Кэпсээ
Войти
Регистрация
Ахтыах хаарыан кэмнэри
Главная
/
Кэпсээн арааһа
/ Ахтыах хаарыан кэмнэри
K
kyym.ru сайтан
Имэҥ
24.05.2020 01:24
Киһиэхэ кыра да наада: сылаас сыһыан, истиҥ көрүү, мичээр. Кыра дуо? Биитэр суолтата суоҕу туойабын дуу? Тыккырас сыккыстан бастаан – үрэх, онтон – өрүс, салгыы далай үөскүүр. Ол аата туох барыта кыраттан саҕаланар. Олус судургу дуу? Ити гынан баран биһиги, төһө да сааһырдарбыт, маны өйдөөбөппүт быһыылаах: күннээҕи уу нуурал олохтон туох эмэ күттүөннээҕи, долгутуулааҕы, быһата, дьол-соргу мичик гыммытын билбэккэ хаалабыт. Онтон хаһа-аан эрэ, бүтүн үйэ кэриҥэ буолан баран, дьэ тэһэ астаран, өйдөөн ылабыт уонна «хаарыан да кэми мүччү тутаахтаабыт эбиппин» диэн курутуйа саныыбыт. * * * Бэрт өрдөөҕүтэ, отуппун да туола иликпинэ, таптыыр кэргэнтэн арахсыы аргыара биллэн барбыта. Аһыыр ас, утуйар уу умнуллубута. Туох барыта өлбөөрөн, лүҥкүрэн көстөргө дылыта. Бэл, бэйэбин туораттан дьик гына түһүөхпэр диэри атыҥырыы көрүтэлиир курдугум. Көр, бу акаарыҥ баара, «Чээнэм эрэйдээххэ туох эрэ куһаҕаны оҥороммун биитэр хайа эрэ хара санаалаах хобу-сиби тарҕатан, сыһыаммытын бу айылаах тымныттаҕа» дии санаан, туой бэйэбин буруйдаан тахсар үгэстэммитим уонна сыта-тура толкуйдаан туох аньыыны-хараны оҥорбуппун ончу булбакка эрэйдэнэрим. Хомойуох иһин, Дьокуускай курдук улахан куоракка миигинэн эр киһи бүппэтэҕин, эбэн эттэххэ, миигиннээҕэр буолуох эр бэртэрэ баалларын бу сордоох хоҥоруубар да хоннорбот эбиппин. Холбоспуппут да сылтан эрэ орпута, оҕобут эҥин суоҕа. Дьиҥэр, маҥнай билсиһиибит Сэргэлээххэ – устудьуон аймах түөлбэтигэр – этэ. Чээнэ – эмчит үөрэҕэр, мин учуутал киэнигэр туттарса сатаан баран, куонкуруска кыайан хапсыбакка, сир-халлаан икки ардыгар туран хаалбыт этибит. Докумуоммутун ылан, уопсайбытыгар биэрбит утуйар таҥастарын кэмэндээҥҥэ туттара сылдьан көрсүбүппүт. Онтубут даҕаны уочарат былдьаһыытыгар (маннык дьылҕаланыах быабытыгар буолуо) этиһии былаастаах саҕаламмыта. Хайыахпыный, үөрэххэ кыайан киирбэтэх киһи, симмэр түһэн, бэйэм курдук сатамматах биир дойдулаахтарбын кытары пааркаҕа тыыммын таһаара, үҥкүүлүү барбытым. Онтум баара, оруобуна, били, уочарат былдьаһан этиспит кыыһым (кэлин билбитим – Чээнэм) сылдьар эбит. Дьүөгэлэрэ эмиэ табаарыстарым кэбин кэтэн, бары даҕаны биир дьылҕалаах дьон буола түспүппүт. Үрдүк үөрэх кыһатыгар сорохпут баала аҕыйах буолан, сорохпут отой даҕаны бырабааллаан киирбэтэхпитин хантан билиниэхпитий – «биһиги эрэйдээхтэри балыйдылар, баттаатылар-атаҕастаатылар» диэн халлааны хастааһын бөҕөтө. Инньэ гынан мучумааннанан, пааркаҕа, хата, охсуспакка, кими да кытта айдаарсыбакка бары паарабытын булсубут дьон курдук, ким ханна баһа батарынан тарҕаспыппыт. Чээнэ таайа олорор кыбартыыратыгар, медучилище таһыгар, илпитэ. Мин кыыһы кытта биир хоско хоно илик, өссө хаһан да көрбөтөх киһибэр (таайыгар) тиийэн туох диэхпин билбэт буолан, дьулайа санаабытым. Ол эрээри кыыһым, ис дьиҥэр, олус сайаҕаһа, аламаҕайа уонна тугунан эрэ киһини олус тардара били куттаммыт санаабын начаас ыккардыгар сайҕаан кэбиспитэ. Эбии түһэн эттэххэ, өссө хаһааҥҥыттан эрэ билсэр, уу тэстибэт доҕордуу курдук сыһыан үөскээбитэ. Баҕар, ол – эдэр сүрэх омуннаах тэбиитэ биитэр букатын даҕаны чэпчэки, сэлээр санаа эбитэ буолуо.
Кэлбиппит – таайа суоҕа. Чээнэ күлүүс тыла ханна кистэнэрин бэркэ билэр быһыылааҕа: хантан эрэ сонно булан таһаарбыта. Киирбиппит – кыбартыыра буолуо дуо – аҕыйах кыбадырааттаах хос сыыһа эбит. Дьыбаан, дьоҕус остуол, халадьыынньык, өҥнөөх тэлэбиисэр, икки олоппос – бүттэ. Суолтатыгар аһаабыта буоллубут. Кырдьыга баара, иккиэн да өйбүт букатын атыҥҥа быһыылааҕа. Чээнэм хоту дойду кыыһа этэ, онон истэр былаһын тухары «хотулар наһаа сытыылар, эрийсииктэр» диэн үһүйээн миигин олус күөртээбитэ. Эбиитин хараҥаҕа уоттаах түүҥҥү Дьокуускай түннүгүнэн дьиримниир сырдыгар олорон, маҥнай куустуһан, онтон улам убураһан барбыппыт. Мин эрэйдээх киинэҕэ эрэ көрбүппүн үтүктэн бодуланар эбит буоллахпына, кыыһым уураһары бэркэ сатыыра: сып-сытыы тылын уоспун силэйэн киллэрэн таҥалайбын кычыгылаппахтыыра; сороҕор уоһум иһигэр үөһэнэн-алларанан халтырытан араастаан сүүрэкэлэтэрэ, сиигирбит уоһунан икки уоспун куустара ылларан тыастаахтык чубурҕатара, ол аайы өйүм сүтэ сыһыар диэри туймаарталаан ыларым, эт-этим бүүс-бүтүннүү күүрэн кэлэрэ. – Чэ, Сиимэн, кыыһы сатаан сыгынньахтыыгын дуо? – чуумпу хос иһигэр Чээнэ сибигинэйбитэ уонна өс киирбэх хайыы-үйэ бэлэм дьыбаан таһыгар турунан кэбиспитэ. Мин хаһан кыыһы сыгынньахтаабытым баарай, долгуйан, сирэйим итийбэхтээбитэ, сүрэҕим битиргиирин быыһыгар тас таҥаһын син устан олоппоско уурталаабытым. Аны ис таҥаһыгар, ордук хоппуруон чулкутун пуойаһыттан төлөрүтэргэ, үрүҥ-хара көлөһүнүм сарт түспүтэ, хата, бэйэтэ көмөлөһөн, улахан аҕылааһын кэнниттэн сатаммыта. Оттон туналыйан көстөр чараас туруусугар илиим кыайан барбатаҕа, хайдах эрэ кыаһыыланан хаалбыт курдугум. Дьыбааҥҥа сытан, көрбөтүн диэн суорҕанынан саптан баран, улам аллара түһэн, били, имэҥ-дьалыҥ сибэккитин хаххалаабыт таҥаһын сэрэниин-сэрэнэн устарбар сирэйбэр сымнаҕас бэйэлээх кыабака таарыллыбыта уонна урут хаһан да билбэтэх дьикти сытым ил гынан ааспыта. Чээнэ баттахпыттан имэрийэрэ, онтун быыһыгар төбөбүн били сиригэр ыга тардара, оччоҕо өйбүн сүтэрэ сыһыахпар диэри чабырҕайым кэйиэлиирэ; тыҥаан-күүрэн эппэҥнэс буолан хааларым. – Сиимэним сыысчаанын ньии, – дии-дии, сылаас сымнаҕас илиитинэн кууспахалаан, нарын тарбахтарынан талбыт сиринэн таарыйталаан, эбиитин обугуйкаан уоһунан суптурута түһүөлээн, Чээнэ дьыбааҥҥа «хаһаайыннаабытынан» барбыта. Кыыс-дьахтар диэҥҥэ төрүт сыста иликпин билбитин үөрүүтүгэр, сүбэньиир лаампа симик сырдыгар өттүгэстии сытан имэрийтэлээбитэ, ийэ оҕотун таптыырын курдук, тыастаах баҕайытык сыллаан сырдырҕаппыта. «Үчүгэйи, минньигэһи кэмчилиир баҕайыта» диэбиттии, субу сиэх-аһыах курдук туттан-хаптан иһэн, уоскуйан, налыйан хаалара уонна эмиэ сэтэрэн кэлэн, араастаан имиллэҥнээн барара, сыллыыра-ууруура, тылынан даҕайталыыра. Кэмниэ кэнэҕэс бүүс-бүтүннүү тыҥаан, күүрэн, бэл, барым-барыта быһыта барыах курдук буолан барбытыгар «хаһаайкам» «аһыммыта», сылаас киэлитигэр киллэрэн мөҕүһүннэрбэхтээт, уу нуурал гына уоскуппута... Ити курдук хаста да гыммыта, онтун быыһыгар куттаныахпар дылы ис-иһиттэн дириҥник ынчыктаталаан баран, налыйан, иһийэн хаалара. Оччоҕо мин, эр киһим хаана тардан, кууһан ыларым уонна бүтүннүү сымнаабыт, уоскуйбут бэйэтин «собуоттаан», син үөрэнэ быһыытыйбычча, талбыппынан таптыырым. Оннук омуннаах тапталым кэнниттэн Чээнэм хараҕын симэн сытан «ии, Сиимэним сыысчаана, эн миэнэҕи-иин, эйигин бастаан мин ыллы-ыым» диирэ өйбөр хатаммыт... *
* * Дьахтар кубулҕатын-дьибилгэтин ким билиэ баарай?! Холбоспут кэммититтэн хас эмэ ый ааспыта да, уруу-удьуор тэнийэрэ, тымыр-сыдьаан тарҕанар чинчитэ төрүт биллибэтэҕэ. Дьиҥэр, ол – үчүгэйгэ эбит. Оҕо үөскээн, бороохтуйан, төрөппүттэрин туоһулаһан бардаҕына, туох аанньа буолуо этэй?! Кэлиин-кэлин биирдэ билбитим – били, Чээнэм быыкаа хостоох «таайа» букатын даҕаны ааттаах атыыр көссүүтэ буоларын. Аҕатын тэҥэ саастаах аҥаардас эрэйдээҕи төһө өр саатаппытын ким билиэ баарай. Оччотугар мин эрэйдээх уопуттаах дьахтар уочараттаах «куукулата» буолан тахсыбыт эбиппин. Ол үрдүнэн Чээнэбин син биир таптыырым. Дьиҥэр, ити күүркэтэн этилиннэ: бииргэ олорон аһыырбыт тохтообута, оттон түүнүгэр кини – ороҥҥо, мин бохуот ороҥҥо сытар буолбуппут. Тугун баҕайыта эбитэ буолла, миигин утары көрөн туран аа-дьуо ньылбы сыгынньахтанара уонна аҥаардас түүҥҥү соруочукатынан туналыҥнаат, уотун саба тутан баран, суорҕаныгар дьылыс гынан хаалара. Оттон мин иллэһэр, туох эмэ аньыыны-хараны оҥорбуттаах буоллахпына, бырастыы гыннарар соруктаах оронугар тиийдэхпинэ, үүрэн ыытара, онтун быыһыгар аламаҕай баҕайытык кэпсэтэн ылара. Саахсабыт суоҕун да иһин, суутунан арахсыбыт курдук ыар сүгэһэрдэнэн, түргэнник Дьокуускай куораттан тус хоту тэскилээбитим. Улуус кииниттэн тэйиэс нэһилиэккэ тиийэн учууталлаан, муунтуйбут санаабын сайҕаабытым, эмиэ бэйэм бэйэбинэн буола түспүтүм. Дьиэбэр-уоппар табыллыбытым диэххэ сөп: бэйэбиттэн 5-6 сыл аҕа, бэһис кылааска үөрэнэр кыыстаах огдообо дьахтарга олохтообуттара. Ефросинья Васильевна, нэһилиэккэ биллэр-көстөр уопсастыбанньык, хонтуора тутаах үлэһитэ, миэхэ үтүө сүбэһит буолбута. Мас хайытыыта, кыстааһына, муус киллэриитэ, хаар күрдьүүтэ мин эбээһинэспэр киирбитэ. Өрөбүлгэ ойбоҥҥо ынах уулата илдьэрим, кыбыыга от тардарым. Тиэргэҥҥэ үлэлии сылдьарбын көрө-көрө, үөс уулуссанан маҕаһыыннаан иһэр эмээхситтэр өттүккэ имнэнсэ-имнэнсэ, туох эрэ диэн хобугунаһаллара. Оскуолаҕа сулумах учуутал кыргыттар бастаан утаа сэргиэх курдук гынан иһэн тоҕо эрэ уостубуттара, миэхэ интэриэстэрэ сүппүтэ. Биирдэ кырдьаҕас учуутал Борокуоппай Сахаарабыс «ноко, саҥа учуутал ити Оппуруоһаны кытта холбоһон олорор дииллэрэ кырдьык дуо?» диэн ыйыппытыгар соһуйан өлө сыспытым. Кыра нэһилиэккэ ити сурах туолбут быһыылааҕа. Бэл, үөрэнээччилэрим – үрдүкү кылаас оҕолоро – дьиктитик көрүтэлиир, өссө итиниэхэ сыһыаннаан тыл кыбытар буолбуттара. Кырдьык, хаһаайкам Ефросинья Васильевна маҥнай көрүөхпүттэн биллэ сэргэхсийбит, тупсубут көрүҥнээҕэ. Хотонун таҥаһын кэттэҕинэ, миэхэ көстүбэт буола сатыыра. Иккиэйэх хааллахпытына, дубук-дабык туттарбыт элбээн барбыта, быһата, туох эрэ таайтарыылаах истиҥ сыһыан үөскээбитэ. Ону хайабыт да сэрэйэрэ. Ол эрээри туохха барытыгар түбэлтэ орооһор, барытын кини быһаарар. Биирдэ буоста үлэһитэ Даарыйа суоһар ис хоһоонноох тэлэгирээмэ аҕалбыта: ийэм өлбүт. Оскуолаҕа үөрэнэр икки балтым бэйэлэринэн туран хааллахтара. Айанныыр буолбутум. Сарсын бөртөлүөт кэлиэхтээх. Киэһэ малбын-салбын оҥостон, хоспор утуйаары сыттахпына Ефросинья Васильевна киирэн кэлбитэ уонна аттыбар саҥата суох олорон уоскутар киэбинэн илиибин ыгыта туппахтаабыта. Санньыар санаа киниэхэ эмиэ киирбит этэ: арбы-сарбы буолбут көрүҥнээҕэ, дьүһүннүүн уларыйбыт этэ. Бэһис кылааска үөрэнэр Галята улуус киинигэр олимпиадаҕа киирбит буолан, дьиэҕэ бэйэбит эрэ баарбыт... Ол
түүн бэйэбиттэн лаппа саастаах дьахтары кытары таптаспыппын хаһан да умнубаппын. Ким билиэй, баҕар, ол нэһилиэктэн барбатаҕым буоллар, олоҕум хайдах салаллыан. Арай биири саныыбын: иккиэн толору дьоллоох буолуо этибит. БУТУКАЙ.
kyym.ru сайтан
➤
➤
kyym.ru сайтан