Кэпсээ
Войти Регистрация

Оҕолоруҥ туhугар...

Главная / Кэпсээн арааһа / Оҕолоруҥ туhугар...

K
kyym.ru сайтан Дьылҕа
29.06.2023 15:56
   Гена дьиэ үрдүн өр одуулаан олордо. Дьиҥэ онно киһи көрүөҕэ туох да суох эрээри, биир туочуканы булан өр да өр көрдө. Дьиҥинэн, туочуканы көрүө дуо, хараҕар олорбут олоҕо бүүс-бүтүннүү элэҥнээтэ.        — Аҕаа, көр эрэ Марикканы, көр эрэ сирэйин... үүт-үкчү сибиинньэ оҕотун курдук, — дии-дии сирэйэ бадарааҥҥа булкуллубут, соторутааҕыта кэппит былаачыйата киртийиэр, баттаҕа арбайыар диэри оонньообут кыракый балтын соһон киллэрдэ.    — Пахыый, сирэйиэн... Оо, таҥас таҥнан... Чахчы, сибиинньэ оҕото быһыылаах, — дии-дии аҕата сирэйэ киртийбит  Марикканы иэдэһиттэн сыллаата.    — Суох... мин сибиинньэ оҕото буолбатахпын-ын... Паапыкка, оччоҕо маамабыт сибиинньэ этэ дуо? – дии-дии өһүргэнэн ытаары мэрбэҥнии сылдьар кыыһын сирэйин сууйа туран дьиэлээх киһи “оҕом эрэйдээх ийэлээҕиҥ буоллар ама маннык дьүһүлэнэ сылдьыаҥ этэ дуо” дии санаата.     * * *    — Гена, мин эйиэхэ тугу эрэ этэрдээхпин...    — Тугу этээри гынаҕыный, чыычаах?    — Сэгэриэм, кыайан харыстамматахпын дии, эмиэ хат буолбуппун. Хайыыбыный? Түһэттэрэбин дуо? Эн туох дии саныыгыный?    — Хайыах баҕайыбытый..? Үс кыыстаахпыт дии, баҕар... — чочумча олоро түһэн баран: — Ээ, чэ, Аанчык, түһэттэрэн кэбис. Хантан түөрт оҕону...    — Хайдах итинник саҥараҕыный..? Баҕар уол буолан хаалыа эбээт.    — Чэ-чэ, буоллун даҕаны, баҕар, чахчы...    Балыыһаҕа баран көрдөрбүтүн «уол быһыылаах, үчүгэйдик көстүбэт» диэтилэр. Ол да буоллар ыаллар сотору уолланар инибит диэн бүк итэҕэйдилэр. Гена хас да сылы быһа туруорсубут уһаайбатын докумуонугар сүүрдэ-көттө. Хата, сатаныах курдук. Бүгүн эбиэт кэннэ биллиэ диэтилэр. Онтуттан үөрэн-көтөн хайдах да буолуон билбэтэ. Төрдүс оҕолоннохторуна  хайдах бачча кыараҕас дьиэҕэ олоруохтарай? Тулуйбакка кэпсээн кэбиһиэм диэн көҥөнөн дьиэтигэр эбиэттии барбата. Биэрэллэр дуу, суох дуу... Эбиэт кэннэ кэлэн ыйыталаспытын, бу докумуоннары толор, биэрэр буоллубут диэбиттэригэр үөрүүтүттэн хаһыытыы түстэ. Оо, дьэ, хайдах курдук улахан да улахан дьиэ тутан таһааралларын хараҕар көрөн өссө үөрдэ. Дьиэтигэр букатын көтөн тиийдэ.    — Сэгэриэм, Аанчык, мин эйиэхэ улахан кэһиилээх кэллим. Таай эрэ... — дии-дии сүүрэн киирэн кууспахалаата.    — Оо, дьэ, бу да киһи, кыра оҕо курдук буолан... этэр буоллаххына, киһини сордообоккоҕун сүгүн эт.    — Уһаайбабытын биэриэх буоллулар, — дии-дии эр киһи дьахтары кууһаат сыллаан ылла. – Аанчык, оҕобут төрүүрүгэр саҥа дьиэҕэ киирэрбит олус да бэрт буолуо эбит...      — Уой, доҕоор, үчүгэй да сонуну иһитиннэрдиҥ дии, — Аанчык үөрүүтүттэн өрө ойон ылла. – Биэрдэллэр эрэ тугу уһата-кэҥэтэ сылдьыахпытый...  Туппутунан барыаҥ буоллаҕа.    Оннук да буолар кыахтаах. Кэтэспиттэрэ өрө бэрдэ. Гена дьиэтин маһын, матырыйаалын бэлэмнээбитэ ыраатта. Бииргэ үөрэммит уолаттара көмөлөһүөх буолбуттара. Кыһалыннахха, оҕо төрүүрүгэр киириэхтэрин сөп бөҕө буоллаҕа.   * * *    Гена дьиэтин бүтэрээри тиэтэл бөҕө. Ис-тас үлэтэ эрэ хаалла. Аанчык иһин көтөҕөн уһаайбатыгар кэллэ. Киһитэ соҕотоҕун хаптаhыны устуруустуу сылдьар.    — Оо, хайа хаһаайкабыт кэллиҥ дуу? Хайа, көрдөрдүҥ дуо? Туох диэтилэр?    — Ээ, үчүгэйбин быһыылаах. Туох да диэбэтилэр. Хайа, эн тоҕо соҕотоххунуй? Уолаттарыҥ?    — Дьиэлээх дьону ыыталаатаҕым дии. Устуруустууру баҕас бэйэм да устуруустуур инибин. Испитигэр ким баар үһүнүй? – дии-дии станогун арааран, Аанчыгар чугаһаан иһин имэрийдэ.    — Ким буолуой? Таай эрэ... — диэн дьээбэлэниэх санаата киирдэ.    — Уол диэн былааннаабыппыт дии... Миэхэ көмөлөһүө. Хайатын дьону көрдөһө сылдьыахпытый. Уолбут төрүүрүгэр хайдах эрэ бары барыта сатанан иһэр курдук...  Инньэ дии санаабаккын дуо? Туохха буолуой...    — Аҕатын курдук дьоһуннаах, сүрэхтээх, өйдөөх киһи буолан тахсыа буоллаҕа... — дии-дии Аанчык иһин имэриннэ. Сиэттиспитинэн саҥа дьиэлэрин иһигэр киирэн биир-биир хосторун кэрийэн көрдүлэр.    — Саҥа мас барахсан сыта үчүгэйин... Бу улахан хос, арааһа, биһиги хоспут буолара буолуо, оттон бу икки хос кыргыттар хосторо. Кэлин уолбут хоһо буолуо. Аһыыр хоспут, эчи, улаханын. Элбэх оҕолоох ыал буоларбыт быһыытынан улахан да улахан төгүрүк остуолланыахпыт. Мин оруобуна бу курдук киэҥ-куоҥ, сырдык дьиэни баҕарарым... — диэн кэпсэтэ-кэпсэтэ дьиэлээтилэр.   * * *    Киэһэ кыргыттарын сытыартаан баран, Аанчык эрэ кэлэригэр  аһылыгын хос сылытта. «Бу туох айылаах хойутаата, хаһан да маннык хойутааччыта суох этэ ээ” дии-дии остуолун тарда сырыттаҕына киһитэ киирэн кэллэ.    — Ыччуу-уу, тыала сүрдэммит... — диэбитинэн таҥаһын-сабын устан аһыыр хоско киирдэ. Чүмэчилээх бырааһынньык остуола бэлэмнэммитин көрөн соһуйда. Онтон дьэ өйдөөн мөҕүллүбүт оҕо курдук умса тутунна. – Бырастыы гын, чыычаах, төрөөбүт күнүҥ буоларын умнан кэбиспиппин.    — Чэ-чэ буоллун. Тоҕо бачча хойутаатыҥ?    — Бүтэрэ сатаан, сэгээр. Уолбут тахсара чугаһаата буолбаат... Балыыһаттан саҥа дьиэҕитигэр тахсыаххыт дии. Хайаан даҕаны  оннук буолуохтаах. Эрэннэрэбин.    — Маҕаһыыҥҥа миэбэл киирбит үһү. Ылан кэбиһиэххэ баара.    — Ылыахпыт, барыта баар буолуо.    — Мин бүгүн хайдах эрэ төбөм ыалдьар курдук. Балыыһаҕа баран көрдөрдүм. Хааныҥ баттааһына үрдээбит диэтилэр. Дьоммор  сылдьан кэллим. Ийэм балыыһаҕа киирэн сыт диир.    — Оччоҕуна хаһан киирэҕиний?    — Арааһа, сарсын киирэрим дуу. Кыра кыыһы эбэтин аахха илдьиэххэ баара. Эн кыайан көрүөҥ суоҕа. Улахаттар манна хаалыахтара. Таҥастарын бэлэмнии сатаатым. Таня аһы астыа. Муочукканы көмөлөһүннэрээр. Кыргыттарбар эрэнэбин. Кылаабынайа уруоктарын ааҕыытын хонтуруоллуохха наада этэ. — диэт хайдах эрэ куһаҕан баҕайытык өрө тыынна. — Тоҕо эрэ наһаа куттанабын. Тоҕотун бэйэм да билбэппин...    — Куттаныма, сыллыай, мин баарбын. Биһиэхэ эрэн, үчүгэйдик олоруохпут. Эн оҕолоноргун эрэ бил. Сарсыҥҥыттан дьиэ кырааскаланар. Ол бүттэр эрэ көһөбүт. Эһиги балыыһаттан тута онно тахсыаххыт дии, — кууһан ылан төбөтүттэн сыллаата. Чочумча сарын санныларыттан өйөнсөн олоро түстүлэр...    — Аанчык, маннык чүмэчилээх иккиэйэҕин олорботохпут олус да ырааппыт. Бириэмэ түргэнник да ааһар. Соторутааҕыта холбоһон эрэр курдук этибит. Билигин хайыы-үйэ төрдүспүтүн оҕолонон эрэбит. Сэгэртэйим сыыһа, бырааһынньыккын умнан кэбиспиппин бырастыы гын. Өссө төгүл төрөөбүт күҥҥүнэн итиитик-истиҥник эҕэрдэлиибин уонна сабыс-саҥа дьиэбитин бэлэх уунабын, — диэн дьиэлээхтэр аргыый аҕай кэпсэтэ, эйэргэһэ олордулар. * * *    Аанчык балыыһаҕа киирбитэ иккис нэдиэлэтигэр барда.    Гена биир киэһэ көрсө кэлбитин киллэрбэтилэр, “төрөөн эрэр” диэтилэр. Ыал аҕата сонно балыыһа киирэр ааныгар тура, олоро сатаата. Тэһийбэтэ. Тоҕо эрэ наһаа өр буолла. Тулуйбакка  төттөрү-таары хаамыталаан барда. Таһырдьа тахсан балыыһа түннүктэрин көрүтэлии сатаата да... үрдүгэ бэрт. Түннүк сабыытын быыһынан көрө сатаата, туох да көстүбэт. Арай, бүтэҥитик ньуу-ньаа саҥа иһиллэр. Болҕойон иһиттэххэ, син иһиллииһи. Ким эрэ саҥата: «Хаанын баттааһына үрдүк баҕайы дии... тохтотон баран эпэрээссийэлээбэппит дуо? Кыайан быыһыахпыт суоҕа...» — диэн ыйыппытыгар, арааһа быраас дьахтар быһыылаах: «Суох. Хайдах быыһыахпыт суоҕай.  Хаста да төрөөбүт дьахтар бэйэтэ төрүөҕэ”— диир саҥата иһиллэр, ол быыһыгар “түлүн, түлүн!», — диэн хаһыытаһаллар. Гена итини истэн баран бэйэтин арыычча туттунан турда. “Нэһиилэ сытар киһиэхэ итинник сарылыыллар эбит буоллаҕа” диэн улаханнык кыһыйа-абара санаата. Тоҕо бачча ыксаабытын, ыгылыйбытын бэйэтэ да билбэт. Син үс кыыһы төрөппүтэ ээ. Этэҥҥэ оҕолонон тахсыбыта. Бүгүн туох айылаах буоллаҕай.    Төттөрү балыыһатын иһигэр киирдэ. Эмискэ ыксаабыт сирэйдээх-харахтаах сиэстэрэ сүүрэн тахсан:    — Ханна баарый, кэргэнэ? Хаан... хаан наада. Бэрт түргэнник төрдүс группалаах хаанна була оҕус. Аймахтаргытыгар, билэр дьоҥҥутугар биллэрэ охсуҥ.    — Аанчык... Аанчык... Аанчыгым туох буолла? Эт диибин дии, туох буолла? – Гена уолуйан, ыгылыйан сиэстэрэни кум-хам харбаата. Ыксаабыт сиэстэрэ:    — Баһаалыста, бэйэҕин кыана тутун. Туох баҕарар буолан хаалыан сөп. Биһиги араадьыйаҕа биллэрдибит. Эн аймахтаргыттан көрдөс.    — Тоҕо..? Туохтан..? Эт, эн миэхэ!!!    — Хаана тоҕо барда... Өрүһүйүөххэ наада... Төлөпүөннэрин биэртэлээ...    Инньэ диэтин кытары Гена таһырдьа сүүрэн таҕыста.  Туох буолбутун уулуссаҕа сүүрэн иһэн биирдэ өйдөөтө. Ыксаан, уолуйан хараҕа хараҥарбыт киһи дьонугар сүүрэн киирэн, биир кэм: «Хаан... хаан наада...» — дии-дии өрүтэ уһуутаамахтаата. Дьоно билэр-билбэт дьонноругар барыларыгар субуоннаан көрдүлэр. Саатар, төрдүс группалаах хаан. Мээнэ көстүбэт. Сөбүлэспит дьон бары балыыһаҕа тэбиннилэр.    Гена эмиэ түргэн үлүгэрдик төттөрү балыыһатыгар ойдо. Сүүрэн киирэн мин хааммын ылыҥ дии сатаабытын, атын группа диэн чугаһаппатылар.    Эпэрээссийэ хоһугар быраастар ыарыһахха хаан кута сатаатылар даҕаны, ол куппут хааннара курдары сүүрэ сытта. Быраас көрүдүөргэ таҕыста.    — Кэргэнэ эн дуо? – диэн баран аллараттан үөһэ өрө көрөн таһаарда. Уонна күүскэ өрө  тыынан баран “... уолгун кыайан быыһаабатыбыт... Кэргэниҥ эмиэ мөлтөх, бакаа тыыннаах эрдэҕинэ...», — диэн туох да буолбатаҕын курдук тоҥуйдук туттан эттэ. Гена салгыы истэ да барбакка сүр улаханнык сарылаат истиэнэни охсуолаата.    — Мин түннүгүнэн барытын истэн турбутум... Эһиги буруйдааххыт... Эһиги... Эн. Быыһаныах киһини соруйан быыһаабатыгыт...    — Оргууй сарылаа!!! Манна уулусса буолбатах, балыыһа!!! Ыарыһахтары куттаама! Төһө кыалларынан быыһыы сатаатыбыт, кыаллыбата. Ону биһиги хайыыр да кыахпыт суох... Киирэн нэһиилэ сытар киһини куттаайаххын?    Гена Аанчыга сытар хоһугар хара күүhүнэн  сүүрэн киирдэ. Бастаан көрөөт тута билбэтэ. Көрбүтэ үрүҥ былаат курдук кубарыйан киһи аҥаара киһи сытаахтыыр.    — Аанчык... Аанчык... сэгэриэм... тугу гыннылар...    — Утуйуохпун баҕардым... Гена... Гена... оҕолорум... — өлөн эрэр дьахтар иһиллэр-иһиллибэттик уоһун иһигэр ботугураата.    — Аанчык... Аанчык, чыычаах... бу баарбын ээ. Дьиэбитигэр тахсыахпыт этэ, онно... дьиэбит наһаа сылаас, сырдык. Эһигини эрэ күүтэр...    — Гена, арааһа, өлөн эрэбин быһыылаах дуу... Уолгун көрдүҥ дуо? Хайдаҕый? Ким диэн ааттыыгыный?    — Суох...    — Бука баһаалыста оҕолоргун киһи гынаттаар дуу. Кылаабынайа, үөрэхтэрин кытааттыннар... Ийэлэрин курдук үөрэҕэ суох буолуохтара дуо... Үөрэхтээх дьон оҥортоор. Эрэнэбин эйиэхэ... Дьиэбит... Оо, сырдыгыан, сылааһыан, эчи үчүгэйиэн...    — Чыычаах, эрэннэрэбин. Кыргыттарбын хайаан да киһи гынаттыам. Хайаан даҕаны...   — Сэгээр, арааһа бүттүм быһыылаах... Оҕолору тулаайахсытан соҕотох сылдьаайаҕын. Биир эмэ үчүгэй дьахтары булаар дуу... Оҕолоруҥ туhугар... Сарсын эмиэ күн үүнүө буоллаҕа... олох салҕаныа...   СИККИЭР. Тарҕат:
kyym.ru сайтан