Кэпсээ
Войти Регистрация

Эр дьоҥҥо аналлаах аныгы хоһооннор...

Главная / Кэпсээн арааһа / Эр дьоҥҥо аналлаах аныгы хоһооннор...

K
kyym.ru сайтан Айымньы
23.02.2022 12:34
Аҕа Дойдуну көмүскээччилэр күннэринэн амарах аҕаларбытын, эйэҕэс эһэлэрбитин, эркин курдук эрэллээх эр дьоммутун, ордоо-дугуй уолаттарбытын итиитик-истиҥник эҕэрдэлиибит!Сахабыт сирин араас муннугуттан аныгы хоһоонньуттар эр дьоҥҥо анаммыт хоһооннорун мустубут. Эҕэрдэ Хайа дуу, уоланнар, эр бэртэр,Үөрүүлээх күннэрэ үүммүттэр.Долгуйа күүтүүлээх бэлэхтэрЭҕэрдэ тиэрдээри бэлэмнэр. Оскуола хас кылаас аайытынКыыс уолга бэлэҕин сааһылыа,Оччоттон тапталын таайыытынМичээрэр хараҕар саһыарыа. Кэргэннэр эрдэрин иннигэрАтаахтыы тупсаннар үөрдэллэр.Остуолга ас астаан уураллар,Кэмчилээн " утахтан" куталлар. Баҕардар соҕотох эр уоланСулууспа кэмнэрин дуу санаан,Кураххай килиэбэр ханыылаанБуоккатын бүөмнүөҕэ хантатан. Ким хайдах сатыырын тухарыТуруоҕа бэлиэ күн ураты.Үөрдүөҕэ бу күүстээх аҥары,Айыыттан көмүскэс аанньалы! Марта-Мария22.02.17. Нам. ****Ытаа, саллаат...ытаа...Ытыыргын боппоттор этэ онно...Ыһыытаа, саллаат...ыһыытаа...Ынырык хаһыы тахсара онно...Сарсыарда ахсын биир санааСарсын харахпын арыйыам диэн...Куруук аайы биир толкуйКэтэһэр ийэбэр тиийдэрбин диэн...Өттүктэрэ эрэ көстөр өлүктэр...Төбөлөрө төкүнүйбүт өрүөллэр...Өстөөх өрө көтөр өҥөйөн...Төһөнү өһөрөрүн өтөрү көрөн...Тыын былдьаһыы быыстала суох...Хаспах хайаҕаһынан саһар суол...Хата аттыбар баар атас-уол...Тыас диэки арыйабыт уот...Ыллаа, саллаат, ыллаа -Сүрэҕин билигин тэбэриттэн!!!Санаа, саллаат, санаа -Ыарахан ааспыт кэмнэргиттэн... Барыыс Баһылайап, Бүлүү ****Саллаат олоҕун билииУол оҕо дьэ ыйааҕа,Ол онно сылдьан кэлии,Эр бэрдин кылааннааҕа. Эн дойдугун көмүскүүрХайаан да ону төлүүрЫтык иэһиҥ ол буолар,Уолтан боотур чочуллар. Буһан, хатан улааппытСитэн уһаарыллыбыт,Саха саарына дэммит,Ыччат уолан киһибит. Ыал дьон эрэлэ, уолбутДьиэ тирэҕэ буолуохпутИнникибит биһиэнэСаха дьонун эркинэ. Костя Харлампьев. ****Суон дурдаХалыҥ хахха,Модьу баҕанаЭрэнэр эркинбуоларЭр дьон!Аҕа дойдуну,АлаһаларынСымара таас курдукСанныларынанАраҥаччылыыр,ТүөлбэлэринТүөстэринэн бүөлүүр,Көмүскэс санаалаахКүн дьонун күнэКүөйэ көппүтүнэнКүөрэйэ үүммүтүнэнАт тарпат алгыһынАнаатаҕым буоллун!Сур соноҕос тарпатСоргута буоллун!Өрөгөй өйгүтүнэнӨтөрү-батары көрөн,Инники иһэри иһиллээҥ,Кэлэр кэскили кэтэһиҥ!Булгуруйбат модунДьулуурунанУостубат уохтаахЭрчиминэнКэскилгит туһугарКимэн-киирсэн иһиҥ!Баҕа санааҕыт батас,Үтүө санааҕыт үҥүү буоллун! Умсулҕан Хотун Өйдөөх кэргэн Былыр билэр эмээхсинимБиирдэ миэхэҕэ эппиттээх,Кини бу курдук диэбиттээх,Кырдьыгы эппит чинчилээх: "Эр киһи диэн - мэһии туой буор,Баҕарбыккын сыбаан таһаар.Сатыаҥ - бэйэҥ абыраныаҥ,Сааһыҥ тухары дьоллонуоҥ. Сыыһыаҥ - сотору арахсыаҥ,Биитэр үйэҕэр сордонуоҥ,Майгытын быыра алдьатыаҥ,Мааны киһини марбалыаҥ. Өйдөөх дьахтар өрө барбат,Өчөһүннэрэн кыыһырпат,Сөптөөх кэмин көрөн этэр,Син-биир тылын ылыннарар. Киһи баарыгар киэбирбэт,Киһитин аатын киртиппэт,Сөбүлээбэтин иккиэйэххэ,Саҥарыа мээрилээбэккэ. Кичэм,бүччүм сүбэ биэриэ,Кэргэнигэр сэмээр тиэрдиэ,Хайҕанааччы эрэ буолуо,Хайҕааччынан ийэ туруо. Кырдьан иһэн эрбит өйдүөКэргэнин сатабылынанКини олорон кэлбитин,Көр, ол иһин дьолломмутун". Кырдьаҕас сүбэтэ Эдэр эрдэххэ алтыспыт,Кэккэ-сэргэ олорбутКырдьаҕым сүбэлээбитэКытаанахтык иҥпит төбөҕө. Тоойуом,эргин кыйахаама,Таах хааларга кыынньаама.Тапсыбат буоллаххына араҕыс,Таах быһыытын алдьатыма. Олоруом диир буолларгын,Олоххун оонньуу оҥостума:Бүгүн арахсан, сарсын иллэһэнБараама күҥҥүн-дьылгын. Кэргэҥҥинээн этиһэн-эллэһэн,Кэлэр уһукка арахсыаххыт,Сүбэнэн,эйэнэн быһаарсан,Сүүс сааска да тиийиэххит. Биирдэ бэриллэр олоххорБэйэҥ тускар эн олор:Киһи этэринэн сылдьыбакка,Ким эрэ туһугар буолбакка. Кырдьар сааһы сынньалаҥныкКөрсүөххүн санаатаргынКиһиэхэ сэлээннээбэккэКиһилии иит оҕолоргун. Алыс мээнэ тараҥнаппакка,Аһара бэйэмсэх оҥорбокко.Бэйэтин туһугар кыбыстыбаккаБыһаарсарга, үөрэт кыратыттан. Өйдөө,эйигинэ суох кинилэрСалгыы бэйэлэрэ хаалалларынОлох үтүөтүгэр, мөкүтүгэрОлоччу бэлэм буолуохтарын. Кыратыттан үлэлээбит оҕоКырдьык сыаналыыр харчыны,Кэмчилээн тутта үөрэнэн,Көрдөөбөт санаатах аайы. Бэйэҥ сүүрэн,бэлэмҥэ үөрэтэн,Букатын даҕаны иэдэтиэҥ,Оҕолоргун эрэйгэ тэбиэҥ,Олоччу сатаҕай олохтуоҥ. Кыра аайы кыыһыран,тымтан,Куттаан, үөхсэн иһимэ.Кыайан толоруо суоххун,Халтай мээнэ эрэннэримэ. Кырдьаҕаһым эппит тыллараКырдьыгын ситэн өйдөөтүм,Тустаах олохпор туттан,Туһалаах дии санаатым. Сиппэтим,сороҕор сатаммата,Сыыһарым да ханна барыай?Ол эрэн, ол эппит кырдьаҕаскаОлоҕум устата махтанабын. Сыралыма-Альбина, Кырыкый. Аҕам-сирдээҕи аанньалгын Аар тойон айбыт аҕабыт, Айымньыларгын куруук ааҕабыт, Кинигэлэргин аргыый аһабыт, Киҥинэйэн ыллаан барабыт. Уус-уран хомоҕой тылгынан Ураты буочаргын ыпсаран, Хоһуйан хааллардыҥ ылсыһан, Хоһоонун хонуутун тылыннаран. Арбыныҥ хайдахтаах кэрэтин, Айылҕаҥ нэлэмэн киэлитин Астына-дуоһуйа кэпсиирин, Айар кут алыбар тиһэрин. Тиһэрин кыыс кэрэ Нам сирин, Тиһэрин сүрэххэ кутуллар сипсиэрин, Биллиилээх, аатырбыт дьоннорун, Биһиккэ ыйаммыт дьоллорун. Эн олорбут олоҕуҥ – чаҕылхай, Кустук өҥүнүү арылхай, Куруутун холобур буолаҕын, Эҥсиэлиҥ киэн туттар уолаҕын.   Саргын кыыһа Күннэй  "Убайдарбар эһиэхэ" Убайдарым миэннэрэУран удьуор утум дьон,Уhаналлар кинилэрУhун куну эргиччи. Убайдарым миэннэрэ,Уйгу-быйан олохтоох,Устар ууну сомоҕолуур,Уран тыллаах уолаттар. Убайдарым миэннэрэУhулуччу чулуу дьон,Уурбуттара-туппуттараУратыта уустуга. Убайдарым миэннэрэЧулуу бастыҥ үлэhиттэр,Урааҥхайы ааттатарУлуу дьоннуун тэҥнээхтэр. Убайдарбар баҕарабын,Уhун дьоллоох олоҕу,Убаастанар чулуу дьоҥҥо,Урааҥхайдыы олоҕу!!! Хайа Тыала. Аҕа дойдуну көмүскээччилэр күннэринэн! Саллаат формалаах оҕолорСтройдаан хаамаллар.Саастаах эр дьон саныылларСулууспалыыр сылларын. Саха сириттэн ыраахСулууспалыыр уолунСанаан өрө тыынар.Саныыр ийэ барахсан. Сулууспалыы сылдьарСаха чулуу уоланаСылаас тыллаах суругуСыллаан ылар, ааҕар. Аҕа дойдуну көмүскүүрАармыйа күнүнэнЭр дьоммутун эҕэрдэлиэх,Эйэлээх олоҕу баҕарыах. Мария Винокурова Аҕабар Билэбин аҕаккам дьоннортонЭн ураты буолбатаххын,Ол эрэн биһиэхэ ордуккунЭн эрэ дьонтон күндүгүн. Билэбин олоҕум суолугарСалгыбат аргыһым буолуоҕуҥ,Хараҥа да киэһэ сирдээҥҥинЭн эрэ булаҥҥын сырдатыаҥ. Билэбин көстүбэт кырдьыккар,Саҥата суох таптал баарыгар,Олохпут түбүгэр өйдүүбүнБиһиэхэ анаабыт олоххун. Сюзанна Кондакова Биллибэт сэрии... Эдэр эмньик эрэттэрЭлбэх этэрээт эрээттэрЭйэни эрэйэр эрэллэрЭргийиэхпит диэн этэллэр... Хайа хаппыт ХанкалаХайаларын хаспаҕарХатан хаһыы хаарыйар...Хара хаан халыйар... Биллибэт сэрии иирээнэБилиэн иэдээн илдьитэ -Ийэ сүрэҕин иэдэттэ...Илбис итиинэн илгийдэ... Түүҥҥү түүлүм түөкүннүүТүһэрэр үөдэн түгэҕэр...Ааспыт санаа сааппаттыыАнтах хайыһан быраҕар... Барыыс Баһылайап, Бүлүү (Чечня, Ханкала 2000 сыл) ****Эр киһи – норуот кэскилэСамныбат саргыта.Хоһуун эр бэрдэОмук киэн туттуута. Киэҥ холку көҕүстээх,Эрэллээх эркиҥҥин.Дурда- хахха буолар,Ытык ыйаахтааххын. Эр хоһуун дэтэҥҥин,Дьоҥҥун харыстаа.Эстибэт эрчимнэнэн,Кыайыыны кынаттаа. Эр бэрдэ,тур, туруулас,Саалаахтан самныма.Хотойдуу хоһууннук,Мэһэйдэри эн тумун. Мария Андреева ****Таптал, эрэл туругуруу тыынаАлбын көлдьүн аргыстаах,Эдэр сааспыт кэмнэрэСарсыардааҥы туман, түүл кэриэтэ;Ол эрэн эрэл кыыма умайар;Баттал, күһэйии күүһүнБарытын тулуйар тыыммытДойду туһугар ыҥырыыны.Кэлтэйэ күннүктээнКүндү көҥүлбүтүн,Эдэр уолан туругунууКүүтэбит эрэнэ көрсүһүүнү.Уһуутуур көҥүлгэ эрдэхпитинэ,Сүрэхпит тэбэр эрдэҕинэ,Доҕоруом, ытык иэһи толоруохСырдыгы эрэ ыралыах!Итэҕэйиҥ: аламай күннүү,Дьолу түстүүр сулустуу,Модун күүс уһуктуоҕа.Кыргыс үйэтин туоһулуурХалыҥ дурда боотур,Кэлэн ааспыт хоһуунКэм кэрэһитэ буоланАлбан аата кэпсэниэҕэ Итэҕэл
kyym.ru сайтан