҥҥэ кэчигирэччи ыйаабытын көрөн, Уйбааскы хайдах эрэ сирэйэ уларыйан хаалла. Үктэлгэ олорон өөр баҕайы дьахтар таҥаһа тыалга тэлимнии турарын одуулаата. Тугу саныырын сэрэйэбин. Кини тиэргэнигэр дьахтар таҥаһа тэлимнээбэт буолбутуттан харааһыннаҕа. — Бүөтүр, эт эрэ. Мин соҕотоҕун дьиэбэр сытан ону-маны, уруккуну-хойуккуну барытын эргитэ саныыбын ээ. Мин Сибиэтэбин сыыһа уһугуннарбыт эбитим буолуо... дуу? — Уйбааскы ааһан-арахсан биэрбэт аһыытын тута сылдьарын эмиэ быктарда. — Туох диэн эттэҥий, Уйбааскы? — Ийэ кылыным былырыын бараахтаата ээ. Ол кини эмиэ кыыһа күрэммитин кэннэ эһиилигэр туох да өлөр охтуутугар охтубута. Балыыһаҕа нэһиилэ курдургуур киһини киллэрбиппит. Дьэ, эмээхсиммит киирэн баран, үс түүнү быһа баттатан дьону куттаабыт. Арай, били нэһиилэ тыынан сырдыргыыр эмээхсиммит түүн ойон туран, куруунньугун таһыйа-таһыйа, туойан дьаллаһытан киирэрэ үһү. Эчи, кыанара диэтэҕиҥ — ойо-тэбэ сылдьар үһү. Тойугун ис хоһооно чуолкай иһиллибэт буолан баран, кими эрэ кытары этиһэр-үтүрүһэр курдук үһү. Оннук үс түүн ыллаабыт-туойбут. Ол кэнниттэн эмээхсин бэтэрээ кэлэн өссө да үс сыл олорбута эбээт. Ол аата, мин сылыктаатахпына, кини түүнүн абааһытын кытары охсуспут буолуохтаах уонна онтун кыайан өссө уһаатаҕа дии. Мин даҕаны Сибиэтэбин уһугуннарбатаҕым буоллар эмиэ ийэтин курдук охсуһан кыйдыа эбитэ буолуо, ол адьынаты ээ? — ... Дьэ, итиннэ туох да диир кыаҕым суох, доҕор. Оттон баттаппыт киһини аатын ааттаабакка эрэ сэрэнэн уһугуннарыахтааххын дииллэрин истэрим. Аатын ааттаатахха эбэтэр соһутан-уолутан уһугуннардахха, кута куотар диэн былыргылар этэллэрэ. Ханныгын-чуолкайын билбит суох. Уйбааскы барбытын кэннэ ити түбэлтэ өйбүттэн тахсыбакка сордоото. Кырдьык, баҕар, баттаппыт киһи бэйэтэ быһаарсара сөп буолаарай, абааһытын кытары? Баттатар куһаҕан Былыргылар дьиэ туттар сири бэрт өр сыымайдаан, сылыктаан талаллара. Түүллээх-биттээх киһини балаҕан туруоруохтаах сирдэригэр ыһыктаан-таймалаан хонноро ыыталлара. Бу киһи түүн тугу түһээбитинэн тойонноон, төhө тоҕоостоох сирин быһаараллара. Аны, сылгы-ынах тохтуур, хонор сирин
эмиэ үчүгэй сир диэн ааттыыллара. Киһи олус тэпсибит, кэлэр-барар суол айахтарыгар дьиэ туттары сөбүлээбэттэрэ. Биһиги нэһилиэкпитигэр биир уулусса дьоно тоҕо эрэ табыллыбаттар. Ордук эр дьоно турбат. Кырдьаҕастар итиннэ урут айан суола ааһара диэн этэллэрэ. Ол кырдьык быһыылаах. Борокуоппайдаах Марыынаны дьиэҕит былыргы суол айаҕар турар, дьиэҕитин көһөрүҥ диэн эппиттэрин истибэтэхтэрэ. Истибиттэрин да иһин хайыахтарай, туттан бүтэн баран. Марыына кэпсиир буолара түүн аайы баттатабын диэн. Сыл баһыгар-атаҕар дьиэлэрин хаба ортотунан холорук кэлэн үргүлдьү ааһар. Саала түннүгүнэн киирэр, утуйар хос түннүгүнэн тахсар. Онон Борокуоппай түннүк тааһыгар собуор барара. Тыал тахсар сиригэр эрдии-ойох утуйаллар. Оронноро түннүк анныгар турар. Ону баҕас көһөрүөххэ да син этэ да, Борокуоппай улахан хомуньуус хаата, абааһыны-иччини итэҕэйбэт этэ. «Сир полюһа биир кэмҥэ хамсаан ылар. Онно тыалырар», — диирэ. Дьиктитэ диэн, кини баттаппат эбит. Ойоҕо эрэ эрэйдэнэрэ дииллэр. Хата, ону эрэ улахаҥҥа уурбакка түҥнэри хайыһан баран, утуйан бырылатан хаалара үһү. Биирдэ, хаһан баҕарар кэпсээҥҥэ «биирдэ» диирбит табыллар, Борокуоппай баттаппыт. Онуоха Марыыната, дьэ күннээбит. Собус-соруйан уһугуннарбакка үрдүгэр нөрүйэ сытан: — Хайа, Борокуоппай, үчүгэй эбит дуо? Абыранныҥ ини! Миигин уһугуннарбакка эрэйдиигин дии, хайдаҕый? Аһыы дуу, ньулуун дуу? Итинник өр сордоон баран биирдэ уһугуннарбыт. Онтон ыла Борокуоппай ойоҕо ыйылаата эрэ уһугуннарар идэлэммит. Бу барахсаттар улахан уоллара сааҕа дэҥнэнэн өлөн хаалаахтаабыта. Кэккэлэһиннэрэ олорор ыалларын аҕалара, улахан уоллара эмиэ куһаҕаннык барбыттара. Утары олорор икки ыал эмиэ иккилии эр киһилэрин сүтэрбиттэрэ. Ону ичээмсийэр оҕонньоттор «айаны урут да, аны да эр киһи тутар, онон эр дьону ылаттыыр» диэн быһаараллар. Кэлиҥҥинэн ити уулусса төһө эмэ миэстэ баарын үрдүнэн саҥа дьиэнэн уһаабатаҕа. Огдообо хаалбыт дьахталлар оҕолорун улаатыннартаан баран атын сиргэ көһүтэлээбиттэрэ. Оттон Борокуоппайдаах Марыына «кырдьан баран ханна барыахпытый, өтөхпүтүгэр олоруохпут» диэн, билигин да баттата-баттата олороохтууллар. Сылга биирдэ Борокуоппай өстүөкүлэ тааһын уларытар. Бүөтүр АРЫЫЛААХАП. Тарҕат:
kyym.ru сайтан
➤
➤
kyym.ru сайтан