Кэпсээ
Войти
Регистрация
Дьахтар арахсар төрүөтэ
Главная
/
Кэпсээн арааһа
/ Дьахтар арахсар төрүөтэ
K
kyym.ru сайтан
Имэҥ
29.06.2023 15:50
Эр киһи эргиллибэттии дьиэттэн тахсан бардаҕына – иэдээн, ол эрээри кэнники кэмҥэ итинник куһаҕан сонунунан кими да уолуппаккын. «Ээ баҕайыны, дьиккэри, баран көрөөхтөөтүн», — эрэ диэн хаалаҕын. Онтон дьахтар тахсан барбыт буоллаҕына, дьэ ытыра-ытыра соһо сылдьан илдьи тыытар үгэстээхпит. Эри бырахпыта диэхтээн, оҕолорун аҕаларын бырахпыта саамай хомуруллар. Тугу санаан, ыраланан атын киһиэхэ иирдэ?! Ким эрэ ис-иһиттэн кыйыттан туран сиилиэ-сэмэлиэ, ким эрэ сэмээр иһигэр «хорсун дьахтар» эбит диэн сөҕүө... Кырдьык да араастаах. Хас биирдии киһи тус-туһунан кырдьыктаах. Дьахтар арахсар төрүөтэ, кырдьыга, тугуй? Дьахтар былыр-былыргыттан үгэс буолбут олоҕу тутуһа сатыыр майгылаах. Эбэтин, ийэтин дьиэни тутар үөрүйэхтэрин кэһиэн баҕарбат. Ол кини айылҕаттан бэриллибит анала. Дьиэтин-уотун сылаас тыынныы сатыыр дьүккүөрдээх, оҕотун-ыччатын атаҕар туруора сатыыр кыһалҕалаах. Төһө да аныгы олоххо барыта омнуоламмытын, сиилэммитин үрдүнэн, дьахтар эрэ барыта «бүттүүн көҕү» сырсан күүлэйимсэх буолла диир сыыһата чахчы. Хоойго сытар холоонноох доҕору сотору буола-буола уларытыы дьахтар киһиэхэ хаһан баҕарар ыарахан. Таптыыр киһитин далай акаары эрэ дьахтар таҥнарыан сөп. Билиҥҥи үйэҕэ дьахтар чыына-хаана, өлөрөр харчыта даҕаны эр киһиттэн итэҕэһэ суох буолла. Сороҕор ити чааһыгар баһыйар да түгэннэр көстөн ааһаллар. Төһө да харчы, дуоһунас, үлэ-хамнас өттүнэн дьахтар тутулуга суох буолбутун иһин, син биир арахсыыны олус улахаҥҥа холуур, куттанар. Арахсарга бигэтик быһаарынарын туһугар дьахтары олус улаханнык кыйахыахха, мүччүрүйбэт улахан төрүөтү биэриэххэ наада. Таптал аастаҕа Дьахтарга таптал олус улахан суолталаах. Таптала суох кини хаһыҥҥа хаарыйтарбыт сибэкки курдук хатан, кэхтэн барар. Таптал туһугар кини барытын тулуйар. Таптыыр буоллаҕына дьахтар кыра ычалаах, арыгыһыт, үлэтэ-хамнаһа суох, далай акаары, туохха да көдьүүһэ суох эри да тулуйуон сөп. Үөһэ этиллибитин курдук, акаары эрэ дьахталлар таптыыр киһилэрин таҥнараллар: иэстэһэн, эр киһиттэн итэҕэс сананымаары, эбэтэр көлдьүргээн, атыны амсайаары, боруобалаары. Буор иһээччилэр 30 мөл. буор иһээччилээх дойдуга «арахсыахха» диэн тылы дьахтар бастакынан көтөҕөр эбит. Ону өйдүөххэ сөп. Урут дьахталлар итириксит, арыгыһыт киһини үйэлэрин-саастарын тухары тулуйан олорбут буоллахтарына, билиҥҥи дьахтар тулуура аһынааҕар кылгаата. Куруук иирсээн ортотугар улааппыт, арыгы дьаарыгар иитиллибит оҕолор төһө дьоллоохторо эбитэ буолла? “Оҕолорбут аҕалаах улааттыннар” эрэ диэн буор иһээччини кытары үйэлэрин моҥообут эбэлэрбитин, ийэлэрбитин санаатахпытына хараастабыт. Аныгы дьахтар оҕолорун олоҕун эрэ буолбакка, бэйэтин олоҕун кытары сыаналыыр буолла. Ол иһин иһэр-аһыыр киһиттэн эрдэ-сылла босхолоно сатыыр. Онон арахсыы саамай элбэх төрүөтэ – арыгы. Бэрт былдьаһыы «Уҥа-хаҥас сүүрэлиир, атастарыныын арыгылыыр, оттон мин туох итэҕэстээхпиний?» — дии санаан кыра ычалаах дьахтар эрин кытта бэрт былдьаһар мөккүөрдээх. Ордук уостарыгар уоһахтара куура илик эдэр дьахталлар итинник ким да кыайбат күрэхтэһиитигэр киирэн биэрэн былдьаналлар. Эр киһи уонна дьахтар хара айыллыахтарыттан атын-атын аналлаахтар. Онон эн төһө да күрэхтэһэн айылҕаны кыайбаккын. Бэрээдэги кэһэр, утары барар дьахталлар хаһан да дьоллорун булбаттар. Эрдэ-сылла өйдөммөтөхтөрүнэ, олохторун түмүгэр алдьаммыт харыыталарын тутан хаалыахтара. Дьахтар бэрт былдьаһарын иккис төрүөтүнэн буолуон сөп: оҕо сырыттаҕына аҕата ийэтин атаҕастыыра. Ол иһин кини ийэтин дьылҕатын хатылаамаары «охсуһууга» турунар. Үсүһүнэн, бэйэтэ ис хаан амбициялаах, олоҕун тиһигэ быстыбат охсуһуу курдук көрөр дьахтар күрэс былдьаһыытыгар киирэр. Маннык дьахтар үлэтигэр умса-төннө түһэр, харчы сырсыытыгар дьиэтин-уотун быраҕар, чыын-хаан былдьаһартан сэниэтэ атыҥҥа тиийбэт. Кинини атын дьон, коллегалара сыаналыылларын кэргэнигэр көрдөрөн, онтунан күөн туттан бу олоххо олус сыаналанарын билиннэрэ сатыыр. Эрэ өссө күүскэ кинини сыаналыырын ирдиир. Бу түбэлтэҕэ дьиҥинэн, дьахтар эр киһитин болҕомтотун тарда сатыыр. Ол гынан баран, эр киһи ону өйдүүрэ, сыаналыыра саарбах. Бэйэбин баһыйа сатыыр диэн этиһиигэ-мөккүөргэ тиэрдиэн сөп. Оччоҕо хомойбута, хоргуппута буола түһэн баран «сыаналаах дьахтар» арахсарга сайабылыанньа түһэрэр. Алдьатар тутардааҕар судургу Ийэлэрбит биһигиннээҕэр сүүс төгүл тулуурдаах этилэр. Дьиэ кэргэн нус-хас олоҕо, бэйэ-бэйэни өйдөһүүтэ, илэ таптала кыра-кыралаан күннээҕи түбүктэн сааһыланан иһэр. Билигин, ордук эдэр дьахталлар, оннук муудараһы билбэттэр, билэ да сатаабаттар. Кинилэр, били, киинэҕэ курдук, олох лотереятыттан тута сүрүн бирииһи сүүйэргэ дьулуһаллар. Лейтенаҥҥа буолбакка, быһа генералга тахсыахтарын баҕараллар. «Сирэн-сирэн сирэҕэскэ тахсыаҥ» диир өс хоһооно итинник өйдөөх-санаалаах дьахталларга олус барсар. Уолҕамчы майгы Дьахтар уолҕамчы буолар майгылаах. Ким эрэ онтун аһарынар, ким эрэ өрүү онтунан күөнтээн олорор. Хас биирдии эр киһи болҕомтотун күүркэтэн, омуннаахтык ылынар дьахталлар бааллар. Кыратык имнэнсии түмүгэр уҥа-таала таптаатыбыт диэн төбөлөрүн оройунан саҥа иэйиигэ умса түһэллэр. Ол аайы арахса сатаан, дьиэ кэргэн олоҕун аймыыллар. Оонньуу оҕуска кубулуйарын киэҥ көҕүстээх, дириҥ, муударай толкуйдаах эр киһи тохтотуон сөп. Хомойуох быатыгар, ойоҕо «уочараттаах тапталыттан» сойбутун кэтэһэр киһи аҕыйах, олус кэмчи. Үксүн эр киһи бэйэмсэҕэ өрө туран «иирбит» дьахтары кыйдыыр. Түмүгэр оҕо да оҕо буолбат, олох да олох буолбат. Кырдьан баран кылыйыы Сааһырбыт дьахтар дьиҥнээхтик ылларан атын киһини таптаатаҕына – иэдээн. Өйдөөх дьахталлар оннукка түбэстэхтэринэ эрдэ-сылла дьаһал ылан, ол киһилэрин кыйдаан дуу, хайдах дуу, дьиэ кэргэннэрин олоҕун ыспаттар. Сааһырбыт таптал курус амтанын бэйэлэрин дууһаларыгар кистээн сөҥөрдөллөр. Оттон сорохтор кинигэҕэ суруллар имэҥнэрин-дьалыҥнарын батыһан, саҥа олох соноругар туруналлар. Ситтэхтэринэ – дьоллоро, сиппэтэхтэринэ – сордоро. Баары урусхаллаан баран атыны кыайан туппаттар. Тарҕат:
kyym.ru сайтан
➤
➤
kyym.ru сайтан