Кэпсээ
Войти
Регистрация
Биэчэр кэнниттэн санаа
Главная
/
Кэпсээн арааһа
/ Биэчэр кэнниттэн санаа
K
kyym.ru сайтан
Имэҥ
04.06.2020 17:03
(Эбэтэр “тапталбын бохоруоналаатым”) Эдэркээн дьон «биэчэр» диэтэххэ, ол туохпутуй диэн өйдөөбөтөхтүү көрбүттэрин да иһин, биһиги көлүөнэ дьон баҕас, биэчэрдэргэ үҥкүүнү-битиини оройуттан тутан баччаҕа кэллэхпит. Ол биэчэрдэргэ төһөлөөх киһи аналын, тапталын көрсөн уһун буруону унаардыбытын эбэтэр астынар кыргыттарбытын ыраахтан көрөн, төһөлөөх дуоһуйарбытын ааҕан сиппэккин. Аны, били, «тройка» диэн ааттыыр оонньууларыгар алҕас тапталлааҕыҥ таһыгар түбэһэн, тарбаҕынан даҕайсан, көтүөххэр кыната суох буолуу эмиэ баара эбээт! Чэ, бэйэ, халыйаары гынным. Быһата, соторутааҕыта дьолу тосхойор Дьокуускайга киирбиччэ, доҕотторум сүбэлэринэн, били, «Ностальжи» диэн дархаһытар киэһэлэригэр сырыттым. Кырдьыгы эттэххэ, дойдубар ол-бу биэчэрдэргэ, бырааһынньыктарга быкпатаҕым «үйэ буолла». Саас ортолоох киһи, ол бэҕэһээҥҥи бэтэнээскилэри кытта тугу дьиэрэйэ ойо сылдьыам этэй. Бардахха да, «убай, утуйа сыппакка тугу гына сылдьаҕын?» — диэн күлэллэрэ эрэбил. Оттон куорат сиргэ мин баарбын-суохпун өйдөөн көрөөччү суох ини. Хайа уонна бэйэм бараллаата, кэргэн кэтэһэр сулумах кыыс-дьахтар «Ностальжига» хара баһаам дииллэрин истэрим. «Дьол хараҕа суох», баҕар, аналбын да көрсүөм турдаҕа диэн бүөм санаалаах этим. Хайа мэлдьи соҕотох сылдьыллыай?! Кураанах орону сылытар, ас астыгын бэлэмниир, кылаабынайа, кырачаан оҕолору бэлэхтиир хотун ойохтонор дьол буолуо эбээт! Ону баара, итинник дьол киһи аайы бэриллибэт быһыылаах. Мин да инчэҕэй эттээх, тэбэр сүрэхтээх буолан, үллэр үйэбэр биирдэ баҕас таптыы сылдьыбытым. Арай таптатар диэни билбэтэҕим. Доҕорум сыыһын сиэрэ суох үрдэтэн, таҥара курдук көрөр буолан, ыксалаһарга, доҕордоһорго саантыы да санаабатах буруйдаахпын. Мин сылаас иэйиибин билбэт, аны кэлэн билиэ үһүө! Кини иккис кэргэнигэр олорорун истэр этим. Бастакытыгар табыллыбатаҕа. Киһитэ иһэр буолан, өр буолбакка арахсыбыттара. Ол түгэни, дьиҥинэн, туттумахтаһыахтаах эбитим буолуо да... Оннук хорсун санаа киирбэтэҕэ. Эдэрбэр тэптэрэн, оҕолоох, «бэлиэр олоҕу олорбут» дьахтары кытта ыксалаһарга тиэтэйбэтэҕим. Мин «өйдөнөрбүн», биллэн турар, кини күүтэ барбатаҕа: балтараа сыл буолбакка кэргэннэнэн, куоракка көспүтэ. Хайыам баарай, киниэхэ дьолу баҕара, бэйэм мөлтөхпүттэн кэлэнэ хааллаҕым дии. Дьылҕа хаан кинини кытта тиксиһиннэрэн ааһардаах буолар эбит. Маны көөчүктээһин диэххэ сөбө эбитэ дуу, «таҥара үөрэҕин» быһыытынан ылынар сөбө дуу, билбэтим. Кини аатын хайдах баарынан биэрбэппин, төһөтүн да иһин, курус олоҕум соҕотох умуллубат сулуһа, ыра санаам ымыыта буола сылдьыбыт кэмнээх этэ. Онон А.Т. диим – ааспыт тапталым. А.Т.-ны хайа да тыһыынча киһи быыһыттан булан ылыам этэ. Сирэйин көрбөккө да, сыччах быһыытын-таһаатын омоонуттан, сүрэҕим эмискэ тиҥиргэччи тэбэн барарыттан. Бу да сырыыга кыймаҥнас киһи быыһыттан, аттынааҕы куруукка үҥкүүлүү турдаҕына эндэппэккэ биллим. Биллэн турар, уруккулуу эдэр, дьулугур быһыы-таһаа таһыччы сүппүт. Ол эрээри бэйэтин ис кэрэтэ син биир баар. Баттаҕын лаппыйан баран, биллэ сырдаппыт. Бэйэтин бараллаата икки дьүөгэтин кытта сылдьар. Бастаан утаа хорсуммун киллэрэн, саатар кэпсэтэн, биир дойдулаах этибит буоллаҕа, ааһар санаа кылам гыммыта. Ону баара, сыныйан көрбүтүм, А.Т. орто холуочук эбит.
Эһиллэ-эһиллэ үҥкүү бөҕө. Аттыбынан ааспыттарыгар пиибэ, буокка холбоспут дьаардаах сыта муннубар саба биэрдэ. Ол кэнниттэн кэпсэтэр-сэлэһэр санаа хайдах эрэ симэлийэн хаалла. Хомойуох иһин, миигин тэйитэр түгэн ити эрэ буолбата. Букатын эдэркээн уолаттар сыстаҥныылларыгар эппиэттэһэн, А.Т. самыытынан, хараҕынан оонньоһон сүрдээх. Баҕарбыт сирдэриттэн кууспалаан, туппахтаан, өрүөллэриҥ «дьыалалара» ырааппыт чинчилээх. Сотору-сотору барга баран ол «эдэр доҕотторунуун» «эбинэн» кэлэллэр эбит. Итиччэ эдэркээн уолаттар саастаах кырасаабыссалардыын сылдьар, оонньоһор сүрүн төрүөттэрэ ол быһыылаах. Итинник соһуччу «арыйыыбыттан» кини буолбакка, төттөрүтүн, бэйэм кыбыста быһыытыйдым. Бэл, хайдах эрэ буруйдаах курдук сананан аһардым... Уолаттарбын кытта атын кэрэ аҥаардары кытта билсиһэн үҥкүүлүүрүм, кэпсэтэрим быыһыгар, баҕарбатарбын да, хараҕым киниттэн арахпат. Бу «кэбилэнэ» сылдьарын тойон эрэ туох да диэбэтэ буолуо дуо? Билбэтэ оччо эбитэ дуу? Эмиэ арахсыбыттара буолуо дуу? Чэ, ол миэхэ туох буолуой: эдэр, оҕо сааһым ыраас иэйиитигэр кирдээх уунан саба ыстаран баран, сэҥээрэн да диэн. Кинини күн баччатыгар диэри үҥэр таҥара оҥостубут санаабын киэр илгэр ыарыылаах да буолар эбит! Бу хобдох чахчыны билиэм кэриэтин хараҕым бүөлэммитэ, тылым тардыбыта да буоллар ордук этэ. Баары – мэлдьэспэккин. Испит арыгытын дьайыытыттан буоллаҕа, хаста да бүдүрүйэн, суулла сыспытын аттынааҕы, бэйэтиттэн эрэ арыый сэнэх туруктаах уолан тутан-өйөөн ылан эрэрэ. Ол аайы уоһун ханньатан, уолугар мичээрдээн муҥнанаахтыыр. Биирэ төһө да суулларбат аатыгар сырыттар, аргыһын харыстыыр, таптыыр сибикитэ биллибэт. Халыан туттуу-хаптыы, эһэ тардан ылыы... Түмүгэр бары суулуу көһөн, таһыгар тахсан эрэллэрэ. Салгыы туох буоларын сэрэйиэххэ эрэ сөп. Мин туох баар бэһиэлэйдэнэр санаам сүтэн, аттыбар сылдьар дьону одуулаһан бардым. Биһиги куруукка үҥкүүлэһэ сылдьааччы кыргыттарбыт да, «саастаах хааһахтары» хайытар сыаллаахтара өтө көстөр. Уолаттарым ол аайы кыһаллан бэрт, харчы баһаам дьоно. Саалаҕа сылдьааччылар улахан аҥаардара бары да сөп буолан баран сылдьар курдуктар. Бу үлүгэр муусука тыаһыы турарын үрдүнэн ханна эрэ чугас ким эрэ боруоктаһар саҥата иһиллимэхтиир, анньыһыы-үтүрүһүү үтүмэнэ да буолан ааһар. Киирэр аан чугаһыгар «сүгэ да ыйанар кыахтаах» хойуу буруота турар. Бусхаҥнатыы мааныта: эдэр да баар, эмэн да баар. Ол туран өссө эрийсии, билсиһии бөҕө. Табах хайытан ылааччы кэрэ аҥаар элбэх. Бу аата, култуурунай сынньалаҥ биир көстүүтэ буолаахтаатаҕа дуу? Маннык үлүгэргэ ким эрэ дьиҥ тапталын, аналын буларыгар саарбахтаан бардым. Урукку, биһиги да саҕанааҕы, биэчэрдэргэ маннык баарын өйдөөбөппүн. Долоҕойбутугар тохтоппот эбиппит буоллаҕа дуу? Оччолорго да кыраадыстаах утах, табах эгэлгэтэ баара. Чэ, суох, ол эрээри оччолорго кыыс-дьахтар маннык кэбилэнэ сылдьара диэн суоҕа. Ити өйдөрүн тутар кэмнэрэ кэлбит эдьиийдэр итинник сылдьар буоллахтарына, эдэрдэртэн тугу ирдиэҥий? Оҕолорун итинник хотуктар туохха үөрэтиэхтэрэй-такайыахтарай? Сулумах да сылдьыбыт көнө буолсу. Кини кэргэнэ буолбатахпыттан аан бастаан дьоллоохтук сананным. Ити курдук, биирдэ биэчэргэ сылдьаары, баар-суох тапталбын «бохоруоналаан», улаханнык хомойон-хоргутан кэллим. Ол
санаабын чугас доҕотторбор да кэпсээбэтим. Санаам батарбакка, бу таптыыр хаһыатым «Имэҥ» балаһатыгар суруйабын. Дьахталлар, кыргыттар, толкуйдааҥ. Эһиги итинник сырыттаххытына, дьоллоох олох турара саарбах. Л. М.
kyym.ru сайтан
➤
➤
kyym.ru сайтан