Кэпсээ
Войти
Регистрация
Ыстааннаах балыгы умнубаппын
Главная
/
Кэпсээн арааһа
/ Ыстааннаах балыгы умнубаппын
K
kyym.ru сайтан
Дьылҕа
23.06.2023 10:58
Оскуолаҕа үөрэнэр сылларбар тыа оҕотун сиэринэн улахан дьону кытта син булка-алка сылдьыһар этим. Туохтааҕар да балыктыырбын ордорорум. Күһүөрү сайын, сөрүүн тыаллаах ылааҥы киэһэлэргэ аҕабыт аах Бүлүү эбэбит барахсаҥҥа, балык бэристэр ханнык диэн, муҥхалыы киирэр үгэстээхтэрэ. Биһиги барсаары, сайыһыы бөҕөтүн сайыһа хааларбыт. Биирдэ эмэ санаалара көнньүөрбүт кэмигэр илдьэ барабыт диэтэхтэринэ, биһиги саҕа үөрбүт дьон суох буолара. Биһиэхэ, оҕолорго, оннук дьоро киэһэ хам-түм да буоллар син тосхойоро. Биир оннук түгэн үүммүтүгэр доҕорум Миикээ биһикки, үөрүүбүтүгэр, улахан дьоҥҥо илин-кэлин түсүһэбит. Дьэ, ол курдук хоп курдук хомунан мотуордаах тыыбытыгар киирэн олордубут. Ийэбит аах тоҥон ыалдьыахтара диэтэхтэрэ, таҥас үөһэ таҥас кэтэрдибиттэрэ дьонноро нэһиилэ хамсанабыт. Аҕам мотуорун собуоттуурун кытта улахан тыас бирилии түстэ, ону кытта киэҥ эбэ сөрүүн, сибиэһэй салгына тыал буолан кулгаахпар куһууран барда. Ол курдук айаннаан, күһүҥҥү күн имэ саҕахха саһыыта тиийиэхтээх сирбитигэр элээрдэн тиийэбит. Аҕам, балыксытынан биллибит киһи, хайа диэки балык таптаан тохтуурун эндэппэккэ билээччи. Арай ол балыктарбыт, тоҕо эрэ, тахсар кэмнэрэ араастаах буолар эбит. Сорох күн күнүһүн күөрэйэр, сороҕор олох да түүн эбэтэр киэһэ. Онтубут дьыл кэмиттэн эрэ буолбакка, аны балык көрүҥүттэн эмиэ араастаһар үһү. Биһиги сыа балык (тугунуок) диэн, тууһанар, бытархай буолан баран сыалаах да сыалаах балыкка холонобут. Балык бу көрүҥэр көҥүл бэриллибит буолан, эбэҕэ муҥхаһыт эрэ буолунай. Биһиги өрүскэ түһэр үрэҕи ааһа баран, ол «уочаракка» хойут кэлбит сиэринэн бүтэһиктиибит. Муҥхабытын түһэрэргэ бэлэмнээн, тыыбыт үрдүгэр дьаарыстыы хомуйабыт. Муҥхабыт кыната уһуннаах кылгас, ортотугар ийэ дуомнаах, ол оннугар кыната иэннээх. Маннык муҥха соһорго чэпчэки диэн, аҕам бэйэтэ таҥан оҥорбута. Атын муҥхаһыттар ааспыттарын кэннэ эбэ уоскуйа түстүн диэн, олоро түһэбит. Онтон ким тугу гыныахтааҕын быһаарсан баран бастакы түһэриини соһобут. Балыкка баартааҕынан аатырар аҕам атаһа Арамаан муҥханы түһэрээччи буолар. Аҕам – эрдииһит. Оттон мин Миикээлиин кытылга сылдьан муҥха соһор аналлаахпыт. Бэчимэбитин илиибитигэр эрийэ тутан соһобут. Ол курдук, балачча барбахтаабыппыт кэннэ күүтүүлээх түгэн, дьэ тиийэн кэлэр. Ол – муҥханы таһаарыы. Мин саамай сөбүлүүр түгэним. Уопуттаах балыксыт сиэринэн, аҕам – самахчыт. Биһиги кынаты өрө көтөҕөн биэрэбит. Бастакы таһаарыыга харахтаабыт балыга элбэх, ийэтэ кураанах буолан хомотто. Аҕам аах биһигини, муҥха соһооччулары, тэтимнээхтик хамсанарбытыгар, хаалан хаалбаппытыгар сүбэлээтилэр. Ол да буоллар иккис, үһүс түһэрии кэнниттэн эмиэ матыы хомолтотун биллибит. Кыралар сүрэҕэлдьээн, сылайан да нэһиилэ салбыҥнаһабыт. Бары да балыктыыр көхпүт сүтэн барар. Онтон аҕам: «Кэмэ илик быһыылаах, олорбохтуу түһэн баран өссө биирдэ түһэриэхпит», — диир. Хабыс-хараҥа түүн сып-сылаас тыал үрэрэ сылайбыт киһини аргыый бигээн утутуох курдук. Арай бырдах кэмэ суох хойдон барар. Дьоммут оҥоойу элбээтэҕинэ, тугунуок тахсааччы, онон бу түүн тахсар ини диэн кэпсэтэ-кэпсэтэ ыксаабакка, аа-дьуо табахтаан унаарыталлар. Иннибитигэр баар дьон мотуордара биир-биир собуоттанан төлүтэ баран, дэриэбинэ диэки барар тыастара ыраахтан дыыгыныыр. Тиһэҕэр биһиги эрэ хааллыбыт быһыылаах. Син өр олорбохтоон баран, сөп буолаа ини диэт, муҥхабытын бүтэһигин диэн ааттаан түһэрэбит. Дьэ эрэ, кытылга соһорбут саҕана тыыраахылар айдаан-куйдаан бөҕөтүн түһэрбэттэр дуо! Олох муҥхабытын сырса сылдьан атаакалыыллар. Муҥхабыт ийэтин таһааран истэхпит ахсын уубут оргуйан олорор. Дьонум бары үөрбүт көрүҥнээхтэр эрээри ким да саҥарбат. Муҥхабыт ийэтин түөрт киһи сэрэнэн, нэһиилэ көтөҕөн, биэрэккэ таһааран тэниччи тутабыт. Арай, доҕоор, кып-кылабачыгас! Барыта тугунуогунан көрөн олорор. Кырата, үс биэдэрэ буолсу. Биһиги үөрэн, күө-дьаа бөҕө. Дьоммут аах «чыыстай» диэн биэдэрэҕэ кутаат, сонно тууһаан кэбиһэллэр. Ити курдук үстэ түһэрэн, омуннаан эттэххэ, уонча биэдэрэ сыа балыктанныбыт! Арай өйдөөбүппүт, баар иһиппит барыта туолан, хаалбыт балыкпытын кутар иһитэ суох турар эбиппит. Аҕам: «Сэмэнчик, ыл туруоҥ дуо, тас ыстааҥҥын устан биэр эрэ», — диир. Мин аҕам дьоҕойон, оонньоон этэр ээ диэммин, итэҕэйбэккэ сирэйин одуулуубун, иккиһин этиттэрэн баран биирдэ толорор киһи буолан биэрэбин. Ону дьонум таах турбаттар, хаадьылаан: «Ыл интикэҕин ууга кичэйэн, аалан сууй, таах балыгы буорту гыныа», — дэһэллэр. Миэхэ өһүргэнэр эрэ санаа суох. Аан бастаан бачча элбэх балыгы көрбүт киһи саха тэҥэ суох дьоллоохпун. Ыстааным икки атаҕын алларанан ыга баайан, хаалбыт балыгы барытын хаалыыбыт. Онтубут ыстааммыт туох да ааттаах модьу киһиэхэ тыыра кэтэрпит курдук бөскөйөн тахсыбат үһү дуо! Көр, оннук хара маҥнайгыттан ытыс соттон баран, тиһэҕэр эбэ иччититтэн итинник маанылатар диэн эмиэ баар эбит этэ. Кэлин, улаатан да баран, ол курдук өлгөм балыкка түбэспиппин өйдөөбөппүн. Ол булпутуттан сыа балыгы таптаан сиир, харалаабатахтара ырааппыт дьоҥҥо бэрсибиппитин дьон хойукка диэри кэпсэл оҥостон, махтанар буолаллара. Кыһыйыахтарын иһин, биһиги иннибитигэр сылдьыбыт дьон миискэ түгэҕэр эрэ бултуйан кэлбит этилэр. Онон балык тахсар-тахсыбат кэмин таба тайаныы туһунан үөрүйэх, сатабыл диэххэ сөп. Тарҕат:
kyym.ru сайтан
➤
➤
kyym.ru сайтан