Кэпсээ
Войти Регистрация

УМНУЛЛУБУТ ДЬОРУОЙ

Главная / Кэпсээн арааһа / УМНУЛЛУБУТ ДЬОРУОЙ

K
kyym.ru сайтан Айымньы
23.02.2022 15:00
Игнатий СЛЕПЦОВ-Хайа ТЫАЛА фантастическай кэпсээнэ Саас. Сарсыардаҥҥы сылаас күн Георгий уол сырайын сыламнаан, сүгүн-саҕын утуппата, уол уһуктан кэллэ. Арай түүл түһээбит. Түүлүгэр биир астыйбыт баттахтаах оҕонньор киниэхэ байыаннай билиэт туттарар, уол байыаннай билиэти арыйан аахпыта, «Слепцов Георгий Георгиевич» диэн ааттаах, уолга майгынныыр бодолоох, байыаннай таҥастаах эдэр уолан олорор. Георгий толору аата эмиэ Слепцов Георгий Георгиевич диэнин иһин кини олуһун дьиктиргээтэ. Аны туран, бу маннык аат Георгийга төрүттэриттэн, көлүөнэттэн көлүөнэҕэ бэриллибитэ, онон уол хос эһээтин аата. Уһуктан туран, суунан-тараанан, остуолга кэлэн олордо. Ийэтэ Катя остуолга ас бэлэмнээбит. Уоллаах ийэ саҥата-иҥэтэ суох, оргууй аһаатылар. Ийэтэ уолун саҥалаах бэйэтэ, бүгүн тоҕо эрэ тугу да саҥарбатаҕыттан олус соһуйда.- – Нохоо тоҕо тугу да кэпсээбэккин, туох буоллуҥ? – Ээ, суох ийээ, барыта этэҥҥэ. Экзамеҥҥыттан санаарҕыыгын дуо? – Ээ суох, олох атын, атын олох. – Хайдах барыта, суох да суох буолан хааллыҥ? Уол дьэ саҥарда: «Ийээ, биһиги сэрии сылыгар наар эн эһээлэргин ахтан ааһабыт, онтон аҕабыт эмиэ эһээлээх дии, тоҕо кини туһунан ким даҕаны ахтыбат?». Ийэтэ: «Суох кини норуот өстөөҕө, кини аатын үйэлэргэ умун!!!» - дьахтар хатан куолаһынан наһаа билэрдик, чап гыннаран кэбистэ. Уол чуумпурда, иһигэр төһө да кыыһырдар, таһыгар таһаарбат үгэстээх. Сып-сап аһыы охсон, дьиэтиттэн хомунан тахсан, билии уйатыгар ойдо. Быйыл 2044 сыл, эһиил өрөгөйдөөх кыайыы 100 сылын бэлиэтииллэр. Билии уйата диэн уруккунан библиотеканы ааттыыллар. Онтон дьоллоох Дьокуускай куораппыт Сахастан диэн ааттаммыт. Георгий М.Е. Николаев аатынан Сахастааннааҕы үрдүк үөрэх кыһатын олох хаамыытын чинчийэр салаа 1 кынатын куорсуна. Кынат диэн уруккунан факультет, онтон куорсун диэн - устудьуон. Георгий кынатын куорсуннарыттан саамай бастыҥ үөрэнээччи. Сылга 3500 доллары төлүүр эбит буоллахтарына, кини үчүгэй үөрэҕин иһин босхо үөрэнэр болдьохтоох. Ол оннугар үөрэҕин түмүктээтэҕинэ, үөрэҕин кыһатыгар салгыы 10 сыл үлэлиир аналлаах. Уол билии уйатыгар тиийэн, уруккунан Дьааҥы улууһун, билиҥҥинэн Дьааҥы-Кэбээйи уокуругун саалатыгар 25-с үрдэлигэр киирдэ. Билии уйата 100 үрдэллээх, хас үрдэл ахсын тус-туһунан улуус ааспыт олоҕо хараллан сытар. Үрдэл диэн уруккуннан этээс диэн буолара. Архив уонна библиотека барыта түмүллэн, Билии уйата диэн ааттаммыт. Дьэ манна киирэн Георгий анал хос суруйтаран, уйулҕаны холбонно. Уйулҕа диэн уруккунан көмпүүтэр. Уйулҕа холбоммутугар, сахалыы таҥастаах биир сэмэй кыыс арыллан кэллэ. "Георгий, үтүө күнүнэн, туох көмө көрдүүгүн?" - диэн туоһуласта. Георгий: «Слепцов Георгий Гергиевич Верхоянскай улууһа, Барылас нэһилиэгэ», - диэн ыйыталаста. Уйулҕа сирэйигэр сүүстэн тахса киһи аата сырдатыллыбытыттан, уол туһааннаах киһитин, хос эһээтин аатын булан ылла. Дьэ ол онно сурулларынан «Слепцов Георгий Георгиевич участник Великой Отечественной войны, 1920 года рождения, уроженец Сартанского наслега, уч. Барылас». Салгыы туоһулаһан ыйыппыта? 350 ниэмэһи кыдыйбыт, 25 танканы тоҕута тэптэрбит, саха снайпера диэн суруктаах эбит. Ол эрээри, хара балыырга түбэспит, кини аатын курдук Слепцов Георгий Георгиевич диэн саха салаата кыһыл буойуну өлөрбүтүгэр, тэҥ ааттаахтарын иһин ыараханнык буруйдана сылдьыбыт. Ол эрээри, ол балыыр 2040 сыллаахха, атын киһи буолара бигэргэнэн, дьыалата сотуллубут. Уол, дьэ улахан матырыйаалы хомунан, хос эһээтин сырдык аатын реабилитиациялыырга сорунар. Дьыл-күн биллибэттик ааһар, уол кимиэхэ да эппэккэ, хос эһэтэ олорбут дойдутугар айанныырга сананар. Бэс ыйа буолар. Уол биир үтүө күн аҕатыттан эһээтин дьонун туһунан туоһулаһар, ол эрээри, өбүгэлэрэ олорбут сирдэригэр билигин кини аймахтан ким да хаалбатах эбит. Ол да буоллар уол барар санаатын уҕарыппат. Георгий, аны туран биир дьиктитэ диэн, кини хос эһээтэ төрөөбүт күнүгэр 24 сааһын бэс ыйын 30 күнүгэр туолар, хос эһэтэ киниттэн киһи итэҕэйиэ суох курдук дьиҥ-чахчы 100 сыл аҕа эбит. Георгий бэс ыйын 10 күнүгэр Баатаҕайга көтөр, нөҥүө күн Барыласка бөртөлүөтүнэн дайар. Барыласка көтөн иһэн бэйэтин кытта эт саастыы бэйэтин курдук, киирбит-тахсыбыт Сааска уолу кытта билсэр. Сааска уол дьоно бу сир төрүт олохтоохторо буолан, хата Георгий дьонун туһунан билэллэр эбит, иннэ гынан, аймаҕыргыы көрсөллөр. Уол тиийэн хос эһээтэ олорбут Хоспохтоох диэн сир туһунан ыйыталаһар, Саша уол эһээтэ Георгий хос эһэтэ олорбут сирин билэр эбит, Хоспохтоох диэн сир ханан турарын картаҕа ойуулаан көрдөрөр. Уонна этэр: "Чэ санаарҕаамаҥ, бу мин сиэним Саша акка үөрэхтээх, бу сири билэр, кини эйиигин ол сиргэ сирдиэҕэ, ол эрэн, чуумпутук сылдьаарыҥ, улахан иччилээх сир, оҕонньор сөбүлээбэтэҕинэ кыйдаталыа", - диэн сэрэтэр. "Ол, эн эһэҥ өлүгэ кыайан булуллубатаҕа, кини олорбут өтөҕөр икки атахтааҕы сүгүн да сырытыннарбат үгэстээҕэ, илэ көстөр буолан, ол сиргэ ким да үктэммэт дойдута, арай эйиигин, арай эйиигин...", - диэн оҕонньор кэпсэтиини түмүктүүр. Уон күн номнуо ааһар, уолаттар аттарын айаҥҥа баайан бэлэмнииллэр. Сарсыныгар аттарын сыһыыттан сылгылаан аҕалан, айаҥҥа туруналлар. Иккиэн да акка сыстаҕас буолан айаны билбэккэ хаалаллар. Айан устата Георгий бу дойду кэрэ, дьикти-кэрэ көстүүлээх айылҕатын, чиргэл күөх лабаалаах тииттэрин, хахсаат тыалга илибириир отун, сымара таас тэллэхтээх үрэҕин олус сөбүлүү көрөр. Алта чаас курдук айаннаан, тиийиэхтээх өтөхтөрүгэр тиийэллэр. Тиийиилэригэр халлаан хараҥарар, төһө да бэс ыйын күннэрэ буоллар, бу сир дьиктитэ диэн халыҥ таас хайанан хаймыыланар буолан, боруктуйар эбит, ол иһин да Хоспохтоох диэн аат иҥэрилиннэҕэ. Уолаттар аттарын икки сэргэ турарыгар тиийэн баайаат, көлөлөрүн ыҥыырдарын холунун холбурутаат, үүтээҥҥэ киирэллэр. Үүтээҥҥэ киирэн көмүлүөк оһоҕу оттон, дьонноро анаан ыыппыт ыһыктарыттан уокка ас бэрсэллэр. Бу кэмҥэ Георгий уол, саҥа кэлбит киһи сиэринэн, алгыс этэн ботугуруур. Ол алгыһыгар: "Мин эн сиэннээтэр-сиэниҥ Слепцов Георгий Георгиевич кэлэн сөһүргэстээн олоробун", - диэн түмүктүүр. Аал уот күдэпчилэнэн, сырдьыгыначчы умайан сандаарыйар. Балаҕан иһэ итийэ түһэр. Уолатnар ыһыктарыттан аһаан? үссэнэн, чэй өрөн, сыа-сым буолаллар. Нуктуурга бараллар. Ол иннинэ дьоннорун кытары төлөпүөнүнэн кэпсэтэллэр, аара айаҥҥа түспүт күлүктэрин, устууларын көрдөрөллөр. Дьиэ иһэ барыта былыргылыы, хос эһээтэ оҕонньор хайдах олорбутунан хаалбыт курдук. Уокка эбии мас быраҕан баран сыталлар. Саша уол утуйан, муннун тыаһа муораҕа тиийэр. Георгий, таһырдьа тыал тыаһыырын, ол кэннэ ардах куллурҕаччы түһэрин, этиҥ этэн лүһүгүрэтэрин истэн-сэргэҕэлии сытта. Арай, ол сытан утуйбута ду, илэ дуу. Биир астыйбыт баттахтаах, сырайа мыччастыбыт оҕонньор, халҕаны арыйа баттаан киирэн кэллэ. Киирэн баран, санаарҕаабыт ду, дьиктиргээбит дуу харахтарынан Георгийы тобулута, суостаахтык-суодаллаахтык батары көрдө. "Һуук" диэт, олох маска олорон көмүлүөк иннигэр, илиитин таҕайда: "Ычуу-ычча, аата тоҥнохпун, сир-халлаан анныгар сылдьаммын, төһөлөөх өр кэмнэргэ үөһээ да аллара да анаммакка сылдьаахтыырым буолуой?.. Ии, хата бэйэлээх бэйэм сыдьааным кэлэн, оннубун буллардар бэрт этэ", - диэтэ. Уол диэки күлэн ымас гына. Георгий тоҕо эрэ куттаммата. "Миигин тугум иһин буруйдааннар сойуоласпыттарын олох билбэтим, ол иһин, сэрии кэннэ куотан кэлэн, төрөөбүт дойдубун булан, манна кэлбитим, биир уол оҕолонон, син ыал аатынан олорон иһэн, биир саас бу сиргэ кэлэн былдьаммытым… Ыам ыйа улуу кыайыы бастакы сыла этэ, арай, мантан чугас биир биэрэстэлээх сиргэ кус ытан тахсан истэхпинэ, "Слепцов Георгий Георгиевич диэн эн дуо?" диэн ааппын ааттаан, биир сүүрбэччэлээх уол токоолоспута. "Мин мин" диэппин кытары, сүрэххэ ытан хабылыннарбыта, күөх халлаан эрэ көстөн хаалбыта, ытыан иннинэ көрбүтүм, сэриигэ сылдьан биир кэмҥэ, ыараханнык бааһыран сытарын булан, соҕотох санныбар сүгэн, гарнизон балыыһатыгар илдьэн туттарбытым, үүт-үкчү бэйэм курдук ааттааҕыттан, өйдөөн хаалбыппын. Кыдьыктаах сэрии кутаатыттан төһө да тыыннаах ордуннарбын, төлкөм түспүт төрөөбүт дойдубар кэлэн, аакка да барбакка, ырайга да анаммакка, үөр тэҥэ күлүгүрэн сылдьабын. Мин эйиигиттэн улахан көрдөһүүлээхпин, ити Туобуйа күөлүн арҕаа хотоонугар, аарыма улахан сыһыы чаллаххайын анныттан, көппөҕүрбүт, үллэҕэр от-мас анныттан мин өлүкпүн булан, ийэ буорбар кистиириҥ буоллар, сиэним эрэ буолларгын, уонна үөрэхтээх киһи быһыытынан, мин сырдык ааппын бар дьоҥҥо биллэр, мин кими да өлөрбөтөҕүм, албан ааппын үйэтитиҥ, сэриигэ сылдьыбыт туоһу суруктарым, уордьаннарым, эн сытар сыҥаһа оронуҥ анныгар, мас холбуйаҕа хараллан сыталлар. Миигиттэн куттаныма, эн алгыс эппит тылгыттан, ааппын аатаабыккар, иккиһин төрөөбүппүн сэрэйдим. Эн, мин бэйэлээх бэйэм сиэним буолаҕын. Оһох кэннигэр күрдьэх баар, ону ылан бараарыҥ. Чэ, кытаат, оҕом сыыһа», - диэт, уолу кэлэн илиититтэн ыга тутта, санныттан таптайда. Онтон, уол оҕонньору кууспута, кырдьаҕас киһи ыбыгыраабыт ойоҕосторо уол тарбаҕар билиннэ. Оҕонньор тыбыс-тымныы, саҥардаҕына айаҕыттан тымныы салгын оргуйан тахсара биллэр эбит. - Чэ мин бардым, этэҥҥэ буол! - Сөп, мин эн соруккун толоруом! Оҕонньор ааны сабан, тахсан барда... Саша «Георгий тур» диир саҥатыттан уол уһукта биэрдэ. Күн номнуо ойбут. Аргыһа уот оттон, астыы сылдьар эбит. Георгий бэрт дьикти түүлү түһээбитин, түүлүгэр оҕонньор илэ кэлэн барбытын Саша куттаныаҕа диэн кэпсээбэтэ. Уол уолуйбут курдук буолбутуттан, Саша ыйытта: «Хайа, Георгий, тугу эмит түһээтиҥ дуо?». «Аа, кыратык, онон-манан», - диэтэ. - Буолар буоллаҕа дии, - Саша уолун уоскутардыы эттэ, - бу эн төрүттэриҥ дойдута, онон, эйиэхэ үтүө сир. Уолаттар аһаан, аттарын аҕалынан, Туобуйа күөлүгэр айаннаттылар. Көрүөх бэтэрээ өттүгэр тиийэ охсон, Туобуйа күөлүн арҕаа хотоонугар таҕыстылар. Манна кэлэн баран, Георгий санаата буолбакка, Сашаҕа бөөлүүҥҥү түүлүн дьэ кэпсээтэ, Саша да куттаммата. Уолаттар киһи өлүгүн көрдүүллэр... Кырдьыктыы сыһыы чаллахайа баар эбит, ол анныгар кыратык үллэҕэр, буордуйбут, мутуктаах сири булан, арыйа баттаатылар уонна илэ-чахчы киһи уҥуоҕун буллулар. Уот оттон, айыылартан көҥүллэтэн, иин хастылар. Бөһүөлэктэн суһал биригээдэ ыҥыртаран, оҕонньор уҥуоҕун аатаан-суоллаан киһилии харайдылар. Киһилэрин кистээн, төннөн иһэн Георгий кэннин хайыһан одууласпыта, байыаннай таҥастаах, үөрбүт-көппүт саллаат илиитинэн далбаатыы өргө диэри туран хаалбыта... Үүтээҥҥэ киирэн, Георгий сыппыт оронун анныттан эһээтин туоһу суруктарын, уордьаннарын, байыаннай киниискэтин барытын ылла. Бөһүөлэккэ киирдилэр, нөҥүө күнүгэр Георгий Баатаҕайга көтөр. Онтон сарсыныгар Сахастаанныыр. Онно тиийэн, байыаннай кэмиссэрийээттэн өссө туоһу суруктары ылан, сыл устата сууттаһан, эһээтин сырдык аатын, кини буруйа суоҕун туоһулуур. Кыайыы 100 сылыгар, 2045 сыл ыам ыйын 9 күнүгэр, Сэбиэскэй Сойуус саамай үрдүк дьоруойун аата 1920 сыллаах төрүөх Слепцов Георгий Георгиевичка иҥэриллэр. Москва куорат кыһыл болуоссатыгар Саха сирин буойунугар Слепцов Георгий Георгиевичка сүүнэ улахан пааматынньык туттарыллар. Хайа Тыала. Сахастан куората.Ыам ыйын 9 күнэ 2045 сыл.Фантастическай кэпсээн.
kyym.ru сайтан