Кэпсээ
Войти Регистрация

Ытык таба

Главная / Кэпсээн арааһа / Ытык таба

K
29.06.2023 15:53
   Эдэр сылдьан дойдубар, хам-түм да буоллар, кыра кыылга бултуурум. Ол курдук биирдэ бииргэ үөрэммит атаспыныын тыаҕа таҕыстыбыт. Хаар саҥардыы түһэн, ойуурга кыыл, көтөр суола ырылыччы көстө сытара.      Биһиги хараҥаран хаалан, үрэхпитин туоруу барбакка дьиэлииргэ тиийдибит. Киирбиппит — таайым Ньукулай кэлэн олорор эбит. Тугу көрбүппүтүн кэпсээн биэрдибит. Ньукулай муус халыҥыы илигинэ үрэҕи туоруу сатаабыппытын истэн баран дэлби мөҕөттөөтө. Дьоммут аах таба туһунан, туох киэргэллээҕин-симэхтээҕин туоһуластылар. Тиһэҕэр, былыр биһиги эргин таба үөрүттэн анаан биир табаны көлүйбэккэ, бэркэ диэн харыстаан ытык таба оҥостоллорун туһунан кэпсэттилэр. Ол эрээри билигин ытык табаны ким да туппатын, буолаары буолан чугас эргин таба ииттэр киһи суоҕуттан «атын харамайы» көрбүппүт сабаҕаланна.    Кэлин санаан көрдөххө, баҕар, ол табабыт биһигини, орой мэник оҕочоостору, өлөр өлүү айаҕыттан быыһаабыта буолуо. Ытык табаны батыһа оонньооботохпут буоллар, баҕар, үрэҕи туораары ууга түһүө этибит.   Биллибэт аттаах дьон      Биирдэ эдьиийбин кытта сатыы оттуу сылдьар дьоммутугар ыһык илдьэ бардыбыт. Тиийиэхтээх сирбит биэс биэрэстэ кэриҥэ. Алаастары быһа түһэн, хараҥарыыта Бэстээх диэн кыракый алааһы кыйа, омооно эрэ хаалбыт ыллык суолунан силистэн-мутуктан иҥнэн охто сыһа-сыһа хааман истибит.    Ол иһэн көрдөхпүтүнэ иннибитигэр, ыраах баар томтор кэтэҕин диэкиттэн аттаах дьон бөҕө куйуһутан иһэр эбит. Аттарын туйаҕын тыаһа, ыраах да буоллар, куппутун көтүтүөх айылаахтык битигирээн олорор. Биһиги кыҥастаһа, туох дьоно буоллахтарай диэн көрө сатыыбыт. Хардарсан ааһыыларыгар көстүмээри ойуурга киирэн саһан хааллыбыт. Били, тыаһаан-ууһаан ахан кэлбит дьоммут чугаһаабыттарыгар тыастара олох да мэлийэн, көтөн иһэр курдук сыыйыллаллар. Биһиги дьиктиргээн саҥарар да кыаҕа суох кирийэн, талах быыһынан одуулуубут. Тиһэҕэр аттаахтар халлааннаан да көппүттэрэ, сирдээн да тимирбиттэрэ биллибэккэ харахпыт далыттан сүтэн, симэлийэн хааллылар. Кэлин итиниэхэ маарынныыр аттаах дьону көрбүттэрин атын да дьонтон истэбин.  Ол аайы биллибэт аттаах дьон кимнээх, туох дьоно буолалларын муодаргыырым өссө күүһүрэр. Саха киһитэ былыр да, быйыл да миинэр миҥэтэ сылгы буоллаҕа. Баҕар, өбүгэлэрбит аллаах аттарын миинэн ыраах айаҥҥа куйуһутан испиттэрэ салгыҥҥа олорон хаалбытын көрөн куттаммыппыт буолуо.   Эттэнии эрэйэ      Сиэри таһынан быһыыланар,  халлааны хабарҕаларынан туттар-хаптар, толоостук, бас-баттах тыллаһар дьону барытын биһиги биир халыыпка уган, итэҕэс, өйө хамсаабыт диэн сыана быһабыт, көйгөтүтэ, туората көрөбүт. Онтубут сороҕор кимнээҕэр да өркөн өйдөөх, атынтан, үрдүктэн айдарыылаах дьон буолуохтарын сөбүн толкуйдаан көрбөппүт.    Биир маннык таайтарыылаах, ааһа баран киһи итэҕэйиэ суоҕун курдук, дьылҕалаах дьахтар туһунан дьүөгэм кэпсээбиттээх: «Мин дойдубар Марыына диэн дьахтар баара. Кэргэннээх, оҕолоох. Аҕыйах сыллаахха диэри киһиттэн уратыта суоҕа, дьону кытта эн-мин дэһэн, бу эн биһикки курдук күннээҕи олох түбүгүттэн орпот ыал ийэтэ этэ. Онтон туох буолбутун билбэппин, оччолорго мин дойдубар суоҕум. Дьон хобуттан-сибиттэн иһиттэххэ, биир сыл дьиэтиттэн быкпакка олорбут, баара-суоҕа биллибэт буолбут. Чугас дьоно айаҕалыы сатаан баран дьиэтигэр киирдэхтэринэ хостон быкпат, биитэр үөҕэн, кыраан төттөрү утаартыыр идэлэммит. Ол сурах нэһилиэги биир гына толорбут. Марыына кэргэнэ тулуйа сатаан баран, эт киһи элэйдэҕэ, биир сыл түптээн олох олорбокко дойдутуттан оҕотун илдьэ тэскилээбит. Марыына харайар, маныыр киһитэ суох бэйэтэ бэйэтигэр хаалбыт. Иирээки диэн аналлаах дьиэҕэ ыытыахтарын дьахтардара сороҕор өйүгэр төннөн киһи киэбин кэтэрэ үһү. Ол да буоллар дьон тэйэн, туора көрөр буолбут.    Мин былырыын сайын дойдубар тахса сылдьан улуус киинигэр киирээри массыына тутуом этэ диэн уулуссаҕа таҕыстым. Арай, кэннибэр киһи сөтөлүннэ. Көрбүтүм эрэйи-муҥу эҥээринэн тэлбит, ыарыһах дьүһүннээх дьахтар аттыбар кэлэн турар эбит. «Хайа, билбэтиҥ дуу, Марыынабын дии», — диэбитигэр биирдэ биллим. Аҕыйах тылы бырахсан кэпсэппиппит кэннэ, дьэ, айаҕа аһыллан, бука, кимиэхэ да кэпсээбэтэҕин кэпсээбитэ. Хас эттэҕин-тыыннаҕын аайы хараҕа уоттанан, төлөннөнөн, тыла-өһө иччилэнэн тоҥуй бэйэбин долгуппута, салыннарбыта. Кини кэпсээбититтэн маны өйдөөн хаалбыппын. «Дьон бары миигин иирээки дииллэр. Мин өйүм хамсыы илик. «Кинилэр» миигин булуохтарыттан утуйар уум көттө, олорбут олоҕум отуора оннуттан хамсаата. Бастаан түүн түлүк уубуттан ойо тардан төлө мөҕүһүннэрбитинэн үөһэ көтүтэн бэйэлэрин дойдуларыгар илдьэн, сорбун сордууллара. Кэмим-кэрдиим, болдьоҕум туолан этим-сииним уһаарыллар, уҥуоҕум хатарыллар кэмэ кэлбитин этэллэрэ. Кутум-сүрүм аналлаах орук маһыгар иитиллэн сытарын, удаҕан буолар аналлаахпын кэпсээтилэр.  Мин туох иһин буолуммакка босхолоно сатыырым. Икки сыл эрэйдэммитим кэннэ эмиэ тутан ылан ийэ куппун ийэ кыылбар иҥэрдилэр. Көтүтэн таһааран дьикти бэйэлээх суон тиит мас көҥдөйүгэр быраҕан кыыраппыттарыгар билбэт сирбэр төкүнүйэ түстүм. Улахан бэйэм кыччаабыкка дылыбын. Киһиэхэ майгынныыр, дьахтардыы быһыылаах барыйан кэлбитигэр уҥан хааллым. Өйдөммүтүм хаанынан эмсэхтэнэн чачайа сатыы сытабын. Сороҕун киһи сатаан кэпсээбэт, эт-хаан илистиитэ, тыыннаахтыы сэймэктэтии, онтон эмиэ тиллэн бэйэ бодотун ылыныы. Өйдөнөн кэллэхпинэ киһи тулуйбат ыарыытыттан эрэй бөҕөнү көрөбүн. Иирэн эрэбин диэн  куттанабын. Ол курдук кырата 3 сыл сордоотулар. Биир күн аллараттан туттарыылаах, сэттэ кэрдиистээх ойуунтан  уһуйуллуохтаахпын, кини дүҥүрүм маһын хайа диэкиттэн булан, кимиэхэ оҥотторуохтаахпын этэн биэриэҕин кэпсээтилэр. Мин ол тухары буолуммаппын. Ол эрээри баар хайыай, этим-хааным ыарыыта тэһэ кэйэн кутуруох санаам кэлэн эрэйдиирин тулуйбакка, түүн ойуурга, киһи суох сиригэр тиийэн эппин-хааммын сайҕыыбын. Оччоҕо чэпчээбиккэ дылы буолабын. Баҕар, итэҕэйиэҥ суоҕа. Мин ойуун, удаҕан буоларга сөпсөспөтөҕүм, бэйэлэрэ булбуттара. Ол иһин уһуйулла сатаабатаҕым. Бөлүүн ийэ кыылбын түһээн көрдүм. Кини аhыйбыт, хараастыбыт харахтара хаанынан ытыыллара. Барарым чугаһаатаҕа. Хайа эрэ күүстээх ойуун уоттаах сулус буолан кэтэхпин тэһэ көрбүтэ ыраатта.    Чэ, тулуйан истибиккэр махтал, санаам-оноом чэпчээбиккэ дылы буолла», — диэт ойуур диэки хаама турда.    Кэлин, сыл буолан баран истибитим Марыына турбат гына ыалдьан, бокоорон сытар диэбиттэрэ. Удаҕан буолуон баҕарбакка, өсөһөн ойууҥҥа уһуйтарбакка сылдьан абааһыга быһа кымньыылаппыта дуу, өтөрү көрөр ойууна сиэн, кыайан-хотон ааспыта дуу...» — диэн дьүөгэм кэпсээнин түмүктээбитэ.    Тус бэйэм бу кэпсээнтэн саллан куйахам күүрбүтэ. Төһөтүн да иһин, Айыы киһитэ өйдөөбөт, итэҕэйбэт суола. Иирбит киһи түбэспиччэ тылласпыт тыла дуу, атынтан айдарыылаах, көннөрү киһиттэн ураты аналлаах хаайтарбыт санаатын үллэстиитэ дуу...   Күөх сирэй      Эбэм олорбут олоҕун тухары  абааһыны биирдэ эрэ көрбүтүм диэн оҕо эрдэхпинэ кэпсээбитин өйдүүбүн. Арай эбэм, оччолорго уончалаах кыыс, балта улаханнык ыалдьыбыт. Ыраах тэйиччи алааска олорор буоланнар луохтууру ыҥыттара киһи ыыппыттара таһы-быһа сүтэн хаалбыт. Ыксааннар чугас баар отоһуттуур эмээхсини ыҥыран оҕону көрдөрбүттэр.    Эмээхсин кыыс иһин баттыалаан көрбүт, тугу аһаабытын, бастаан хайдах быһыылаахтык ыалдьыбытын сураспыт, ол кэннэ ханнык эрэ отунан эмтииллэригэр эппит. Бу оту хомуйан хатарбыта сайылыгар хаалбытын, киһини ыыттаран ыллаттаралларыгар сүбэлээбит. Ол сайылыкка барыах айылаах иллэҥ киһи көстүбэккэ эбэбин ыыппыттар. Халлаан боруҥуйан эрэр буолан эбэм төһө да куттаннар, балтын абырыахтаах эми ыла барбыт. Саатар айанын суола киһи уҥуохтаах томтору быһа охсон ааһар эбит. Эргийэ оонньуу сырыттаҕына төннөрүгэр ытыс таһынар ыас хараҥаҕа баттатыыһы. Инньэ дии санаат эбэм иннин диэки түһүнэн кэбиспит. Арай көрдөҕүнэ киһи уҥуохтарын быыһыгар туох эрэ элэгэлдьийэрэ үһү. Эбэм ол диэки хайыһыан баҕарбакка атаҕын тумсун көрбүтүнэн сүүрэр-хаамар ыккардынан баран испит. Ол иһэн син биир кыл түгэнэ кылап гынан көрбүтэ оҕо уҥуоҕун мииммитинэн күөхтүҥү болоорхой сирэйдээх, киһи диэҕи киһи буолбатах харамай олорор эбит. Эбэм эрэйдээх хаһыытыы түһээт сайылык диэки тэбиммит. Иччитэх дьиэҕэ киирэн, били от эмин харбаат төттөрү сүүрбүт. Төннөрүгэр киһи уҥуохтарын олох ырааҕынан эргийэн сарсыарданан дьиэтигэр тиийбит. Балта эрэйдээх букатын буорайан сытарын баттаспыт. Луохтуур кэлэн куораттатабын диэн дьоно ону бэлэмниир аатыгар сылдьаллар эбит. Отоһут от эмигэр наадыйар киһи көстүбэтэх. Ол күн балта куоракка да тиийбэккэ аара суолга быстыбыт. Эбэм таайарынан ол оҕо уҥуоҕун миинэн олорор күөх сирэй, балта эрэйдээх өлөөрү гыммытын түүйэн көһүннэҕэ. Тарҕат:
kyym.ru сайтан